Иннокентьев Алексей Михайлович @glavanyurbainnokentev Channel on Telegram

Иннокентьев Алексей Михайлович

@glavanyurbainnokentev


Глава МР «Нюрбинский район»

Глава МР «Нюрбинский район» (Russian)

Добро пожаловать на официальный канал Telegram Главы МР «Нюрбинский район» - Иннокентьева Алексея Михайловича! Здесь вы найдете самую актуальную информацию о жизни и развитии Нюрбинского района. nnИннокентьев Алексей Михайлович является руководителем района и заботится о его процветании, оказывая поддержку предпринимателям, решая социальные вопросы и следя за благоустройством территории. На нашем канале вы сможете быть в курсе всех новостей и событий, происходящих в Нюрбинском районе.nnПодпишитесь на наш канал, чтобы быть в курсе всех изменений и узнавать первыми о важных событиях. Присоединяйтесь к сообществу жителей и гостей Нюрбинского района, чтобы вместе строить светлое будущее для нашего уютного уголка! Глава МР «Нюрбинский район» всегда открыт для вас и готов ответить на ваши вопросы и предложения. Давайте вместе делать наш район лучше!

Иннокентьев Алексей Михайлович

21 Nov, 10:52


Бүгүн Өҥөлдьөҕө сырыттым. Үүккэ былааннара - 118 т, былааннарын аһарда 170 т тиэрдибиттэр. Ынах сүөһү ахсаана - 597, онтон ынаҕа - 232, сылгы - 517, ол иһигэр биэ - 302.
Олохтоохтор сылгыны чиптээһини, биир таһымнаах былаас, тыа хаһаайыстыбатын сокуонугар киириэхтээх уларыйыы туһунан ыйыттылар. Ынах төбөтүгэр 39 тыһ. солк. ылар дьон үүтү эмиэ туттарыахтаах диэн этиилээхтэр. Оҕуруот аһын олордор тэриллиилээх хаһаайыстыбалар үлэлииллэрэ наадатын бэлиэтээтим, улуус олохтоохторун, үөрэх тэрилтэлэрин уо.д.а. тэрилтэлэри хааччыйарга. Кэтэх ыаллар сүөһүлэрин эһэллэрин оннугар кэпэрэтиипкэ туттаран көрдөрөллөрө ордук буолуо этэ диэн нэһилиэнньэ эмиэ бэлиэтиир. Ынах сүөһү ахсаана манна биллэ аҕыйаабыт, онон ити туһунан толкуйдуохтарын наада. Сыллата Өҥөлдьө нэһилиэнньэтин ахсаана кыччыыр: көһөн барыы элбэх, оҕо төрөөһүнэ аҕыйах. Онон боппуруос уустук. Манна олохтоохтор улахан мунньах оҥорон сайдыы боппуруостарыгар, демографическай балаһыанньа тупсарын туһугар үлэлиэхтэрин наада.

Иннокентьев Алексей Михайлович

21 Nov, 05:54


Бүгүн СВО-тан уоппускатыгар кэлэ сылдьар Ньурба куорат олохтооҕун Александры көрүстүбүт. Кини бу ый бүтэһигэр чааһыгар төннүөхтээх. Буойуммутугар дойдутугар сынньанан күүс-уох мунньунарыгар, барыта этэҥҥэ буолан кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэригэр баҕарабын.

Иннокентьев Алексей Михайлович

21 Nov, 02:06


Бүгүн сарсыарда Ньурбатааҕы оҕо балыыһатыгар «Биир ньыгыл Арассыыйа» аахсыйатын быһыытынан «Коробка храбрости» диэн оонньуурдардаах дьааһыгы илдьэн туттардым. Маны сэргэ В.А.Петрова аатынан Ньурбатааҕы Улуустар икки ардыларынааҕы ДИПИ профкома эмиэ туттарда. Балыыһаҕа эмтэниини ааһа сылдьар оҕолор кинилэргэ сөптөөх элбэх араас оонньуурдары, канцелярскай табаардары ылан улаханнык үөрдүлэр. Кинилэр этэҥҥэ үтүөрэллэригэр, чэгиэн-чэбдик буолалларыгар баҕаран алгыспын тиэртим. Маннык тэрээһин дойду үрдүнэн ыытыллыбыта балачча буолла, сылын аайы көхтөөхтүк кыттыһабыт. Атын тэрилтэлэр даҕаны оҕолорбут тустарыгар маннык аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыһалларыгар, эмтэнэ сылдьар кырачааннарбытыгар санааларын көтөҕөн, аралдьытан күүс-көмө буолалларыгар ыҥырабын!

Иннокентьев Алексей Михайлович

21 Nov, 01:23


Арассыыйаҕа Бухгалтер күнүнэн!
Ньурба улууһун бары бухгалтердарын уонна бу эйгэ бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыккытынан истиҥник эҕэрдэлиибин!
1996 с. сэтинньи 21 к. РФ Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин «Бухгалтерскай учуот туһунан» сокуоҥҥа илии баттаабыта. Бүгүн бухгалтер – ханнык даҕаны тэрилтэ биир тутаах үлэһиттэриттэн биирдэстэрэ. Бухгалтердар үлэлэрэ производственнай бииргэ үлэлээһин кэҥииригэр уонна бөҕөргүүрүгэр туһаайыллар, биисинэс үлэтин аныгы стратегияларын баһылыырга уонна бастыҥ уопуту, саҥаны киллэриигэ көмөлөһөр. Манна бухгалтердар идэҕэ үрдүк таһымнаах буолуулара, киэҥ билиилэрэ-көрүүлэрэ, ураты ырытар-ырыҥалыыр дьоҕурдара олус наадалаах. Сөптөөх бухгалтерскай учуот уонна нолуок учуота таба оҥоһуллан сөптөөх быһаарыыны ылынарга, ханнык баҕарар тэрилтэ үлэтэ ситиһиилээх буолуутугар көмөҕүт улахан.
Эһиэхэ эппиэттээх үлэҕитигэр салгыы ситиһиилэри, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соругу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
«Ньурба улууһа» МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ.

Иннокентьев Алексей Михайлович

21 Nov, 01:02


Ытыктабыллаах нолуок уорганнарын үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ!
Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Нолуок сулууспатын исписэлиистэрин билиилэриттэн-көрүүлэриттэн уонна уопуттарыттан экэнэмиичэскэй уонна социальнай соруктары олоххо киллэрэргэ бүддьүөт бары таһымнарын бигэтик толоруу эрэ буолбакка, биһиги дойдубутугар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ туруктаах дьыалабыай килиимэт үөскээһинэ эмиэ тутулуктаах. Федеральнай нолуок сулууспатын Ньурбатааҕы салаатын үлэһиттэрэ үлэлэрин көрдөрүүтүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ инники кэккэҕэ сылдьаллар, итиннэ кэлэктиип хас биирдии үлэһитин кылаата баар. Түгэнинэн туһанан, эһиэхэ үтүө суобастаах уонна эппиэтинэстээх үлэҕит, идэҕитигэр бэриниигит иһин махталбытын тиэрдэбин.
Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна үлэҕитигэр салгыы ситиһиилэри баҕарабын!
«Ньурба улууһа» МО баһылыга А.М.ИННОКЕНТЬЕВ.

Иннокентьев Алексей Михайлович

20 Nov, 23:26


Мархинский мост и Музей Дружбы народов им. К.Д. Уткина вошли в шорт-лист архитектурной премии республики "ЭЙГЭ-2024". Нюрба среди 107 лучших объектов из 271 заявленных!🔥👏🏼👍🏼

Победителей и Гран-при определят эксперты. Помимо этого начался этап народного голосования "Выбор якутян".

Переходим на сайт https://golos.ysia.ru, выбираем: "Лучший объект инфраструктуры и промышленности" - мост, "Лучший интерьер соц объектов" - музей. Можно голосовать каждый день.

Давайте завершим год 200-летия нашего района с еще одной победой!🤞

Иннокентьев Алексей Михайлович

19 Nov, 09:16


Салайааччылар планеркаларыгар Саҥа дьыллааҕы корпоративтары ыытартан туттуналларыгар сүбэлээтим. Дойдубутун көмүскүүр сыаллаах-соруктаах Анал байыаннай эпэрээссийэ ыытыллар кэмигэр, дойду араас бэрэстэбиитэллэрин кытта сэргэ биһиги биир дойдулаахтарбыт саа-саадах тутан сэриилэһэ сырыттахтарына, өлүү-сүтүү тахса турдаҕына бырааһынньыктарынан үлүһүйбэккэ, бары күүспүтүн-кыахпытын түмэн буойуттарга көмөлөһүөхпүтүн наада. Бары бииргэ буоллахпытына эрэ Кыайыы кэлиэҕэ. Оттон оҕолорго аналлаах Саҥа дьыллааҕы тэрээһиннэр былааннаммыттарын курдук ыытыллыахтара, манна хаарчах оҥоһуллубат.

Иннокентьев Алексей Михайлович

19 Nov, 04:21


Видео с интервью можно просмотреть в сообществе ВКонтакте Администрации муниципального района «Нюрбинский район».

Подписывайтесь и будьте в курсе событий!


⬇️⬇️⬇️
https://vk.com/video-217094777_456239081

Иннокентьев Алексей Михайлович

19 Nov, 01:52


📻Бүгүн өрөспүүбүлүкэ «Тэтим» араадьыйатын эпииригэр «Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ» биэриигэ — Ньурба улууһун баһылыгын актуальнай интервьютун истиҥ!

🕰️ 11 ч.10 мүн. 103.5 FM долгуҥҥа.

Иннокентьев Алексей Михайлович

18 Nov, 11:44


Салгыы Түмүк нэһилиэгэр сырыттыбыт, олохтоохтордуун көрсүһүү ыытылынна. Сэтинньи 1 к. туругунан Маарга 983 ынах сүөһү, ол иһигэр 333 ыанар ынах, сылгы - 950 баар. Үүккэ былааннара - 110 туонна. Сүөһү иитээччилэр төбөҕө субсидия үүт соҕотуопкатын кээмэй кыччыырыгар тиэрдэр диэн санаалаахтар. Иванов Егор Егорович, Григорьев Иван Федорович нэһилиэгинэн сүбэлэһэн кэпэрэтиип тэрийэргэ этиилээхтэр. Чуолаан производственнай кэпэрэтиип потребительскайтан ордук буолуо диэн бэлиэтииллэр. Хортуоппуйу, оҕуруот аһын кыһын харайарга овощехранилище өссө улахан кээмэйдээх наада. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Тобонов Андрей Гаврильевич быйыл 3 туонна хортуоппуйу хомуйан, сороҕун атыылаабытын иһитиннэрдэ, бэйэтин санаатын эмиэ эттэ. Бу курдук Түмүк нэһилиэгин олохтоохторун кытта сэргэх кэпсэтии таҕыста.

Иннокентьев Алексей Михайлович

18 Nov, 10:30


Бүгүн Хорула нэһилиэгэр сырыттыбыт. Үүт туттарыытын былаана 402 туонна, туолара отой кыра хаалбыт. Тус көмөлтө хаһаайыстыбалаах дьон үүт туттарар баҕалаахтар эбит. Хорулаҕа оппут үрэх ото буолан хаачыстыбата намыһах, ынахха үүттүгэнин кыайан киллэрбэт дииллэр . Кэпэрэтиип тула хаһаайыстыбалар түмсэн эһиил күүскэ үлэлииллэригэр сүбэлээтим. Бу маннык суол хороҕор муостаах төбөтүн ахсаанын да элбэтэр, үүт соҕотуопкатын кээмэйэ да улаатыа этэ.