Масаха Мэхээс @mekhesmasaxa Channel on Telegram

Масаха Мэхээс

@mekhesmasaxa


Инстаграмҥа балаһам
https://instagram.com/mekhes?igshid=YmMyMTA2M2Y=

Масаха Мэхээс (Russian)

Масаха Мэхээс - это удивительный канал в Telegram, который приглашает вас в мир красивых и уникальных моментов. Если вы устали от повседневных новостей и хотите окунуться в красоту и вдохновение, то этот канал идеально подходит для вас. Название канала "Масаха Мэхээс" излучает таинственность и загадочность, что делает его еще более привлекательным. Канал предлагает широкий выбор контента, начиная от красивых фотографий до вдохновляющих цитат и стихов. Мекхесмасаха - это не просто канал, это место, где вы можете насладиться прекрасными изображениями и поднять свое настроение. Здесь собраны лучшие работы художников, фотографов и поэтов, которые делятся своим талантом с миром. Благодаря каналу "Масаха Мэхээс", вы сможете найти вдохновение для новых творческих проектов, поделиться красотой с друзьями и просто насладиться прекрасными моментами. Для тех, кто ценит искусство, красоту и вдохновение, канал "Масаха Мэхээс" станет настоящим оазисом в цифровом мире. Присоединяйтесь к нам и откройте новые горизонты красоты и удивительных моментов. Подписывайтесь на наш Инстаграм, чтобы быть в курсе всех новостей и обновлений: https://instagram.com/mekhes?igshid=YmMyMTA2M2Y=

Масаха Мэхээс

21 Nov, 00:15


Куоракка киирэн үүтү сиикэйдии 1 лиитэрэтин 200 солкуобйга атыылыыбын дуо диэн ыйытынньык оҥордум.

Ыйытынньыгы 5102 киһи көрбүт.

Атыылаһабын диэччи 404 киһи.

Атыылаама диэччи 44 киһи.

☝🏻Амуртан кэлэр фермерское подворье порошоктан үүтэ 1л = 130-150₽ иһигэр араастаһар.

🥛 Онтон тыннаах үүт доруобуйаҕа туһата 100% ордук. Онон 200 солкуобайга дьон ыларга бэлэм эбит диэн санааҕа кэллим✊🏻

Туох дии саныыгын? Чааһынай киһи бэйэтэ докумуоннарын бэлэмнэннэн баран "Самозанятай" диэнинэн холкутук атыылыыр эбит.

ЛПХ-алар улахан рынокка, маҕаһыын полкаларыгар киирэллэригэр туох кыһалҕа барый?
Уопыттах дьон суруйуҥ эрэ, кыһалҕаны быһаарарга күүс көмө буолуҥ✊🏻

Масаха Мэхээс

19 Nov, 11:02


Бүгүн Майаҕа үүппүн атыыласпыт киһи отзывын истэммин, хайдах эрэ манныгы ойуулаан көрөн таһаардым😅

Масаха Мэхээс

18 Nov, 14:09


Хотоҥҥо тахсыһыҥ😅🐮

Масаха Мэхээс

18 Nov, 10:32


Эдэрдиин кырдьаҕастыын, кыралыын улаханныын бары аһыыр аспытын көрүнүөҕүҥ. Чөл турук ону ирдиир, уһун дьоллох олох ону соруйар!✊🏻

Масаха Мэхээс

17 Nov, 04:55


👆🏻👆🏻👆🏻Доҕоттор! ити приз игин туһугар куоластааһын буолбатах, дэриэбинэҕэ интернет киллэрэр туһугар! ыччат дьон олохсуйуутугар табыгастаах буоларын туһугар! Ааһа барбакка куоластыаххайыҥ!

Масаха Мэхээс

17 Nov, 04:44


🔴 Куоластааһын бүгүҥҥүнэн бүтэр эбит!

🔴 БУ СЫЫЛКАНАН https://www.gosuslugi.ru/inet КИИРЭҤҤИТ МЭҤЭ-ХАҤАЛАС, ТИЭЛИГИ ДИЭНИ БУЛАҤҤЫТ, КУОЛАСТААҤ ДИЭН ЫҤЫРАБЫН 🙌🏻

Куоластыырга 3 эрэ мүнүүтэ наада эбит👍

Масаха Мэхээс

13 Nov, 12:31


Бүгүн Мааныбыт төрөөтө. Ниирэйэ олус улааппыт эбит.
Ураанайым 11 хонуктаах ниирэйдэрин саҕа улахан. Иннэ гынан Мааны ыгыстар күүһэ тиийбэтэ, көмө буоларга туруннум. Ааспыкка "АгроЭксперт" тэрилтэттэн Михаил Миронов онлайн видеовызовынан көмөлөспүтэ, билигин ол тэрилтэ бэтэринээрэ Марина Корнилова сүбэ-ама буолла. Маҥнай илиибинэн кыайан таһаарбаккабын олус долгуйдум, онтон араас албастары Марина ыйан биэрэн быаланан, мастанан таһаардым👍🏻

Ураанай төрөөбүтүн кэннэ сэрэхэчийэн "ТИК Техносфера+" уолаттара биэрбит онлайн камераларын туруорбутум.
Ол камеранан үлэбэр олорон 16:30 чааска Мааны төрөөн эрэрин көрөн кэргэмминээн сүүрэн кэллибит🏃🏻‍♂️

Барыта этэҥҥэ эрэ буоллун🙏🏻

Масаха Мэхээс

12 Nov, 01:10


Бу хоһоон ырыа буолан бу сарсыарда кулгаахпын нөҥүөлээн испэр киирэн олус долгутта.

Тылларын саҥардыы сыныйан иһиттим - дойдугун чахчы таптыыр буоллаххына бу тыллар быһалыы сүрэххэр киирэллэр быһылаах😅

Урут ырыа, мелодия эрэ курдук истэр этим

👇🏻👇🏻👇🏻
"Саха үҥкүүтэ"
С.Данилов

Үрүмэччи үөрүн курдук,
Арыы-дьэҥкир халлаан курдук,
Көөнньөрүүлээх кымыс курдук,
Көҥүл санаа кыымын курдук
Дьоллоох саха кыргыттара
Чороон тутан таҕыстылар.
Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр
Оһуор үктээн киирдилэр,
Нуоҕай лабаа илиилэр
Дьол ырыатын тистилэр...
Үөрэ сөхпүт санаабар
Алаас тыала ил гынар.
Чуумпу Лена долгунунуу,
Туундара үрүҥ кубатыныы,
Алаас хотун хатыҥыныы,
Атан эрэр ньургуһуннуу,
Намыыннарын, наскылларын,
Нарыннарын баҕастарын.
Кэрэ-бэлиэ кэпсээн курдук,
Сэрэтиилээх сэһэн курдук,
Ылбай чаҕаан ырыа курдук,
Ыраас таптал кыымын курдук
Сахам нарын үҥкүүтэ-
Сахам сирин кэрэтэ!

Масаха Мэхээс

11 Nov, 10:34


Михаил Масаха:
«Бэйэм бу кыһалҕаны иһиттэн билээри»

🐄📱 Майатааҕы Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой дириэктэрэ, биллэр блогер Михаил Масаха хотон туттан сүөһү иитэн эрэрин, бу хайысханы тоҕо талбытын туһунан бэйэтин социальнай ситимигэр сырдатарын бары көрө-ааҕа сылдьабыт.

🌿🐂 Тыа сиригэр сүөһү ахсаана аҕыйыы турар, ыччат онно улаханнык баҕаран ылсыбат. Маны бэлиэтии көрөн уонна тоҕо оннугун иһиттэн билээри, барыстаах дуу, суох дуу, сайдар кыахтаах дуо диэн санааттан, тыа хаһаайыстыбатыттан тэйиччи дьарыктаах эдэр киһи Михаил Масаха  сүөһү иитэр үлэҕэ ылсыста. Быйыл күһүн 2 уулаах ынаҕы, 2 оҕус борооскуну хотонугар киллэрбитэ, сэтинньи 2 күнүгэр Ураанай диэн ынаҕа игирэ оҕус ньирэйдэри төрөөн, сүөһү диэҥҥэ саҥа чугаһаабыт дьону соһутта да, үөртэ да.

🎙️💬 Эрдэ болдьоһон, биир киэһэ үлэ кэннэ Масаха хотонугар тиийэн бэйэтин кытта сэһэргэстим.

Сиһилии ⬅️

@gazetaerkeii
@ulusmedia