ЧУРАПЧА Live @sanaoloh Channel on Telegram

ЧУРАПЧА Live

@sanaoloh


Оперативные и эксклюзивные новости Чурапчи 🍃

Предложить новость, связаться
📲 +79148202177

Наши каналы:
🔹Ватсап : https://chat.whatsapp.com/E6XvbGedc0M8YCQFJRvRAs
🔹Вконтакте : https://vk.com/sanaolohchur
🔹YouTube канал: https://youtube.com/@live974

ЧУРАПЧА Live (Russian)

ЧУРАПЧА Live - это канал, который предлагает оперативные и эксклюзивные новости из Чурапчи. Если вы хотите быть в курсе последних событий на местности, этот канал - для вас! Здесь вы найдете самую свежую информацию о происходящем в городе, актуальные новости и интересные события.

Чтобы предложить новость или связаться с нами, просто наберите +79148202177. Мы всегда открыты для общения и с удовольствием примем от вас новую информацию.

Кроме того, мы также предлагаем следить за нашими каналами в других социальных сетях:
🔹 Ватсап : https://chat.whatsapp.com/E6XvbGedc0M8YCQFJRvRAs
🔹 Вконтакте : https://vk.com/sanaolohchur
🔹 YouTube канал: https://youtube.com/@live974

Присоединяйтесь к нам, чтобы быть всегда в курсе событий и получать самую актуальную информацию из Чурапчи! 🍃

ЧУРАПЧА Live

24 Nov, 08:59


🏆 Ини-бии Ноговицыннар турнирдарыгар хапсаҕайга муҥутуур кыайыылаахтар🔥💪💪💪


🥇75 киилэҕэ диэри - Тимур Николаев (Үөһээ Бүлүү);
🥇 75 киилэттэн үөһэ - Никита Софронов (Чурапчы)👏💪🔥🔥🔥🔥🔥

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй

ЧУРАПЧА Live

24 Nov, 05:49


БУКА БАРЫ ОЛОҤХОҔО!

"Айылгы" НАДь XIV айар сезонун арыйар, П.М.Решетников народнай театр 55 сылын бэлиэтээн, олоҥхоһут И.Г. Тимофеев-Теплоухов төрөөбүтэ 155 сылыгар анаан "Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур" олоҥхо туруоруутугар ыҥырабыт!

Сүрүн оруолларга:

Иннокентий Поисеев, Марианна Диодорова.

Режиссер-Иван Бушков.

29.11.2024, 19:00ч
(Фондаҕа устуу үлэтэ)
Билиэт сыаната 700 солк.

СЭТИННЬИ ЫЙ 30 КҮНҮГЭР 18:00 ч.
Премьера!
Билиэт сыаната 1000 солк.

Пушкинскай карта үлэлиир
https://aiylgy.ru/
https://aiylgy.ru/
https://aiylgy.ru/

Сыл бастын туруоруутун көтүтүмэн!

ЧУРАПЧА Live

24 Nov, 00:59


🔷Өрөспүүбүлүкэ  үрдүкү салалтатыгар, элбэх оройуоҥҥа эппиэттээх салайар дуоһунастарга үлэлээбит Егор Михайлович Филиппов төрөөбүтэ 110 сылыгар — Улус Медиа, Саҥа Олох

🔹Кини 1914 сыллахха Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕатын Михаил Александрович Филипповы 1922 сыллаахха Чурапчытааҕы колотушкаҕа (баалкынан кырбааһын) бандьыыттар өлөрбүттэрэ. Чугас аймаҕа С. С. Яковлев—Эрилик Эристиин уолу дьадаҥылары көмүскүүргэ, кырдьыктаах дьыала иһин туруулаһарга, көнө, чиэһинэй буоларга үөрэтэрин сүрэҕинэн ылыммыта.

Сиһилии 👉 Манна

ЧУРАПЧА Live

24 Nov, 00:56


☝🏻🛑❗️Кыайыы скверин уларытары утарабыт — Улус Медиа, Саҥа Олох

Улуу Кыайыы 80 сыла туолара улам чугаһаан иһэр. Сир аайы онно бэлэмнэнии киэҥник ыытыллар.Оттон биһиэхэ, Чурапчыга, бу улуу күнү көрсө туох үлэлэр ыытыллаллара былааннанар эбитий?

Олортон саамай сүрүннэрэ Чурапчыбыт сэлиэнньэтин хабыллар-хаба ортотугар, 20 сыллааҕыта бүтүн улуус күүһүнэн оҥоһуллубут, соҕотох Кыайыыга анаммыт, баар-суох сквербитин суох оҥорор, уларытар былаан баар эбит.

Сиһилии👉 манна

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 23:49


💫 Сэтинньи 24 күнэ

♈️Хой


Санааҥ өрө көтөҕүллэр күнэ эрээри, соһуччу уларыйыыларга бэлэм буол. Үлэ чааһыгар өйдөспөт быһыы-майгы тахсыан сөп. Ону дириҥэтимэ.

♉️Оҕус

Уу-нуурал күн эрээри, аһара холкутаама. Үп-харчы боппуруоһа күөрэйиэн сөп. Уурунууга сэрэхтээх буол.

♊️Игирэлэр

Элбэх билсиһиигэ, көрсүһүүгэ бэлэмнэн. Олортон биир эрэ өрүккэ ойуччу болҕомтолоох буоларыҥ наада.

♋️Рак

Санааҥ түһэр-тахсар күнэ. Бэйэҕин сэнэнимэ, атыттартан да иҥнимэ. Холкутуу сатаа.

♌️Хахай

Үлэҕин уонна тус олоххун сатабыллаахтык дьүөрэлээ. Соһуччу үөрүүлээх түгэн күүтэр.

♍️Кыыс

Түбүктээх күн. Соһуччу дьыала күөрэйиэн сөп. Бу түгэҥҥэ бэйэҕин иһиллэн, бытархайы болҕой.

♎️Ыйааһын

Саҥа киһини кытта билсиэҥ биитэр урут билсибит дьонуҥ хат биллэллэр. Ороскуоккар болҕомтолоох буол.

♏️Скорпион

Соһуччу, ыксаллаах быһаарыныыттан туттунарыҥ ордук. Ол оннугар доруобуйаҥ туһунан санаа, онуоха үлэлэһэр суолу-ииһи көрдөө.

♐️Охчут

Саҥа саҕалааһыннарга, кэскиллээх бырайыактарга табыгастаах күн. Урукку өттүгэр билсэ, алтыһа сылдьыбыт дьонуҥ өйөбүл буолуохтара.

♑️Чубуку

Кэлэр нэдиэлэҕэ күүстээх үлэ күүтэр. Онно күүскүн мунньун. Дьиэ кэргэниҥ иһинээҕи сыһыаҥҥа үлэлэс.

♒️Күрүлгэн

Былааныҥ уларыйыан сөп. Ол саҥа кыаҕы арыйыа. Өрөбүлү чугас дьоҥҥун кытта атаар.

♓️Балыктар

Бэйэҥ дьиссипилиинэҕин болҕой. Санааҥ түһүүтүгэр-тахсыытыгар бэйэҥ эрэ сыһыаннааххын өйдөө.

@uamurusahargata

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 23:19


Тымныылар түстүлэр. Ынахтар уола иликтэр. Ойбонтон уулууллар. Ол аата сыалдьыйа тиэмэтэ саамай актуальнай бүгүҥҥү күҥҥэ🙌🏻

Ынахтарбытыгар саҥа сыалдьыйалары тиктибит кыргыттары кытта. Оҕо сылдьан кэппит соннорун ампаарга ууран турбуттарын киллэрдилэр.

Өрөбүллэргэ үс бэлэм буолла. Сатаммыт курдук. Ыалбыт Ирина Михайловна киирэ сырытта, халыҥ иҥин диэн хайҕаата🤩

Видеону көрүҥ, кэпсии сатаатым🤭 өйдөммөт буоллаҕына комментарийдарга суруйаарыҥ, эппиэттиэм.

Хаһан эрэ хотонноох киһиэхэ кэргэн тахсан ынахха сыалдьыйа тигэ олорор буолуом, онтубун өссө дьоҥҥо кэпсиэм диэн түһээн да баттаппат этим🫣😅

Онон наһаа кытаанахтык дьүүллээмэҥ, хайдах сатанарынан, туох кыалларынан оҥоро сатаатыбыт🙌🏻🤝

#тускартуһан #кыһын #сүөһүлээхдьон

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 21:32


🎖️Үлэҕэ таптал (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)

Күннэтэ ыччаты үөрэх, билии үөһүгэр сирдиир, дэгиттэр сайдыылаах гына иитэр соруктаах ханнык баҕарар оскуола, педагогическай кэлэктиип үлэтэ-хамнаһа биэс-алта уруогунан, хонугунан, сылынан даҕаны сыаналана охсубат. Кини эппиэтинэһэ оскуола ииппит-үөрэппит оҕолорун үйэлэрин тухары салҕанан барар.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/yle5e-taptal-ychygej-don-tuhunan-kepsiibit/

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 11:38


"Күннэй мүөттээх мааһа" рубрика саҕаламмытынан эҕэрдэлэһиэҕиҥ❤️

Күннэйбин кытта көрүстүм. Аатын курдук күн курдук сырдык, мичээр сыдьаайдаах, ыраас толкуйдаах кэрэ аҥар эбит👍

Мааспын ыллым. Билигин дойдубар тиийдим да туттубутунан барыам🤞🏽🤞🏽🤞🏽

Хайдах соттору кэпсээтэ. Ону көрдөрүөм уонна соттуом. Сотору-сотору отчуот оҥоруом. Бииргэ буолуохха🫶🏻

#мүөт #күн

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 02:19


💫Сэтинньи 23 күнэ

♈️Хой

Күүс, сэниэ киирэр. Төһө кыалларынан түргэнник быһаарыллыахтаах соруктар күөрэйиэхтэрэ.

♉️Оҕус

Сыраҥ-хараҥ үтүө түмүгү көрдөрөр кэмэ. Арай үп-харчы өттүгэр сэрэхтээх буолуоххун наада. Аһара ыскайданыма.

♊️Игирэлэр

Киириилээх-тахсыылаах, хамсаныылаах күн. Саҥа билсиһии, айан буолуон сөп. Бүгүн киирэр этиилэри болҕой.

♋️Рак

Санааҥ түһэр-тахсар. Дьону кытта аахса барбакка, бэйэҕин иһиллэн. Чугас дьонуҥ көмөлөрүттэн батыныма.

♌️Хахай

Бүгүн үлэлиир, айар-тутар баҕаҥ таһыччы. Харчы инники былааҥҥа туруон сөп. Бүддьүөккүн хаҥатарга бэйэҥ кыаххын туһан.

♍️Кыыс

Үлэҥ былаан быһыытынан салаллар. Арай ким эрэ атахтыан сөп. Бытархайы болҕой. Бигэргэммит эрэ чахчыга итэҕэй.

♎️Ыйааһын

Быһаарыныыны ылынаргар кыратык ыарырҕатыаххын сөп. Дьонтон сүбэлэтэргиттэн кыбыстыма.

♏️Скорпион

Сэрэйэн көрөр дьоҕуруҥ сатамньыта суох суолтан туоратыа. Харчы киириэн сөп. Бэйэҕэр эрэллээх буол.

♐️Охчут

Санаабытыҥ олоххо киирэр күнэ. Арай туохтан эрэ санааҥ түһүөн сөп. Ону аһара дириҥэтимэ.

♑️Чубуку

Үлэҕэр күүрүү, толору бэринии ирдэнэр. Кыра харгыстар баар буолуохтара. Олору аахайыма. Күрдьэн ис.

♒️Күрүлгэн

Айар-тутар дьоҕуруҥ сытыыланар, быһаарыы ылыныллар чаҕылхай күн. Соһуччу киирэр этиилэргэ бэлэм буол.

♓️Балыктар

Бу күн ороскуотура сатаама. Аһара ыгылыйыма. Ис туруккун болҕой, бэйэҕин иһиллэн.

@uamurusahargata

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 02:19


🎥📸Хоптоҕоттон төрүттээх урбаанньыты СТС канала кэлэн уһулла — Улус Медиа, Саҥа Олох

🔹Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгиттэн сылдьар эдэр урбаанньыт Константин Софронов Дьокуускай куоракка минньигэһинэн аатырбыт «Шаурма пацана» киоскатын сэтинньи ыйын 7 күнүгэр бүтүн Россиятааҕы СТС федеральнай канала «Сто мест где поесть» биэриитинэн кэлэн уһулла. Ол түгэнтэн Константин бэйэтэ маннык санаатын үллэстэр:👇🏻

Салгыы 👉 манна

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 02:16


👨‍👩‍👧‍👦🏐Чурапчыга “Бииргэ – дьоллоохпут!” күрэхтэһии ыытылынна — Улус Медиа, Саҥа Олох

🔹Күрэх сүрүн сыалынан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕо дьиэ кэргэнигэр сыһыаны тупсарыы, чөл олоҕу тарҕатыы буолар.

Сиһилии 👉 манна

ЧУРАПЧА Live

23 Nov, 02:11


Чурапчыга 🐮🐴🐷🐰🐣🦆🐝🍯“Идэһэ-2️⃣0️⃣2️⃣4️⃣🥩🥩🥩 дьаарбаҥка ыҥырар💪🏻👍🏻👏🏻

Чурапчы улууһугар “Ыал саргыта” сыл иитинэн нэһилиэктэр икки ардыларыгар “Дьиэ кэргэн сандалыта” диэн күрэх, ону таһынан оройуоммутугар аан бастакытын “Тортофест”🎂 кондитердар куонкурустара тэҥинэн ыытыллара былааннанар.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/churapchyga-idehe-2024-daarbanka-ynyrar/

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 21:19


🎖️Пятилетка эдэр гвардееһа (Үчүгэй дьон туһунан кэпсиибит)

Александр Адамов Эрилик Эристиин аатынан сопхуос Чакырдааҕы отделениетын бастыҥ булчутунан биллэрэ.

Сиһилии⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/pyatiletka-eder-gvardeeha-ychygej-don-tuhunan-kepsiibit/

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 11:31


💥"Байанай алгыһа" тэрээһиҥҥэ үгүс булду сэҥээрээччи муһунна

"Байанай алгыһа" диэн булчуттарга, балыксыттарга анаммыт тэрээһини Арчы дьиэтигэр сэтинньи 22 күнүгэр ыыттылар.

Дьоро киэһэни "Сахабэчээт" тэрилтэ "Байанай" сурунаалы кытта тэрийдилэр.

Булчут түһүлгэтигэр "Баай Байанайга сүгүрүйүү» алгыс сиэрэ-туома, маастардар дьаарбаҥкалара, муҥха соботун, идэһэ этин, булчут ыт оҕолорун атыыта, араас оонньуу, күрэс буолла.

Ону тэҥэ "Байанай" сурунаал ааҕааччыларыгар 2025 сылга булт тэриллэрэ сүүйүүлээх сурутуу тэрилиннэ.

Манна таарыйа байыаннай дьайыыга инники кирбиигэ сылдьар хоһуун уолаттарга собо хомуйан ыытарга анаан үтүө санаа аргыстаах аахсыйа буолла.

Сиһилии сюжетка көрүҥ ↪️ https://vkvideo.ru/video-197321747_456243262

@ulusmedia

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 10:27


🔷Хатылыга Ытык дьоммутугар истиэндэ аһылынна — Улус Медиа, Саҥа Олох

🔹Бүгүн Хатылытааҕы Хоту көһөрүллүү мусуойугар тумус туттар чулуу дьоммутугар – Василий Петрович Харитоновка уонна Никифор Андреевич Макаровка анаммыт “Норуот махталын ылбыттара” диэн ааттаах истиэндэни арыйыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.


Сиһилии 👉 манна

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 09:38


В Нерюнгри идёт набор добровольцев на контрактную службу

🇷🇺🪖 В дополнительном центре отбора граждан на военную службу по контракту в Нерюнгри продолжается набор желающих заключить контракт с Министерством обороны РФ.

✍🏻 За первый год службы военнослужащий по контракту может получить свыше четырех миллионов рублей.

@ulusmedia

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 09:38


Альбина Дегтярева ураты тыыннаах киэһэни бэлэхтээтэ

🔹🔹 Айылҕаттан айдарыылаах, таҥараттан талааннаах кэрэ-мааны СӨ үтүөлээх артыыһа Айархаана Хомус Хотун-Альбина Дегтярева үбүлүөйдээх дьоро киэһэтигэр сылдьыбыт эрэ киһи барыта астынна, күлүм аллайда, дуоһуйда!

🔹🔹 Айархаана Хомус Хотун үбүлүөйдээҕи сылын чэрчитинэн бэйэтэ айан-тутан тикпит, оҥорбут араас сиэдэрэй быһыылаах таҥастарын, кэрэ-дьикти көрүҥнээх оҥоһуктарын түмэн, ураты көстүүлээх «Санаам утаҕын оһуора» дефиле музыкальнай киэһэтин тэрийдэ.

https://t.me/kamelek_888/5919

@ulusmedia

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 07:22


Доруобуйа харыстабыла эдэр исписэлиистэринэн хаҥыыр

🚑Кэлиҥҥи сылларга олох-дьаһах араас эйгэлэригэр анал үөрэхтээх эдэр исписэлиистэр үлэлии кэлэллэрэ аҕыйаан иһэр. Бу кыһалҕа хас биирдии улууска сытыытык турар. Үөрэхтэрин бүтэрбит эдэр оҕолор тыаҕа тахсан үлэлиэхтэрин баҕарбаттар, үксүн куоракка олохсуйа хаала сатыыллара кистэл буолбатах. Оттон олохпутугар биир саамай тутаах, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр эдэр исписэлиистэринэн хааччыллыы хайдаҕын туһунан оройуоннааҕы балыыһа кылаабынай бырааһыттан Николай Сивцевтэн туоһуластыбыт.

Сиһилии⤵️⤵️⤵️https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/doruobuja-harystabyla-eder-ispiseliisterinen-hanyyr/

@sanaoloh

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 06:47


Чурапчыттан үс бэрэстэбиитэл бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэх форумугар кытынна

Москваҕа төрөппүттэргэ уонна иитии эйгэтин исписэлиистэригэр  «Родители онлайн» форум ыытылынна.

Дьаһалга Арассыыйа 86 регионуттан 570 киһи кыттыыны ылла.

Чурапчыттан «Оҕо саас Навигатора» бырайыак Чурапчытааҕы координатора Евгения Горохова, Хадаар орто оскуолатыттан дириэктэри иитии боппуруостарыгар сүбэһитэ Лидия Лукина уонна төрөппүт Прасковья Бандерова Саха сирин 9 киһилээх дэлэгээссийэтин састаабыгар киирэн, үс күннээх үөрэҕи аастылар.


Сиһилии 👉🏻 манна 👈🏻

@sanaoloh
@ulusmedia

ЧУРАПЧА Live

22 Nov, 04:01


📚Кэрэҕэ угуйар аналынан — саҥа кинигэ — Улус Медиа, Саҥа Олох


Мин бүгүн билиһиннэрэр кинигэм “Кэрэҕэ угуйар аналынан” диэн ССРС култууратын туйгуна, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ,СӨ култууратын уонна искусствотын Бочуоттаах үлэһитэ, Чурапчы улууһун уонна Чурапчы нэһилиэгин,Уус Алдан улууһун Байаҕантай нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо , РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Надежда Михайловна Заболоцкая дьоһуннаах олоҕун,алгыстаах айар үлэтин туһунан.

Сиһилии👉 манна