ДМИТРИЙ ТИХОНОВ @dmitriytikhon0v Channel on Telegram

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

@dmitriytikhon0v


Глава МР "Мегино-Кангаласский улус"

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ (Russian)

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ - это Telegram канал, который представлен главой МР 'Мегино-Кангаласский улус' по имени Дмитрий Тихонов. На этом канале вы найдете актуальные новости, события и информацию о жизни улуса, а также множество интересных материалов о работе и достижениях главы. Дмитрий Тихонов делится своими мыслями, идеями и планами на будущее, что позволяет подписчикам быть в курсе всех происходящих изменений и событий в улусе. Если вам интересна политика, общественная жизнь и развитие региона, то канал ДМИТРИЙ ТИХОНОВ станет для вас незаменимым источником информации. Присоединяйтесь к каналу, чтобы быть в курсе всех событий и быть ближе к главе Мегино-Кангаласского улуса!

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

29 Jan, 13:02


Бүгүн үгэс быһыытынан улууспут олохтоохторун кытта сирэй көрүстүм.

Барыта 24 киһи кэлэн
атах тэпсэн олорон аһаҕастык кэпсэтэн, баар кыһалҕаларын, этиилэрин тиэртилэр.

Ол курдук олорор дьиэ-уот, сир, кинигэ таһаарыыта, күөллэри балыктааһын курдук боппуруостар турдулар.

Ону таһынан маннык көрсүһүүлэргэ кэлиҥҥи кэмҥэ ыччаппыт тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга баҕата улааппытын биллэрэрэ, этиилээх кэлэллэрэ үөрдэр.

Бүгүн киирбит боппуруостарынан тустаах үлэһиттэр салгыы үлэлиэхтэрэ, туох кыалларынан көмө, сүбэ-ама буолуохтара.

...

По традиции сегодня провел прием граждан.

На встречу пришло 24 человека, которые открыто обсудили свои проблемы и поделились предложениями.

В ходе обсуждения были подняты такие вопросы, как обеспечение жильем малоимущих, земельные вопросы, издание книги и разведение рыб в озерах.

Радует, что в последнее время на таких встречах молодежь, планирующая заниматься сельским хозяйством, активно предлагает свои идеи и инициативы.

По всем вопросам, поднятым сегодня, ответственные сотрудники продолжат работу и предоставят необходимые рекомендации и помощь.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

28 Jan, 11:11


ҮЛЭ ДЬОНУН БЭЛИЭТЭЭТИБИТ

Бүгүн улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сыллааҕы үлэбит түмүгүн таһаардыбыт. Төрүт дьарыкпытын илдьэ сылдьар, улууспутугар тыа хаһаайыстыбата инникилээх буоларын туһугар күннэтэ туруулаһан, таһаарыылаахтык үлэлии, айа-тута сылдьар дьоммутун бэлиэтээтибит.

Бу эйгэҕэ улахан кылааттарын киллэрбит, араас сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит, үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутун кытта көрсөн санаа атастастыбыт. Биллэн турар, билиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар улахан болҕомто уурарбыт тоҕоостоох, олохтоох кадрдары, ыччаты сыһыарыыга, оҕону үлэнэн иитиигэ, үлэҕэ көҕүлээһиҥҥэ ситимнээх үлэни ыытарбыт олохпут ирдэбилэ буолла.

Инники кэскилбит, тапталлаах улууспут, Сахабыт сирэ сайдыыларын туһугар биир сомоҕо буолан, түмсүүлээхтик, таһаарыылаахтык үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ, айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ диэн бука барыгытын ыҥырабын.

Хас биирдиигитигэр үтүө доруобуйаны, ситиһиилээх үлэни, быйаҥнаах дьылы, тус бэйэҕитигэр уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, эйэлээх халлааны баҕарабын. Төрүт дьарыкпыт, тыабыт хаһаайыстыбата үүнэ-сайда турдун!

...

Сегодня мы подвели итоги года в сфере сельского хозяйства нашего улуса. Отметили достижения и результаты труда наших работников, которые неустанно трудятся каждый день, внося значительный вклад в развитие сельскохозяйственной отрасли.

Обменялись мнениями с представителями отрасли, которые трудились и трудятся во благо развития сельского хозяйства. В настоящее время особенно важно сосредоточиться на воспитании местных кадров и прививать молодежи любовь к труду — это является основой устойчивого развития нашей отрасли.

Мы и дальше будем работать на благо процветания нашего улуса и всей республики. Желаю всем крепкого здоровья, успехов в плодотворной деятельности и щедрого урожайного года. Пусть вам и вашим близким сопутствуют счастье и мирное небо.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

02 Jan, 09:32


ҮБҮЛҮӨЙДЭЭХ ЫТЫК КИҺИБИТ

Бүгүн холобур туттар ытык киһибит - Тараҕай нэһилиэгин ытык аҕам саастааҕа, тыыл бэтэрээнэ Николай Васильевич Иванов 90 үбүлүөйдээх сааһынан эҕэрдэлээтибит.

Николай Васильевич оҕо эрдэҕиттэн улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн, Улуу Кыайыыны уһансыбыт, сааһын тухары үлэни өрө тутан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үтүө суобастаахтык бэтэрэнээринэн үлэлээн-хамсаан, тыабыт сирэ атаҕар туруутугар улахан үтүөлээх. Олоҕун аргыһа Ольга Ивановна өр сылларга уһуйаан иитээччитинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Ытык дьоммутун кытта үүттээх чэй иһэ-иһэ уруккуну-хойуккуну санастыбыт, Ольга Ивановна биир иитиллээччитэ буоларым быһыытынан махтанан туран, оҕо сааспын санаан ыллыбыт. Николай Васильевич үлэни өрө тутуҥ, ыччат дьону тыа сиригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар оҕо эрдэхтэриттэн сыһыарар туһунан толкуйдааҥ, суолла тобулуҥ диэн сүбэтин биэрдэ.

Үтүөкэн дьоммут!
Эһиги дьоһун олоххутунан, үлүскэн үлэҕитинэн, үтүө санааҕытынан биһиэхэ барыбытыгар холобур буолаҕыт. Бу курдук чугас дьоҥҥут ортолоругар үөрэ-көтө сылдьаргытынан киэн туттабыт. Ыччаттаргыт, аймах-билэ дьоҥҥут тапталларынан арыаллатан өссө да уһун үйэлэниҥ! Дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну, бары үтүөнү, дьолу-соргуну баҕарабын!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

02 Jan, 04:02


Саҥа сылы үлэлээн көрсөбүт

Бүгүн сарсыардаттан Аркадий Лукин салайааччылаах "Чүүйэ" тэрилтэбит пиэрмэтигэр Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев, улууспут экэниэмикэҕэ салайааччыта Екатерина Павлова, урбаанньыт Максим Забровскай, В.П. Ларионов аатынан Майатааҕы оскуола тириэньэрэ Константин Колесов буолан, кыстык хаамыытын билсэ, үлэһиттэргэ көмөлөһөр соруктаах сырыттыбыт.

Быйылгы кыстыкка хаһаайыстыбабытыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 125 ынах этэҥҥэ төрөөн, күҥҥэ 1 туонна үүт ыан туттарыллар. Тэрилтэбит иннигэр улууспут олохтоохторун үрүҥ аһынан хааччыйар туһугар инникитин өссө үрдүк соруктар тураллар.

Күндү улууспут олохтоохторо, биһиги улууска быйыл үһүс сылын Тыа хаһаайыстыбатын сыла салҕанар.
Инникитин даҕаны түмсүүлээх үлэбитинэн үрдүк көрдөрүүлэри ситиһиэҕиҥ, барыгытыгар быйаҥнаах дьылы, бигэ туругу баҕарабын.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

31 Dec, 06:01


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, биир дойдулаахтарым!
 
Эһигини барыгытын улууспут салалтатын, уопсастыбаннаһын уонна тус бэйэм ааппыттан саргылаах Саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн эҕэрдэлиибин!
 
Кэлэр сылга биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Улуу Кыайыыны уһансыбыт буойуттарбыт холобурдарынан билигин анал байыаннай дьайыыга дойдубут көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун эр санаалаах, хорсун биир дойдулаахтарбыт туруулаһаллар.

Төрөөбүт, олорор дойдубут салгыы сайдарыгар, кэлэр көлүөнэбит, бар дьоммут-сэргэбит олоҕун уйгута тупсарыгар сомоҕолоһон, салгыы биир ситимнээхтик үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ, айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ!
 
Үүнэр 2025 сылга бу орто дойдуга ил-эйэ олохтоннун, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ чэгиэн-чэбдик туругу, айымньылаах үөрэҕи, үлэни, үгүс ситиһиини, баҕа санаа туолуутун тосхойдун. Куруук үтүө санаа, үөрүү уонна дьол арыаллаатын!
 
Пусть наступающий год принесет мир во всем мире, а в каждый дом — счастье, здоровье и благополучие. Желаю всем нам единства, взаимопонимания и вдохновения для новых свершений на благо нашего улуса, республики и всей страны.

С Новым годом!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

28 Dec, 04:38


Бүгүн Тапталлаах Майабытыгар өссө биир саҥа таас дьиэ дьэндэйдэ, 70 дьоллоох ыалга күлүүстэрин Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев туттарда. Бу дьиэ дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут "Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү" бырагырааманан олоххо киирдэ.

Аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир, киэҥ-куоҥ, тупсаҕай оҥоһуулаах 7 этээстээх, тыа сиригэр бастакытын лииптээх дьиэни биир дойдулаахтарбыт Николай Святославович Докторов салайааччылаах "Мегинострой" тэрилтэ тутан үлэҕэ киллэрэн олохтоохтор саҥа сылы Саҥа дьиэҕэ көрсө үөрүүлэрэ икки бүк үрдээтэ.

Саҥа дьиэ олохтоохторго үгүс үөрүүнү-көтүүнү, дьолу-соргуну эрэ аҕалыа диэн эрэнэбин.

...

Сегодня в нашем селе Майя прошло знаменательное событие — введен в эксплуатацию семиэтажный жилой дом. Ключи от новых квартир получили 70 счастливых семей, и их вручил наш Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев! Этот долгожданный момент стал возможен благодаря реализации федеральной программы «Переселение граждан из аварийного жилья», инициированной Президентом нашей страны Владимиром Путиным.

Впервые в истории сельской местности нашей республики 7-этажный дом с лифтом, который отвечает всем современным требованиям, стал возможен благодаря усилиям наших земляков — компании "Мегинострой" под руководством Николая Святославовича Докторова. Этот новый дом стал настоящим подарком для всех новоселов, которые смогут встретить Новый год в уютных и комфортных условиях.

Поздравляю всех новоселов с этим важным событием! Желаем вам счастья, уюта и благополучия.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

27 Dec, 13:10


Күндү дьонум-сэргэм, суоппардар!

Халлааммыт тымныйан, дьыбардаах күннэрбит кэллилэр. Онон айаннааччыларга суолга-иискэ сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буоларгытыгар ыҥырабын. Тиэтэйбэккэ, суол быраабылатын тутуһан, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ. Эһигини дьиэҕигитигэр чугас дьоҥҥут, тапталлаах дьиэ кэргэҥҥит күүтэллэрин умнумаҥ! Этэҥҥэ буолуҥ, көнө суолу, күөх уоту баҕарабын!

...

Дорогие жители и гости нашего улуса! Уважаемые водители!

С наступлением морозных дней настоятельно призываю вас быть предельно осторожными и внимательными на дорогах. Не превышайте скорость и помните, что дома вас ждут ваши близкие и родные.

Берегите себя и своих пассажиров! Всем желаю безопасной дороги!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

25 Dec, 14:49


СЫЛЛААҔЫ ОТЧУОППУТУН ТҮМҮКТЭЭТИБИТ

Бүгүн нэһилиэнньэ иннигэр сыллата ыытыллар отчуоппутун түмүктээтибит. Отчуокка сылдьыы ааспыт сылга 2100 киһи буоллаҕына, быйыл барыта 2377
олохтоох кыттыыны ылбытын бэлиэтиибин.

Бары нэһилиэктэрбитигэр дьоммут-сэргэбит олус көхтөөхтөр. Бу көрсүһүүлэргэ эһиги хас биирдиигит этиитэ, туруорбут соруккут биһиэхэ инники сылларга үлэлиирбитигэр-хамсыырбытыгар сыал-сорук туруорунарбытыгар тирэх буолар. Эһиэхэ бириэмэҕитин аахсыбакка, көхтөөхтүк кыттыбыккытыгар махтанабын. Баар кыһалҕалары быһаарарга өйбүтүн-санаабытын, бары күүспүтүн түмэн, дьүккүөрдээхтик салгыы үлэлиэхпит.

Күндү дьонум-сэргэм, куруук маннык түмсүүлээх, сарсыҥҥыга эрэллээх, чөл, бигэ туруктаах буолуоҕуҥ!



ЗАВЕРШИЛИ ГОДОВОЙ ОТЧЕТ УХОДЯЩЕГО ГОДА

Сегодня завершился годовой отчет уходящего года перед населением. Если в прошлом году в отчете приняло участие 2100 человек, то в этом году — уже 2377.

Наши жители проявили активность во всех наслегах. Каждое ваше предложение, вопрос и задача, озвученные на встречах, служат для нас важным стимулом для дальнейшей работы.

Хочу выразить благодарность всем, кто принял участие в отчетах, за вашу активную позицию. Наша общая цель — улучшить уровень жизни наших жителей. Совместными усилиями мы будем продолжать слаженно работать во всех сферах народного хозяйства на благо процветания нашего родного улуса и всей республики.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

25 Dec, 14:18


Сөбүлэҥ түһэристибит

Бүгүн В.А. Вонгородскай аатынан Дьокуускайдааҕы мэдэссиинэ колледжын, дириэктэр Дмитрий Афанасьевич Алексеевы итиэннэ оройуоннааҕы киин балыыһаны, кылаабынай быраас Иннокентий Егорович Павловы кытта улууспутугар орто медицинскэй үөрэх исписэлиистэрин бэлэмнииргэ эбии салаа аһар туһунан үс өрүттээх сөбүлэҥи түһэристибит.

Кэлэр сыл балаҕан ыйыттан биһиги ыччаттарбыт үөрэхтэрин саҕалыахтара, инникитин идэлэрин баһылаан, бар дьоммут этэҥҥэ, чэгиэн буолууларын туһугар үлэҕэ турунуохтара.

Сахабыт сирин үөрэҕириигэ уонна билимҥэ миниистиригэр Нюргуна Афанасьевна Соколоваҕа, Дмитрий Афанасьевичка, кэлэктиипкэ үтүө хамсааһыҥҥа өйөбүллэрин иһин махталбын биллэрэбин.

...

Сегодня состоялось важное событие, которое станет значимым этапом в развитии нашего улуса. Мы подписали трехстороннее соглашение между Якутским медицинским колледжем им. В.А. Вонгородского, директором Дмитрием Афанасьевичем Алексеевым, центральной районной больницей под руководством главного врача Иннокентия Егоровича Павлова об открытии филиала медицинского колледжа в нашем улусе.

Это соглашение откроет новые возможности для обучения и подготовки квалифицированных медицинских кадров прямо здесь, в нашем улусе. Филиал колледжа позволит местным жителям получить доступ к качественному медицинскому образованию.

Мы уверены, что это событие станет важным шагом к развитию здравоохранения и образования в нашем улусе. Вместе мы создадим условия для роста и процветания, обеспечивая наших жителей необходимыми знаниями и навыками в области медицины.

Хочу выразить искреннюю благодарность министру образования и науки Нюргуне Афанасьевне Соколовой, а также Дмитрию Афанасьевичу и всему коллективу за поддержку доброго начинания.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

25 Dec, 14:04


Бүгүн Майабытыгар "Куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии" федеральнай бырайыак көмөтүнэн “Таптал көлүччэтин” тупсаран оҥорон, дьоммут-сэргэбит, ыалдьыттарбыт сынньаналларыгар, бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларыгар табыгастаах эйгэ тэриллибит сирин үөрүүлээхтик арыйдыбыт.

Сахабыт сиригэр маннык үлэ былааннаахтык ыытыллар. Ол курдук, быйылгы дьылга биһиги улууска бу үһүс тутуубут буолар.

Эһиилги сылга Кыайыыбыт Монуменын үлэтэ түмүктэниэ, Аллараа Бэстээххэ “Киин паарка” бырайыакпытын оҥорон саҕалыахпыт.

Тапталлаах, төрөөбүт, олорор улууспут бар дьон үөрүүтүгэр күнтэн күн тупса, үүнэ-сайда тур!



С радостью сообщаю, что сегодня мы открыли в селе Майя зону акватории и спорта. Это стало важным шагом к улучшению качества жизни и созданию комфортных условий для активного отдыха и занятий спортом.

На сегодняшний день в нашем улусе активно реализуются федеральные проекты «Формирование комфортной городской среды» и «1000 дворов на Дальнем Востоке». Это третий проект, который мы реализовали в этом году на территории нашего улуса. В следующем году мы завершим реконструкцию Монумента Победы, а также начнем работу по обустройству Центрального парка поселка Нижний-Бестях.

Открытие нашего объекта – это еще одно подтверждение того, что федеральные и региональные проекты работают и приносят реальные результаты.

Пусть наш улус с каждым днем продолжает развиваться и процветать, радуя всех его жителей!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

29 Nov, 10:54


Бүгүн Алтан нэһилиэгэр саҥа кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир, тупсаҕай, элбэх хайысхалаах култуура киинин дьиэтэ арыллар үөрүүлээх күнүгэр муһуннубут.

Өр сылларга долгуйа күүппүт дьиэбит быйыл 25 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир "Мин Сахам сирэ – XXI үйэҕэ" өрөспүүбүлүкэтээҕи Үтүө дьыала хамсааһын иһинэн олоххо киирдэ.
Култуура дьиэтин Руслан Анатольевич Трофимов салайааччылаах "Стройкомплектсервис" тэрилтэ силигин ситэрэн тутан киллэрдэ.

25 сыл анараа өттүгэр "Үтүө дьыала" хамсааһын биһиги улууспутуттан саҕаламмыта. Оччолорго 1999 сыллаахха улууспут дьаһалтата "Улуус 70 сылын көрсө – 70 эбийиэги" диэн ол кэмҥэ улууспут баһылыга Георгий Михайлович Артемьев ыҥырыы таһаарбытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев биһирээн, салгыы тыын биэрэн күн бүгүҥҥэ диэри бу хамсааһын Сахабыт сирэ салгыы сайдарыгар төһүү күүс буолар.
Бу сыллар тухары өрөспүүбүлүкэ араас муннугар дьоммут-сэргэбит туһугар бары кэриэтэ хайысхаҕа эбийиэктэр тутуллан кэллилэр.

Салгыы даҕаны дьиҥ норуот хамсааһына бар дьон туһугар далааһына кэҥии, туһата улаата турдун!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

28 Nov, 13:25


Бүгүн Нөөрүктээйи нэһилиэгэр бастыҥ салайааччы, Михаил Павлович Захаров төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээтибит. Бу күн кини дьиэ кэргэнэ, бииргэ алтыспыт дьоно, үөлээннээхтэрэ мустан ытыктыыр киһибитин ахтан-санаан, үлэлээбит сылларын тула ирэ-хоро кэпсэттибит.

Бу бэлиэ күн кыраайы үөрэтэр түмэл тиэргэнигэр Михаил Павлович мөссүөнүн үйэтитэн, бүүһүн үөрүүлээх быһыыга арыйдыбыт.

Михаил Павлович РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, 1941-1945 Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл хаһаайына, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, «Октябрь», Ленин аатынан колхуостары, К.К. Байкалов, Ленин ааттарынан сопхуостары үлэнэн үрдүк кирбиигэ таһаарбыт, Ленин уордьанын кавалера, ССКП Саха уобаластааҕы уонна Мэҥэ Хаҥаластааҕы кэмитиэттэрин чилиэнинэн хас да төгүллээн быыбарданан үлэлээбит уһулуччулаах салайааччынан буолар.

Үлэни өрө туппут, тумус туттар, үтүө-мааны киһибит олорон ааспыт олоҕо, таһаарыылаах үлэтэ ыччаттарга, бар дьоммутугар бары кэмҥэ бастыҥ холобур буолан үрдүккэ сирдии, угуйа туруо.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

19 Nov, 09:44


С радостью сообщаю, что в поселке Нижний-Бестях состоялось торжественное вручение ключей от нового 41-квартирного жилого дома, построенного в рамках республиканской адресной программы "Переселение граждан из аварийного жилищного фонда на 2019-2025 годы". Этот дом был сдан в эксплуатацию компанией ООО “Дайкири”.

На сегодняшний день по всей стране реализуется программа переселения граждан из аварийного жилья, направленная на улучшение жилищных условий наших граждан. Это важный шаг к созданию комфортного и безопасного жилого пространства.

Хочу выразить искреннюю благодарность Президенту страны и руководству республики за поддержку и заботу о благополучии жителей.

Дорогие новоселы, поздравляю вас с этим знаменательным событием! Желаю вам счастья, здоровья и благополучия. Пусть ваши новые квартиры станут уютным гнездом для ваших семей и местом, где сбудутся все ваши мечты!


@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

18 Nov, 12:50


Бүгүн В.П. Ларионов аатын сүгэр Майа орто оскуолатыгар национальнай бырайыак чэрчитинэн «БАС» (ыраахтан салайыллар көтөр тиһиктэр) киини үөрүүлээх быһыыга арыйдыбыт.

Күн бүгүн улууспутугар үөрэхтээһин эйгэтигэр ыччаттарбыт сайдыылаах үйэни кытта тэҥҥэ хардыылыылларыгар араас хайысхалаах бырайыактар үлэлииллэр.

Маннык тирэх киин арыллыбыта улууспутугар үөрэх эйгэтигэр биир суолталаах хардыы буолар.

Инникитин ыраахтан салайыллар көтөр тиһиктэри ыччаттарбыт норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар туһаналларыгар, тутталларыгар үөрэтии киин үлэтин сүрүн соругунан буолар.

Үөрэнээччилэргэ үөрэххитигэр ситиһиилэри, саҥа идэлэри баһылаан, төрөөбүт дойдубут сайдыытыгар айар-тутар, дьоһун дьон буолан тахсыҥ диэн алгыс тылбын аныыбын.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

16 Nov, 12:52


Күндү улууспут дьоно-сэргэтэ!

Билиҥҥи үйэҕэ суотабай сибээһэ, күүстээх интернет ситимэ суох, бүгүҥҥү олох сайдыытын толору туһаммаппыт, үлэни-хамнаһы да атахтыыра баар суол.

Улууспут биир уһук сытар 1-кы Наахара нэһилиэгэ түргэн, күүстээх сибээһи холботторорго кыах биэрэр федеральнай бырагырааматыгар киирэргэ кыттыыны ылар.

Кыайыылаах нэһилиэк куоластааһын түмүгүнэн быһаарыллар. Күн бүгүн биһиги сэттис миэстэҕэ сылдьабыт.
Бу бырагырааманан Чыамайыкы нэһилиэгэ кыттан кыайыылаах тахсан, түргэн интернет ситимигэр холбоммуттара.

Күндү доҕоттор! Тиэлиги бөһүөлэгин олохтоохторо аныгы сибээс бары өҥөлөрүн толору туһаналларыгар бука бары түмсэммит өйүөҕүҥ, куоластыаҕыҥ диэн ыҥырабын!

Куоластааһын сарсын, сэтинньи 17 күнүгэр, түүн 12 чааска диэри ыытыллар.

Бу сигэнэн https://www.gosuslugi.ru/inet. Госуслугаҕыт тус кабинетыгар киирэн
АВТОРИЗОВАТЬСЯ диэни баттыыгыт, ол кэннэ ТЕЛИГИ диэн көрдөтөн, хос ыйыттаҕына ДА диэн баттыыгыт.

НОРУОТ КҮҮҺЭ - КӨМҮӨЛ КҮҮҺЭ!


@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

15 Nov, 12:13


Бүгүн Хара нэһилиэгэр улууспут биир үтүө үлэһит ыччатыгар Аркадий Лукин "Уодай" сылгы базатыгар төрдүс төгүлүн уолаттарбытын убаһа араарыытыгар уһуйдубут. Бу күн Майа сэлиэнньэтин уонна Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин оскуолаларыттан уопсайа 76 уол кыттыыны ылла.

Бу тэрээһиҥҥэ хаһыс да төгүлүн сылдьар уолаттар бааллар, тутталлара-хапталлара, билиилэрэ киһини үөрдэр. Уол оҕону эр бэрдэ буолан хатарыллан тахсарыгар өбүгэлэрбит үгэстэригэр сыһыаран иитэрбит биһиэхэ аҕаларга, эр дьоҥҥо улахан суолталаах.

Бүгүн уолаттарбыт улахан дьону кытта тэҥҥэ көхтөөхтүк үлэлээн, ыраас салгыҥҥа сылдьан үөрэн-көтөн, убаһа астаан, бэйэлэригэр саҥаны арыйан, илии тутуурдаах дьиэлээтилэр. Доҕорбор Аркадийга маннык тэрээһиннэр кэлэр кэнчээри ыччакка улахан суолталааҕын өйдөөн, оҕолорго биир умнуллубат күнү бэлэхтээбиккэр махтанабын.

Воспитание истинных патриотов через традиции нашего народа — это важная задача, которая включает в себя передачу культурных ценностей и исторического наследия от поколения к поколению.

Я верю, что наш народ с богатой историей и уникальными традициями может служить основой для формирования патриотизма у молодежи. Осознавая и уважая свои корни, молодое поколение становится не только более уверенным в себе, но и способным гордиться своей страной.

Каждый элемент нашего культурного наследия способен вдохновлять и объединять. Пусть вместе мы продолжим передавать эти знания и ценности, формируя сильное и патриотичное общество, которое будет гордиться своим прошлым и двигаться к светлому будущему.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

29 Oct, 11:47


Улууспутугар үөрэҕирии төрүттэммитэ 150 сылыгар аналлаах XXXVII-с Илин эҥэрдээҕи үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин спартакиадата Майа сэлиэнньэтигэр саҕаланна.

Икки күн устата эр дьоҥҥо, дьахталларга волейбол, дуобат, саахымат, салгын саатынан ытыы, остуол тенниһэ, дартс, канат тардыһыы, хапсаҕай уонна сахалыы остуол оонньуутун көрүҥнэригэр Таатта, Чурапчы, Амма, Уус Алдан уонна Мэҥэ Хаҥалас хамаандалара күөн көрсөллөр.
Тэрээһин сүрүн соругунан үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ бэйэ икки ардыгар алтыһан, доҕордоһуу сыһыаны олохтоон, үлэ сатабылларын үллэстэн, ыччаттарбытын иитиигэ ону туһаныылара буолар.

Күрэх кыттыылаахтарыгар ситиһиилэри, умнуллубат, чаҕылхай түгэннэри баҕарабын!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

29 Oct, 11:10


Бүгүн "Ростелеком" Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатын салайааччытынан бу күһүҥҥүттэн ананан үлэлии сылдьар Андрей Михайлович Андреевы көрсөн,
инники былааннарбытын торумнастыбыт.

Санатан этэр буоллахха, биһиги бары ытыктыыр киһибит Владислав Агитович Неустроев салалтатынан тэрилтэбит олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, ол курдук Уһук Илин регионнарга икки төгүллээн бастыҥ үлэлээх филиал аатын ылан турар.

Андрей Михайловичка тэтими ыһыктыбакка, улууспут олохтоохторо аныгы сибээс бары өҥөлөрүн толору туһаналларыгар ситиһиилээх үлэни баҕарабын.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

27 Oct, 00:35


СУОППАРДАР КҮННЭРИНЭН!

1976 сылтан Сэбиэскэй Сойуус үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан алтынньы ый бүтэһик өрөбүлүгэр Суоппардар идэлээх күннэрэ олохтоммута.

Суоппар идэтэ - күннэтэ элбэх сыраны уонна эппиэтинэһи эрэйэр уустук үлэ. Тимир көлө баар буолан дойдубут экономиката да, дьон-сэргэ күннээҕи олоҕо да туруктаах буолар. Кыһыннары-сайыннары норуот хаһаайыстыбатыгар туһааннаах табаардары, малы-салы
тиэйии-таһыы, дьону тиийиэхтээх сирдэригэр тиэрдии суоппар эппиэттээх үлэтинэн буолар.

Көлөнү доҕор оҥостубут биһиги аҕа көлүөнэ дьоммут сопхуостар саҕаттан күнүстэри-түүннэри күн-дьыл туругуттан тутуллубакка бэриниилээхтик үлэлээн, олохпутун-дьаһахпытын, дойдубутун сайыннаран кэлбиттэригэр махталлаахпыт.

Күндү суоппардар! Хас биирдиигитин тустаах күҥҥүтүнэн эҕэрдэлиибин, этэҥҥэ, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ.
Аартыккыт куруук аһаҕас, суолгут көнө, үтүө аргыстаах буоллун!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

25 Oct, 12:11


Бүгүн Иккис Наахара нэһилиэгэр олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан орто оскуолаҕа “Ыраас уу” иһэр ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирэр үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.

"Уу - олох төрдө" диэн мээнэҕэ этиллибэт, киһи чөл туруктаах буоларыгар, доруобуйата бөҕөргүүрүгэр ыраас, иһэр уу үтүө дьайыылаах буолара саарбахтаммат.

Инникитин хас үөрэх кыһатын ахсын ыраас иһэр уу баар буоларын туһугар үлэбитин салгыы ыытыахпыт.
Кэнчээри ыччаппыт доруобуйатыгар ураты суолталааҕын өйөөн, өйдөөн бары үлэлэспит, сүбэ-ама буолбут үтүө үлэһит дьоммутугар махталбын тиэрдэбин.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

25 Oct, 09:18


Бүгүн Төхтүрдээҕи орто оскуола иһинэн «Дзюдо оскуолата» бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыак үлэтин саҕалыыр бэлиэ күнэ буолан ааста.

СӨ тутууга миниистирэ, дзюдо федерациятын салайааччыта Виктор Дмитриевич Романов кэлэн кэлэктииби, үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтэ.
 
Бу бырайыак оскуола оҕолорун дзюдо көрүҥэр үөрэтиигэ уонна атын спорт көрүҥнэрин курдук ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга, эт-хаан, өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн иитиигэ туһаайыллар.
 
Билигин 36 оҕо дьарыктанар, олортон 19 үөрэнээччитэ оскуола интэринээтигэр олорон өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлэннэр утумнаахтык дьарыктана сылдьаллар. Тириэньэр - СӨ үөрэҕириитин туйгуна Валерий Максимович Герасимов үлэтин саҕалаата.

Оҕолорго салгыы күүстээх дьарыгы, үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
Төрөөбүт улууспутун, Сахабыт сирин ааттатар спортсменнар тахсалларыгар эрэлбин биллэрэбин.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

25 Oct, 03:42


Алтынньы 24 күнүгэр ытыктыыр биир дойдулаахпыт, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Томпо, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын уонна I Мөҥүрүөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Саабыс Свинобоев – Тыыннаахап 97 сааһыгар олохтон туораабытынан олоҕун аргыһыгар Вера Константиновнаҕа, оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, аймах-билэ, чугас дьонугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин.

Иннокентий Саабыс 1927 сыллаахха олунньу 20 күнүгэр I Мөҥүрүөн нэһилиэгэр Мандыгытта алааһыгар төрөөбүтэ. Холкуос кэмиттэн саҕалаан Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга үлэлээбитэ. Кэлин Томпо улууһугар үлэлии тиийэн, дойду оҥостон, силис тардан ыччаттара, дьиэ кэргэнэ олохсуйбута.

Саха сиригэр ат спордугар, сылгыга чугас дьонтон Иннокентий Саабыс аатын-суолун билбэт киһи диэн суох. Кини дьөһөгөй куттаах киһи этэ, сааһын тухары сылгыны кытта эрийсибит, аатырбат ат баайааччы, тириэньэр, тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр ыраас хааннаах бастыҥ сүүрүүк сылгылары аҕалыыга бастакы эркээйи охсубут киһинэн уонна ат спордун сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит, саҕалаабыт, көҕүлээбит киһинэн биһиги билинэбит, киэн туттабыт, сүгүрүйэбит.

Иннокентий Саабыс сылгыны көрөн, туругун эндэппэккэ билэрэ, ол билиитэ киниэхэ айылҕаттан бэриллибит дьоҕур эрэ быһыытынан буолбакка, өр кэмҥэ сыралаахтык үлэлээн, хара көлөһүн нөҥүө кэлбит билии, сатабыл буолар. Кини сүбэтинэн-аматынан билигин биһиги тириэньэрдэрбит, сылгы иитээччилэрбит туһаналлар. Саха норуота баарын тухары Иннокентий Саабыс Свинобоев – Тыыннаахап аата ааттана туруоҕа, кини сүбэтэ-амата хас биирдии сылгылаах уонна дьөһөгөй куттаах үлэһит дьоммутугар күүс-көмө, сирдьит буола туруоҕа.

Кэргэнинээн Вера Константиновналыын 15 оҕону төрөтөн, ыал буолбуттара быйыл 75 сыллара. Кини ыччаттарыгар аҕа быһыытынан бэрт үчүгэй иитиини биэрэн, үлэтинэн-хамнаһынан холобур буолан, ыччаттара үтүө үлэһит, дьоһун дьон буолан тахсыбыттара.

Иннокентий Саабыс дьоһун олоҕо оҕолорунан, ыччаттарынан салҕанар. Кини аата-суола бастыҥ үлэ холобурун быһыытынан биир дойдулаахтарыгар, кинини билэр, алтыспыт дьонугар үтүө өйдөбүл быһыытынан үйэлэргэ хаалыаҕа. Тыыннаахап аата өрүү тыыннаах буолуоҕа!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

24 Oct, 03:12


Күндү улууспут олохтоохторо!

Бүгүн Дьокуускай куоракка "Манчаары оонньуулара" спорт национальнай көрүҥнэригэр 23-с спартакиада ыытыллар улууһун быһаарыы коллегията буолла.

Коллегия быһаарыытынан баһыйар элбэх куолаһы Хаҥалас улууһа ылан, 2029 сыллаахха "Манчаары оонньуулара" Хаҥалас улууһугар ыытылларыгар Ил Дархаҥҥа этии киириэҕэ.

Күндү дьонум-сэргэм! Улууспут туһугар түмсэн, бу хамсааһыҥҥа туох баарбытынан кытынныбыт, туруннубут!

Инникитин даҕаны бу курдук түмсүүлээх, көхтөөх буолуоҕуҥ. Бука барыгытыгар махталбын биллэрэбин.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

23 Oct, 08:41


Мы, жители Мегино-Кангаласского улуса, с гордостью заявляем о нашей готовности принять и провести XXIII Спартакиаду по национальным видам спорта «Игры Манчаары» в 2029 году.

Бары бииргэ - кэскилгэ!

#МХ2029

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

20 Oct, 00:58


Бары ийэлэри, аҕалары, эбэлэри уонна эһэлэри Саха сирин ийэлэрин уонна Арассыыйа аҕаларын күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Хас биирдии киһиэхэ ийэ – таптал, кыһамньы уонна истиҥ сыһыан туоһута. Эһиги өйөбүлгүт, иһирэх сүбэҕит уонна өйгүт-санааҕыт бигэ туруктаах дьиэ кэргэн үөскүүрүгэр, кэнчээри ыччаппыт дьоһун дьон буолан иитиллэн тахсалларыгар олук буолар. Оттон аҕалар – дьиэ кэргэҥҥэ суон дурда, халыҥ хахха, бигэ тирэх буолар аналлаахпыт. Эһиги киэҥ көҕүстээх, күүстээх санааҕыт, сыраҕыт уонна амарах алгыскыт - инникибит эрэллээх буоларын бэлиэтэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ийэ, аҕа буолууну, дьиэ кэргэни өйүүргэ туһуламмыт дьаһаллар ыытыллаллар. Улууспутугар ийэ, аҕа түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлииллэр, дьиэ кэргэн суолтатын, төрөппүт буолуу эппиэтинэһин үрдэтиигэ анаммыт тэрээһиннэри көҕүлээн ыыталлар. Сыллата араас таһымнаах күрэхтэргэ улууспут чиэһин биир дойдулаахтарбыт ситиһиилээхтик көмүскүүллэриттэн астынабыт, киэн туттабыт.

Баҕарабын хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ чэгиэн-чэбдик, этэҥҥэ буолууну, уйгулаах олоҕу, дьолу-соргуну, сылаас-сайаҕас сыһыаны, эйэ эрэ эҥээрдэстин, ситиһии эрэ сиэттистин, дьол эрэ доҕордостун!

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

17 Oct, 07:08


Сегодня на левом берегу реки Лены начались работы по установке свай под опоры Ленского моста.

Это долгожданное событие для каждого жителя нашего улуса и республики. Проект, который считается одним из важнейших транспортных проектов в истории Дальнего Востока и всей страны.

Мы, жители заречной группы улусов, в межсезонье часто сталкиваемся с проблемой отсутствия переправы. Транспортный переход через Лену в будущем поможет решить множество вопросов, связанных с доступностью и мобильностью.

Этот грандиозный проект станет связующим звеном не только для перевозки жизненно важных грузов, но и для создания условий, способствующих формированию работающего молодого поколения в селах.

Мы уверены, что Ленский мост откроет новые горизонты для дальнейшего развития нашего региона и улучшит качество жизни наших жителей.

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

16 Oct, 02:26


ӨЛӨЧӨЙГӨ - КҮӨХ ТӨЛӨН УОТА УМАЙДА

Бүгүн Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев, "Сахатранснефтегаз" тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Алексей Засимович Колодезников кыттыылаах, Алтан нэһилиэгэр олорор дьиэлэргэ күөх төлөн киирбитин үөрүүлээх түгэҥҥэ бэлиэтээтибит.

Нэһилиэк олохтоохторо өр сыллаах туруорсуулара олоххо киирэригэр Ил Дархаммыт быһаччы сорудаҕынан бу үлэ ыытылынна. Унньуктаах уһун кыһыҥҥа дьиэни мас мастаан сылытан олоруу кыһалҕатын туоратан, дьоммут-сэргэбит олоҕо чэпчииригэр, өссө тупсарыгар, бигэ туруктаах буоларыгар ыытыллыбыт үлэ төһүү күүс буолар. Олохтоохторбут, тус бэйэм ааппыттан Ил Дархан Айсен Сергеевичка, газ ситимин бары үлэһиттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбин.

Биһиги улууска салгыы нэһилиэктэргэ газ ситимин тиэрдиигэ былааннаах үлэ ыытыллар. Ол курдук, быйыл 1-кы Тыыллыма нэһилиэгэр сүрүн утах тиийиэҕэ, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов дойдутугар Баатараҕа уонна Хорообут нэһилиэктэригэр бырайыактааһын үлэлэрэ ыытыллаллар.

Хас биирдии дьиэ кэргэн алаһа дьиэтэ сылааһынан туоллун, дьоммутугар-сэргэбитигэр чэгиэн-чэбдик туругу, таһаарыылаах үлэни, эйэлээх олоҕу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
 

@dmitriytikhon0v

ДМИТРИЙ ТИХОНОВ

14 Oct, 07:27


Бүгүн, алтынньы 14 күнүгэр, тумус туттар ытык киһибит - 1998-2003 сылларга Мэҥэ Хаҥалас улууһун салайбыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин XII ыҥырыытын дьокутаата, Ил Түмэн I, III, IV ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутаата, Таатта уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Артемьев Георгий Михайлович 79 сааһыгар олохтон туораабытынан оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр, уруу-аймах билэ, чугас дьонугар-сэргэтигэр дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин.

Георгий Михайлович улууспут, дойдубут сайдыытын түстүүргэ ис сүрэҕиттэн кыһаллан, дууһатын биэрэн туран үлэлиирэ, сөптөөх дьаһаллары ылынан,таһаарыылаах үлэни-хамнаһы тэрийэн ыытара, дьону-сэргэни түмэ тардара, сүбэ-ама буолара биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобур буолар.
Кини үрдүк таһымнаах, киэҥ билиилээх салайааччы быһыытынан, үлэтинэн-хамнаһынан, үгүс ситиһиилэринэн дьон ытыктабылын ылыан ылбыта.

Киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахпыт Георгий Михайлович Артемьев үтүө, сырдык аата үйэлэргэ ахтылла туруо.

@dmitriytikhon0v