Администрация МР "Таттинский улус" @mrtatta Channel on Telegram

Администрация МР "Таттинский улус"

@mrtatta


Официальный канал Таттинского улуса

Официальный канал главы МР «Таттинский улус» https://t.me/Burtsev_Ayaal

Копирование и распространение материалов из данного паблика возможно после согласования, с указанием ссылки

Администрация МР "Таттинский улус" (Russian)

Добро пожаловать на официальный канал Таттинского улуса в Telegram! Здесь вы найдете самую актуальную информацию о жизни и событиях в МР «Таттинский улус». Мы предоставляем прямую связь с администрацией улуса, а также представляем официальный канал главы МР, Аяала Бурцева. Присоединяйтесь к нашему каналу, чтобы быть в курсе всех новостей и событий, происходящих в нашем улусе. Здесь вы сможете узнать о различных мероприятиях, решениях и проектах, проводимых в Таттинском улусе. Мы рады каждому подписчику и готовы делиться важной информацией с вами. Подписывайтесь на наш канал и будьте в курсе всех событий в Таттинском улусе!

Администрация МР "Таттинский улус"

21 Nov, 07:43


Бэҕэһээ, айылҕалаахтартан көмүскэллээх, унаар буруолаах Уолба нэһилиэгэр, "Манчаары оонньууларын" дириэксийэтин сал. Петр Захаров, сүрүн эппиэттээхтэр Андрей Сидоров, Гаврил Вырдылин, олохтоохтору кытта көрүстүлэр. Көрсүһүү, атах тэпсэн олорон кэпсэтии И.И.Слепцов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр буолан ааста. Уолбалар Оонньуулары көрсө сөптөөх уонна күүстээх үлэ бара, кэскиллэх дьаһаллар ыытылла тураралларын өйүүллэрин биллэрэн, кэпсэтиигэ олус көхтөөхтүк кытыннылар. Бу кыра нэһилиэктэн мас тардыһыытыгар
Владимир Баишев, Модест Баишев, Артаньян Неустроев, Ариан Неустроев, Иннокентий Попов, Аким Мосоркин, Айаал Карбаканов, ох сааҕа Ольга Кусатова күннэрин ааҕа, күүскэ бэлэмнэнэ сылдьаллар. Кыайыылары сурунан, зачету ааһан, саха оонньуутун улахан түһүлгэтигэр киирэллэрин, Уолбалар эрэ буолбакка, улуус олохтоохторо бары күүтэбит.
Түмүккэ, турар кыһалҕаларга сөптөөх хоруйдары ылан, бары биир санаанан, маннык кэпсэтиилэри, көрсүһүүлэри күүтэллэрин эттилэр, Тааттабыт хамаандабытыгар кыайыыны баҕардылар. Үтүө тыл туолуохтун!

Вера Канаева

Администрация МР "Таттинский улус"

21 Nov, 04:19


Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатын сүгэр Харбалаах орто оскуолатын учуутала, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Валентина Семёновна Кривошапкина Таатта улууһун үөрэнээччилэригэр ыҥырыыта.🤩❤️🏴

Администрация МР "Таттинский улус"

21 Nov, 00:15


Сэтинньи ый 19-20 күннэригэр ыаллыы сытар Чурапчы улууьугар иккис төгүлүн ыытыллар илин эҥэр улуустарын үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэрин форума буолан ааста. Таатта улууһуттан баһылык эбээһинэһин толорооччу Захаров. Р. И., баһылык солбуйааччыта Сунхалыров С. В., депутаттар сэбиэттэрин председателя Максимов П. П., үөрэх управлениетын салайааччыта Дягилев И.И. , оскуола дириэктэрдэрэ уонна специалистара састааптаах делегация икки күн устата 6 былаһаакканан арахсан оҕону эт-хаан, өй санаа өттүнэн эргиччи сайыннарыы, улэҕэ-хамнаска, төрүт дьарыкка уһуйуу, Ийэ тылы сөргүтүү ньымаларын ырытыстылар. "Үөрэх-туруктаах сайдыы тускула" диэн дьоһун ыҥырыылаах тэрээһин түмүгэр баар кыахтары туһанан, кэҥэтэн сөптөөх соруктар туруоруллуннулар, сайдыы бырагырааматын торумун оҥоруу ыытылынна.

Администрация МР "Таттинский улус"

20 Nov, 12:52


Убаастабыллаах Таатта улууһун олохтоохторо уонна ыалдьыттара!

Эһигини сэтинньи 22 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан «Сарыал» кииҥҥэ үгэскэ кубулуйбут ИДЭҺЭ-2024 олохтоох тыа хаьаайыстыбатын атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Эһиэхэ анаан улууспут хаһаайыстыбаларын, биирдиилээн дьон алааска тэлэһийэ көччүйбүт сип сибиэһэй эт🐄🐄🐄🐎🐎🐎🐖🐖🐖🐓🐓🐓, Алдан, Амма эбэлэр көмус хатырыктаахтара🐟🐟🐟, үруҥ илгэ арааһа атыыга тахсыахтара.

Күндү Таатта дьоно- сэргэтэ, кэлэҥҥит кыһын сиир аскытын хаһааныҥ диэн ыҥырабыт!

Администрация МР "Таттинский улус"

18 Nov, 03:48


Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Россия үтүөлээх фермера, СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна Таатта улууһун, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, "Быйаҥ" бааһынай хаһаайыстыба Аҕа баһылыга, Үлэ бэтэрээнэ, алгысчыт, поэт, мелодист, киһи киэнин кэрэмэһэ Данил Егорович Афанасьев - Талба уһун ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитинэн кэргэнигэр Александра Иосифовнаҕа, оҕолоругар, сиэттэригэр, бары аймах-билэ дьонугар, доҕотторугар-атастарыгар дириҥ кутурҕаммытын биллэрэбит.


Данил Егорович дириҥ билиилээх, философскай өйдөөх-санаалаах, инникини өтө көрөр, үчүгэй хаһаайыстыбанньык, Таатта улууһугар туризм, тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах убаастанар киһинэн биллэрэ. Кини биир киһи холугар таһыччы үлэни ыытан, мындыр олоҕу олорон ааспыта саарбахтаммат. Дьол уйата оҥостон олорбут Сахабыт сирин чөмчүүк кэрэтинэн ааттаммыт, уйан, уран айылҕалаах Амма эбэ сирэ, тапталлаах Дьаамын буора сымнаҕас сыттык, сылаас суорҕан буоллун.
Быстах кэмнэ баһылык э.т Захаров Р.И.

Администрация МР "Таттинский улус"

15 Nov, 12:54


Таатта улууһун баһылыктарын сэбиэттэрин сүбэ мунньаҕа буолан ааста.

Таатта улууһугар баһылыктар сэбиэттэрин уочараттаах мунньаҕа буолан ааста, онно улуус социальнай-экономическай сайдыытын уонна араас тэрилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһин туһунан дьоһун суолталаах боппуруостар дьүүллэһилиннилэр.

Бэбиэскэҕэ бастакынан 2024-2025 сылларга былааннар тустарынан сөбүлэһии түһэрсиигэ «Саха Республикатын ОДьКХ" ГУП кытта бииргэ сүбэ мунньаҕар бэлэмнэнии туһунан боппуруос көрүлүннэ. Таатта улууһун баһылыгын э.т. Руслан Игнатьевич Захаров улууспутугар коммунальнай усулуобуйаны тупсарыыга бу сөбүлэһии суолтатын бэлиэтээтэ уонна манна олохтоохтор бэйэни салайыныы уорганнара көхтөөхтүк кытталларын наадатын ыйда.

Дьүүллэһии аныгыскы пуунунан гуманитарнай таһаҕастаах анал байыаннай дьайыы зонатыгар былааннаммыт сырыы буолла. Салайааччылар бу миссия ымпыгын-чымпыгын кэпсэттилэр, уустук кэмҥэ ордук өйөбүл наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

Ону сэргэ мунньах кэмигэр нэһилиэктэр баһылыктара Таатта улууһун олохтоохторо саҥа спортивнай комплекска уонна саҥа стадиоҥҥа ааты иҥэриигэ улуус нэһилиэнньэтигэр куоластааһыны тэрийиигэ быһаарыы ылыннылар.

Сүбэ мунньаҕы түмүгэр улуус олоҕун кытта сибээстээх араас тутаах боппуруостары дьүүллэстилэр, санааларын атастастылар уонна кэккэ этиилэри оҥордулар.

Администрация МР "Таттинский улус"

15 Nov, 00:11


Министерство по делам молодежи и социальным коммуникациям Республики Саха (Якутия) сообщает, что с 1 по 30 ноября 2024 года будет организован сбор предложений и замечаний в Итоговый доклад Общественной палаты Российской Федерации о состоянии гражданского общества в Российской Федерации.

Доклад о состоянии гражданского общества – ежегодный основополагающий документ ОП РФ, в котором через призму происходящих в настоящее время глобальных изменений представлены ключевые тенденции, которые закрепились в развитии гражданского общества.

На основании поступивших предложений к концу года будет произведена доработка документа. Вы можете легко поделиться своими предложениями, просто сканировав QR-код!

Администрация МР "Таттинский улус"

14 Nov, 08:55


Вынесен приговор по уголовному делу в отношении бывшего главы Таттинского района и иных лиц, обвиняемых в должностных преступлениях
 
Прокуратура Таттинского района поддержала государственное обвинение по уголовному делу в отношении бывшего главы Таттинского района, его первого заместителя и начальника управления экономики администрации района.

Бывший глава района осужден по п. «в» ч. 3 ст. 286 (превышение должностных полномочий), ч. 2 ст. 285 (злоупотребление должностными полномочиями), ч. 3 ст. 160 УК РФ (растрата), первый заместитель главы района осужден по ч. 3 ст. 160 УК РФ (растрата), начальник управления экономики администрации района осужден по ч. 5 ст. 33 – ч. 3 ст. 160 УК РФ (пособничество в растрате).

Подробнее по 🔗 https://epp.genproc.gov.ru/web/proc_14/mass-media/news?item=99093996

Администрация МР "Таттинский улус"

14 Nov, 07:03


✍🏻«Таҥараҕа саантаамаҥ,
Иччигэ эрэнимэҥ,
Көстүбэти көрдүөмэҥ,
Ол оннугар икки атахтаах
Илиитин эпчиҥэр
Истиҥник эрэниҥ,
Өйүн күүһүгэр
Үгүстүк үҥүҥ!»


(Из стихотворения Анемподиста Софронова «Сүбэ»)

📜14 ноября - день рождения выдающегося деятеля якутской культуры и литературы Анемподиста Ивановича Софронова-Алампа.

Анемподист Иванович посвятил свою жизнь созданию и популяризации якутской драматургии, стал первым теоретиком театрального искусства в республике и стоял у истоков основания Саха академического театра им. П.А. Ойунского. Его творчество вдохновило не одно поколение писателей и артистов, и его идеи остаются актуальными и востребованными в современном обществе, а произведения - основой для множества театральных постановок.

Сегодня, в день его рождения, мы вспоминаем о его вкладе в развитие якутской литературы и театра. Уважая его память, мы продолжаем развивать идеи и традиции, которые он заложил, стремясь к новым вершинам в искусстве и культуре. Алампа остается символом творческого вдохновения для всех нас, и его наследие будет жить вечно!

https://t.me/afanasiy_noev

1,363

subscribers

2,863

photos

351

videos