Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү" @uoheebuluu Channel on Telegram

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

@uoheebuluu


🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.me/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976

Верхневилюйский район 💯 РГ Үөһээ Бүлүү (Russian)

Добро пожаловать в канал "Верхневилюйский район 💯 РГ Үөһээ Бүлүү"! Этот канал представляет собой газету Верхневилюйского района, где вы найдете самые актуальные новости и события этого района. Будьте в курсе всех происходящих событий, узнавайте первыми о важных обновлениях и изменениях. Мы предлагаем вам уникальную возможность быть в курсе всех событий, происходящих в этом районе. Присоединяйтесь к нашему каналу прямо сейчас и не пропустите ни одной важной новости! Предлагайте свои новости и идеи в нашем чате @Uohee_buluu14_bot.

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

04 Dec, 01:51


#Годсемьи

Бүгүҥҥү дьиэ кэргэн форумугар элбэх оҕолоох, ыччат иитиитигэр сүдү кылааттарын, олоххо көхтөөх позицияны тутуһар күн-күбэй ийэлэргэ улуустааҕы "Ийэҕэ махтал" бэлиэни туттардылар. Наҕараадалары улуус баһылыгын солбуйааччыта Анна Уларова туттартаата.

Маны таһынан, холобур буолар Боотулууттан Розалия Лазаревна, Алексей Алексеевич Николаевтар дьиэ кэргэттэрэ 50 сыл бииргэ олорбут бэлиэлэрин туттулар. ЗАГС салайааччыта Татьяна Кардашевская Бочуот кинигэтигэр илии баттатар долгутуулаах түгэннэрин үллэһиннибит.

Улуус мунньаҕын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев форум кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн туран, бука бары түмсүүлээх буоларбытыгар ыҥырда.

@uoheebuluu

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

04 Dec, 01:40


#дьиэкэргэнсыла

Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр, Олоҥхо дьиэтигэр "Ыал - олох төрдө" дьиэ кэргэн форума саҕаланна.

Пленарнай чааска сүрүн дакылааты улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн политикатыгар солбуйааччыта Анна Уларова оҥордо. Ол курдук, "Семейные ценности и традиции в мировоззрении поколений" диэн теманан дакылаакка Анна Михайловна дьиэ кэргэн государственнай политикатын уонна социальнай өйөбүл миэрэлэрин олоххо киллэрии сүрүн позицияларыгар сиһилии тохтоото. Бу хайысхаларынан далааһыннаах, аадырыстаах үлэ дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ, элбэх оҕолонууну өйөөһүҥҥэ, олоҕурбут сыаннастары харааннааһыҥҥа уонна сайыннарыыга туһуланар.

Дойду үрдүнэн ыытыллар дьиэ кэргэн демографическай политиката дойдубут Президенэ Владимир Путин "Об утверждении основ государственной политики по сохранению и укреплению традиционных российских духовно-нравственных ценностей" Ыйааҕар олоҕуруохтаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

04 Dec, 01:31


Приглашаем вновь ознакомиться со спецпроектом Улус.Медиа «Зима начинается с Якутии»!

❄️ 🌬️ Здесь вы познакомитесь с уникальными туристическими местами северного края, подробнее узнаете о Полюсе холода и откроете для себя якутскую кухню.

📸 Невероятные фотографии, достоверные факты и подробные описания — все это у нас на сайте в один клик! 👈🏻

Не упустите возможность погрузиться в атмосферу зимней Якутии!

@ulusmedia

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

03 Dec, 13:51


☄️Астероид войдет в атмосферу на высоте 100 км над Якутией

☄️🌍 Астероид «C0WEPC5» войдет в атмосферу Земли сегодня в районе 19:14 по московскому времени, создав яркий огненный шар над Восточной Сибирью. Ожидается, что его траектория пересечет воздушное пространство Якутии. Несмотря на небольшие размеры астероида, примерно в метр, он не представляет угрозы для Земли.

🌌 Ученый, кандидат физико-математических наук, заместитель директора по научной работе ИКФИА СО РАН Семен Николашкин прокомментировал падение астероида для Улус.Медиа.

📲 Подпишись на @ulusmedia

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

03 Dec, 11:07


Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр🏛️ В.Каратаев "Модун Эр Со5отох" олоҥхотуттан быһа тардан "Моҕул кугас аттаах Модун Эр Соҕотох"  мүччүргэннээх сырыыларын М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей - интернат 5-с "а" кылааһын оҕолоро куукула дьоруойдарын көмөтүнэн көрдөрдүлэр.

Салайааччы - СӨ култууратын туйгуна, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх этээччитэ, Н.И Бойлохов аат. Оҕо искусство оскуолатыгар фольклор салаатын учуутала Марианна Хобусарова

Сахалыы мааны астаах сандалы тардылынна, дьон -сэргэ олоҥхону сэргии иһиттилэр, сэргэх күн Үөдүгэйгэ буолла 👍👍👍

#ҮөһээБүлүүгэОлоҥхоДекадата
#Үөдүгэйсонуннара

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 08:39


#Олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова 2 чаас устата тохтоло суох "Турбутунан төрөөбүт Дуо бухатыыр" олоҥхону толордо. Сынньанан баран олоҥхо салгыытын ааҕыаҕа.

Санатан эттэххэ, бүгүн киэһэ хойукка диэри олоҥхо истиитэ Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа буола турар.

@uoheebuluu

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 08:01


#олоҥхокүнэ

💬💬💬Улуустааҕы култуура уонна духуобунас сайдыытын департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова - Сахаайта бука барыгытын Олоҥхо декадатынан эҕэрдэлээн туран, олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырда. Олоҥхо декадата ахсынньы 5 күнүгэр диэри буолуоҕа.

@uoheebuluu

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 07:15


#олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхону истэ кэлбит Алеша Григорьев бэйэтэ эмиэ фольклорунан Марианна Хобусароваҕа утумнаахтык дьарыктанар. Олоҥхоһут Василина Баланова толоруутугар олоҥхону сөбүлээн иһиттим диэтэ👍👏

@uoheebuluu

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 06:32


https://верхневилюйск-газета.рф/onhojgo-olonho-kyne/

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 06:08


#ОлоҥхоДекадата

⭐️ Түгэхтэйгэ - күннүктээх олоҥхо дьикти эйгэтэ

Улахан балаҕаҥҥа киэһэ 18:00 чааска диэри Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова олоҥхолуу олорор.

Киэһэ 19:00 чаастан 24:00 чааска, түүн оройугар диэри Саха сиригэр биллэр-көстөр уһуйааччы, 93 саастаах олоҥхоһут Никандр Прокопьевич Тимофеев уһуйуллааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар ыччат ортотугар "Кылаан кыайыылаах" аатын ылбыт Яна Ньургусова олоҥхолуоҕа.

Оттон киэһэ 24:30 чаас кэннэ, истиэн баҕалаахтар баар буоллахтарына, тоҕус саха тойугун сарсыарда тыҥ хатыыта түмүктүүрдүү Үөһээ Бүлүүлэргэ анаан олоҥхолуохтара.

Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэҥээриҥ, истэ-билэ сэргэҕэлээҥ.

Кулгаах-харах иччитэ буолан саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын, култууратын, үгэһин, сиэрин-туомун иҥэриммит муҥутуур чыпчаал айымньыны - Олоҥхону истэ кэлэргитин күүтэбит🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 04:54


Этно-комплекс «Тугэхтэй» в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://golos.ysia.ru/contest-photo/1393/

Парк культуры и отдыха в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://
golos.ysia.ru/contest-photo/1392/

Многоквартирный жилой дом по ул. Барахова, 7 к1 в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://golos.ysia.ru/contest-photo/1358/

Кофейня «Koppi» в с. Верхневилюйск с. Верхневилюйск Верхневилюйского улуса https://golos.ysia.ru/contest-photo/1336/

Бу күрэх республикатааҕы архитектурнай бириэмийэ буолар. Бастыҥ көрдөрүүлээх бырайыак харчынан бириэмийэ ылар.

Биһиги улууспутугар улахан Түгэхтэй алааспыт - кыһыннары, сайыннары үлэлии турар "Эйгэ диэн" тэрилтэ буолар. Хомойуох иһин, куоласпыт аҕыйах. Онон бу түмүктүүр күҥҥэ куоласпытын биэриэҕиҥ диэн ынырабыт.

Бу түөрт бырайыактан үс эрэ бырайыакка куолас биэрэҕит.

Ссылканан киирдэххинэ хас биирдии бырайыакка "голосовать" диэн баар ону баттыыгыт, ол кэннэ "я не робот" диэни баттыыгыт. Кытаатыҥ, куоластааҥ, бүгүн түмүк күммүт🙌🙌🙌

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 04:51


🏛️Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо, ыалдьыттара.

🎼🎹Быйыл, 2024 сылга, самодеятельнай композитор, мелодист, ССРС Культуратын туйгуна, общественнай корреспондент Николай Иванович Бойлохов төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах кини аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусство оскуолатын киэҥ уораҕайын тиэргэнигэр Николай Бойлохов сырдык мөссүөнүн көрдөрөр өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэ үөрүүлээх арыллыытыгар кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Буолар күнэ: Сэтинньи 28 күнэ, күнүс 15:00 ч.

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 02:58


🔸В настоящее время граждане продолжают попадаться на уловки мошенников, размещающих в приложениях рекламные всплывающие окна об инвестициях. Ничего не подозревая, они заполняют анкеты, после чего с ними связываются через социальные мессенджеры «псевдоброкеры бирж», которые предлагают заработок на инвестициях.➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/moshennicheskie-shemy-v-sfere-investiczij-kak-na-nih-ne-popastsya/

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

26 Nov, 00:42


Наши карты UnionPay — работают

🟨Можно платить, пополнять и снимать наличные за границей

🟩Оформляем в рублях, долларах, евро или юанях

🟨Нет комиссий за выпуск и обслуживание. Никаких хитрых условий. Еще и кешбэк до 15%

🟩В этом году зафиксировали почти 3 млн операций за границей. Чаще всего наши карты используют тут ⬇️

🟡 Италия
🟡 ОАЭ
🟡 Турция
🟡 Таиланд
🟡 Китай

Так что если планируете поездку, то вот ссылка на оформление карты

👍РСХБ

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

25 Nov, 12:38


https://golos.ysia.ru/contest-photo/1336/

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1358/

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1392/

https://golos.ysia.ru/contest-photo/1393/

Бу күрэхпит бүтэрэ үс күн хаалла. Ссылканан киирэн түөрт бырайыакка куоласкын биэрэригэр ыҥырабыт🙌

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

25 Nov, 12:13


#Олоҥхокүнэ

⭐️
Ф.Н.Тимофеев – Биэчэрэ "Киндили Хаадыат" олоҥхотунан аан тыллаах
4 көстүүлээх, 7 хартыыналаах "Түмэн Түүрэй" оҕо олоҥхотун премьерата Олоҥхо дьиэтин көрөөччүлэринэн толордо.

Олоҥхону сэргээччилэри арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.

Киирии ааҥҥа Кирилл Никифоров - Лөкөчөөн олоҥхотунан туруоруллубут испиктээх персонажтарын таҥастарын быыстапка турда.

Н.И.Бойлохов аатынан Оҕо искусство оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыылаах олоҥхо испиктээгин туруорааччы режиссера СӨ култууратын туйгуна Дария Яковлева.

Сүрүн худуоһунньук - СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Майя Саввина.

Хореографтар СӨ култууратын үөрэҕириитин туйгуна Сардана Иванова, Уйгулана Павлова.

Оҕо оркестрын салайааччыта - СӨ култууратын туйгуна Никифор Афанасьев.

Фольклор кылааһын учууталлара - СӨ култууратын туйгуна Марианна Хобусарова, Кондратий Герасимов.

Уус уран салайааччы - Анатолий Иванов.
Бырайыак салайааччыта - СӨ култууратын туйгуна Алена Босикова.

Сценарийы Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Бурхалей Макаров суруйда.

Сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.

Сорох хаартыскалары комментарийга киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

20 Nov, 08:05


❗️ Эксперт о мошенничестве: как защитить свои деньги от финансовых пирамид?

📉 Примерно один миллиард рублей похитили мошенники в 2023 году у якутян. В этом году цифра неизвестна, но предполагается, что она будет значительно больше. Между тем в центре Якутска открылась сомнительная компания One SW, имеющая признаки нелегальной деятельности.

⚖️ Редакция Улус.Медиа обратилась к Николаю Жиркову, опытному финансисту и эксперту в области рыночных рисков, чтобы понять причины появления таких компаний и как защитить себя от мошенничества.

↪️ Подробнее: https://ulus.media/2024/11/20/ekspert-o-moshennichestve-kak-zashhitit-svoi-dengi-ot-finansovyh-piramid/

📲 Подпишись на @ulusmedia

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

20 Nov, 06:40


https://верхневилюйск-газета.рф/profilaktika-infekczij-peredavaemyh-polovym-putem/

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

20 Nov, 06:40


🔸Сэтинньи 19 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун норуотун маастара Анастасия Борисова “Хатайдааһын дьикти абылаҥа” үлэлэрин персональнай быыстапката Дьокуускай куоракка арылынна. Быыстапка бу ый 28 хонугар диэри “Симэх” галереяҕа буолуоҕа.➡️➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/anastasiya-borisova-hatajdaahyn-dikti-abylana-byystapkata-dokuuskajga-arylynna/

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

20 Nov, 02:11


🔸🔸🔸Сэтинньи 15 күнүгэр "Своих не бросаем" байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах акцияҕа Мэйик нэһилиэгин олохтоохторун көмөлөрүнэн барыта 96.000 харчынан киирдэ, 10 дьааһык бородуукта саха саллааттарыгар астанан барда, «Күнчээн» оҕо саадын оҕолоро уруһуй уруһуйдаан улуус киинигэр туттардылар. Бу аата чахчы даҕаны Мэйик нэһилиэгэ өссө төгүл түмсүүлээҕин көрдөрдө.➡️➡️➡️
https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/mejikter-bajyannaj-dajyyga-syldar-uolattarbytygar-kemeleheller/

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

20 Nov, 02:04


Прошла рабочая встреча с Президентом Национального Олимпийского Комитета Республики Беларусь Виктором Александровичем Лукашенко.

Виктор Александрович приезжал к нам этим летом в Якутск на VIII Игры «Дети Азии», в которых впервые приняла участие сборная команда Беларуси. Поблагодарил его за активное участие в дело организации прошедших Игр. На встрече обсудили вопросы нашего дальнейшего сотрудничества. У нас хорошие перспективы в части подготовки тренеров и спортсменов в таких видах спорта, как художественная гимнастика, легкая атлетика, лыжный спорт и стрельба из лука. Также предложил Виктору Александровичу сотрудничество в продвижении якутского национального вида спорта мас-рестлинг на международной спортивной арене.

Уверен, что наша встреча станет еще одним шагом к укреплению дружественных связей между Якутией и Республикой Беларусь!

t.me/aisen_nikolaev

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

19 Nov, 13:22


💪🏻 Топ-10 самых обаятельных мужчин Якутии по версии редакции Улус.Медиа

Сегодня, в День мужчин, наша редакция решила отметить известных представителей сильного пола Якутии, чьи достижения, стиль и харизма не оставляют равнодушными ни одну женщину. Спортсмены оказались особенно популярны среди наших сотрудников, и это неудивительно: их сила и упорство вдохновляют всех нас.

Заранее предупреждаем, это не рейтинг! Карточки расположены случайным образом 😊

Каждый из этих мужчин — пример для подражания. Их успехи, стиль и личное обаяние делают их не только выдающимися, но и любимыми героями нашего времени. С праздником, мужчины!

Источник: @ulusmedia

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

19 Nov, 12:55


Школьники младших классов Далырской средней школы приняли участие в акции "Подари рисунок" и "Письмо бойцу". Акция объявлена Общественно-добровольческим движением "Волонтеры Саха. Дети"

Ребята раскрасили рисунок, где изображен боец СВО - якутский солдат, рядом с ним ангел-хранитель - Айыыһыт, расправила крылья для защиты. Также мальчики и девочки написали для солдат-земляков свои пожелания скорейшего возвращения домой. Дети рассказали новости, какая погода в Якутии, сколько градусов мороза за окном. Пожелали, чтобы наши бойцы были здоровы, не болели и не кашляли, чтобы берегли себя и вернулись с Победой!

https://t.me/vervilmuseum https://vk.com/wall-217392492_379

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

19 Nov, 11:26


Вторник -День Здоровья

Сегодня по всему району с раннего утра жители всех возрастов собирались вместе для утренней гимнастики, прогулок и зарядки.

На манеже стадиона “Үс хоһуун" состоялась традиционная утренняя разминка под руководством тренера. В течение всего дня здесь работали тренеры по стрельбе, легкой атлетике и национальным настольным играм.
В трудовых коллективах проходили групповые занятия фитнесом, а в детских садах и школах организовывались лекции и беседы о здоровом образе жизни, занятия по профилактике вредных привычек. В Едюгейской библиотеке прошел шахматный турнир, а в центральной библиотеке весь день работала комната отдыха — место для релаксации с книгами и музыкой. В селе Дюллюкю впервые провели занятия по корнхолу для желающих.
В администрации района в обеденное время, в рамках выездной стратегической сессии Высшей школы инновационного менеджмента при Главе Республики, также состоялась зарядка, в которой участники смогли восстановить силы.

Свыше 1500 жителей нашего района провели сегодняшний день, наполняя его смыслом и заботой о здоровье. Пусть проект "Вторник- День здоровья" станет символом не только текущего момента, но и вдохновением для каждого дня, посвящённого здоровью и активному образу жизни.
Присоединяйтесь к движению за здоровый образ жизни! Вместе к крепкому здоровью и радостному будущему!

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

18 Nov, 08:44


🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶
Үөһээ Бүлүүгэ Оптуорунньук-доруобуйа күнэ
🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶🔶
Сэтинньи 19 күнүнээҕи программа
⤵️⤵️⤵️⤵️⤵️⤵️⤵️⤵️⤵️⤵️
*«Үс Хоһуун» стадион манеһа*
🤾‍♂️🤼‍♀️🧘🏽🤾🏾🤼🧘🏼‍♂️🤾🏼‍♀️🤼‍♀️🧘🏽🤾🏾
🎯*08ч.30м.* - САРСЫАРДААҤЫ СЭРЭЭККЭ (тренер Иванов А.А.)
🎯АҺАҔАС ААН КҮНЭ - манежка, спорт саалатыгар босхо дьарыктаныы, маастар кылаастар:
ГИИРЭ СПОРДА (Кардашевскай Н.С.)
ЧЭПЧЭКИ АТЛЕТИКА (Софронов Н.В.)
ХАБЫЛЫК, ХААМЫСКА
б.н. 89142373099
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*КИИН БАЛЫЫҺА ПОЛИКЛИНИКАТА*
🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥🏥
🎯ДЕРМАТОЛОГ быраас кабинетыгар ууһатар уорганнарынан бэриллэр ыарыылары сэрэтэр аһаҕас аан күнэ
🎯*10:00-13:00* *АВИАЛЕСОХРАНА аттыгар* КӨҺӨ СЫЛДЬАР МЭДИССИИНЭ ПУУНА үлэлиир
б.н. 89142343476
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Олоҥхо дьиэтэ*
⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️⚜️
🎯*11ч.00м.* - МААСТАР КЫЛААС"- Кэрэ аҥаардарга бэйэ илиинэн брошканы оҥоруу уруога оһуохай (Семенова Д.П.)
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Устуоруйа уонна этнография түмэлэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*16ч.00м.* - фитобар: 🎯ЭМТЭЭХ ОТТООХ ЧЭЭЙДЭРИ АМСАЙЫЫ (дегустация)
б.н. 89142330291
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Киин бибилэтиэкэ*
📚📚📚📚📚📚📚📚📚📚
🎯*09ч.00м.* - ЧЭБДИГИРДЭР СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА (тренер Вера Андреева)
🎯*10ч.00м - 18ч.00м* - Өйү-санааны сааһылыыр, уйулҕаны тупсарар СЫННЬАЛАҤ ХОҺО үлэлиир
"ЧӨЛ ОЛОХ- УҺУН ҮЙЭЛЭНИИ" тэрилтэлэринэн тахсан кэпсэтии (Павлова Д.Н.)
б.н. 89142927753
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ*
♟️♟️♟️♟️♟️♟️♟️♟️♟️♟️
🎯*15ч.00м* - ДУОБАТ, СААХЫМАТ
б.н. 89679112124
🏃🏻‍♀️🏋🏻⛹🏻‍♂️🏌🏻‍♀️🤾🏻‍♂️⛹🏻‍♀️🤼🧘🏻‍♀️⛷️🏂
#вторникденьздоровья
#верхневилюйск

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

18 Nov, 06:24


📝“Мэхээлэчээн булчут” кинигэ ааптара Яков Стручков туһунан кырдьык

📽️🎞️📖 “Мэхээлэчээн булчут” уус-уран киинэни уста сылдьар режиссер Александр Лукин айымньы иккис ааптара, үтүөлээх учуутал Яков Стручков сиэнэ Александра Слепцовалыын көрүстэ. Кинилэр кинигэ айыллыытын тула сиһилии кэпсэттилэр.

Устар бөлөх ахсынньыга Яков Стручков туһунан эбии матырыйаал хомуйа Абыйга айанныахтаах.

Сиһилии 👈

📲 Подпишись на @ulusmedia

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

18 Nov, 06:13


Бүгүн Далыр нэһилиэгэр нэһилиэнньэни кытары көрсүһүү буолла.

Улуустааҕы дьахталлар түмсүүлэриттэн Изабелла Саввинова нэһилиэккэ баар кыһалҕалары чопчулаан сурунна, дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн үйэни уһатыыга аналлаах сонун бырайыактары торумнаста.

МФЦ "Мин докумуоннарым" салайааччыта Анегина Малычехорова докумуоннары оҥоруу өҥөтүн оҥордо, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин үлэһитэ Зария Мойтохонова оскуола оҕолоругар профориентационнай үлэни тэрийдэ.

Улуустааҕы история уонна этнография методиһа Марианна Борисова Далыр оскуолатыгар антифашисткай форум чэрчитинэн нацизмы утарар патриотическай түмэл уруогун ыытта.

@uoheebuluu

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

18 Nov, 02:36


🔸 В минувшую пятницу завершился муниципальный этап Республиканского профессионального конкурса «Воспитатель года-2024». Конкурс стал традиционно значимым событием в районе. ➡️➡️ https://верхневилюйск-газета.рф/vospitatel-professiya-tvorcheskaya/

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

18 Nov, 00:26


🎂 Сегодня отмечается день рождения Деда Мороза!

☝️Традиция праздновать день рождения российского Деда Мороза родилась в 2005 году в Великом Устюге (Вологодская область), где находится главная резиденция сказочного зимнего деда. Дата выбрана не случайно. 18 ноября в этом северном уголке нашей страны начинается настоящая зима, и даже могут ударить сильные морозы.

🎅🏻 Сколько лет исполнится доброму Деду, в точности никто не знает. Известно лишь, что ему никак не меньше 2 000 лет, хоть он и выглядит гораздо моложе.

В начале ХХ века наконец появился знакомый нам румяный Дед Мороз с большим мешком подарков. Он одет в расшитые серебром и жемчугом шубу и шапку. А в руках у него волшебный посох, которым он ударяет о землю, – и тогда загораются огоньки на новогодней елке.

Правда, в 1929-м и елки, и Деда Мороза запретили, как чуждый антисоветский элемент. Веселый белобородый старик с красным носом был разрешен только в канун 1936-го года, и не в статусе рождественского чудотворца, а как «заведующий елкой». Обычай наряжать елку тоже вернулся, только уже без прежнего религиозного смысла.

Дед Мороз превратился в большого затейника, который прилетает на праздник в запряженных тройкой лошадей нарядных санках, любит играть и водить хороводы с детьми. Его верной спутницей стала внучка Снегурочка – с косой до пояса и в красивом кокошнике.

В 1999-м российский Дед Мороз обзавелся личной вотчиной – деревянным теремом в еловом бору недалеко от Великого Устюга.

📲 Подпишись на @ulusmedia

Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"

17 Nov, 12:39


🛒 Почем в этом году продается мясо?

В республике проходит сезон забоя скота. Для читателей Улус.Медиа мы подготовили обзор цен на мясо по районам Якутии.

В среднем, цена за килограмм говядины составляет примерно 600-750 рублей, а на жеребятину от 750 до 850.

Подробнее смотрите в картинках 👆

📲 Подпишись на @ulusmedia

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 10:08


Ансамбль Восточного военного округа «Мы есть мы» впервые проведет концерты в Якутии

🎼Выступления вокально-инструментального ансамбля ожидаются в рамках второго республиканского антифашистского форума.

Ансамбль прибудет из зоны СВО.

🎺Концерты в Якутске состоятся 4 ноября в 16:00 в Саха академическом театре им. П. А. Ойунского, 6 ноября в 16:00 — в Доме дружбы народов им. А.Е. Кулаковского.

Также 5 ноября в 16:00 ожидается выступление во Дворце культуры и духовного развития им. М. К. Аммосова в селе Намцы.

📲 Подпишись на @ulusmedia

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 10:07


🌟 Увлекательные каникулы: идеи для активного отдыха с детьми!

Вот и наступили осенние каникулы, которые пройдут с 28 октября по 4 ноября.

Каникулы — время перемен и новых впечатлений. Позаботьтесь о том, чтобы ваши дети провели это время не только участвуя в увлекательных мероприятиях и праздниках, но и с пользой. Вот несколько идей, как сделать эти дни яркими и запоминающимися! 👆

📲 Подпишись на @ulusmedia

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 08:48


#сво #СвоихНеБросаем

⭐️Байыастарга көмөҕө Техникум кыттыһар

Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум коллектива баайбыт хаххаланар сеткатын "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха, салайааччы Васма Ивановаҕа аҕалан туттардылар. Бу үлэни дьахтар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Тумусова иилээн-саҕалаан оҥоттордо.

"Лицей коллективыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бары бииргэ КЫАЙЫЫГА!" - диир Васма Васильевна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 08:24


Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин?

Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.

Иһиттээх сибэккини бэлэхтээтэхтэринэ, бытархай харчы бэриллиэхтээх — атын сибэккигит үүнүмүөн сөп.

Cиһилии манна.

@sakhasire20

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 07:59


Саха Сирин Ийэлэрин күнүнэн "Күнчээн" орто бөлөх оҕолоро ийэлэрин эҕэрдэлээтилэр. Ийэлэр соһуччу түһүмэхтэргэ кытыннылар, үөрдүлэр-көттүлэр.Бастакы түһүмэххэ Ийэҕэ аналлаах хоһооннору, оҕолорго сөптөөхтүк, чуолкайдык ааҕан иһитиннэрдилэр, иккис түһүмэххэ харахтарын баанан оҕолорун илиилэрин тутан-хабан көрдөөн буллулар, манна даҕатан эттэххэ биир да Ийэ сыыспата, бары буллулар.Үһүс түһүмэххэ кумааҕынан оҕолорун быһан, кэпсээн билиһиннэрдилэр.Түмүккэ оҕолорбут бэйэлэрэ сыһыаран оҥорбут дьэрэкээн сибэккилэрин туттардылар, хоһоон, ырыа-үҥкүү бэлэх ууннулар.Төрөппүттэр оҕолоруттан үөрэн,астынан тарҕастылар.
"Күнчээн" орто бөлөх, иитээччилэр Ефремова Т.В., Хобусарова А.В.

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 06:00


Оҕо телефоҥҥа сайыннарар ойуулуктары көрөрө төһө туһалааҕый?

🧠 Француз нейропсихолога Мишель Демюрже, оҕоҕо 6 сааһыгар диэри телефоны, планшеты биэрэри отой утарар.
🔴 Тоҕо?

🗣️ Мэйии сайдарыгар кэпсэтии ордук туһалаах.
Улахан киһи тылынан быһааран көрдөрөрө оҕоҕо ордук тиийимтиэ, онтон планшетка компьютерга көрөрү оҕоҕо 20-60 төгүл элбэхтэ быһаарыахха наада. Оҕо улахан киһини кытта оонньоон, кэпсэтэн сайдыахтаах.
📵Мэйии чуумпуга наадыйар, экраҥа иһиллэр тыас-уус, элэҥнээһин гиперактивностка тиэрдиэн сөп, утуйууга, болҕомтолоох буоларга мэһэйдиир.
🔴Тугу гыныахха?

Оҕо экран иннигэр олорор бириэмэтин кылгатыы.
Оҕону кытта оонньооҥҥун, кэпсээннэ, остуоруйата ааҕыҥ, элбэхтэ кэпсэтиҥ.
Оҕо хараҕын харыстааҥ. Уһуннук телефоҥҥа олоруу,хараҕы мөлтөтөрүн Умнумаҥ!

Оҕо доруобуйатын харыстааҥ!

Сүбэлэри бэлэмнээтилэр Хоротооҕу оҕо сайдар киинин "Я творю мир" мульт-студия кружок салайааччыта Филиппова Альбина Александровна.
Гигиена инструктора Чиряева Галина Семеновна.

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 05:41


💪 СпортТрек объявляет конкурс «Сбор лучших практик ФКиС» для всех, кто не только сам занимается спортом, но и активно вовлекает в него других.

Чтобы стать участником конкурса, необходимо:
1️⃣ Зарегистрироваться на сайте https://vk.cc/cCYHHl
2️⃣ Выбрать трек «Сбор лучших практик ФКиС»
3️⃣ Определиться с направлением для вашей практики: командные виды спорта, индивидуальные виды спорта, просветительская деятельность, адаптивный спорт или практики наставничества
4️⃣ Заполнить паспорт проекта

📅 Прием заявок открыт до 30 октября включительно, а итоги конкурса будут подведены уже 7 ноября.

🌟 Авторы лучших идей получат информационную поддержку и возможность стать частью СпортТрека в следующем году!

Регистрируйтесь, участвуйте и побеждайте!

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

28 Oct, 04:24


🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺
*Үөһээ Бүлүүгэ Оптуорунньук-доруобуйа күнэ*
🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺
*Алтынньы 29 күнүнээҕи программа*

*«Үс Хоһуун» стадион манеһа*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*08ч.30м.* - САРСЫАРДААҤЫ СЭРЭЭККЭ ( тренер Махаров Т.А.)
АҺАҔАС ААН КҮНЭ - манежка, спорт саалатыгар босхо дьарыктаныы, маастар кылаастар:
БУУЛДЬАНАН ЫТЫЫ (Карадчин Л.В.)
ГИИРЭ СПОРДА (Кардашевскай Н.С.)
ЧЭПЧЭКИ АТЛЕТИКА (Софронов Н.В.)
ХАБЫЛЫК, ХААМЫСКА
б.н. 89142373099
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Намныыр тракт ("Fresh" маҕаһыын аттыгар)*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*10ч.00м.-15ч.00м.* - КӨҺӨ СЫЛДЬАР МЭДИССИИНИСКЭЙ КОМПЛЕКС (диспансеризация)
б.н. 89142343476
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Киин бибилэтиэкэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*09ч.00м.* - ЧЭБДИГИРДЭР СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА (тренер Вера Андреева)
"ҮРҮҤ ТОРУОСКА". месячник чэрчитинэн "Пусть не будет стены между нами.." тематическэй кинигэ быыстапката
б.н. 89142927753
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Олоҥхо дьиэтэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*11ч.00м.* - ТЫЫННААХ ДОРҔООН ДОҔУҺУОЛУНАН МЕДИТАЦИЯ
*14ч.30м.* - "ДОРУОБУЙАМ БЭЙЭМ ИЛИИБЭР"- оҕолорго профилактика лекцията ( лектор Алексеева С.Т)
*15ч.00м.* - "ЭТИ-ХААНЫ ЧЭБДИГИРДЭН ОҺУОКАЙДААН ОЙУОХХА, ЭҺИЭКЭЙДЭЭН ТЭЙИЭХХЭ" - оҕолорго оһуокай
б.н. 89142636728
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Устуоруйа уонна этнография түмэлэ*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*16ч.00м.* - фитобар: ЭМТЭЭХ ОТТООХ ЧЭЭЙДЭРИ АМСАЙЫЫ (дегустация)
б.н. 89142330291
〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️〰️
*Социальнай харалта*
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА - Аҕам саастаахтарга уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо дьиэлэригэр дьарык
б.н. 89141006661

🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺🔹🔺
🏃🏻‍♀️🏋🏻⛹🏻‍♂️🏌🏻‍♀️🤾🏻‍♂️⛹🏻‍♀️🤼🧘🏻‍♀️⛷️🏂
#вторникденьздоровья
#верхневилюйск

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 13:33


🔊🔊🔊Бүгүн, Алтынньы 24 күнүгэр “БАСХАН- бырайыак уол оҕону иитиигэ суолтата” диэн тиэмэннэн үлэ уопутун сырдатар, тарҕатар уонна киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан сэминээр ыытылынна.

Сэминээргэ 19 улуустан 56 киһи кыттыыны ыллылар 👍🏻✊🏻Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Бүлүү, Томпо, Амма, Нам, Саха гимназията, Сунтаар, Чурапчы, Жатай, Абый, Муома, Хаҥалас, Уус Майа, Томпо, Хатас, Горнай, Дьокуускай, Үөһээ Бүлүү улуустара.

Сэминээргэ 2025 сылга былааннанан ыытыллар БАСХАН өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс тула санаалар этилиннилэр, үгүс улуус бэйэтин улууһугар ыытарын этиннилэр ол тула сүбэлэһии буолла.

📌«БАСХАН» бырайыак туһунан санаалар этилиннилэр. Уол оҕону кыра сааһыттан эр киһилии иитии туһунан- Руфов Алексей Васильевич дьүүллүүр сүбэ уларыйбат бэрэссэдээтэлэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи Аҕа түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ. СӨ култууратын туйгуна.

📌«БАСХАН» дьыалабыай оонньуу (күрэс) туһунан- бырайыак ааптара Ильина Саргылана Лукична Үөһээ Бүлүүтээҕи “Тускул” оҕо киинин методиһа билиһиннэрдэ.

📌 «БАСХАН буоларга уол оҕону кыра сааһыттан уһуйуу” ыытыллыбыт үлэ уопутун тарҕатыы, билиһиннэрии- бырайыак ааптара Семенова Евдокия Павловна Үөһээ Бүлүүтээҕи И.Н.Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай түмэлин үлэһитэ.

📌“БАСХАН” бырайыакка «Өркөн өй” түһүмэҕи сырдатта Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо библиотекатын сүрүн библиотекара- Захарова Майя Федоровна.

📌Сэминээри ыытта уонна тэрийдэ-Геннадий Иванович Охлопков, СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама оробуочай бөлөҕүн сүрүннээччитэ.

Бырайыак тула санаа үллэстиитэ, түһүмэхтэринэн сүбэлэһии, боппуруостарга эппиэттээһин, уопсай түмүккэ баҕа санаалар этилиннилэр. БАСХАН бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ сэҥээриини ылан, кэнчээри ыччаты иитиигэ төһүү күүс буолан эрэриттэн үөрдүбүт👍🏻✊🏻✊🏻✊🏻

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 11:26


Күндү биир дойдулаахтарбыт!

Киэн туттар киһибит, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, саха саарына Гавриил Иосифович Чиряев үүнэр 2025 сылга төрөөбүтэ 100 сааһын туолар.

Улуу киһибит республикабыт балысханнык сайдыытыгар үлүскэннээх үлэтин, олоҕун анаабытын сыаналаан, кини үрдүк аатыгар сүгүрүйэн, бары биир сомоҕо буолан, кини аатын Нерюнгри куоратын аэропордугар иҥэрэллэригэр куоласпытын биэриэҕиҥ диэн барыгытын ыҥырабыт 🙌🏻🙌🏻🙌🏻
https://forms.yandex.ru/u/66e2a74c493639211855832f/

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 06:09


Хомустаах нэhилиэгин кэтэх хаһаайыстыбалара кыстыкка киирэн олоробут. Ол курдук, сүөһү, сылгы кыстыгар анаан быйыл сайын 785 туонна оту оттоотубут (былаан 97, 1 % туолбута).
Быйыл 517 хороҕор муостаах иитиллэн турар, итинтэн 80-ча төбөнү идэhэҕэ туттуохтаахпыт. 181 сыспай сиэллээхпит. Быйылгы кыстыкка диэн 1 туонна эбии аhылык заявканнан атыылаhан бэлэмнэннэ. Үүппүтүгэр быйылгы көрдөрүүбүт 17,35 туонна. Дьэ, кыстыкка бу курдук киирдибит.

Хомустаах нэhилиэгин тыа хаһаайыстыбатын специалиhа Александр Попов

@uoheebuluu

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 05:54


Болҕойуҥ, сурутуу!

2025 сылга "Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар сурутуу почта отделениеларыгар бара турар!

2025 сыл толору сурутуу сыаната: 1560,28 солк.
2025 сыл бастакы аҥарыгар: 773,30 солк.
2024 сыл бүтэһик үс ыйыгар эмиэ сурутуохха сөп: 309,66 солк.
Дьиэттэн тахсыбакка эрэ бу сигэнэн киирэн сурутуҥ: https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976
Маны таһынан, хаһыаты редакцияттан ыларга редакцияҕа сурутуу баарын санатабыт. 2025 сыл бастакы аҥарыгар - 726 солк. тэҥнэһэр.
Улуус хаһыатыгар сурутаргытыгар ыҥырабыт!
Редакция коллектива

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 05:52


Якутия вошла в число лучших на ВЭФ-2024

На Совете Дальнего Востока подвели итоги Восточного экономического форума, который привлек более 7 тысяч участников из 75 стран мира.

Полпред ДФО Юрий Трутнев поблагодарил губернаторов и вручил призы самым ярким участникам выставки «Улица Дальнего Востока»:

- Лучшая культурная программа - Бурятия и Якутия.
- Самый высокотехнологичные павильоны – Сахалинская область и Забайкальский край.
- Лучший павильон, победитель онлайн-голосования – Приморский край.

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 05:49


В республиканском реабилитационном центре для детей и подростков с ограниченными возможностями здоровья социальную реабилитацию прошли 339 членов семей участников специальной военной операции. Об этом сегодня, 24 октября, на брифинге сообщила директор центра Зинаида Максимова.
«Реабилитацией охвачено 205 детей и 134 взрослых, которые сопровождают их. Также у нас социальную реабилитацию прошли со своими детьми сами участники СВО, которые приехали в отпуск», – отмечает директор. https://верхневилюйск-газета.рф/v-yakutii-bolee-300-chlenov-semej-uchastnikov-svo-proshli-soczialnuyu-reabilitacziyu/

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 02:49


Темпы привлечения инвестиций на Дальнем Востоке в два раза выше, чем на остальной территории России. Об этом на заседании Совета с главами дальневосточных регионов заявил зампред правительства РФ — полпред президента в ДФО Юрий Трутнев.

«Это значит, что мы должны ещё более интенсивно работать для того, чтобы обеспечить сохранение этих позиций», – сказал он.

По данным правительства России, за последние 9 лет в проекты с господдержкой на Дальнем Востоке вложено 4,2 трлн рублей. К 2030 году планируется достичь уровня 12 трлн рублей. Для этого будут созданы ещё 1,7 тысяч предприятий и 230 тысяч рабочих мест.

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

24 Oct, 01:31


Алтынньы ый 23 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тула мунньах тэрилиннэ.

Манна улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччы А. М. Уларова, үөрэх салалтатын улэhиттэрэ уонна улууспут тэрилтэлэрин салайааччылара, межведомственнай хамыыһыйа буолан үлэлээтилэр.

Анна Михайловна киирии тылыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиитэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Арассыыйаҕа кэлэр 2025 сыл үөрэх салаатыгар “Оҕо сынньалаҥын сыла” бэриллибитэн улууска араас тэрээһиннэр ыытыллаллара күүтүллэр. Ол курдук, оҕону лааҕырынан хабыы 40% үрдүүрүгэр сыал-сорук турда, “Трудовой-81” уонна “Эһэлээх маар” стационарнай лааҕырдар өрөмүөннэнэр бырайыактара ылыналларыгар былаан туруорулунна. Военно-патриотическай, туристическай уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору хабааһыннаах лааҕырдары Грант нөҥүө көҕүлээһин буолуохтаах.

Онтон 2023-2024 сылга улууспутугар үлэлээбит лааҕырдар үлэлэрин туһунан үөрэх салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын исписэлииһэ Элина Эрнстовна Христофорова сырдатта. Уопсайа 12 лааҕыр, ол иһигэр 10 лааҕыр күнүнэн сылдьыы, 1 лаа5ыр стационарнай уонна 1 палаточнай лааҕыр үлэлээн 1005 оҕо хабыллыбыт. Ону таһынан, Арассыыйаҕа уонна Саха сирин лааҕырдарыгар 1077 оҕо, ол эбэтэр 33,6% о5о хабыллыбытын бэлиэтээтилэр.

Кылгас кэмҥэ дьарыктаах буолууга 14-18 саастарыгар дылы оҕолору хабааһын туһунан “Нэһилиэк дьарыктаах буолуу” киинин салайааччыта Петров Николай Константинович кэпсээтэ. Ол курдук, быйылгы сылга уопсайа 120 оҕо хабыллан араас үлэҕэ киирэннэр хамнас ыллылар.

Мунньахха лааҕыр үлэтигэр туох ыарахаттар үөскүүллэрин ырыттылар. Ол курдук, эбии 5 оскуола базатыгар лааҕыр арыллыыта наадалааҕын эттилэр.

Мунньах түмүгэр, улуус баһылыгын В. В. Николаев аатыттан Махтал суругунан лааҕыр тэрийиитигэр көмөлөрүн иһин наҕараадаланнылар:
1) Александров А.П. – Үөһээ Бүлүүтээҕи ОНД уонна ПР салайааччыта;
2) Петров Н.К. - Үөһээ Бүлүүтээҕи “Нэһилиэк дьарыктаах буолуу” киинин салайааччыта;
3) Мачахтыров В.В. – Үөһээ Бүлүүтээҕи ветеринария салалтатын салайааччыта;

Ону таһынан, оҕо сынньалаҥын тэрийэргэ аһылык боппуруоһугар бэриниилээхтик үлэлээбитин иһин:
1) Тимофеева С.С. уонна Тарасова А.И – Үөһээ Бүлүүтээҕи И. Бараахап аатынан орто оскуолатын “Бараховец” лааҕырын повардара;
2) Егорова Л.Н. – Далыр орто оскуолатын “Трудовой-81” лаа5ырын повара.

#үөһээбүлүү #оҕосынньалаҥа #ЛОК2024 #годлетнейзанятости

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

23 Oct, 09:32


#бырайыак

⭐️ Кэлэр сылга 2 нэһилиэк бырайыага өйөбүлү ылыаҕа

«Аныгылыы куораттыҥы эйгэни оҥоруу» судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриини хааччыйар хамыыһыйа көрүүтүн түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 2025 сыллааҕы үбүлээһиҥҥэ уопсайа 12 улуус  бырайыага киирдэ.

Үөһээ Бүлүү улууһуттан тыһыынчаттан тахсар нэһилиэнньэлээх 5 нэһилиэк кыттыбытыттан Нам уонна Хоро нэһилиэктэрин бырайыактара сүүмэрдээһини аастылар.

Нам нэһилиэгэр Руф Кардашевскай аатынан уулуссаҕа оҕо спордунан дьарыктанар былаһааккалаах сынньалаҥ скверин тутуу, оттон Хоро нэһилиэгэр Бүлүү эбэ биэрэгин тупсаран оҥоруу бырайыактара өйөбүлү ылар буоллулар.

Хоро нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов иһитиннэрбитинэн, биэрэги тупсаран оҥоруу үлэтэ госэкспертизатын докумуона ааһан, уопсайа 14 мөл.800 тыһ. солк. суумалаах бырайыак дизайна оҥоһуллан бэлэм буолбут. Бу бырайыак дизайнын чааһынай урбаанньыт Юрий Яроев оҥорон бэлэмнээтэ. Биэрэк сирэ барыта оҥоһуллан, 2025 сылга үбүлээһин көрүлүннэ даҕаны үлэни саҕалыырдыы бэлэм олороллор.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

23 Oct, 08:09


#белаятрость

⭐️ Алтынньы 15 күнүттэн биир ый устата сыл ахсын Россия үрдүнэн "Үрүҥ торуоска" аахсыйа ыытыллар.

Бу аахсыйа чэрчитинэн харахтарынан мөлтөхтүк көрөр, доруобуйаларынан хаарчахтаах дьоҥҥо болҕомто ууруллар, күннээҕи олохторугар көрсөр кыһалҕаларын быһаарарга үлэ барар.

Үөһээ Бүлүү киинигэр сэтинньи 23 күнүгэр улуустааҕы көрбөттөр уопсастыбалара уонна ГАИ көҕүлээһининэн, итиэннэ Техникум устудьуоннара кыттыылаах "Внимание! Слепой пешеход!" диэн аахсыйа буолла.

Бу күн суоппардарга туһуламмыт флаердары түҥэтиллэр, олохтоохтор суолга болҕомтолоох буолалларын санаттылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 07:08


Филиал Фонда «Защитники Отечества» помог перевести сына ветерана боевых действий с коммерческой формы обучения на бюджетную.

Социальный координатор Владилена Абрамова во взаимодействии со специалистом Минобра Якутии оказали содействие студенту в переводе с платного обучения на бюджетное, также студенту была установлена повышенная стипендия.

– Учусь на хорошо и отлично, поддерживаю дисциплину и участвую в мероприятиях. Прохожу практику в Мининноваций Якутии. После окончания обучения планирую служить в государственных органах на пользу Отечеству, – поделился сын ветерана.

Напомним, что согласно новым правилам, возможность перевода на обучение за счет средств федерального бюджета распространяется на граждан, принимавших или принимающих участие в спецоперации, а также их детей.

Адрес филиала Госфонда «Защитники Отечества» в городе Якутске: ул. Ойунского, 41/1. Телефон: 8 /4112/ 506-506.

Официальные аккаунты филиала в соцсетях:
– в Telegram: https://t.me/gosfondyakutia
– в Одноклассниках: https://ok.ru/profile/603945966098
– в VK: https://vk.com/id808697264

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 07:04


Всего 20 минут для прокачки своей финансовой грамотности!

Сдай Финзачёт — он проходит онлайн до 29 октября.

И детям, и взрослым, и старшим школьникам. Можно выбрать возрастную категорию и один из двух уровней сложности — базовый или продвинутый. А ещё можно подключить всю семью и пройти зачёт командой.

Личный бюджет, предпринимательство, накопления, банковские продукты, инвестиции, мошеннические схемы и не только.

А как насчет сертификата?
Он будет 😉 Но для этого нужно хорошо сдать зачёт.

Подробнее на https://finzachet.ru/

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 04:37


🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
*Үөһээ Бүлүүгэ Оптуорунньук-доруобуйа күнэ* Алтынньы 22 күнүнээҕи программа
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
🔴*«Үс Хоһуун» стадион манеһа*
08ч.30м. -САРСЫАРДААҤЫ СЭРЭЭККЭ
АҺАҔАС ААН КҮНЭ - манежка, спорт саалатыгар босхо дьарыктаныы, маастар кылаастар:
🔺Пулевой стрельба, корнхол (тренер Карадчин Л.В.)
🔺Гиирэ спорда (тренер Кардашевский Н.С.)
🔺Чэпчэки атлетика (тренер Софронов Н.В.)
б.т. 89142373099
🟠 *М.Т. Егоров аат. 2 оскуола аттыгар ("Талисман" м-н)*
10ч.00м.-15ч.00м. - КӨҺӨ СЫЛДЬАР МЭДИССИИНИСКЭЙ КОМПЛЕКС ( диспансеризация)
б.т. 89142343476
🟡*Киин бибилэтиэкэ*
09ч.00м.- ЧЭБДИГИРДЭР СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА (тренер Вера Андреева)
10ч.00м. - "Үрүҥ торуоска" декада чэрчитинэн доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо ГИИПСЭНЭН ОҤОҺУКТАРГА босхо маастар кылаас
"СҮРЭХ, ИЛИИ СЫЛААҺЫНАН..." кинигэ быыстапката
б.т. 89142927753
🟢*Олоҥхо дьиэтэ*
11ч.00м.- Аҕам саастаахтарга ҮҤКҮҮНЭН ЭМТЭНИИ
15ч.00м.- "МИН ДОРУОБУЙАМ БЭЙЭМ ИЛИИБЭР" (лектор Светлана Алексеева)
16ч.00м. -ТЫЫННААХ ДОРҔООН ДОҔУҺУОЛУНАН МЕДИТАЦИЯ
17ч.00м-ЗУМБА-ФИТНЕС ҮҤКҮҮ
б.т. 89142636728
🔵Устуоруйа уонна этнография түмэлигэр
16ч.00м. - фитобар: ЭМТЭЭХ ОТТООХ ЧЭЭЙДЭРИ АМСАЙЫЫ (дегустация)
б.т. 89142330291
🟣Үөдүгэйдээҕи култуура киинэ
15ч.00м. нэһилиэнньэҕэ ЧЭБДИГИРДЭР СҮҺҮӨХ ГИМНАСТИКАТА
б.т. 89679112124
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹
#вторникденьздоровья
#верхневилюйск

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 02:37


#планерка

Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын көрдүүр-быыһыыр сулууспатын салайааччыта Михаил Ан "Тонкий лед" операция саҕаланан эрэринэн саҥа туран эрэр мууска олохтоохтор сэрэхтээх буолалларын санатта.

Тэрилтэ салайааччыларыгар туһаайан, өрүс уҥуортан, Бүлүү өрүскэ муус саҥа туран эрэр кэмигэр дьону араас тэрээһиннэргэ булгуччу бэрээдэгинэн модьуйан ыҥырар көҥүллэммэтин туһунан сэрэттэ. Маннык түгэҥҥэ быһылаан таҕыстаҕына тэрилтэ салайааччыта быһаччы эппиэтинэһи сүгэрин бэлиэтээтэ.

Ирбискэ дуогабардаах Роман Ильин уонна Анатолий Спиридонов эрэ көҥүллээх дуогабардаах олороллор. Тарыып 1 киһиттэн 1500 солкуобайга тэҥнэспит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 02:26


#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччытын быстах кэмҥэ эбээһинэһин толорооччу полиция лейтенана Николай Гурьев иһитиннэрии оҥордо.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар уопсайа 33 иһитиннэрии киирбит. Онтон 5-һэ араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, суол саахала - 1, киһи эчэйиитэ суох. Биир уоруу бэлиэтэммит. Атын киһи бас билэр баайын, малын алдьатыы - 1. Кирэдьиити төлөөбөккө куотуна сылдьар 6 киһи дьыалата түөкүннээһиҥҥэ киирбит.

Нэдиэлэ устата 5 административнай боротокуол толоруллубут. Дьуһуурунай чааска 1 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

ГАИ сотрудниктара 76 сэрэтэр, ыстарааптыыр боротокуолу толорбуттар. Онтон 1 киһи арыгы иһэн баран массыына ыыта сылдьан тутуллубут.

Ааспыт нэдиэлэ устата "Сигнал насилия" операция чэрчитинэн аадырыстарынан рейдэ ыытыллыбыт. Манна бэрээдэги көрөр-истэр үлэһиттэр чопчу ыйыллыбыт ыалларынан, ону тэҥэ быраҕыллан турар дьиэлэринэн, тутууларынан сылдьан бэрэбиэркэлээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 02:16


#планерка

Улууска "Оптуорунньук - доруобуйа күнэ" бырайыак үлэтин туһунан кииннэммит библиотека ситимин дириэктэрэ Тамара Саввинова кэпсээтэ.

Бу бырайыагынан улууспут нэһилиэктэринэн улуустааҕы кииннэммит уонна оҕо библиотеканы кытта уопсайа 22 библиотека үлэлии олорор. Күн бүгүн нэһилиэктэринэн, улуус киинин аахпакка эрэ, уопсайа 9749 киһи бу бырайыак тэрээһиннэригэр, ол иһигэр сарсыардааҥы чэбдигирдэр зарядкаҕа кыттыыны ылла.

Нам, Хоро, Мэйик, Маҥаас уонна Хомустаах нэһилиэктэрэ саамай элбэх дьону кытыннарар нэһилиэктэринэн бэлиэтэннилэр.

Алтынньы 22 күнүгэр "Үрүҥ торуоска" харахтарынан доруобуйаларынан хаарчахтаах дьон декадаларын чэрчитинэн эбии тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова улууска 12 тыһыынча киһи физкультуранан, спордунан дьарыктанар буоллаҕына олоҕу олоруу орто көрдөрүүтэ уһууругар быһаччы көмөлөөх буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Манежка ыытыллар сарсыардааҥы зарядка, үгүс дьон көрдөһүүтүнэн, бириэмэтэ сарсыарда 8:30 чааска көһөн биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 02:06


#планерка

"Автодор" АУо РИХ "Бүлүү" федеральнай суолугар ыытар үлэтин туһунан СМР маастара Гаврил Семенов иһитиннэрдэ.

Чыбыыдаҕа диэри суолга дьаамалары суох гынар өрөмүөн үлэтэ кэлэр нэдиэлэҕэ ыытыллыаҕа.

Түүкээҥҥэ диэри Ньурба улууһун суол үлэтин хааччыйар тэрилтэтэ сылдьар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 01:54


#планерка

Үөрэх эйгэтигэр ыытыллар үлэ туһунан үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйааччы Николай Платонов иһитиннэрдэ.

Улуус үрдүнэн 25 оскуолаҕа 3500 оҕо үөрэнэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар 23 эдэр специалист үлэлии кэллэ. Ол үрдүнэн 41 вакансия күн бүгүн аһаҕас турар, онтон 1 үлэ миэстэтэ эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр. Үлэ миэстэтин үөрэх управлениетыттан тиийэ ыйыталаһыаххытын сөп.

Бүтүн Россиятааҕы олимпиада оскуола иһинэн ыытыллар этаба саҕаланна. Манна кыайбыттар салгыы улуус таһымнаах олимпиадаҕа киириэхтэрэ. Секциялар, кружоктар былаан быһыытынан үлэлии тураллар.

10-тан тахса киһилээх Үөһээ Бүлүү улууһун учууталларын делегацията үөрэх управлениетын салайааччыта Юрий Кынатов салалтатынан Калининград куоракка үөрэхтээһин кууруһугар баран кэллэ.

Алтынньы 15-16 күннэригэр үлэ хаамыытын чэрчитинэн 26 киһи - оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, үөрэх эйгэтин специалистара Горнай улууһугар баран кэллилэр. Горнайга 15 уһуйаан, 11 үөрэх тэрилтэтэ грантовай куонкурустарга күүскэ кытта сылдьар уопуттарын кэпсээтилэр.

Оскуола үөрэнээччилэригэр күһүҥҥү сынньалаҥ алтынньы 28 күнүттэн саҕаланыаҕа уонна сэтинньи 4 күнүгэр түмүктэниэҕэ.

Федеральнай сокуон 120 ыстатыйатыгар олоҕуран үлэлиир хамыыһыйа саҥа састааба бигэргэннэ. Сокуоннай саастарын ситэ туола илик оҕолор буруйу оҥоруулара тахсыбатын туһугар атын бэрээдэгинэн үлэлииргэ былааннаатылар.

Оскуола үөрэнээччилэрин комплекснай спартакиадатыгар "Спортивная Якутия" өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада 26 көрүҥүттэн 19-һун киллэрдилэр. Сэтинньи 8 күнүттэн саҕаланыахтаах уонна сыл устата барыахтаах. Саас, үөрэх дьылын бүтүүтэ түмүгэ тахсыахтаах. Ситэтэ суох орто оскуолалар, 100-кэ диэри ахсааннаах уонна 100-тэн тахса ахсааннаах үөрэнээччилээх оскуолалар диэн үс бөлөҕүнэн күрэстэһиэхтэрэ.

2025 сылга сайыҥҥы оҕо лааҕырдарын тэрийии туһунан улахан былаанныыр мунньах ыытыллыбыт.

Улуус баһылыга Валерий Николаев үөрэххэ киирии боппуруоһун таарыйда. Ол курдук, улуус үрдүнэн 11 эрэ оҕо үрдүк үөрэххэ киирбитин бэлиэтээтэ. Бу боппуруоска күүскэ үлэлиир наадатын ыйда. Сүрүн предметтэри биэрэр учууталлар улуус киинигэр үлэлии кэлэллэрин туһугар улуус дьаһалтатыттан эбии үп көрөн, күүскэ үлэлэһэргэ былааннаабытын иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 01:26


#планерка

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр уулуссалар туруктарын көрөр үлэни тэрийии туһунан Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Александр Бороннуров иһитиннэрии оҥордо.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 42 км 217 м уһуннаах 103 уулусса баар. Мантан 25 км 96 м уһуннаах 43 уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ ыытыллан, уот холбонон турар.

Бу сылга эбии 7 уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Оччоҕо 3 к 97 м уһуннаах уулуссалар сырдатыллыахтаахтар.

Алтынньы бүтэһигэр кэлэр 2024 сылга олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) эбии 2 км 961 м усталаах 7 уулусса уотун оҥорор үлэҕэ сайаапка бэриллиэхтээх.

Уулуссалары сырдатыы үлэтигэр сэлиэнньэ бюджетыттан сыллата 1 мөлүйүөн үп көрүллэ турар.

2021 сылтан "СибПроект" ГК ХЭТ нөҥүө дуогабардаһан светодиоднай лаампаларынан хааччыйа олороллор. Ону тэҥэ бу лаампаларын сылы эргиччи көрөр-истэр, өрөмүөннүүр дуогабардаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 01:10


#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуустааҕы административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Анна Васильева иһитиннэриититтэн саҕаланна.

10 ый устатыгар уопсайа 93 административнай боротокуол толоруллубут.

3.5 ыстатыйа 1 чааһыгар олоҕуран, ол эбэтэр киэһээҥи өттүгэр чуумпуну уйгуурдуу. Үлэ кэмигэр киэһэ 21:00 чаастан 8 чаас устата, өрөбүллэргэ уонна бырааһынньык күннэригэр киэһэ 22:00 чаастан 10 чаас устата элбэх квартиралаах дьиэлэргэ олохтоохтор чуумпуну тутуһуохтаахтар. Манна 48 киһиэхэ административнай боротокуол толоруллубут.

9.10 ыстатыйанан - 24 киһи эппиэккэ тардыллыбыт, 13.4 ыст. (тыллар туһунан СӨ сокуонунан ирдэбиллэрин тутуспат буолуу) - 4, 20.25 ыстатыйанан 4 боротокуол оҥоһуллан, 26 тыһыынча солкуобай ыстараап олохтоммут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

21 Oct, 00:15


🤼‍♂️ Международные соревнования по вольной борьбе памяти Дмитрия Коркина // 19-20 октября, 2024

До 57 кг
🥇Лев Павлов (Саха-Якутия)
🥈Мунх-Эрдэне Батхуяг (Монголия)
🥉Седен Кежик (Тыва)
🥉Ондар Аяндай (Тыва)

До 61 кг
🥇Александр Авелов (Якутия)
🥈Тувшинтулга Туменбилег (Монголия)
🥉Яков Павлов (Оренбург)
🥉Баир Баяндуев (Бурятия)

До 65 кг
🥇Магомедов Абасгаджи (Дагестан)
🥈Монгуш Чаяан (Иркутская обл)
🥉Улукбек Жолошбеков (Кыргызстан)
🥉Жербаев Виктор (Бурятия)

До 70 кг
🥇Жербаев Евгений (Бурятия)
🥈Капрынов Константин (Саха-Якутия)
🥉Казырык Сайын (Тыва)
🥉Эрназар Акматалиев (Кыргызстан)

До 74 кг
🥇Виктор Рассадин (Таджикистан)
🥈Александр Балтуев (Бурятия)
🥉Тамир Ешинимаев (Бурятия)
🥉Али Карампур (Иран)

До 79 кг
🥇Ахмед Усманов (Дагестан)
🥈Дмитрий Куприн (Кемерово)
🥉Никита Сучков (Красноярск)
🥉Антон Сучков (Красноярск)

До 86 кг
🥇Зайнидинов Дмитрий (Красноярск)
🥈Улимбашев Азрет (Красноярск)
🥉Бады Баяр-сайхан (Тыва)
🥉Ленский Андриан (Саха-Якутия)

До 92 кг
🥇Ханиев Мухамед-тахир (Дагестан)
🥈Пшеничников Константин (Кемеровская обл)
🥉Сергин Ньургун (Саха-Якутия)
🥉Нажмудинов Гаджимагомед (Москва)

До 97 кг
🥇Курбанов Магомед (Дагестан)
🥈Бельских Егор (Воронежская обл)
🥉Александр Гуштын (Беларусь)
🥉Толмачев Максим (Красноярск)

До 125 кг
🥇Мусаев Шамиль (Дагестан)
🥈Пасенок Остап (Кемерово)
🥉Хабаров Никита (Саха-Якутия)

@korkin.tournament
@teamsakha
@triumphsakha

Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"

20 Oct, 09:56


🌼 В честь Дня матери представляем вам подборку памятников, посвященных матерям по всей республике! 🌼

Материнство — это величайший дар и символ любви, заботы и самопожертвования. В каждом уголке нашей республики можно найти памятники, которые олицетворяют эту бесконечную преданность и силу матерей.

📲 Подпишись на @ulusmedia

3,855

subscribers

21,508

photos

4,229

videos