Чурапчинский улус @churapchinsky Channel on Telegram

Чурапчинский улус

@churapchinsky


Чурапчинский улус (Russian)

Добро пожаловать в Чурапчинский улус! Наш канал в Telegram - @churapchinsky, приглашает вас на удивительное путешествие в мир традиций и культуры этого уникального улуса. Чурапчинский улус находится в заснеженных просторах России, где каждый уголок пронизан историей и наследием народов, живущих здесь. Наш канал предлагает увлекательные материалы о культуре, обычаях, кухне, и многом другом. Вы узнаете о традиционных обрядах, музыке, народном искусстве Чурапчинского улуса. Мы расскажем вам об интересных событиях, происходящих в этом улусе, и поделимся с вами уникальными фотографиями и видео. Если вы цените культурное наследие и хотите погрузиться в увлекательный мир этносов, то подписывайтесь на наш канал @churapchinsky и будьте в курсе всех событий Чурапчинского улуса! Добро пожаловать в путешествие по Чурапчинскому улусу вместе с нами!

Чурапчинский улус

22 Nov, 00:18


Күндү хаартысканан күрэх кыттааччылара уонна куоластааччылар !

Балаһыанньа быһыытынан кыттааччы уонна куоластааччы баһылык Степан Саргыдаев (@sargydaevstepan) уонна "Чурапчинский улус" (@churapchinsky) телеграм-каналларыгар булгуччу сурутуулаах буоларгытын санатабыт.

Күрэххэ ситиһиилэри баҕарабыт!

Чурапчинский улус

21 Nov, 11:44


📣📣📣Куоластааһын түмүктэнэрэ чугаһаата! Чурапчылар кытаатабыт! Күн аайы хаста да куоластыахха сөп!

Сылын аайы архитектура уонна дизайн хайысхатыгар “Эйгэ-2024” бириэмийэ ыытыллар. Быйыл “Лучший жилой дом по программе РАП” хайысхаҕа биһиги улууспутуттан Болтоҥоҕо тутуллубут элбэх кыбартыыралаах дьиэ норуот куоластааһыныгар киирдэ.

Биир дойдулаахтарбыт бу сигэнэн киирэн куоластыыргытыгар ыҥырабыт. Хас биирдиибит куолаһа элбэҕи быһаарар. Чурапчы күүһэ – түмсүүгэ!👇🏻👇🏻👇🏻

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1355/

Чурапчинский улус

21 Nov, 06:19


«Образование - основа устойчивого развития» илин эҥээрдээҕи үөрэҕирии форумун туһунан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Кронникова интервьюта

@churapchinsky

Чурапчинский улус

21 Nov, 06:16


«Образование - основа устойчивого развития» илин эҥээрдээҕи үөрэҕирии форумун туһунан СӨ Наука академиятын төрүт тылы үөрэтэр, харыстыыр уонна сайыннарар киин салайааччыта Феодосия Габышева интервьюта

@churapchinsky

Чурапчинский улус

21 Nov, 06:11


👪 Забота о семьях — приоритет народной программы Единой России. Семьи, в которых воспитываются дети, имеют право на различные выплаты и пособия. Так государство помогает родителям.

Собрали для вас информацию о там, на какие меры поддержки могут рассчитывать семьи, в которых есть дети до 7 лет.

#ЕдинаяРоссия #Полезно

Чурапчинский улус

21 Nov, 05:04


Бүгүн Дириҥ нэһилиэгэр улуус депутааттарын көһө сылдьар мунньаҕа ыытылынна.
Мунньахха улуус муниципальнай тэриллиитин устаабыгар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрии, улууска киэҥ кыттыылаах публичнай истиилэри, уопсастыбаннай дьүүллэһиилэри ыытыы Балаһыанньатыгар уларытыылары киллэрии, муниципальнай оройуон 2024 с. уонна былааннаах 2025, 2026 сыллардааҕы бюджеттарын боппуруостара көрүлүннэ. Маны сэргэ Чурапчы улууһун Оҕо спортивнай эбии үөрэхтээһинин оскуолатыгар киэн туттар биир дойдулаахпыт, аатырбыт тустуук Вячеслав Павлович Карпов аатын биэрии, Иннокентий Афанасьевич Филипповка улуус бочуоттаах олохтооҕун аатын иҥэрэр туһунан быһаарыылар ылылыннылар.

Чурапчинский улус

21 Nov, 04:47


🎄🎄🎄Тапталлаах Чурапчыбыт саҥа дьыллааҕы киэргэлин - киин болуоссат харыйатын туруоруу саҕаланна.

Харыйа уотун уматыы үөрүүлээх сиэрэ, үгэс курдук, ахсынньы 1 күнүгэр "Зима начинается с Якутии" өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль иитинэн буолара былааннанар.

Чурапчинский улус

21 Nov, 03:28


Бүгүн Нолуок үлэһиттэрин күнүнэн араас сылларга налоговай сулууспаҕа үлэлээбит бэтэрээннэри, үлэлии-хамсыы сылдьар бары үлэһиттэри идэлээх бырааһынньыккытынан салалта уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин нолуогун уорганнара биир кэлим налоговай управлениеҕа холбоһон үлэлээһиннэрэ үлэни биир ситимҥэ сүрүннүүргэ, нолуогу хомуйуу тэтимирэригэр, хаачыстыба үрдүүрүгэр уонна судаарыстыбаннай өҥөнү оҥоруу тупсарыгар туһаайыллар. Билиҥҥи сайдыылаах олоххо Интэриниэт ситимин көмөтүнэн киһи бэйэтэ киниэхэ төһө нолуок ааҕыллыбытын уонна нолуокка төһө иэстээҕин үрдүттэн билэ-көрө олорор кыахтанна, нолуогу анал саайт эбэтэр мобильнай төлөпүөҥҥэ сыһыарыынан электроннай ньыманан төлөһүү табыгастааҕын көрдөрдө. Улууспутугар нолуок сулууспата цифровой сайдыыны туһанар тэрилтэлэр ортолоругар биир бастыҥнара буолар.
Нолуогу төлөөһүн Арассыыйа хас биирдии олохтооҕун конституционнай эбээһинэһэ буоларынан нолуок үлэһиттэрэ, эһиги, нэһилиэнньэ хамсаабат баайыттан-дуолуттан, бас билэр сириттэн киирэр нолуок, быһа муниципальнай тэриллиилэр бүддьүөттэригэр түһэрин хааччыйыыга күннэтэ сыралаах үлэни ыытаҕыт, сирбит-уоппут, төрөөбүт дойдубут сайдарын туһугар нолуогу кэмигэр хомуйарга кыһаллыыгыт иһин улахан махталбын тиэрдэбин.

Эһиэхэ идэлээх бырааһынньыккытынан тус үлэҕитигэр ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр, тус олоххутугар этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

Чурапчинский улус

20 Nov, 14:50


«Образование - основа устойчивого развития» илин эҥээрдээҕи үөрэҕирии 2-с форумун түгэннэриттэн

@churapchinsky

Чурапчинский улус

20 Nov, 13:52


Күндү хаартысканан күрэх кыттааччылара уонна куоластааччылар !

Балаһыанньа быһыытынан кыттааччы уонна куоластааччы баһылык Степан Саргыдаев (@sargydaevstepan) уонна "Чурапчинский улус" (@churapchinsky) телеграм-каналларыгар булгуччу сурутуулаах буоларгытын санатабыт.

Күрэххэ ситиһиилэри баҕарабыт!

3,386

subscribers

7,706

photos

795

videos