Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌 @suntaar_sonunnara Channel on Telegram

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

@suntaar_sonunnara


Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты (Russian)

Добро пожаловать на официальный канал улусной газеты "СУНТААР СОНУННАРА" в Сунтарском улусе! Мы рады приветствовать всех жителей улуса и всех, кто интересуется событиями и новостями нашего региона. На этом канале вы найдете свежие новости, интересные статьи, аналитику, репортажи и многое другое о жизни улуса и его жителей. Мы стремимся информировать наших подписчиков о всех важных событиях, происходящих у нас. Присоединяйтесь к нам, чтобы быть в курсе всех последних новостей и обсуждений в Сунтарском улусе!

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

30 Nov, 05:08


🔹 Үөрэҕирии тэрилтэлэрин ортолоругар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи "Бастыҥ технология кабинета" көрүү-күрэс түмүгэ билиннэ.
Сиһилии ⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/mariya-trofyanova-ii-c-istiepenneeh-diplomu-ylary-sitiste/

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

30 Nov, 04:52


👋👋👋Биир дойдулаахтарбыт Туйаара Алексеева, Алексей Саввинов, Георгий Слепцов-Чаҕылҕан уонна Амма кыыһа-Айыына Какитока Кыргызстан сириттэн Бишкек куоратыттан Хомус күнүнэн эҕэрдэ ыыталлар 👏🏻👏🏻🎉🎉🤩 Артыыстар аан дойдутааҕы мас тардыһыы күрэһин аһыллыытыгар саха култууратын көрдөрүөхтэрэ👏👏👏

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

30 Nov, 04:36


🔹Тыа сирин ыччата бырамыысыланнаска сыстан үлэлиирэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Ону сорохтор ол туох үчүгэйдээх буолуой, төрөөбүт дойдуларыгар олохсуйан ынах, сылгы ииттэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга үлэлэһэллэрэ буоллар диэн этэллэрин үгүстүк истэбин.

https://x--80aaaa5dcaagtfcekni.xn--p1ai/suntaar-ychchata-alrosa-hampaanna5a/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

30 Nov, 04:18


"Сунтаар сонуннарын кытта оонньуохха" КВИЗ оонньуубут "Байанайдаах сандалы" хамаанда кыттыылааҕын Герман Иванов санаатын суруйан ыыппытын таһаарабыт"🤩👏👍

❇️"Оонньуу оһуобай 🔥🔥🔥 өссө да оонньуу олоруоҕу баҕарар эбит киһи өссө 1 ду 2 ду түһүмэх баара буоллар дии санаатым. Киһи азартыйан хаалар эбит👍🏼👍🏼 тэрийээччилэргэ махтал, таптал "Сунтаар Сонуннара" рулит❤️ урут мэлдьи маннык оонньууларга тэрийээччи курдук сылдьыбыт буоллахпына бу сырыыга кыттааччы быһыытынан сылдьан дууһалыын сынньанан дэлби күлэн кэллим😅 өссө төгүл махтал Мира🙌🏼

❇️Кыайыылаах полиция хамаандатын "Люди Х" кыргыттарын санаалара:
"Олус интэриэһинэй, бэһиэлэй квиз буолан ааста👍өссө да маннык онньуулар тэриллэ турдуннар. "Сунтаар сонуннарыгар" махтал🙌🏻

❇️"Смарт" хамаанда кыттыылаахтарын санааларын маннык үллэстэллэр: "Астыыыык онорбуккут🤩🤩🤩олус үчүгэйдик сынньанныбыт🥰"

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

30 Nov, 03:51


🔹СВО буола турар хонуутуттан Сунтаардар оҥорон ыыппыт харысхал сиэккэтин туппут саллаат санаатын үллэстэр👍👍👍

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

30 Nov, 03:23


🔸🔸🔸Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Арассыыйа дьаралыгын күнэ.

🔸🔸🔸Бу күн чэрчитинэн, Сунтаар 3   N-дээх оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччилэрэ (кыл. сал. Сардаана Мыреева) оскуола педагог-бибилэтиэкэрэ Лидия Семёнова дьарыгар физкультура учуутала Павел Попов салайыытынан ытыстарын быһыытын кырыйан, Арассыыйа  былааҕын өҥүн курдук дьүөрэлээн  кырааскалаан, лабааларын кэриэтэ сыһыаран,  кылаас бэлиэтин маһын   көхтөөхтүк  оҥордулар.

✍️ Лидия Семенова

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

30 Nov, 00:00


🎼Поздравляем с Днём хомуса!

Хомус — это не просто музыкальный инструмент, это душа якутского народа, его традиции и культура. Он наполняет наши сердца мелодиями, которые звучат как дыхание природы, как шепот ветра и стук сердца. Этот уникальный инструмент соединяет поколения, передавая из уст в уста богатство нашего музыкального наследия.

С праздником! 🎉🎵

📲 Подпишись на @ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

29 Nov, 23:18


#КыһынСахасириттэнсаҕаланар

🎄🎅 Сарсын, ахсынньы 1 күнүгэр, Ленин болуоссатыгар Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун уматыы тэрээһинигэр автобустар сылдьыахтара.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

29 Nov, 20:13


⚜️Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, арҕааттан сөк. 2 м түргэннээх тыаллаах.

🌅 Сарсыарда -25°С
☀️ Күнүс -26°С
🌖 Киэһэ -29°С
🌙Түүн -32°С

🌞 тахсыыта 10:02
🌞 киириитэ 15:54

💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️

🤗 Үүммүт күнү үөрүү көтөллөөх көрсүөх,  үтүө тылынан бэйэ-бэйэҕэ сүргэни көтөҕүөх!

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

27 Nov, 13:07


🗣Сенатор Егор Борисов Кириэмилтэн нэһилиэккэ тиийэ “туруору былаас” олохтонуохтааҕын өйүүрүн биллэрдэ

💬 Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһыттан сенатор Егор Борисов суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ олохтоох салайыныы сокуонун барылын дьүүллэһиигэ 30 тыһ. тахса этии киирбитин иһитиннэрдэ.

🗳️ Итиэннэ урут үлэлээн кэлбит сокуоҥҥа дойду муҥур былааһа эрэгийиэн (субъект) таһымынан муҥурданар эбит буоллаҕына, саҥа сокуонунан аллараа таһымҥа тиийэ “туруору былаас” олохтоноро аныгы үөскээбит быһыыга-майгыга сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ уокуруктар баһылыктара, холобур, Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга быыбардаммакка, ананыахтааҕар санаата тохтуурун биллэрдэ.

Сиһилии

📲 Подпишись на @ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

27 Nov, 08:18


🔹С.А Зверев – Кыыл уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр, «Айан күрэх» саҕаланна — Нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллар улууспут талааннаахтарын күрэһэ, бөлөҕүнэн ырыа, үҥкүү, тыйаатыр, араас оҥоһуктар, быыстапкалар.

🔹«Айан күрэх» сэтинньи 27-29 күннэригэр ыытыллар. Бүгүн Сунтаар улууһун кыра нэһилиэктэрэ кытталлар. Ол курдук, Илимниир, Күүкэй, Наахара, Түбэй, Тэҥкэ, Туойдаах, Толоон, Уустуйа, Хоро уонна Хадан нэһилиэктэрэ.

🔹Тэрээһинтэн киирбит үп Игнатьева Айталина Анатольевнаҕа Москва куоракка ыарахан ыарыыттан эмтэнэ барарыгар көмө буолуо.

@suntaar_sonunnara - улуус хаhыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

27 Nov, 07:16


Быть воином - жить вечно! Сегодня, в День морской пехоты, на территории 155 отдельной гвардейской ордена Жукова бригады морской пехоты Тихоокеанского флота Российской Федерации открыли Аллею Героев. Мы гордимся, что одним из тех, чье имя там увековечено, стал якутянин, Герой России Дмитрий Егоров - "Сунтар", который пал смертью храбрых, защищая Родину.

Этот день стал поистине волнительным для всей семьи нашего Героя. На открытие бюста прилетели родные Дмитрия - супруга с двумя сыновьями, отец, сёстры и брат. Командующий Тихоокеанским флотом Виктор Николаевич Лиина поблагодарил Николая Алексеевича за воспитание Героя и отметил, что Флот будет и дальше работать над увековечением памяти якутского воина.

Слава отважному сыну народа саха! Хорсун-хоодуот буойун, Россия Геройа Дмитрий Егоров сырдык аата куруук тыыннаах буолуо!

t.me/aisen_nikolaev

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

27 Nov, 06:43


🔹 Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Куокуну нэһилиэгэр Розалия Николаевна Степанова аатын Куокуну олохтоох бибилэтиэкэтигэр иҥэрии үөрүүлээх түгэнэ буола турар.
Сиһилии ⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/kuokunu-olohtooh-bibiletieketiger-rozaliya-stepanova-aata-inerilinne/

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

27 Nov, 06:12


#Күрэскэкыттабыт

🔸Сунтаар сэлиэнньэтин олохтооҕо Октябрина Афанасьева: «Кыыһым эргэ оонньуурун иккис тыыннаан оҥордум. Оонньууру 🪅 бастаан үчүгэйдик ыраастаан баран оҥорор ордук. Паастанан туттарга илиигит инчэҕэй буоллаҕына, биир тэҥник үчүгэйдик хатар» диэн сүбэлиир.

🎄🎅Октябрина иккис тыыннаан оҥорбут ат-качалка оонньуурун сыаналааҥ, сүрэхтэ❤️ баттааҥ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmtdia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

27 Nov, 01:34


📘🖊️Татьяна Федоровна Божедонова кинигэтэ күн сирин көрөн, дьон-сэргэ ортотугар биһирэннэ.
Сиһилии ⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/olohput-algystaah-suolunan-kinige/

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

27 Nov, 00:22


#Күрэскэкыттабыт

🎅🎄 "Саҥа дьыллааҕы киэргэл" видеоролик кыттыылааҕа - Афанасьева Июлия.

👧 3-с кылааска үөрэнэр кыысчаан оҥоһугун сэргээҥ, сүрэхтэ❤️ баттыыргытын умнумаҥ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

26 Nov, 23:35


#своихнебросаем

🔹 Бэҕэһээ, Сунтаар улууһун дэлэгээссийэтэ Ростов куоракка баар госпиталларга бааһыран эмтэнэ сытар уолаттарбытыгар төрөөбүт дойдуларын аһын-үөлүн, итиэннэ баһыылкалары туттардылар.
Сиһилии ⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/biir-dojdulaahtarbytygar-dojdu-sylaas-tyyna-kyys-uoh-eptin/

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

26 Nov, 20:49


⚜️Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, соҕурууттан сөк. 2 м түргэннээх тыаллаах.

🌅 Сарсыарда -26°С
☀️ Күнүс -18°С
🌖 Киэһэ -20°С
🌙Түүн -18°С

🌞 тахсыыта 09:554
🌞 киириитэ 15:59

💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️

🤗Санаа күүһэ туохтааҕар да сүдү!

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

26 Nov, 11:24


#СВОихнебросаем

🧊Бүгүн Кириэстээх орто оскуолатын 9-10 кылааһын үөрэнээччилэрэ оскуола үлэһиттэрин кытары муус ылыытыгар үлэлээтилэр.

🧊Ылбыт муустарын СВОҕа сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэнигэр уонна бэтэрээн учууталларыгар тиэйэн киллэрдилэр👍

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

25 Nov, 00:54


🌠Сулустар тугу кэпсииллэр?

Сиһилии⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/nedieletee5i-goroskop-setinni-25-kyne-ahsynny-1-kyne/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

25 Nov, 00:54


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев
Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ


Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

⚜️Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин!

⚜️Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс бэлэҕэ, тулхадыйбат модун санаабыт тирэҕэ, саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала.

⚜️ЮНЕСКО киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньытынан (шедевринэн) билиммит үйэлээх баайбытын биһиги чөл хаалларар, үөрэтэр, сайыннарар соруктаахпыт. Ол курдук, Сахабыт сиригэр Олоҥхону чинчийэр научнай институттаахпыт, Олоҥхо дьиэтин биир кэлим тиһигэ тэрилиннэ. Олоҥхо ассоциацията олоҥхону үөрэтиигэ, киэҥник тарҕатыыга сүҥкэн үлэни ыытар. 150-тан тахса олоҥхо 10 араас омук тылынан бэчээттэнэн таҕыста. Бүгүҥҥү туругунан 300 олоҥхоһут бэйэтигэр иҥэриммит билиитин саҥа көлүөнэҕэ тиэрдэр.

⚜️Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ эйэни уонна этэҥҥэ буолууну, айар үлэҕитигэр табыллыыны, саҥа ситиһиилэри, чөл туругу, бары үтүөнү баҕарабын!

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 19:47


⚜️Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, соҕурууттан сөк. 2 м түргэннээх тыаллаах.

🌅 Сарсыарда -26°С
☀️ Күнүс -21°С
🌖 Киэһэ -19°С
🌙Түүн -22°С

🌞 тахсыыта 09:52
🌞 киириитэ 16:01

💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️

🤗 Үүммүт нэдиэлэ ситиһиилээх буоллун! 🙌🏻

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 04:49


👩‍🍳 Өрөбүл күн аста астыах

Бүгүн сурутааччыбыт Валентина Кузьмина "Картофельный мильфей" рецебын үллэстэр🤤

🔹 Наада буолар:
Бекон - 400 гр (сырокопченый ордук үчүгэй)
Хортуоппуй (кытаанах соҕус гына буһарабыт) - 500-600 гр
Сыр - 200 гр
Тэллэй (кэнсиэрбэ да барсар) 400 гр
Сливки эбэтэр творожный сыр -100 гр
Лук 1 шт
Туус биэрэс сөбүлүүргүнэн

🥔 кытаанах гына буһарабыт
🧅 саһарчы ыһаарылыыбыт, тэллэйи кутан уута-хаара сүтүөр диэри ыһаарылыыбыт сливки эбэтэр творожный сыр кутабыт. Хойдубутун кэннэ плиткаттан таһаарабыт.

🔹 Салгыы видеонан сиэттэрэн үтүгүн 😋 Уонна сылаас духовкаҕа 200 кыраадыска 45 мүн. буһара угабыт. Ол кэннэ 5-7мүн фольгатын ылан баран саһарчы буһарабыт.

Минньигэстик аһааҥ🤤

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia
https://t.me/gorod_14_ku

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 04:35


🔹Сунтаар сэлиэнньэтин төрүт олохтоохторо Розалия Гаврильевна уонна Афанасий Кириллович Васильевтар сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан, дьолбутун холбоон бииргэ олорбуппут 56 сыл буолла.

Cиһилии⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/die-kergenim-min-durdam-hahham/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 03:47


🗣Путин подписал закон о списании кредитов до 10 млн рублей участникам СВО

Некоторым участникам специальной военной операции спишут просроченные кредитные обязательства в размере до 10 миллионов рублей.

Такой закон подписал президент России Владимир Путин.

📲 Подпишись на @ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 03:47


Найди свое призвание!

Знать, что нужна помощь, не остаться равнодушным и найти силы помочь – вот, что отличает сына, отца, мужа, защитника Родины. Будь настоящим патриотом, сделай сознательный выбор.

За нами правда, семья, Родина! Борись за наше общее будущее в одном ряду со СВОими!

#СВО

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 03:46


#КыһынСахасириттэнсаҕаланар

❄️ Куокунуга олорор биһиги сурутааччыбыт Екатерина Павлова айылҕа биир кэрэ көстүүтүн хаартыскаҕа📸 түһэрэн үйэтиппитин көрөҕүт👍

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 03:11


🔹Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй интэринээтигэр саҥа киирбит оҕолорго аналлаах сылын аайы ыытыллар тэрээһин буолла.

Сиһилии⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/ygeske-kubulujbut-ytye-tereehin/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 00:56


🔹Өрөбүл сарсыардата үүммүтүнэн сурутааччыбыт Туйаара Васильева истиҥ эҕэрдэ ыытар ☀️☕️☺️

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 00:22


С Днём Матери! Ийэ күнүнэн!💐💐💐

Мама – самый близкий, родной человек для каждого из нас, который всегда поможет и поддержит, и будет рядом в самый трудный час. Именно любовь матери, её доброта, забота делает нас сильными и стойкими, проявляет в нас стремление к светлому и высокому.

Дорогие мамы, мы глубоко признательны вам за все, что вы делаете для нас. Ваша забота и труды бесценны, вы – поддержка и опора для наших семей и всего общества страны. Желаю всем матерям Якутии счастья, крепкого здоровья и благополучия! Пусть Вас всегда окружают любовь и забота детей и близких!

Ийэ баар буолан олохпут салҕанар, удьуор тэнийэр, дьол-соргу тосхойор. Ийэ күнүнэн! Эһиги дьиэҕит оҕо саҥатынан, дьолунан, чугас дьоҥҥут тапталларынан туоллун. Хас биирдии ийэҕэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

t.me/aisen_nikolaev

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 00:22


Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйа Ийэлэрин күнэ

💐Ийэ буолуу дьолун билбит күн күбэй ийэлэри, сиэн туһугар күннэтэ түбүгүрэр элэккэй эбэлэри, далбар хотуттары, килбик кийииттэри Арассыыйа Ийэлэрин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит💐👏!

💐Эһиэхэ, күндү дьоммутугар, чэгиэн доруобуйаны, чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, кэрэни баҕарабыт!

«Сунтаар сонуннара» эрэдээксийэтин кэлэктиибэ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedis

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Nov, 00:05


Уважаемые мамы!

В этот чудесный день, когда вся страна отмечает День матери, мы обращаемся к вам с самыми искренними поздравлениями. Вы – источник безграничной любви, заботы и мудрости. Ваши усилия и самоотверженность делают этот мир лучше и теплее. Пусть каждый ваш день будет наполнен радостью, теплом и уважением.

Вы – истинные хранительницы домашнего уюта и вдохновения, благодаря которому мы растем и развиваемся. Ваша поддержка и понимание дарят нам силы преодолевать жизненные трудности. В этот особенный день желаем вам здоровья, счастья и исполнения всех заветных желаний.


📱 Sakhagove

#ПравительствоЯкутии

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

23 Nov, 22:54


⚜️Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, арҕааттан сөк. 2-3 м түргэннээх тыаллаах.

🌅 Сарсыарда -22°С
☀️ Күнүс -20°С
🌖 Киэһэ -22°С
🌙Түүн -23°С

🌞 тахсыыта 09:47
🌞 киириитэ 16:05

💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️

🤗Сыаллаах киһи - суоллаах! 🙌🏻

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

23 Nov, 08:34


🔹 Улуус баһылыга Анатолий Григорьев граныгар социальнай бырайыактары көрүү-истии тэрээһинэ оскуола үөрэнээччилэригэр, итиэннэ ыччакка туһаайыллан сылын ахсын ыытыллар.
Сиһилии ⤵️⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/bahylyk-granygar-kyajyylaahtar-aattannylar/

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 14:11


Прошла рабочая встреча с руководителем Федерального дорожного агентства Романом Витальевичем Новиковым.

На встрече обсудили ключевые вопросы развития дорожной инфраструктуры Якутии, в частности, капитального ремонта федеральных автодорог "Колыма" и "Вилюй", строительства на них новых мостовых переходов. На сегодняшний день они включены в проект разрабатываемого шестилетнего плана дорожной деятельности до 2030 года. Кроме того, рассмотрели план работ на 2025 год по строительству моста через реку Лена.

Благодарю руководство Росавтодора и лично Романа Витальевича за постоянную поддержку и конструктивное взаимодействие в решении задач, направленных на развитие транспортной инфраструктуры республики!

#транспортнаянеделя2024 #тн24

t.me/aisen_nikolaev

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 12:29


🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹

Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын тэрилтэлэригэр
🎭Оҕо театральнай искусствотын сыла биллэриллибитинэн
🔷С.А Зверев- Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылын көрсө
*Сунтаар улууһун култууратын үлэһиттэрин, саха тылын уонна литературатын учууталларын, оҕо уһуйааннарын, эбии үөрэхтээһин уһуйааччыларын*

*«ОҔО УОННА ОЛОҤХО»*
улуустааҕы айар түмсүү түһүлгэтигэр-С.А Зверев - Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр
кыттыыны ылыҥ диэн ыҥырабыт
🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹🔹

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 10:58


🔹“ФИШИНГ”- диэн тугуй? Хайдах харыстанабыт
Бу сылга Сунтаардар түөкүттэргэ 1000000-тэн тахса солк. ыыттылар.

🎙️Мира Афанасьева
🎥 Дмитрий Ымычанов

Сиһилии "Сунтаар сонуннара" сарсыҥҥы нүөмэригэр ааҕаарыҥ.🙌🏻

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 10:52


🔹Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, Сунтаар улууһун Тэҥкэ нэһилиэгэр «Идэһэ-2024» тэрээһин буолан ааста.

Сиһилии ⬇️ ⬇️ ⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/ebyge-ygehiger-ychchaty-ugujuu/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 09:28


👩🏻‍⚕️👨🏻‍⚕️ Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр, Сунтаардааҕы киин балыыһа үлэһиттэрин кэккэлэригэр, итиэннэ доруобуйа харыстабылыгар саҥардыы үлэлээн эрэр эдэр исписэлиистэри сүрэхтээтилэр.
Сиһилии ◀️◀️◀️

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 08:23


🔹🔸🔹 Бүгүҥҥүттэн Сунтаарга Олоҥхо күннэрэ саҕаланнылар🤩👍👏. Декаданы "Олоҥхо квиз" дьиэ кэргэнинэн олоҥхолоох оонньуу улуустааҕы күрэһинэн арыйдылар. Оонньууга 3 дьиэ кэргэн Бордоҥтон Алексеевтар, Кутанаттан Гоголевтар, Сунтаартан Алексеевтар дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар олоҥхоҕо ойууланар 3 аллараа,орто, үөһэ дойдуларга ыалдьыттаатылар. Бу дойдуларынан сылдьан сорудахтары толордулар.

https://сунтаарсонуннара.рф/olonho-kviz-olonholooh-oonnuu/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 07:39


📍Туох? 📍Ханна? 📍Хаһан

🎭 С. А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ

🎭СЭТИННЬИ 2️⃣2️⃣ КҮНЭ, КИЭҺЭ 1️⃣7️⃣ чаастан
Саха сиригэр оҕо саас уонна оҕо театральнай сылыгар аналлаах

С.А. ЗВЕРЕВ-КЫЫЛ УОЛА -
"КУЛАН КУГАС АТТААХ КУЛЛУСТАЙ БЭРГЭН"
🔶ОЛОҤХО🔷

Кыттыыны ылыахтара: Сунтаардааҕы 3 нүөмэрдээх оскуола, политехническай лицей үөрэнээччилэрэ, "Пульс", "Түһүлгэ" үҥкүү, "Эйгэ" фольклорнай бөлөхтөрө.

БУОЛАР СИРЭ: С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК

Билиэт сыаната: 3️⃣0️⃣0️⃣солк
Билиэттэри бу сигэнэн киирэн атыылаһыҥ👇🏽
https://quicktickets.ru/suntar-ucnt/s121

Билсэр нүөмэргит: 89142573607 (касса)

КЭЛИҤ! КӨРҮҤ! СЫАНАЛААҤ!
🔶🔷🔶🔷🔶🔷🔶🔷🔶🔷

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 04:50


📌📌📌 *«Сунтаар сонуннара»* эрэдээксийэ🗞️📰

@suntaar_sonunnara телеграм каналын сурутааччыларыгар 🎄🎄🎄 *«САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ КИЭРГЭЛ»*🎄❄️☃️🎅🏻 видеоролик күрэһин биллэрэр.

🎄Күрэс сүрүн ирдэбиллэрэ:
📌Кыттааччы сааһыттан тутулуга суох
📌@suntaar_sonunnara телеграм канал сурутааччыта буолуохтаах
📌 Саҥа дьыллааҕы киэргэли оҥоро олороргутун устан видеороликка таҥан ыытыахтааххыт (бириэмэтэ хааччаҕа суох)
📌Киирбит үлэлэр бары @suntaar_sonunnara телеграм каналга тахсыахтара.

🎄Кыайыылааҕы быһаарыы:
- Телеграммытыгар киирэн (подпискаланан) сөбүлээбит үлэҕитигэр куоластыыгыт.
- Ким элбэх куолаһы ылбыт кыайыылаах буолан, эрэдээксийэ үлэһиттэрэ туруорбут кэрэ бэлэхтэрин тутуоҕа.

🎄Видео устууларгытын *сэтинньи 20 күнүттэн ахсынньы 2 күнүгэр диэри*
📱89143000136 ыытаргытын күүтэбит.

📌Түмүк ахсынньы 3 күнүгэр тахсыаҕа

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 04:43


🔹🔸🔹Аҕа дойдуу улуу сэриитэ түмүктэммитэ 80 сылын бэлиэтиир официальнай бэлиэни сүрэхтээтилэр

Москва куоракка Кыайыы түмэлигэр Аҕа дойдуу улуу сэриитэ түмүктэммитэ 80 сылын бэлиэтиир официальнай бэлиэни (логотибы) көрдөрдүлэр. Ол курдук логотипка Евгений Вучетич скульптурата “Родина-Мать зовет!” диэн Сталинградтааҕы кыргыһыы геройдарыгар анаммыт мэҥэ бэлиэ ойуутун туруордулар. Бу бэлиэни Кыайыы 80 сылыгар аналлаах бары тэрээһиннэргэ туттарга этэллэр. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт тэрээһиннэри  дириҥ ис хоһоонноохтук, өрө көтөҕүллүүлээхтик уонна ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитиигэ анаан ыытарга эттэ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Nov, 02:46


erid:2VtzqvmY4f1

🔥ҮС БААТТААХ БЭЭТИНСЭ сэтинньи 22 күнүгэр «Айар» бары маҕаһыыннарыгар уонна ayar.ru саайпытыгар.

Бу эрэ күн «Айар» БАРЫ кинигэлэригэр 50% чэпчэтии, САҤА КИНИГЭҔЭ ЭМИЭ😉

Уонна хаһан, доҕоттоор?! Барыгытын күүтэбит!
📍 📍Рынок №1 , 2 этээс, Октябрьскай уул. 82 дь.
https://t.me/ayarbook
https://t.me/ayarbook
https://t.me/ayarbook

Реклама. АО НИК «Айар» ИНН 1435328670

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 18:45


⚜️Бүгүн, сэтинньи 5 күнүгэр, соҕуруу илинтэн сөк. 2 м түргэннээх тыаллаах.

🌅 Сарсыарда - 24°С
☀️ Күнүс -15°С
🌖 Киэһэ -16,°С
🌙Түүн -17°С

🌞 тахсыыта 08:54
🌞 киириитэ 16:52

💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️

🤗Айыылартан - алгыс,
Иэйэхситтэн - арчы,
Төгүрүччү - харысхал,
Эркиннии - көмүскэл
Баар буоллун өрүүтүн!

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 13:20


🇷🇺 В честь Дня народного единства предлагаем вам отправиться в гастрономическое путешествие по России и познакомиться с национальными блюдами народов нашей страны! 🍽️

Каждый регион славится своими уникальными кулинарными традициями, которые отражают богатство и разнообразие нашей культуры. У нас есть множество вкусностей, которые стоит попробовать!

Какое блюдо вы хотели бы попробовать? А что уже успели отведать? Делитесь своими впечатлениями и любимыми рецептами в комментариях!

📲 Подпишись на @ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 13:20


В Якутии впервые выступил ансамбль Восточного военного округа «Мы есть мы»

🇷🇺🎸 Сегодня, в День народного единства, в рамках II Республиканского антифашистского форума в Якутске с грандиозной программой выступил военный ансамбль «Мы есть мы», прибывший из зоны специальной военной операции.

👏🏻 Жителям республики удалось насладиться живой музыкой и патриотическим репертуаром, пропитанным духом стойкости и единства.

@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 07:48


🔹Сэтинньи 4 күнүгэр Арассыыйаҕа олорор норуоттары түмэр Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтиибит. Доҕордуу үтүө сыһыаны олохтоон, биир санаанан салайтаран олордохпутуна олохпут оҥкула тупсар, сайдар. Бу дириҥ ис хоһоонноох бэлиэ күнү көрсө, биһиги эрэдээксийэбит үлэһиттэрэ араас омук сириттэн төрүттээх дьиэ кэргэттэр араспаанньалара ханан силистэнэн-мутуктанан үөскээбитин билистибит.

Сиhилии⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/omuk-sydaannaah-suntaardar/

@suntaar_sonunnara - улуус хаhыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 04:57


Тест: хорошо ли вы знаете народы России

🇷🇺Россия является многонациональным государством, на территории которого проживает свыше 190 народов: татары, башкиры, чуваши, чеченцы, эвенки и многие другие.

🪆Каждая из этих национальностей имеет свою уникальную историю, традиции и язык.

Насколько хорошо вы знакомы с обычаями и культурой народов, живущих в России?

Проверьте свои знания, пройдя тест от Улус.Медиа.

📲 Подпишись на @ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 01:49


🔹Бүгүҥҥү кэпсээн кэрэхсэбилэ 56 сыл бииргэ олорор Эльфрида Константиновна, Виктор Афанасьевич Терешкиннарга ананар. 56 сыл устата куруук бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорор дьол хас ыал аайы тиксибэт. Маннык уһуннук өйөһөн-өйдөһөн кэлбит ыал аҕыйах. Күүстээх таптал, бэриниилээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыл, өйдөһүү баар буоллаҕына бу сааска тиийэр дьол тиксэр.

Сиһилии⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/bige-tirehteeh-die-kergen-dollooh-die-kergen/

@suntaar_sonunnara - улуус хаhыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 01:13


#Оҕосаассыла

🇷🇺 Сомоҕолоһуу күнүнэн "Туллукчаан" оҕо сайдар киинин иитиллээччилэрэ улуус олохтоохторуе эҕэрдэлээн туран, бу ураты бэлиэ күнүнэн бэлэмнээбит видеоларын көрөргүтүгэр ыҥыраллар.
👌 Сэргээбиккитин биллэрэн сүрэхтэ❤️ баттаарыҥ дуу.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

04 Nov, 01:01


🔹🔸🔹Сомоҕолоһуу күнүнэн!

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

03 Nov, 23:34


🇷🇺С Днем народного единства! Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн!

Этот день важен для всех нас, для каждого россиянина и якутянина. Он воплощает мощь и стойкость нашей страны, которая заключена в нашем многонациональном народе и в каждом отдельном его гражданине. На протяжении веков мы строим своё государство, побеждая и двигаясь вперед.

Пусть единство, вера в собственные силы и стремление к общим целям ведут нас к новым достижениям. Уверен, что наша великая Россия будет только крепнуть, а Якутия, как её неотъемлемая часть, продолжит поступательное развитие и движение вперёд вместе со всей страной!

В этот праздничный день желаю всем счастья, благополучия и успехов! Мы вместе, а значит мы – сила! Когда мы едины – мы непобедимы!

t.me/aisen_nikolaev

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

03 Nov, 22:59


⚜️Бүгүн, сэтинньи 4 күнүгэр, хотуттан сөк. 1 м түргэннээх тыаллаах.

🌅 Сарсыарда - 20°С
☀️ Күнүс -16°С
🌖 Киэһэ -19,°С
🌙Түүн -21°С

🌞 тахсыыта 08:51
🌞 киириитэ 16:55

💠⚜️💠⚜️💠⚜️💠⚜️

🙌🏻Бүгүн барыта табыллыахтын, үтүө күн буолуохтун!

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

25 Oct, 07:07


🔷 Бүгүн биһиги улууспут аҕаларын кытары оҕону иитиигэ бэйэлэрин тус санааларын, туох оруоллаахтарын уонна үгэстээхтэрин туһунан кэпсэттибит.
Сиһилии ◀️◀️◀️

@suntar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

25 Oct, 00:10


"СУНТААР СОНУННАРА" хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр ааҕыҥ:🗞️

⚜️"Прокопий Константинов элбэх оҕолоох ыалы уоттан быыһаата" - Мира Афанасьева суруйуутун

⚜️ "Тыа сирин дуоктара", "Тыа сирин биэлсэрэ" бырагырааманан улууска хас медик кэллэ?

⚜️Дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун туһунан суруналыыстар Алена Иванова, Елизавета Титова сэргэх суруйууларын

⚜️ "Алаһа дьиэ амарах ийэлэрэ" күрэс кыттыылаахтара ийэлэригэр анабыл хоһооннорун

⚜️Тэттик сонуннар, эҕэрдэлэр, биллэриилэр уо.д.а.

📰Хаһыат "Тандемҥа", 1 ырыынак 32 хоһугар уонна Вилюйскай уулуссаҕа "Виктория" маҕаһыыҥҥа атыыланар, сыаната - 42 солк.
📍 2025 сылга "СУНТААР СОНУННАРА" хаһыакка сурутуу почта бары отделениеларыгар, эрэдээксийэҕэ ыытыллар. Төл.📲 89143000136, 89142789596.

@suntaar-sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 21:38


⚜️Бүгүн, алтынньы 25 күнүгэр,соҕуруулуу-арҕааттан сөк. 2-6 м түргэннээх тыаллаах. Былыттаах.

🌅 Сарсыарда - 14°С
☀️ Күнүс -10°С
🌖 Киэһэ -13°С
🌙Түүн -18 С

🌞 тахсыыта 08:19
🌞 киириитэ 17:27

💠Киһиэхэ кыра да болҕомто ууруллара, олоххо кынаттыыр, үөрүүгэ сирдиир...

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 09:18


Дьоллоох олох төрдө - доруобуйа!
"Cardiolife" клиника — сүрэх уонна тымыр ыарыыларын сөптөөхтүк эмтиир ньыманы булар киин буолар. Киин быраастара - улахан уопуттаах кардиологтар, бу кииҥҥэ иҥэн-тоҥон көрүөхтэрэ, кыһалҕаҕытын быһаарыахтара.
Клиника 2010 сылтан үлэлиир, хас да тыһыынча киһи киин иһинэн ааста.
Тоҕо бу клиникаҕа кэлиэххэ?
Толору диагностика: сүрэх, тымыр уонна да атын уорганнар УЗИлара, ЭКГ, холтер.
Билиилээх, уопуттаах быраастар. Хас биирдии киһиэхэ болҕомтолоох, сахалыы истиҥ сыһыан👍
Билиҥҥи кэми кытта бииргэ хардыылыыр эмтиир, харыстыыр ньымалар: инфаркт, операция кэнниттэн чөлгө түһүү, гипертонияны, аритмияны уонна да атын сүрэх уонна тымыр ыарыыларын диагностикалааһын.❤️
Дьокуускай куорат хабыллар хаба киинигэр - Ярославскай аатынан уулусса, 24 дьиэтигэр бааллар, оптуобус барыта сылдьар. Оттон, сатаан кэлбэт дьоҥҥо, аныгы олох сиэринэн онлайн консультация эмиэ баар.👏

"Cardiolife" клиника үлэһиттэрэ өрүү үөрэ көрсүөхтэрэ.
Бу нүөмэринэн суруйтарыҥ
📲http://wa.me/79142758514

Бу сыылканан 500 солкуобайга чэпчэтиитэ ылыҥ
https://cardiolife.uds.app/c/join?ref=rvdc3590

Клиника телеграм ханаалыгар киириҥ
https://t.me/cardiolife_ykt

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 09:16


erid:2Vtzqx3QgYc

ООННЬУОХХА!🎲🎲🎲

Алтынньы 25-27 күннэригэр “Айар” бары маҕаһыыннарыгар ОСТУОЛ ООННЬУУЛАРЫГАР 20% ЧЭПЧЭТИИ биллэрэбит🔥🔥🔥

Оттон 1500 солкуобайтан үөһэ атыыластаххытына бэйэҕит талан БЭЛЭХ ылаҕыт🎁🎁🎁
Талыыга бааллар⬇️
🎁“Сахалыы саҥара үөрэнэбин” конструктор кинигэ,
🎁2025 сыл халандаара,
🎁Николай Якутскай “Адаҕа” кинигэтэ,
🎁Рози Фэлкон “Соколенок Томас и лунные яблоки” остуоруйа,
🎁А. Романова “Лерея. Волшебный дар и новый мир” остуоруйа,
🎁Бартек Брош «Когда никто не смотрит» виммельбух кинигэ.

Оонньуу таарыйа сайдыҥ, билиигитин хаҥатыҥ!
“Айар” маҕаһыыннарыгар күүтэбит💛

https://t.me/ayarbook
https://t.me/ayarbook
https://t.me/ayarbook

Реклама. АО НИК «Айар» ИНН 1435328670

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 07:29


#своихнебросаем

💠С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымнньытын киинин кэллэктиибэ Оксана Еремеева уонна Галина Васильева көҕүлээһиннэринэн,  анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар араҥаччылыыр  харысхаллары оҥорон ыыттылар.

Сиһилии👈🏼

@suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@uluusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 07:09


👩🏻‍⚕️Онколог бырааска 32 дьахтар көрдөрүннэ, 27 ууһуур уорган уонна түөс араагын быһаарарга анаалыс оҥоһулунна итини тэҥэ 15 киһи маммографияҕа түстүлэр.
Сиһилии 👈🏻

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 06:33


“Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас” элбэх оҕолоох Винокуровтар дьиэ кэргэттэригэр харчынан көмөҕүтүн бу ыйыллыбыт төлөпүөнө нүөмэринэн ыытыаххыт диэн эрэнэбит: 89143017367 Т-банк Мотрена Руслановна О.
89142604437 Сбербанк Жан Геннадиевич В.
Ону тэҥэ, таҥас-сап эмиэ ирдэнэр: 4 саастаах кыыс оҕоҕо, таҥаһын размера 100-105 см, атаҕын таҥаһыгар 23-25 р. кэтэр
2.5 саастаах уол оҕо таҥаһын размера - 95-100 см, атаҕын таҥаһыгар 23-25 р.
6 саастаах уол оҕо таҥаһын размера - 125-130 см, атаҕын таҥаһыгар - 30-32 р.
9 саастаах уол оҕо таҥаһын размера - 140 см, атаҕын таҥаһыгар - 36-37 р.
12 саастаах уол оҕо – 160 см, атаҕын таҥаһыгар - 38-39 р.
14 саастаах кыыс оҕо таҥаһын размера - 158-160 см, атаҕын таҥаһыгар - 36-38 р.
15 саастаах уол оҕо таҥаһын размера - 175 рост. атаҕын таҥаһыгар - 42р.
Ыал ийэтин таҥаһын размера - 50, атаҕын таҥаһа – 38 р.
Ыал аҕатын таҥаһын размера – 52, атаҕын таҥаһа – 40 р.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 06:30


🔹 Бэҕэһээ киэһэ Сунтаар нэһилиэгэр 8 оҕолоох Винокуровтар дьиэлэрэ бүтүннүү уокка былдьанна.
Киэһэ 22.00 ч. саҕана Прокопий Константинов дьиэтин түннүгүттэн көрбүтэ ыалларын дьиэтэ умайан эрэрин көрөн, уһуну киэҥи толкуйдуу барбакка, таһырдьа ойон тахсан баһаар саҕаланан эрэр дьиэтигэр сүүрэн тиийэр.

🔸Кини тиийээтин кытта ааһан иһэр массыына эмиэ тохтообут. Прокопий суоппардыын иккиэн хатыылаах олбуору тоҕо тардан киирэллэр. Прокопий ыаллара элбэх оҕолоохторун билэр буолан түннүгү тоҕо сынньан дьиэлээхтэри ыҥырар. Түннүгүнэн биирдии-биирдии оҕолору таһаартыыр. Бу кэмҥэ уот дьиэҕэ киирэн эрэрэ.

🔹 Дьиэлээх хаһаайка, элбэх оҕолоох ийэ Мотрена Осипова Прокопийга махтала улахан. Элбэх оҕолоох ыал кыһын саҕаланыыта дьиэтэ-уота, таҥнар таҥаһа, туттар мала-сала суох хааллылар.

🔸Прокопий Константинов хорсун быһыыта наҕараадаҕа тиксиэ диэн эрэнэбит.

https://сунтаарсонуннара.рф/elbeh-o5olooh-yaly-prokopij-konstantinov-uottan-byyhaata/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

24 Oct, 06:19


#своихнебросаем
#нэһилиэксонуна

🔰Арыылаах нэһилиэгин Л. Попов аатынан агрохайысхалаах оскуола үлэһиттэрэ уонна үөрэнээччилэрэ хаххалыыр сиэккэни өрдүлэр.

Сиһилии👈🏼

@suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@uluusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 07:41


🔹Саха сиригэр күөллэр, үрэхтэр, өрүстэр тоҥор кэмнэрэ. Бу кэмҥэ тиэхиньикэнэн мууһунан сылдьар олус сэрэхтээх!

🔹Гостехнадзор Сунтаардааҕы салаата иһитиннэрэринэн күөлгэ, өрүскэ муус чарааһынан  бурааннар, квадроцикыллар, тыраахтардар, самоходнай тиэхиньикэлэр тахсаллара бобуулаах.

🔹Билигин күөлгэ муҥха кэмэ саҕаланна. Онон ыксаллаах быһыы-майгы тахсыбатын туһугар балыксыттар сэрэхтээхтик бэйэ тиэхиньикэтэ суох сылдьаргыт ирдэнэр.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 07:24


#Күрэскэкыттабыт

⚜️🔸Туяра Максимова ийэтин туһунан кылгастык маннык билиһиннэрэр: "Күн күбэй ийэм Елисеева Зинаида Семеновна, хоһооҥҥо хоһуллубут, ырыаҕа ылламмыт, күөх нэлэмэн сыһыылардаах Күөх Ньурба улууһун 1 Хаҥалас сэлиэнньэтигэр 1965 с. муус устар 8 кунугэр күн сирин көрбүтэ. Билигин үс күннээх Күндэйэҕэ олорор, пенсионерка, түөрт оҕолоох. Отучча сыл уһуйааҥҥа иитээччи көмөлөһөччүтүнэн үлэлээбитэ" уонна "Күндү киһим ийэм" хоһоонунан күрэскэ кыттарын биллэрбитэ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 07:20


🚔 Суол саахалыгар ордук итирдэр утаҕы иһэн баран, уруулга олоруу, ыксаан утары суолга тахсан биэрии, скоростной режимы, суол быраабылатын тутуспат, сэрэҕэ суох буолуу сүрүн төрүөтүнэн буолар. Ол курдук хомойуох иһин Сунтаар нэһилиэгэр алтынньы саҕаланыаҕыттан, икки киһи өлүүлээх суол саахала таҕыста.
Сиһилии ◀️◀️◀️

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 07:06


#Күрэскэкыттабыт

💫🔸⚜️«Сунтаар сонуннара» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Зинаида Федотова-Дьол Кыыма эрэдээксийэ биллэрбит хоһоон күрэһэр 3 хоһоону ыытан кытынна.

💫🫣Ытыктыыр кэрэспэдьиэммит Зинаида Дмитриевна икки хоһоонун эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабыт.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 06:55


✳️Паром сырыыта тохтоон, Сунтаар-Устье хайысхатынан өрүһү туоруурга “Тайфун” аэролодка (ИП Яковлев) сылдьар.
✳️Сырыы тохтоло суох дьон баарынан көрөн күн аайы үлэлиир. Сыаната биир киһиттэн - 1000 тыһ.солк. Сүүрэр бириэмэтэ сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6-ҕа диэри. Дьон наадатыгар, кыһалҕалаах түгэнигэр кэлэр-барар сырыы баара абыраллаах.

@suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@uluusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 06:50


#Күрэскэкыттабыт

⚜️💫Емельянов Ян, Аллыҥа орто оскуолатын 11-с кылаас үөрэнээччитэ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 06:40


#Күрэскэкыттабыт

🔸💫Аллыҥа орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Николаева Нелли күн күбэй ийэтигэр анабыл хоһооно.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 06:32


#Күрэскэкыттабыт

💫🔅📝 Яковлев Айылаан, Аллыҥа уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 05:58


#Күрэскэкыттабыт

🔅💫Аллыҥа уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Зедгенидзева Олеся ийэтигэр анаабыт хоһооно.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 05:48


#Күрэскэкыттабыт

Аллыҥаттан Лилия Сергеева: "Ийэм Сергеева Надежда Петровна баайыынан умсугуйан туран дьарыгырара, урут баайыы сурунаала кэмчи эрдэҕинэ "Наука и жизнь", "Работница", "Советская женщина" сурунааллары сурутан, онно баар баайыы балаһаларын көрөн үтүктэн баайара. Кэлин "Сабрина", "Бурда" омук сурунааллары уларсан, онно баар схемаларын батыһыннаран баайара"диэн суруйар.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 05:32


#Күрэскэкыттабыт

📝Тойбохойтон Вера Уарова биһиги күрэспитигэр "Ийэҕэ таптал" хоһоонунан кытынна.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
#ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

22 Oct, 04:37


🔸За 9 месяцев 2024 года в Сунтарском районе зарегистрировано 98 преступлений, что на 13 преступлений ниже чем за 9 месяцев 2023 года.Снижение преступности обусловлено в основном за счет преступлений средней и небольшой тяжести.

🔸Между тем, увеличилось количество тяжких и особо тяжких преступлений с 23 до 32.

Подробнее⤵️⤵️
https://сунтаарсонуннара.рф/sostoyanie-prestupnosti-na-territorii-suntarskogo-rajona-za-9-mesyaczev-2024-goda/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 22:20


⚜️Бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, илинтэн сөк. 3 м түргэннээх тыаллаах. Былыттаах.

🌅 Сарсыарда -13°С
☀️ Күнүс -11°С
🌖 Киэһэ -10°С
🌙Түүн -12С

🌞 тахсыыта 08:11
🌞 киириитэ 17:36


🔰Олоххор эн саамай улахан өстөөҕүҥ – эн бэйэҥ буолаҕын.
Саамай улахан алҕаһын – бэйэҕин сүтэрии.
Саамай улахан буруйуҥ – үтүөнү санаабат, махтаммат буолуу.
Саамай ыар сүтүгүн – олоххор эрэли сүтэрииҥ.
Сырдык өйгүн тумус туттан,
Сырыт бу күн сиригэр.

(Далан)

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 11:48


✳️Дьокуускайга Сунтаартан төрүттээх урбаанньыттар биир дойдулаахпыт Лев Павловка уонна кини тириэньэригэр Николай Даниловка бу сылга үрдүк ситиһии, кыайыы көтөллөммүтүнэн эҕэрдэлээн туран харчынан бэлэх биэрдилэр.


@suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@uluusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 08:12


🔹"Сунтаар сонуннара" эрэдээксийэтэ Саха сиригэр Ийэ 🤱🏻 күнүн көрсө хаһыат ааҕааччыларыгар анаан, "Алаһа дьиэ амарах ийэтэ" диэн хоһоон 📝күрэһин биллэрэн, бүгүн кыайыылаахтар ааттара билиннэ. 🎉🎉👏👏

🔹 Ол курдук, олус элбэх үлэ киирэн, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо тус-туһунан бастыҥ айымньы ааттанна. 🙌

🔹Оҕолорго Арылхан Кокарев, Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччитэ, улахан дьоҥҥо Сунтаартан Василий Еремеев буоллулар уонна сэмэй бэлэҕинэн 🎁 наҕараадаланнылар. 👏👏

🔹 Күрэскэ кыттыбыт ааҕааччыларбыт хоһоонноро "Сунтаар сонуннара" хаһыаппытыгар уонна социальнай ситимигэр бэчээттэнэн тахсыахтара.📰
Бу курдук, биһиги инники ыытар күрэстэрбитигэр көхтөөх буолуҥ!☺️


@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 07:59


💠Алтынньы 20 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбитигэр Ийэ күнүн бэлиэтээтибит. Бу бэлиэ күнү көрсө Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн Бордоҥ нэһилиэгэр Ийэ искибиэрэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Сиһилии👈🏼

@suntaar_sonunnara улуус хаһыата
@uluusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 06:55


🏆🤼‍♂ Коркин-24: финальный день

🔥Лучшие борцы России и зарубежных стран показали зрелищные схватки на XV международных соревнованиях по вольной борьбе памяти заслуженного тренера Якутской АССР, РСФСР, СССР Дмитрия Коркина в Якутске.

🥇🥈🥉Российские спортсмены завоевали 9 золотых, 8 серебряных и 15 бронзовых медалей.

Финальные схватки на ковре памяти Коркина – в видео Улус.Медиа👇🏻

😄https://vk.com/video-197321747_456243142

📲 Подпишись на @ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 05:20


#Күрэскэкыттабыт

⚜️Василий Еремеев "Ийэ таптала" диэн хоһоонун Маар Күөлгэ олорбут, сэттэ оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт күн күбэй ийэтигэр Галина Константиновна Еремееваҕа аныыр.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 04:59


🔸 Үлэҕэ ыҥыраллар.

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 04:35


#Күрэскэкыттабыт

✍️"Ийэм Егорова Зоя Григорьевна Күндэйэ олорбута, "Элгээйи" сопхуос бастыҥ ыанньыксыта этэ. Ийэм барахсан Үрдүкү Сэбиэт дьокутаатынан талыллыбыта.
4 оҕо амарах ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ" диэн Кутанаттан Айталина Слободчикова суруйар уонна эһиги дьүүлгүтүгэр хоһоон ыытар👆

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 04:16


#Күрэскэкыттабыт

⚜️Сунтаар сэлиэнньэтин олохтооҕо Варвара Максимова-Тырымнаайы күн сирин көрдөрбүт ийэтин Ксения Николаевна Иванованы санаан-ахтан, киниэхэ анаабыт хоһоонун ааҕыҥ, сэргээҥ.

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 02:59


❄️Бэҕэһээ, алтынньы 20 күнүгэр Уһун Күөл нэһилиэгэр туртас ыалдьыттаан ааста.

🔹 Ол курдук, нэһилиэк олохтооҕо Василий, сарсыарда тарбыйахтарын уулата сылдьан, далга туртас киирбитин көрөн соһуйуон-соһуйбут. Туртас бөһүөлэк нөҥүө күөл диэкиттэн кэлэн, рабица сиэккэҕэ иҥнэн хаайтарбыт эбит. Василий айылҕа маанылаах оҕотун хотоҥҥо киллэрэн туруора түһэн баран, тиэхиньикэ булан, туртаһы тэйиччи тыаҕа таһааран көҥүлгэ ыытта.👏👏👏 Оттон маны барытын, Василий оскуолаҕа бииргэ үөрэммит киһитэ Лия Саввинова уонна сосед ыаллара видеоҕа хатаабыттар.

🔹Бу буоллаҕа туохха да тэҥнэспэт киһи үтүөтэ, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыана. 🫶

📌Билигин күн-дьыл тымныйан эрэриттэн, силбик-хаар оту-маһы муус бүрүөһүҥҥэ кубулутууттан туртас аһыыр аһа суох буолан, тыыннаах хаалар туһуттан бөһүөлэккэ киириэн сөп эбит.

@suntaar_sonunnara-улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

21 Oct, 02:09


🌠Сулустар тугу кэпсииллэр?

Сиһилии⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/nedieletee5i-goroskop-altynny-21-27-kynnere/

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

20 Oct, 21:47


⚜️Бүгүн, алтынньы 21 күнүгэр, илинтэн сөк. 2-4 м түргэннээх тыаллаах. Былыттаах, хаардаах.

🌅 Сарсыарда -13°С
☀️ Күнүс -6°С
🌖 Киэһэ -11°С
🌙Түүн -12С

🌞 тахсыыта 08:11
🌞 киириитэ 17:36


⚜️Саҥа үүммүт нэдиэлэ ситиһиилээх буоллун!

@suntaar_sonunnara - улуус хаһыата
@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

20 Oct, 12:09


🥇👏🏻 КОРКИН ТУРНИРА: 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Лев Павлов чөмпүйүөн буолла!!!

@sakhasire20

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

20 Oct, 11:52


🏅 Поздравляем Ньургун Сергина с бронзовой медалью на турнире! 🥉

Наш талантливый спортсмен завоевал бронзу в весовой категории до 92 кг! Его упорство, труд и мастерство принесли достойный результат.

@ulusmedia

Сунтарский улус | "СУНТААР СОНУННАРА" официальный канал улусной газеты📌📌📌

20 Oct, 07:37


🔹Гипертония уонна ишемическай ыарыы сүрэх-тымыр ыарыыларыгар киирсэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытары сибээстээхтэр. Тоҕо маннык ыарыылаах дьон элбэҕий диир буоллахха, бастатан туран веществолар атастаһыылара кэһиллиититтэн тутулуктаах.

Сиhилии⬇️⬇️⬇️
https://сунтаарсонуннара.рф/syreh-ishemiyata-dien-tuguj/

@suntaar_sonunnara - улуус хаhыата
@ulusmedia

2,487

subscribers

13,870

photos

3,022

videos