МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС @meginokangalasskiy Channel on Telegram

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

@meginokangalasskiy


Официальный канал администрации МР "Мегино-Кангаласский улус"
Мы Вконтакте
https://vk.com/megino_kangalasskiy

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС (Russian)

Добро пожаловать на официальный канал администрации МР "Мегино-Кангаласский улус"! Здесь вы найдете самые актуальные новости, события и объявления, касающиеся жизни и развития улуса. Мы стремимся поддерживать прозрачную коммуникацию с нашими жителями, поэтому всегда готовы ответить на ваши вопросы и обсудить предложения. Присоединяйтесь к нам, чтобы быть в курсе всех изменений и узнавать первыми о важных событиях в нашем улусе! Мы также доступны на платформе Вконтакте, где вы можете найти еще больше интересной информации о жизни Мегино-Кангаласского улуса. Присоединяйтесь к нам на https://vk.com/megino_kangalasskiy и будьте в курсе всех событий!

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

28 Jan, 02:14


❗️ Соблюдайте безопасность на дорогах!

⚫️За истекший период 2025 года в республике зарегистрировано 37 дорожно-транспортных происшествий, в которых погибло 2 человека, травмировано 58, в том числе за прошедшую неделю 9 ДТП, в них пострадали 14 лиц.

⚫️Дорожно-транспортные происшествия в период с 20 по 26 января 2025 года зарегистрированы в г. Якутске (6 ДТП, 11 пострадавших), а также в Ленском, Усть-Янском и Хангаласском районах.  

⚫️Выявлено с начала года 210 водителей, управлявших транспортом в состоянии опьянения, в том числе за прошедшую неделю 47.

⚫️Пресечено ГИБДД более 23,6 тыс. нарушений Правил дорожного движения, виновные привлечены к ответственности.  

⚡️Прокуратура республики призывает граждан соблюдать Правила дорожного движения!

https://t.me/tprocsakha

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

27 Jan, 01:06


❗️ Берегитесь мобильных мошенников!
 
🔥🔥🔥 За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадали 7 жителей республики, общая сумма причиненного им ущерба превысила 5,2 млн рублей.

‼️ Жертвами мошенников стали безработный, пенсионер, охранник, медсестра, педагог, глава крестьянского хозяйства, библиограф.

✔️ Наибольшая сумма потери зарегистрирована по схеме звонок «сотрудника ФСБ, ЦБ РФ», где у педагога похищено путем обмана 1,5 млн рублей. Всего по данной схеме пострадало 3 человека на общую сумму свыше 2,5 млн рублей.

✔️ По схеме «инвестиции» у 2 граждан похищено путем обмана более 1,9 млн рублей.

✔️ Итогом общения с лжесотрудником Энергосбыта стала потеря 1 потерпевшим 450 тыс. рублей, при оформлении кредита пострадал 1 гражданин на сумму 224 тыс. рублей.

⚡️Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!

https://t.me/tprocsakha
 

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

25 Jan, 13:18


МАС ТАРДЫҺЫЫ КӨРҮҤЭР КЫАЙЫЫЛААХТАР ААТТАННЫЛАР

Бүгүн, тохсунньу 25 күнүгэр, Аллараа Бэстээх Т.А. Пинегин аатынан “Парус” спорт уораҕайыгар улуустааҕы комплекснай спартакиада чэрчитинэн мас тардыһыы көрүҥэр биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чөмпүйэнээт тэриллэн ыытылынна. Чөмпүйэнээт Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананна.

Бу күн улууспут 25 нэһилиэгиттэн уопсайа 311 кыттааччы күөн көрсөн тыҥааһыннаах киирсиилэри, чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээтилэр. Сүрүн судьуйанан Алексей Попов, сэкирэтээринэн Андриан Захаров үлэлээтилэр.

Күрэх үөрүүлээх арыллыытыгар улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов, Ил Түмэн дьокутаата Андрей Находкин, мас тардыһыы федерациятын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Яковлев, физическэй култуура уонна спорт салалтатын салайааччыта Алексей Попов кыттааччыларга ситиһиини баҕаран туран улууспут аатын чиэстээхтик ааттатар бастыҥ спортсменнарбытыгар махталларын биллэрдилэр.

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

24 Jan, 12:50


Бүгүн уһук сытар Чыамайыкы нэһилиэгин олохтоохторун кытта сиртэн хостонор баайы чинчийии үлэлэрин тула атах тэпсэн олорон кэпсэттибит.

Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Михайлович Находкин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырамыысаланнаһын уонна геологиятын миниистирин солбуйааччы Андрей Викторович Сычевскай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Васильевич Додохов, "Якутскгеология" тэрилтэ эппиэттээх үлэһиттэрэ, ыаллыы Амма улууһуттан улуус салалтата, уопсастыбанньыктар кыттыыны ыллылар.

Бу сылларга "Якутскгеология" тэрилтэ Чыамайыкы сиригэр чиничийии үлэтин ыытар. Былаан быһыытынан миэстэтигэр ыытыллар үлэ 2026 сылга түмүктэниэ, ол кэннэ ылыллыбыт материалы салгыы үөрэтэн, ырытан быһа холоон 2030 сыллаахха бу бырайыак экономика өттүнэн төһө туруктааҕын ааҕан-суоттаан түмүк тахсарын туһунан "Якутскгеология" салайааччы дириэктэрэ Алексей Николаевич Андреев иһитиннэрии оҥордо.

Мунньах сүнньүнэн киирбит ыйытыктарга хоруй бэрилиннэ,
ону таһынан мустубут дьон тайаҕы бултааһын сиэрэ суох элбээбитин, манна хонтуруол күүһүрэрин, олохтоох нэһилиэнньэ санаата, этиитэ булт болдьоҕор учуоттаныахтааҕын туһунан этиннилэр.

Мунньах түмүгэр киирбит этиилэргэ олоҕуран ыытылла турар үлэлэргэ уопсастыбаннай хонтуруол тэрийэр туһунан итиэннэ маннык көрсүһүүлэри сылын ахсын ыытыахпыт диэн быһаарыы ылынныбыт.

...

Сегодня в Чыамайыкинском наслеге состоялось встреча с жителями села по поводу геологоразведочных работ.

На встрече приняли участие председатель постоянного комитета Государственного Собрания (Ил Тумэн) по земельным отношениям, природным ресурсам и экологии Андрей Михайлович Находкин, заместитель министра промышленности и геологии Республики Андрей Викторович Сычевский, заместитель министра экологии, природопользования и лесного хозяйства Республики Николай Васильевич Додохов, управляющий директор Алексей Николаевич Андреев и ответственные сотрудники предприятия «Якутскгеология», руководство и представители общественности Амгинского улуса, которые ответили на вопросы местных жителей и поделились своими мнениями о проводимых работах.

В настоящее время АО «Якутскгеология» продолжает геологоразведочные работы, которые завершатся в 2026 году, а окончательные результаты мы узнаем к 2030 году, после анализа и проведения всех оценочных работ.

Также жителями села поднят вопрос о необходимости пересмотра срока охоты на копытных животных.

По итогам встречи было принято решение проводить такие совещания ежегодно, также создать группу общественного экологического контроля.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

22 Jan, 10:07


ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН САЛААТЫН ҮЛЭҺИТТЭРИГЭР СЭМИНЭЭР ЫЫТЫЛЫННА
 
Бүгүн, тохсунньу 22 күнүгэр, Төҥүлү нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан улуустарын олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллэригэр, тыа хаһаайыстыбатын салалталарыгар, оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэригэр сэминээр тэрийэн ыытта.
 
Улууспутуттан тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Иннокентий Семенов, солбуйааччы Александр Борисов, тустаах исписэлиистэр уонна хаһаайыстыбалар кыттыыны ыллылар.
 
Сэминээргэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар киирэр уларыйыылар, тыа хаһаайыстыбата оҥорон таһаарар эйгэтин, «Электроннай бүддьүөт» федеральнай тиһиккэ көһүү тула кэпсэттилэр.
 
Мунньахха киирии тылы нэһилиэк баһылыга Петр Эверстов эттэ. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анна Стручкова мустубут бар дьону үүммүт саҥа сылынан эҕэрдэлээн туран бүгүҥҥү күҥҥэ ситиһиилээх үлэни баҕарда. Агро-бырамыысалыннас киин өҥө оҥорор салаатын

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Jan, 23:22


Бүгүн Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Николаев төрөөбүт күнэ.

Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич!

Эйигин Мэҥэ Хаҥалас улууһун үлэһит дьонун, салалтатын аатыттан күн сирин көрбүт күҥҥүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Тапталлаах Сахабыт сирэ кэскиллээх, дьоно-сэргэтэ бигэ туруктаах буолуутугар сөптөөх суолу тобулан үлэни ыытар, булгуруйбат санаалаах салайааччы быһыытынан билинэбит, өрөспүүбүлүкэбит дьоһун ситиһиитинэн, үтүө үлэһит дьонунан киэн туттабыт.

Эн өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут чэчирии сайдарын туһугар ис сүрэххиттэн кыһалларыҥ, дьулуурдаахтык үлэлиириҥ иһин биһиги, бар дьонуҥ, истиҥник махтанабыт уонна ытыктыыбыт. Олохпут таһыма үрдүүрүгэр туох баар билиигин, сыраҕын биэрэн туран үлэлиириҥ биһиэхэ барыбытыгар үтүө холобур буолар!

Эйиэхэ тус бэйэҕэр уонна дьиэ кэргэҥҥэр чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын! Бар дьонуҥ үтүө алгыһа арчылаатын, үрдүккэ сирдээтин, айымньылаах үлэҥ үгүс ситиһиилэри аҕаллын, саҥа саҕахтары арыйдын.

Ытыктабылы кытта,
Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Jan, 12:09


Бүгүн өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын, баай ис хоһоонноох култуурабытын үрдүктүк тутан илдьэ сылдьар бастыҥ үлэһит дьоммун кытта көрүстүм.

Үтүө үгэскэ кубулуйбут истиҥ кэпсэтиигэ күндү дьоммут сыллааҕы үлэлэрин, инники былааннарын үллэһиннилэр, үгүс кэскиллээх этиилэрин киллэрдилэр, ону тэҥэ хардарыта санаа атастастыбыт.

Үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрбитин, баай култуурабытын үйэтитэн үтүө дьоммут айан хаалларар үлэлэрин кэнчээри ыччакка тиэрдии биһиги сүрүн сорукпут буолар. Салгыы даҕаны бу хайысханан үлэбитин ыытыахпыт, талба талааннаах дьоммутун өйүөхпүт.

Тарбахтарыгар талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах күндү дьоммор айар-тутар үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини, чэгиэн-чэбдик туругу, дьолу-соргуну баҕарабын!
...

Сегодня я встретился с нашими талантливыми мастерами и умельцами, которые с гордостью пропагандируют богатство нашей культуры и бережно хранят традиции нашего народа.

Эта встреча, ставшая доброй традицией, собрала наших дорогих мастеров, которые поделились результатами своей годовой работы, рассказали о своих планах на будущее и высказали перспективные предложения.

Наша основная задача — увековечить вековые традиции и богатое культурное наследие, которое мы обязаны передать будущим поколениям. Мы продолжим активную работу в этом направлении и всегда будем поддерживать наших мастеров, ведь именно они являются хранителями нашей культуры.

Желаю всем нашим мастерам высоких результатов в их творчестве, крепкого здоровья и счастья!

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Jan, 05:56


Бүгүн киэн туттар салайааччыбыт, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Василий Васильевич Скрябин төрөөбүтэ 81 сыла.

Кини үлэни өрө тутан төрөөбүт дойдута кэскиллээх буоларыгар бэриниилээхтик үлэлээбит бары киэн туттар, холобур оҥостор сатабыллаах салайааччыбыт буолар.

Бэлиэ күн Ходоро нэһилиэгэр Василий Васильевич сырдык мөссүөнүн үйэтитэр бүүһүгэр сибэкки дьөрбөтүн ууран сүгүрүйдүбүт. Тумус туттар киһибит үтүө холобуругар оҕолорбутун-ыччаттарбытын иитэр, аатын үйэтитэр, үлэтин-хамнаһын салгыыр ытык иэспит буолар.

Ону тэҥэ бу күн саҥа сылга үктэнээт нэһилиэк дьаһалтатын саҥа дьиэтин үөрүүлээхтик арыйдыбыт.

Нэһилиэк баһылыга Виктор Егорович Федоров бэрт кылгас кэм иһигэр дьонун-сэргэтин түмэн, былааннаах үлэни ыытан, бэрт түргэнник эбийиэги үлэҕэ киллэрбиттэрэ үөрдэр, барыбытыгар холобур буолар.

Саҥа дьиэ хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо өйөбүл булар, үгүс кэскиллээх кэпсэтиилээх, үтүө саҕалааһыннардаах, ону тэҥэ дойдубут инники кэскилин түстэһэр сирэ буолуо диэн эрэнэбин. Барыгытыгар ситиһиини, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабын!
...

Сегодня исполнился 81 год со дня рождения выдающегося государственного и общественного деятеля, руководителя, чьим именем мы гордимся, заслуженного работника народного хозяйства Республики Саха (Якутия) и почетного гражданина Мегино-Кангаласского улуса – Скрябина Василия Васильевича.

Он был выдающимся человеком, неустанно трудившимся на благо процветания своей родины. Его жизненный путь служит ярким примером для всех нас, а его лидерские качества делают его истинным образцом для подражания.

В этот знаменательный день в Ходоринском наслеге мы возложили цветы к бюсту нашего выдающегося земляка в знак нашей памяти и благодарности за его неоценимый вклад. Воспитывать наших детей и молодежь на его добром примере, увековечивать его имя и продолжать его дело – наш священный долг.

Также в этот день, вступив в новый год, торжественно открыли новое здание местной администрации наслега.

Глава наслега Виктор Егорович Федоров объединил людей, и новый объект был возведен за короткие сроки. Это является отличным примером для нас всех.

Я верю, что новый дом станет местом, где каждый житель сможет найти поддержку и понимание, где будут вестись перспективные разговоры, начинания, а также возможность внести свой вклад в развитие нашей родины. Желаю всем успехов, благополучия и счастья!

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Jan, 02:38


❗️ Соблюдайте безопасность на дорогах!

⚫️За истекший период 2025 года в республике зарегистрировано 26 дорожно-транспортных происшествий, в которых погибло 2 человека, травмировано 40, в том числе за прошедшую неделю 14 ДТП, в них погиб 1 человек, пострадали 23.

✔️Дорожно-транспортные происшествия в период с 13 по 19  января 2025 года зарегистрированы в г. Якутске (11 ДТП, 14 пострадавших), в Мегино-Кангаласском (2 ДТП, 1 погибший, 3 пострадавших), а также в Алданском районе.

✔️Выявлено с начала года 155 водителей, управлявших транспортом в состоянии опьянения, по их вине произошло 2 ДТП, в них погиб 1 человек, травмы различной степени тяжести получили 6.

⚡️Прокуратура республики призывает граждан соблюдать Правила дорожного движения!

https://t.me/tprocsakha

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

20 Jan, 12:17


Бүгүн ытыктыыр биир дойдулаахпыт – бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Ил Түмэн II-с, III-с ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутаата, РФ Федерациятын Сэбиэтин чилиэнэ, РФ үтүөлээх экэнэмииһэ, РФ Биэнсийэҕэ пуондатын бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Роберт Андреевич Бурнашов төрөөбүтэ 78 сыла.

Кини дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар, дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар сүҥкэн үлэни ыыппыт, сатабыллаах салайааччы, настаабынньык, күөх төлөн илин эҥэр улуустарыгар кэлиитин туруорсубут, олоххо киирэрин ситиспит дьонтон биирдэстэринэн буолар.

Бэлиэ күн Роберт Андреевич төрөөбүт дойдутугар Тараҕай нэһилиэгэр, биир дойдулаахтара дириҥ ытыктабылбытын, сүгүрүйүүбүт бэлиэтин кини бүүһүгэр сылын ахсын буоларын курдук тыыннаах сибэкки уурдубут.

Роберт Андреевич дьон-сэргэ олоҕо бигэ туруктаах буоларыгар үлэтэ-хамнаһа ыччаттарбытыгар, биир дойдулаахтарыгар үтүө холобур буолан үрдүккэ-сырдыкка сирдии туруоҕа.
...

Сегодня исполняется 78 лет со дня рождения нашего выдающегося земляка — видного государственного и общественного деятеля, народного депутата Государственного Собрания Ил Түмэн II и III созывов, члена Совета Федерации Российской Федерации, заслуженного экономиста Российской Федерации, почетного работника Пенсионного фонда Российской Федерации, заслуженного работника народного хозяйства Республики Саха (Якутия) и почетного гражданина Мегино-Кангаласского улуса Роберта Андреевича Бурнашова.

Выдающийся руководитель и наставник, который провел неоценимую работу во благо жителей и в развитии нашей родины и республики, Роберт Андреевич является одним из тех, кто добивался и настоял на приходе газа в заречные улусы.

В этот знаменательный день, на родине Роберта Андреевича, в селе Табага, как и ежегодно, с глубоким уважением возложили цветы к его бюсту, выражая благодарность за его неоценимый труд.

Благородная деятельность Роберта Андреевича станет примером для будущих поколений молодежи и земляков, вдохновляя их на стремление к высоким достижениям и целям.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

20 Jan, 06:37


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!

❇️ Бу күннэргэ улуустааҕы киин балыыһа "Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биоимпеданснай чинчийиилээх доруобуйа оскуолата" (“Школа здоровья в Мегино-Кангаласском улусе с использованием биоимпедансного исследования”) бырайыагынан бүтүн Арассыыйатааҕы Гражданскай көҕүлээһиннэр күрэхтэригэр кыттыыны ылар.

📌 Бу бырайыак сыала-соруга: анал БИА (Биоимпедансный анализ) оборудование атыылаһыллан, киһи этин-сиинин туругун анаалыстаан, чөл буоларыгар сэрэтии үлэни ыытыы. Ол курдук, сөпкө аһааһын, бэйэ ыйааһынын тутуһуу, физическэй актыыбынастаах, өй-санаа да өттүнэн чэбдик, доруобай буоларга дьулуһар дьоҥҥо көмөлөһүү, олох хаачыстыбатын тупсарыы, чөл олоҕу тутуһар, көхтөөх уопсастыбаны тэрийии.

Сиһилии бырайыак туһунан бу сигэнэн киирэн билсэргитигэр уонна бука бары өйүөҕүҥ, куоластыаҕыҥ диэн ыҥырабыт. ➡️ https://sila-idey.er.ru/voting/5170

📍 Куоластааһын бу ый 28 күнүгэр диэри ыытыллар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

20 Jan, 01:38


❗️ Берегитесь мобильных мошенников!
 
🔥🔥🔥 За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадали 18 жителей республики, общая сумма причиненного им ущерба превысила 15,7 млн рублей.

‼️ Жертвами мошенников стали 7 пенсионеров, учитель, научный сотрудник, безработный, столяр, директор коммерческой организации, технический работник, глава муниципалитета и др.

✔️Наибольшая сумма потери зарегистрирована по схеме звонок «сотрудника ФСБ, ЦБ РФ», где у научного сотрудника похищено путем обмана более 3,2 млн рублей.

Всего по данной схеме пострадало 4 человека на общую сумму свыше 6,5 млн рублей.

✔️По схеме «инвестиции» у 6 граждан похищено путем обмана более 6 млн рублей.

✔️Итогом общения с лжеоператорами сотовой связи, лжесотрудниками пенсионного фонда, Энергосбыта, ЖКХ, медицинской организации стала потеря 6 потерпевшими 2,8 млн рублей.

✔️Также хищения средств путем обмана зарегистрированы при купле-продаже товара через сайт объявлений – 77 008 рублей и при сообщении о выигрыше в телеграм-канале – 130 400 рублей.

⚡️Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!

https://t.me/tprocsakha

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

19 Jan, 04:32


1874 сыл тохсунньу 19 күнүгэр
оччотооҕу кэмҥэ Илин Хаҥалас улууһун киинигэр Ороссолуодаҕа улууспут бастакы оскуолата арыллыбыта. Бу күн улууспутугар үөрэҕирии төрүттэммит күнүн бэлиэтиибит.

Бүгүн улууспутугар үөрэҕирии төрүттэниитигэр дьоһун оруоллаах - улууспут бастакы оскуолатын үбүлээн туттарбыт, 2-с Тыыллыма нэһилиэгиттэн төрүттээх Илин Хаҥалас улууһун кулубата Герасим Иванович Соловьев пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран, киниэхэ махталбытын, ытыктабылбытын, сүгүрүйүүбүтүн биллэрдибит.

Бэлиэ күҥҥэ IT -куб үлэһиттэрэ оҥорбут Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕириитин ситимин сайдыытын кэпсиир виртуальнай карта Ороссолуода оскуолатын түмэлигэр туттарылынна. Сиһилии картаны https://мк-обр150.рф сигэнэн киирэн билсиэххэ сөп.

Бүгүҥҥү күнтэн тохсунньу 31 күнүгэр диэри улууспут үөрэҕириитин 150 сылын түмүктүүр араас тэрээһиннэр былааннаналлар. Ол курдук, аһаҕас дьоһуннааҕы кэпсэтиилэр, бэтэрээн үлэһиттэри кытта көрсүһүүлэр, Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрүйэн быыстапкалар, аахсыйалар, төгүрүк остуоллар ыытыллыахтара.

...

19 января 1874 года в центре Восточно-Кангаласского района, в Рассолоде, была построена первая школа в улусе. Этот день мы отмечаем как день основания образования в нашем улусе.

Сегодня мы отдали дань памяти видному деятелю своего времени — голове Восточно-Кангаласского улуса Герасиму Ивановичу Соловьеву, возложив цветы к его памятнику в знак благодарности и уважения.

В этот день в музей Рассолодинской школы вручена виртуальная карта, созданная специалистами IT-куба, которая рассказывает о развитии образовательной системы в Мегино-Кангаласском улусе.

Также с 19 по 31 января этого года запланированы различные мероприятия, приуроченные к 150-летию образования в нашем улусе. В программе — открытые разговоры, встречи с ветеранами-учителями, выставка в знак уважения к профессии Учителя, а также акции и круглые столы.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

13 Jan, 05:53


❗️Внимание ВАКАНСИЯ

🟡В администрацию МР "Мегино-Кангаласский улус" на постоянной основе требуется специалист по делопроизводству.

Требования: грамотность, знание ПК, обучаемость. Полный социальный пакет, стабильная заработная плата.

📧Резюме направлять на электронную почту: [email protected]
📲Контактные данные: 89148295637

🟡В МКУ «Управление сельского хозяйства» МР «Мегино-Кангаласский улус» требуются:

• Водитель на УАЗ Патриот
(категория "В"). Заработная плата: 58 000 – 66 000 руб.
Главный зоотехник. Заработная плата: 69 000 – 80 000 руб.
Специалист сельского хозяйства СП «Тыллыминский 1-й наслег». Заработная плата: 56 000 – 68000 руб.
Специалист сельского хозяйства СП «Ходоринский наслег». Заработная плата: 56 000 – 68000 руб.

📧Резюме направлять на электронную почту: [email protected]
📲Контактные данные: 89142626459, 84114347313

Далее⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

13 Jan, 02:53


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!

Бу күннэргэ улуустааҕы киин балыыһа "Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биоимпеданснай чинчийиилээх доруобуйа оскуолата" (“Школа здоровья в Мегино-Кангаласском улусе с использованием биоимпедансного исследования”) бырайыагынан бүтүн Арассыыйатааҕы Гражданскай көҕүлээһиннэр күрэхтэригэр кыттыыны ылар.

Бу бырайыак сыала-соруга: анал БИА (Биоимпедансный анализ) оборудование атыылаһыллан, киһи этин-сиинин туругун анаалыстаан, чөл буоларыгар сэрэтии үлэни ыытыы. Ол курдук, сөпкө аһааһын, бэйэ ыйааһынын тутуһуу, физическэй актыыбынастаах, өй-санаа да өттүнэн чэбдик, доруобай буоларга дьулуһар дьоҥҥо көмөлөһүү, олох хаачыстыбатын тупсарыы, чөл олоҕу тутуһар, көхтөөх уопсастыбаны тэрийии.

Сиһилии бырайыак туһунан бу сигэнэн киирэн билсэргитигэр уонна бука бары өйүөҕүҥ, куоластыаҕыҥ диэн ыҥырабыт.
https://sila-idey.er.ru/voting/5170

Куоластааһын бу ый 28 күнүгэр диэри ыытыллар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

12 Jan, 03:46


❗️ В день работника прокуратуры Российской Федерации представляем Вашему вниманию выпуск передачи «Прокуратура. На Страже Закона», посвященной прокурору Якутской АССР, государственному советнику юстиции 3 класса, основоположнику юридического образования в Якутии, ветерану Великой Отечественной войны Михаилу Михайловичу Федорову

https://t.me/tprocsakha

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

10 Jan, 09:08


Быйылгы үлэм дьылын мээнэҕэ Баатараттан саҕалаабатым. Ол курдук, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Аҕа дойдуну көмүскээччи, Ил Дархан Айсен Николаев биллэрбит Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларыгар Сэбиэскэй сойуус дьоруойа Ф. К. Попов аатынан Баатаратааҕы түмэлгэ сылдьан үлэни-хамнаһы билистим. Итиэннэ бу сылга түмэл үлэтин сүрүн хайысхаларын торумнаатыбыт. Ыччаты дойдуга бэриниилээх буоларга иитиигэ Дьоруойдар ааттарын сүгэр түмэллэргэ сырытыннарар оруннаах. Манна даҕатан бэлиэтиэм этэ, Бастакылар хамсааһыннара оҕолорго дойду историятын, олорон ааспыт дьоһуннаах дьону билиһиннэрэргэ улахан үлэни ыыттылар, ыччаты историяны кэрэһэлиир түмэллэргэ угуйдулар.

В первые рабочие дни Года защитника Отечества в РФ и Года защитника Родины в Якутии посетил Батаринский музей им. Героя Советского Союза Ф.К. Попова. С каждым годом музей обогащается новыми экспонатами, некоторые из которых находятся в местностях Сыҥаһалаах и Атыыр Тириитэ. Музей-комплекс работает по специальной программе, способствующей воспитанию подрастающего поколения уважительного отношения к Родине и своему народу. Важно вовлекать молодежь в музеи, чтобы они больше узнавали об истории становления своей страны, Героях, которые стояли на страже защиты Родины и народа. Таким образом, Батаринский музей и подобные учреждения могут стать центрами патриотического воспитания, где молодое поколение будет иметь возможность узнать о прошлом, а также активно участвовать в его сохранении и популяризации.

https://t.me/afanasiy_noev

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

10 Jan, 08:20


"КЫАЙЫЫ ЗНАМЯТА" ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ ЭСТЭПИЭТЭ САЛГЫЫ АММА УЛУУҺУГАР АЙАННААТА

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, ааспыт сыл ахсынньы 28 күнүгэр саҕаламмыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан "Бары бииргэ - Кыайыыга" диэн девизтээх "Кыайыы Знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэ улууспут нэһилиэктэрин кэрийэн салгыы Амма улууһугар айаннаата. Кыайыы Знамятын туттарар бэлиэ түгэн Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улуустарын кыраныыссатыгар ыытылынна.

Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, улуус бэтэрээннэрин Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова, социальнай бэлиитикэ салалтатын салайааччыта Октябрина Кулешова, Чыамайыкы нэһилиэгин баһылыга Александр Захаров, 1-кы Наахара нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Исаков, Холгума нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Мария Яковлева, 2-ис Наахара нэһилиэгин баһылыга Петр Никитин кыттыыны ыллылар.

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

10 Jan, 05:30


Соблюдайте Правила дорожного движения при проезде по ледовым автозимникам

Управление автодорог Якутии напоминает, что при движении по ледовым переправам следует быть предельно осторожным, соблюдать все меры безопасности и требования дорожных знаков. Выезжать на переправу следует со скоростью не более 20 км/час, без толчков и торможения. Важно держать установленную дистанцию между движущимися в одном направлении автомобилями.

Берегите себя и тех, кто рядом!

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

09 Jan, 05:01


❗️Внимание ВАКАНСИЯ

В районную администрацию МР "Мегино-Кангаласский улус" требуется Главный специалист по информационным технологиям на время декретного отпуска основного работника.

Полный социальный пакет, стабильная зарплата два раза в месяц.

📧Резюме направлять на электронную почту: [email protected]

📲Контактные данные:
+7 (41143) 47-418

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

09 Jan, 03:37


УЛУУСПУТ НЭҺИЛИЭКТЭРИНЭН - "КЫАЙЫЫ ЗНАМЯТА" ЭСТЭПИЭТЭ

Бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутугар Баатара нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан "Бары бииргэ - Кыайыыга" диэн девизтээх "Кыайыы Знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни көрүстүбүт.

Бүгүҥҥү бэлиэ тэрээһиҥҥэ Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Неустроев, Хара нэһилиэгин баһылыга Дария Назарова, Ходоро нэһилиэгин баһылыга Виктор Федоров, Догдоҥо нэһилиэгин баһылыга Петр Сивцев, Баатара нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Акимов, 1-кы Баатара нэһилиэгин баһылыга Петр Андросов, Хорообут нэһилиэгин баһылыга Гаврил Бродников, Мэлдьэхси нэһилиэгин баһылыга Валерий Никифоров кыттыыны ыллылар.

Эстэпиэтэ салгыы улууспут нэһилиэктэрин кэрийэн, сарсын, тохсунньу 10 күнүгэр, Амма улууһугар айанныаҕа.

Салгыыта ⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

29 Dec, 13:20


Бу дьыл ахсынньы ый 22 күнүгэр I Баатара нэһилиэгин олохтоохтоохторо, Корякиннар дьиэ кэргэн дьиэлэрэ-уоттара, гаражтара бүтүннүү уокка былдьанан, аһаҕас халлаан анныгар, турар бэйэлэрэ эрэ хаалбыттара.

Бу алдьархайга нэһилиэк дьоно туора турбакка түмсэн, биир санаанан салайтаран, ахсынньы 28 күнүгэр аһымал концерт тэрилиннэ. Бу күн уопсайа 170 тыһ. солк киирдэ, уопсайа 830 тыһ. курдук көмө оҥоһулунна.

Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут олохтоохторун, урбаанньыттары, уопсастыбаннай түмсүүлэри таҥаһынан-сабынан, туттар тэриллэринэн, аһынан-үөлүнэн, харчынан көмөлөһөргүтүгэр ыҥырабын.
Корякин И.И. таҥнар таҥаһа 50 размер, атаҕын размера 42 размер. Корякина В.С таҥнар таҥаһа 42-44 размер, атаҕын таҥаһа 35 размер. Сиэннэрэ Корякин Кеша 2 кылаас үөрэнээччитэ атаҕын таҥаһа 35-36 размер. Көмөнү хомуйар анал пуун 1 Баатара дьаһалтатыгар сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри аана аһаҕас. Билсэр нүөмэрдэр: 89841057662 (Яна Николаевна Попова), 89142388736 (Емельянова Зинаида Александровна). Биир дойдулаахтарбыт харчынан көмөҕүтүн Корякин Иннокентий Иннокентьевич счетугар ыытыаххытын сөп.
КОРЯКИН ИННОКЕНТИЙ ИННОКЕНТЬЕВИЧ
Счётун номера: 40817810676001254005
Моб.баана 89247632895 (сбербаан).

Күн киһитэ көмүскэс - айыы киһитэ аһыныгас!

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

28 Dec, 11:39


МАЙА СЭЛИЭННЬЭТИГЭР ҮӨРҮҮЛЭЭХ ДЬОРО КҮН ҮҮННЭ

Бүгүн, ахсынньы 28 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев үлэ бэрээдэгинэн улууспутугар үлэлээтэ. Сырыытын киэн туттар биир дойдулаахпыт, Баатара нэһилиэгиттэн төрүттээх сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууран сүгүрүйүүттэн саҕалаата.
 
Бу күн Майа сэлиэнньэтигэр "Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү" бырагырааманан аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир, тыа сиригэр бастакы лииптээх, сэттэ этээстээх, тупсаҕай оҥоһуулаах саҥа таас дьиэ үлэҕэ киирэр үөрүүлээх дьоро күнүгэр Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бары үтүөнү баҕаран туран олохтоохторго үөрүүлээх быһыыга күлүүстэри туттарда.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов бүгүҥҥү үөрүүлээх күн үүммүтүнэн саҥа дьиэ олохтоохторугар алаһа дьиэлэрэ сылааһынан туоллун, үгүс үөрүүнү-дьолу аҕаллын, куруук ил-эйэ уйаланнын диэн баҕа санаатын эттэ.
 
Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

28 Dec, 09:47


ДАН СТАРТ РЕСПУБЛИКАНСКОЙ ЭСТАФЕТЕ "ЗНАМЯ ПОБЕДЫ"

Сегодня, 28 декабря, Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев в рамках рабочего визита в нашем улусе, селе Майя, провел выездное заседание республиканского Организационного комитета "Победа" по подготовке и проведению празднования 80-летия в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.

В преддверии 80-летия Великой Победы состоялась значимая церемония, посвященная увековечиванию подвига нашего народа в Великой Отечественной войне. Это событие стало символом нашей благодарности и гордости за героизм наших воинов и тружеников тыла, которые отдали все силы ради защиты Отечества.

Эстафета «Знамя Победы», проходящая под девизом «Вместе к Победе!», призвана объединить сердца и умы всех поколений, напомнить о значении подвига наших предков и вдохновить на новые свершения. Глава республики Айсен Николаев торжественно вручил Знамя главе улуса Дмитрию Тихонову.

Далее ⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

28 Dec, 04:39


Бүгүн Тапталлаах Майабытыгар өссө биир саҥа таас дьиэ дьэндэйдэ, 70 дьоллоох ыалга күлүүстэрин Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев туттарда. Бу дьиэ дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин олохтообут "Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү" бырагырааманан олоххо киирдэ.

Аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир, киэҥ-куоҥ, тупсаҕай оҥоһуулаах 7 этээстээх, тыа сиригэр бастакытын лииптээх дьиэни биир дойдулаахтарбыт Николай Святославович Докторов салайааччылаах "Мегинострой" тэрилтэ тутан үлэҕэ киллэрэн олохтоохтор саҥа сылы Саҥа дьиэҕэ көрсө үөрүүлэрэ икки бүк үрдээтэ.

Саҥа дьиэ олохтоохторго үгүс үөрүүнү-көтүүнү, дьолу-соргуну эрэ аҕалыа диэн эрэнэбин.

...

Сегодня в нашем селе Майя прошло знаменательное событие — введен в эксплуатацию семиэтажный жилой дом. Ключи от новых квартир получили 70 счастливых семей, и их вручил наш Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев! Этот долгожданный момент стал возможен благодаря реализации федеральной программы «Переселение граждан из аварийного жилья», инициированной Президентом нашей страны Владимиром Путиным.

Впервые в истории сельской местности нашей республики 7-этажный дом с лифтом, который отвечает всем современным требованиям, стал возможен благодаря усилиям наших земляков — компании "Мегинострой" под руководством Николая Святославовича Докторова. Этот новый дом стал настоящим подарком для всех новоселов, которые смогут встретить Новый год в уютных и комфортных условиях.

Поздравляю всех новоселов с этим важным событием! Желаем вам счастья, уюта и благополучия.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

27 Dec, 13:12


Күндү дьонум-сэргэм, суоппардар!

Халлааммыт тымныйан, дьыбардаах күннэрбит кэллилэр. Онон айаннааччыларга суолга-иискэ сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буоларгытыгар ыҥырабын. Тиэтэйбэккэ, суол быраабылатын тутуһан, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ. Эһигини дьиэҕигитигэр чугас дьоҥҥут, тапталлаах дьиэ кэргэҥҥит күүтэллэрин умнумаҥ! Этэҥҥэ буолуҥ, көнө суолу, күөх уоту баҕарабын!

...

Дорогие жители и гости нашего улуса! Уважаемые водители!

С наступлением морозных дней настоятельно призываю вас быть предельно осторожными и внимательными на дорогах. Не превышайте скорость и помните, что дома вас ждут ваши близкие и родные.

Берегите себя и своих пассажиров! Всем желаю безопасной дороги!

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

27 Dec, 09:49


Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Иннокентий Андросов бэрэссэдээтэллээх дьокутааттар Сэбиэттэрин уон иккис уочараттаах сиэссийэлэрэ ыытылынна.

Сиэссийэҕэ муниципальнай бас билиини салайыы, туһаныы, дьаһайыы бэрээдэгин балаһыанньатыгар көннөрүүлэр киириилэрин, "Мэҥэ Хаҥалас улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын хайысхаларынан үлэтин-хамнаһын көрдөрүүлэрин, улуус дьаһалтатын баһылыгын үлэтин сыаналааһын туһунан, дьаһалта үлэһиттэрин тутулугар уларыйыылар тахсыбыттарын, улуус сиригэр-уотугар аһаҕас иһитиннэриилэри уонна уопсастыбаннай дьүүллэһиини тэрийии бэрээдэгин балаһыанньатын бигэргэттилэр. Ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын эйгэтигэр судаарыстыбаннай анал боломуочуйалар оройуон бэйэни салайыныытыгар бэриллиилэригэр саҥа хамсааһыннар киириилэрин үөрэтэн көрөргө быһаарыныы ылыннылар.

Түмүккэ муниципальнай оройуон 2025 сыллааҕы уонна былааннаммыт 2026-2027 сыллардааҕы бүддьүөт барылын ылыннылар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

27 Dec, 04:53


МӨҤҮРҮӨН НЭҺИЛИЭГЭР САҤА ТААС ДЬИЭ ҮЛЭҔЭ КИИРДЭ

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, Мөҥүрүөн нэһилиэгэр «Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагыраама нөҥүө тутуллубут толору хааччыллыылаах, түөрт кыбартыыралаах таас дьиэ үлэҕэ киирэр долгутуулаах дьоро күнэ үүннэ.

Саҥа эбийиэк бар дьон үөрүүтүгэр үгүс сылларга куруук сылаас, сырдык буоларыгар уот оттон, алгыс түһэрии сиэрин-туомун Петр Тихонов толордо.

Бэлиэ күнүнэн оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, улуус баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов, тутуу салалтатын начаалынньыга Илья Григорьев, нэһилиэк баһылыга Юрий Александров, “Аурис” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Алексей Колочев эҕэрдэ тылларын эттилэр, саҥа эбийиэк киириитигэр кылааттарын киллэрбит бар дьоҥҥо махтанан туран наҕараадалары туттардылар.

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

08 Dec, 00:19


Бүгүн Дьоруойбут күнэ!

Киэн туттар биир дойдулаахпыт, Баатара нэһилиэгиттэн төрүттээх сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов бүгүн төрөөбүтэ 103 сыла бэлиэтэнэр.

Биһиги Дьоруойбут үтүө аата хайа да кэмҥэ сахабыт норуотун, ыччаттарбытын инникигэ, үрдүккэ сирдиир, сырдыкка угуйар. Кини хорсун быһыыта биһигини барыбытын, кэнчээри ыччаты төрөөбүт дойдуга муҥура суох тапталлаах, бэриниилээх буолууга үөрэтэр, ыҥырар.

Баара-суоҕа 21 саастаах эдэркээн саха ньургун уола Федор Попов эйэлээх халлаан иһин килбиэннээх хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллубат, кини Албан аата үйэ-саас тухары тыыннаах!
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!



Чтим память Героя Советского Союза Федора Попова

Сегодня, 8 декабря, мы отмечаем 103 года со дня рождения Федора Кузьмича Попова, первого из народа Саха, удостоенного высокого звания Героя Советского Союза.

1 октября 1943 года красноармеец Федор Попов одним из первых в своем полку переправился через реку Днепр у деревни Глушец в Лоевском районе Гомельской области Белорусской ССР и удерживал плацдарм до переправы основных сил. Благодаря его отваге и смелым действиям удалось успешно перейти реку и другим подразделениям полка. Федор Кузьмич Попов стал первым воином из народа саха, которому было присвоено звание Героя Советского Союза.

За образцовое выполнение боевых заданий командования на фронте борьбы с немецко-фашистскими захватчиками, а также за проявленные мужество и героизм, красноармейцу Федору Кузьмичу Попову посмертно было присвоено звание Героя Советского Союза.

Федор Кузьмич Попов показал всем нам яркий пример безграничного мужества, стойкости и истинной любви к Родине. Его подвиг стал символом преданности и храбрости, вдохновляя будущие поколения на защиту Отечества. Мы всегда будем помнить и чтить память наших героев. Их подвиги не должны быть забыты, они служат важным напоминанием о ценности мира и единства.

Никто не забыт, ничто не забыто!

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

07 Dec, 12:54


«ДЬОЛ КЭРЭҺИТЭ КЫТАЛЫК» ҮБҮЛҮӨЙДЭЭХ КЭНСИЭР

Бүгүн, ахсынньы 7 күнүгэр, Дьокуускай куорат "Сэргэлээх" култуура киинигэр «Кыталык» үҥкүү народнай ансаамбыла тэриллибитэ 45 сылыгар уонна аатырбыт саха артыыһа, драматург, хореограф, мас ууһа Иоаким Избеков-Уустаах Избеков төрөөбүтэ 115 сылыгар анаммыт тоҕус көлүөнэ кыттыылаах
«Дьол кэрэһитэ Кыталык» үбүлүөйдээх кэнсиэрэ ыытылынна.
 
Бу сыллар тухары ансаамбыл саха норуотун баай ис хоһоонноох култууратын бүтүн Арассыыйаҕа, тас дойдуларга ааттатан, дьон-сэргэ сөҕүүтүн-махтайыытын ылан кэллэ. Үгүс көлүөнэ ыччат үүнэн-сайдан, кыра саастарыттан кэрэ эйгэтигэр уһуйуллан, баай өйдөөх-санаалаах, айар-тутар талааннаах, чэгиэн туруктаах, көхтөөх дьон буола үүнэн тахсарыгар тирэх буолар.

Салгыыта ⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

07 Dec, 07:50


САНААЙА ТӨЛКӨЛӨӨХ ТҮҺҮЛГЭТЭ

Бүгүн, ахсынньы 7 күнүгэр, Аллараа Бэстээх Р.И. Брызгалов аатынан Транспортнай техникум уораҕайыгар биир дойдулаахпыт, тумус туттар киһибит - педагогическай наука кандидата, доцена, Арассыыйатааҕы естественнэй наукалар академияларын бочуоттаах профессора Попова Галина Семеновна-Санаайа 75 сааһыгар аналлаах «Тыын. Удьуор тыына. Тыын кут туурата өйдөбүлү уонна текиһи токеоолооһун" Бүтүн Россиятааҕы научнай практическай конференция киэҥ далааһыннаахтык ыытылла турар. Бу туһунан Гавриил Колесов аатынан Олоҥхо Дьиэтин уус-уран салайааччыта Айта Васильева сырдатта.

Конференция үөрүүлээх аһыллыытын Дьабыыл нэһилиэгиттэн эдэр алгысчыт Денис Оконешников алҕаан арыйда, оһуохайдаан биир ситимҥэ киллэрдэ, Г.С.Попова-Санаайа саха күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын, үгэһин сыл хаамыытынан сааһылаан, толкуйдаан, торумнаан оҥорбут “Үгэс сыллааҕы эргииринэн” саҥа үүммүт Билгэ ыйбыт сиэрин-туомун оҥордулар

Салгыыта ⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

07 Dec, 04:56


Бэҕэһээ Хаҥалас улууһун илин эҥэр сытар нэһилиэктэрин «Октябрь 50 сыла сопхуос» тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар кээпэрэтиибин сылы түмүктүүр тэрээһинигэр кыттыыны ыллым.

Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн сылгы-сүөһү ахсаанын аччаппакка, төттөрүтүн улаатыннарбыт улууһунан Хаҥалас буолар. Маныаха туруу үлэһиттэрдээх «Октябрь 50 сыла сопхуос» кылаата баара саарбахтаммат. Ханна да тиийдэрбин бу үлэни өрө туппут дьону барыларын билэбин, кинилэри кытта алтыһабын уонна мэлдьи түмсүүлээх, иллээх-эйэлээх, бииргэ тутуһан сылдьан, күүстээх үлэни кыайаллар диэн киэн тутта кэпсиибин.

Норуот дьокутаата буоларым быһыытынан, кээпэрэтиип салайааччыта, бииргэ талыллан дьокутааттыы сылдьар Тихон Скрябины кытары тыа хаһаайыстыбатын инники кэскилин туһунан элбэхтэ кэпсэтэбит, сайдар кэскилин торумнуубут.

Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев, өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата бу хайысхаҕа улахан болҕомтолорун ууралларын бары да бэркэ көрө-истэ сылдьабыт. Ол үлэ түмүгүнэн аҕыйах хонуктааҕыта Ил Түмэн бүтэһик сессиятыгар ылыллыбыт саҥа сокуону ааттыахха сөп. Бу сокуону дьон-сэргэ үчүгэйдик билиэн-көрүөн наада, олоххо киирдэҕинэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар саҥа үктэл буолуо.

Бэйэм өттүбүттэн, тыа сирин туһунан биэриилэр кэлэр 2025 сылга «Саха» НКИХ ханаалларыгар өссө элбиэхтэрэ.

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

26 Nov, 10:48


ВЫЕЗДНОЕ МЕРОПРИЯТИЕ ПО ПРОФИЛАКТИКЕ ПРАВОНАРУШЕНИЙ
 
Сегодня на базе Техтюрской СОШ им. И.М. Романова состоялось выездное мероприятие в рамках месячника профилактики правонарушений.
 
В первой половине дня для обучающихся с 6 по 11 класс юрист МКУ «Мегино-Кангаласское районное управление образования» Андрей Афанасьев, инспектор ПДН ОМВД России по Мегино-Кангаласскому району Иван Куприянов, инспектор по пропаганде БДД ОГАИ ОМВД России по Мегино-Кангаласскому району Сардаана Маркова провели беседы по темам “Права и обязанности несовершеннолетних”, “Административная и уголовная ответственность”, “Правила безопасности дорожного движения, административная ответственность”, а также психологами была проведена индивидуальная работа с подростками и родителями по заявкам.

Во второй половине дня для классных руководителей был проведен семинар и лекция родителям по профилактике правонарушений. Лекторами выступили:

Далее⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

26 Nov, 09:21


ДОРУОБУЙАЛАРЫНАН ХААЧЧАХТААХ ДЬОҤҤО УЛУУСТААҔЫ СПАРТАКИАДА ЫЫТЫЛЫННА
 
Бүгүн Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр Т.Пинегин аатынан “Парус” спорт уораҕайыгар доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дэкээдэлэрин чэрчитинэн улуустааҕы спартакиада ыытылынна.
 
Уопсайа 7 көрүҥҥэ Хара, Төҥүлү, Догдоҥо, Ороссолуода, Дьабыыл, Дьаҥхаады, 1-кы Тыыллыма, Нөөрүктээйи, Хорообут, Мэҥэ, Ходоро нэһилиэктэриттэн, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн уонна Майа сэлиэнньэтиттэн 13 хамаанда күөн көрүстэ. Күрэх кылаабынай судьуйатынан Гаврил Попов үлэлээтэ.
 
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева,нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун биир кэлим киинин салайааччыта Иван Шестаков,

Салгыыта⏬️⏬️⏬️
 

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

10 Nov, 14:47


Улууспут биир бастыҥ үлэлээх Ф.Г. Охлопков аатынан оскуолатын остолобуойун үлэһиттэрэ "Оскуола бастыҥ остолобуойа" бүтүн Арассыыйатааҕы күрэх лауреаттарынан ааттаннылар.

Ааспыт сылга "Оскуола бастыҥ остолобуойа" өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыайыылаах тахсан, Арассыыйа таһымыгар Сахабыт сирин аатын көмүскүүр чиэскэ тиксибиттэрэ. Бу күннэргэ Мордовия Өрөспүүбүлүкэтин Саранск куоратыгар ситиһиилээхтик күрэхтэһэн кэллилэр.

Барыта 75 эрэгийиэнтэн 104 оскуола үлэһиттэрэ күөн көрсүбүттэриттэн, докумуон көрөөһүнэ, видеоролик, сарсыардааҥы аһылык быыстапката, төрөппүт ыйытыгар тута хоруйдааһын курдук түһүмэхтэри ааһан, финалга, онтон суперфиналга тахсан лауреат үрдүк аатын сүктүлэр.

Арассыыйа таһымыгар үлэлэригэр бэриниилээх сыһыаннарын, идэлэрин толору баһылаабыттарын көрдөрбүт Мария Лыткинаҕа, Любовь Лыткинаҕа, Татьяна Марковаҕа, Михаил Семеновка, кинилэргэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут информатизация эйгэтигэр дириэктэри солбуйааччы Олег Петровка уонна эбии үөрэхтээһин учууталыгар Игорь Игнатьевка улууспут дьонун-сэргэтин ааттарыттан итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбин. Инникитин даҕаны сылаас, минньигэс аһы астаан, оҕолорбут үөрэҕи-билиини сомсоллоругар кылааккытын киллэрэ туруоххут диэн эрэнэбин.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

10 Nov, 00:05


Ис дьыала Министиэристибэтин Мэҥэ Хаҥаластааҕы салаатын
бары үлэһиттэрин, араас сылларга үлэлээбит бэтэрээннэрин бүгүҥҥү идэлээх күҥҥүтүнэн улууспут дьонун-сэргэтин, салалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин!
 
Эһиги эр санаалаах, күннэтэ дьоммут-сэргэбит нус-хас олороллорун хааччыйар, араҥаччылыыр, хайа баҕар түгэҥҥэ көмөҕө кэлэр, түүнү-күнүһү аахсыбакка сыралаах үлэҕит иһин махтал тылларбын тиэрдэбин.
 
Күннэтэ ыарахан диэн чаҕыйбакка, уустук диэн толлубакка, иннин диэки эрдэн иһэр Ийэ дойдуга бэриниилээх уонна дьоһун үлэҕит сарсыҥҥы күҥҥэ эрэл, бигэ туруктаах, эйэлээх олох туоһута буолар.
 
Хас биирдиигитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну, чэгиэн туругу, саҕалаабыккыт үтүө түмүктээх, ылсыбыккыт үрдүк ситиһиилээх буоллун диэн баҕа санаабын аныыбын.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

09 Nov, 11:30


УЛУУСПУТ СОЦИАЛЬНАЙ-ЭКОНОМИЧЕСКАЙ САЙДЫЫТЫН ТОРУМНУУР БЫРАЙЫАКТАРЫ КӨМҮСКЭЭТИЛЭР

Сэтинньи 7-8 күннэригэр улуус дьаһалтатын, салалталар, тэрилтэлэр исписэлиистэрэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай-экономическай сайдыытын тула оҥорбут бырайыактарын көмүскээтилэр.

Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов доруобуйа харыстабылын систиэмэтэ сайдарыгар уонна уопсастыбаннай доруобуйа бөҕүргүүрүгэр, дьадайыыны утары охсуһууга, үөрэхтээһин биир тэҥ тиһигэ, креативнай экэниэмикэ, олохтоох оҥорон таһаарыы уонна туризм сайдыытыгар бырайыактары икки күн устата иһиттилэр, көдьүүстээх үлэ барбытын бэлиэтээтилэр.

Ил Дархан Айсен Николаев стратегическай ыйааҕар олоҕуран оҥоһуллубут улууспут сайдар суолун торумнаабыт бырайыактар салгыы бигэргэтиллэн, эһиил муниципальнай бырайыактарга киирэн үбүлэнэллэрэ былааннанар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

08 Nov, 10:25


НАЧАЛИСЬ РЕЙДОВЫЕ МЕРОПРИЯТИЯ НА НЕСАНКЦИОНИРОВАННЫХ ПЕРЕПРАВАХ

Сегодня, 8 ноября, по утвержденному графику административная комиссия МР «Мегино-Кангаласский улус» совместно с сотрудниками центра ГИМС ГУ МЧС России по РС (Я), а также Госавтоинспекции МВД России по Мегино-Кангаласскому району провели рейд по выявлению нарушений, связанных с несанкционированным выездам транспортных средств на лед реки Лена.

Напоминаем, что выезд транспортного средства на лед до открытия официальной переправы влечет наложение административного штрафа на граждан в размере от трех до пяти тысяч рублей, на должностных лиц от двадцати до пятидесяти тысяч рублей, на юридических лиц от ста тысяч до одного миллиона рублей.

По итогам рейда составлено протоколов по ст. 9.10 КоАП РС(Я) в отношении 7 граждан.

Далее ⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

08 Nov, 09:14


ДЬАДАЙЫЫНЫ УТАРЫ ҮЛЭЛИИР КЭМИТИЭТ СҮБЭ МУННЬАХХА МУҺУННА

Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, улуус дьаһалтатыгар дьадайыыны утары үлэлиир кэмитиэт сүбэ мунньахха муһунна. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева мунньаҕы иилээн ыытта.

Санатар буоллахха, 2023 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев дьадайыыны утары ылыллар миэрэлэр туһунан стратегическай ыйаахха илии баттаабыта. Биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы таһыма икки төгүл намтыахтаах, дьон олоҕун хаачыстыбата тупсуохтаах.

Бу сырыыга хайысхаларынан эппиэтинэстээх дьон үлэлэрэ хайдах баран иһэрин тула кэпсэттилэр. Күн бүгүн кэмитиэт уопсайа 12 хайысханан үлэлии сылдьар. Ыытыллыбыт үлэ сөптөөҕүн, дьоммут-сэргэбит бигэ туруктаах олохтоноругар ыытыллар үлэ тэтимин ыһыктыбакка салҕанарыгар бэлиэтээтилэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

08 Nov, 02:36


❗️ В Мегино-Кангаласском районе направлено в суд уголовное дело о незаконном обороте золота стоимостью более 4,7 млн рублей
 
Прокуратура Мегино-Кангаласского района утвердила обвинительное заключение по уголовному делу в отношении двух жителей Республики Башкортостан. Они обвиняются по ч. 5 ст. 191 УК РФ.

По версии следствия, обвиняемые, прибыв на своем автомобиле летом текущего года из Республики Башкортостан в Ягоднинский район Магаданской области, незаконно добыли с помощью металлоискателя золото стоимостью более 4,7 млнрублей.

Вместе с тем, на обратном пути они задержаны на территории п. Нижний Бестях Мегино-Кангаласского района, при осмотре салона и багажника автомобиля UAZ PATRIOT, в самодельном тайнике обнаружены и изъяты драгоценные металлы, являющимся природным золотом.

После утверждения обвинительного заключения уголовное дело направлено прокуратурой района в суд для рассмотрения по существу. Драгоценный металл изъят.

За совершение указанного преступления мужчинам грозит наказание в виде лишения свободы сроком до семи лет.

Преступление выявлено сотрудниками ГИБДД, расследовано СО ОМВД России по Мегино-Кангаласскому району.
 

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

07 Nov, 13:03


ЧҮҮЙЭ ОРТО ОСКУОЛАТА ИЛ ДАРХАНТАН САҤА ГАЗ АВТОБУС КҮЛҮҮҺҮН ТУТТА

Бүгүн Дьокуускай куоракка Ил Дархан Айсен Николаев 20 үөрэх тэрилтэтигэр саҥа ГАЗ автобус күлүүһүн үөрүүлээх быһыыга туттарда.

Бу үөрүүлээх күҥҥэ дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит бырагырааматынан ылыллыбыт автобустартан биирдэстэрэ Милан Илларионов салайааччылаах В.В. Скрябин аатын сүгэр Чүүйэ орто оскуолатыгар кэлэн, кэлэктиип уонна үөрэнээччилэр үөрүүлэрэ үксээтэ.

Автобустар Сахабыт сирин тыйыс айылҕатын усулуобуйатыгар уонна суолугар сөп түбэһэллэрэ, үөрэнээччилэри куттала суохтук уонна сынньалаҥнык айанныылларыгар ирдэбилгэ толору эппиэттииллэрэ бэлиэтэнэр.

Саҥа автобус үйэлээх, кэлэктиипкэ туһалаах буоллун диэн баҕа санаабыт бастыҥын аныыбыт!

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

07 Nov, 12:53


АГРОСТАРТАП КЫАЙЫЫЛААХТАРЫН ЭҔЭРДЭЛИИБИН

Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийэн ыытар "Агростартап" куонкуруһугар уопсайа 85 сайаапка киирбититтэн 16 саҥа пиэрмэр бырайыагын көмүскээн граҥҥа тигистэ.

Бу иһиттэн түөрдэ - биһиги улууспут үлэһит дьоно. Ол курдук, Моорук нэһилиэгиттэн Уваровскай Виктор ынах-сүөһү көрүүтүгэр, Хорообуттан Чугунов Владислав уонна Баатараттан Варламов Эдуард сылгы иитиитигэр, Хаптаҕай нэһилиэгиттэн Максимов Михаил үүнээйи олордуутугар өйөбүл ылары ситиһэн, төрүт дьарыкпытын, тыабыт хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ылсан үлэлэһиэхтэрэ.

Чахчы да, “Агростартап” куонкурус ынах сүөһү, сылгы, оҕуруот аһын үүннэрии хайысхаларынан утумнаахтык дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо олус туһалаах, дьоһун өйөбүл, көмө буолар.

Кыайыылаах пиэрмэрдэрбитин ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибин.
Үлэҕит-хамнаскыт таһаарыылаах, бигэ туруктаах буоллун!

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

04 Nov, 03:51


Уважаемые земляки!

4 ноября в нашей стране отмечается День народного единства. Этот праздник символизирует силу России и объединение народа для общих целей по защите её независимости, многонациональной культуры, истории и традиций.

Любить свою Родину, чтить память и уважать наследие предков, трудиться на благо страны – это наши общие ценности, близкие и понятные каждому человеку. Именно работники культуры являются проводниками этих идей в гражданском обществе. Недаром в советское время их называли бойцами невидимого фронта.

В это непростое время для нашей страны очень важна сплоченность. Поэтому все наши силы и творчество должно быть направлены на поддержание национального единства, культурной самобытности и патриотизма – все это является прочным фундаментом для развития нашей Родины.

Пусть сегодняшний день вдохновляет нас на новые достижения и свершения! Желаю вам и вашим семьям здоровья, добра, благополучия и взаимопонимания!

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

04 Nov, 03:50


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, ыалдьыттара!

Бука барыгытын Сомоҕолоһуу Күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

«Норуот күүһэ ‒ көмүөл күүһэ» диэн бэргэн этии бу күн ис хоһоонун, суолтатын толору арыйар. Ханнык да уустук кэмнэргэ дьиэ кэргэнтэн саҕалаан түөлбэ, уопсастыба, норуот биир санааны ылыннаҕына тугу барытын тулуйар уонна кыайар. Ол туоһутунан, улууспутугар элбэх омук бииргэ олорор, үлэлиир, айар-тутар усулуобуйата толору баар.

Биһиги иннибитигэр турар соруктарбыт кэскиллээхтэр уонна олоххо киирэн иһэллэр: Өлүөнэ Эбэни туоруур муоста тутуутун кытта инники сайдыыбыт ыкса ситимнээх, улууспут кииннэрэ Аллараа Бэстээх уонна Майа салгыы тупсан, кэҥээн иһиилэрэ, нэһилиэктэргэ гаас ситимин тиэрдии, суоллары оҥоруу, социальнай хайысхалаах эбийиэктэри тутуу, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү о.д.а. Байыаннай дьайыы буола турар кэмигэр, Кыайыыны чугаһатан, бүттүүн улууһунан, ким да туора турбакка, көмөлөһө олорорбут ‒ бу сомоҕолоһуу, биир санааланыы чаҕылхай туоһута. Тыа сирэ чөл олорорун, тыа хаһаайыстыбата эрэллээх илиигэ хааларын туһугар ыччаппытын күннэтэ биир санааланыы, сомоҕолоһуу тыыныгар, үлэҕэ ииттэхпитинэ эрэ үтүө түмүктэри көрүөхпүт.

Сиһилии ⬅️

Андрей Находкин,
норуот дьокутаата
.

@gazetaerkeii
@ulusmedia

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

04 Nov, 00:05


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, бар дьонум!
 
Бүгүн дойду үрдүнэн Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күнүнэн улуус салалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин.
 
Бу күн хас биирдиибитигэр биир сомоҕо буоларбытын, санаабыт күүһүн  уонна бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан, ытыктабыл, эрэл баар буоларын санатар кэрэһитэ буолар.
 
Сомоҕолоһуу күнэ доҕордоһуу, хардарыта өйдөһүү, хас биирдии норуот илдьэ сылдьар үгэстэригэр ытыктабыллаах сыһыан эрэ буолбакка, атын норуоттары кытта биһиги баай култуурабытын, үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит төрүт үгэстэрбитин ситимниир кыах буолар.
 
Биһиги норуоппут хайа баҕарар түгэҥҥэ бука бары түмсэн, биир санаанан салайтаран айан-тутан, үлэлээн-хамсаан кэллибит. Инникитин даҕаны төрөөбүт дойдубут инники кэскилин туһугар үлэбит үтүө түмүктээх, ылсыбыппыт үрдүк ситиһиилээх буоллун!
 
Бу бэлиэ күнүнэн баҕарабын чэгиэн-чэбдик туругу, иллээх-эйэлээх олоҕу, үгүс ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну! Хас биирдии күммүт сырдыгынан, үтүө сыһыанынан, дьолунан толору буоллун!

Сегодня отмечаем один из государственных праздников в России-День народного единства.
Этот праздник напоминает нам о важности сплоченности и взаимопомощи. Он символизирует нашу дружбу, взаимопонимание и уважение к традициям друг друга.

В этот особенный день хочу пожелать вам крепкого здоровья, счастья и благополучия! Пусть каждый день будет наполнен радостью, теплом и любовью ваших близких!
 
@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

03 Nov, 07:44


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо уонна ыалдьыттара!

Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө улууспут нэһилиэктэригэр ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Эһигини күүтэр табаарыстыы көрсүһүүлэр🤝, интэриэһинэй куонкурустар💥, тургутуктар📝, көлүөнэлэринэн көрсүһүүлэр☀️, күргүөмнээх субуотунньуктар✊🏻, спортивнай күрэхтэһиилэр🏆🏐, бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэр🎼🎤.

Бу күнү бука бары бииргэ түмсэммит, биир сомоҕо буолан көрсүөҕүҥ!

“Мэҥэ Хаҥалас улууһа” МО дьаһалтата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

01 Nov, 12:30


Баай Байанай ыйын көрсө, Тараҕай нэһилиэгин Көтөт Күөлүгэр И.М. Романов аатынан Төхтүр, Майаттан Ф.Г. Охлопков, В.П. Ларионов аатынан орто оскуолалар, И.Г. Тимофеев аатынан лицей, Аллараа Бэстээх 2-ис нүөмэрдээх уонна М.Е. Попов аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрин кытта улуустааҕы Аҕа Сүбэтин көҕүлээһининэн муҥхаҕа муһуннубут.

Саха омуга былыр-былыргыттан айылҕаны кытта алтыһан, ситиммитин быспакка үйэлэри уҥуордаан, тыйыс айылҕалаах дойдубутугар баччаҕа дылы айан-тутан, тапталлаах дойдубутун сылаас тыыннаан
олох олорон кэллэхпит.

Бүгүҥҥү тэрээһин сүрүн соругунан кэнчээри ыччаппыт төрүт үгэстэрбитигэр, өбүгэбит мындыр сатабылларыгар оҕолорбутун уһуйуу, онно олоҕуран олоххо бэлэмнээһин буолар.

Уолаттарбыт үлэттэн туора турбакка, күргүөмүнэн үлэлээн бэрт үчүгэй умнуллубат күнү бэлэхтээтилэр.
Ыччаттарбытыгар маннык тэрээһиннэри дьыл хаамыытыгар, үгэстэрбитигэр сөп түбэһиннэрэн ыыта туруохпут.

Күөх Боллох оҕонньор бука барыбытын көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн дьиэбитигэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах тарҕастыбыт.
Тараҕай нэһилиэгин үлэһит дьонугар, үтүө түөлбэтигэр махтанабыт!

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

01 Nov, 03:04


❗️ Возбуждено уголовное дело о мошенничестве с причинением ущерба на сумму более 18,5 млн рублей

❗️Прокуратура Амгинского района признала законным возбуждение следователем СГ ОМВД России по Амгинскому району уголовного дела по ч. 4 ст. 159 УК РФ (мошенничество, совершенное в особо крупном размере).

❗️При возбуждении уголовного дела установлено, что в период с июня по сентябрь 2024 года, злоумышленники убедили руководителя одного из предприятий района заработать деньги путем инвестиций через мобильное приложение «Terminal». В результате мошеннических действий мужчина перевел на счета злоумышленников более 2,9 млн рублей.

❗️Далее, под влиянием мошенников, потерпевший убедил 11 своих знакомых заняться инвестиционной деятельностью, перевести их деньги, в том числе взятые в кредит на его счета, которые он также впоследствии перевел мошенникам. Сумма потерь названных лиц составила от 98 000 до 4 855 000 рублей.

Всего таким образом мошенниками похищено более 18,5 млн рублей.

В настоящее время по уголовному делу проводятся следственные мероприятия, ход его расследования находится на контроле прокуратуры.

‼️‼️‼️Прокуратура республики настоятельно рекомендует гражданам воздержаться от поступающих предложений о получении высокого дохода за короткий промежуток времени, от установки сторонних приложений, от передачи данных карт и счетов, кодов из СМС и пуш-уведомлений, проверять во всех случаях информацию о банке и брокере, который должен иметь лицензию Центрального банка России.

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

01 Nov, 01:58


ВЫЕЗД НА ЛЁД ДО ОФИЦИАЛЬНОГО ОТКРЫТИЯ ЛЕДОВЫХ ПЕРЕПРАВ СТРОГО ЗАПРЕЩЕН

Несанкционированный выезд на лёд может привести к серьезным последствиям, включая административную ответственность. Помните, что за пределами официально организованных переправ никто не может гарантировать безопасность: толщина льда может быть недостаточной, а наличие промоин, трещин и наледей создает дополнительные риски.

Согласно статье 9.10 Кодекса об административных правонарушениях Республики Саха (Якутия), за несанкционированный выезд на лёд предусмотрены следующие штрафы:

для граждан: от 3 до 5 тысяч рублей;

для должностных лиц: от 20 до 50 тысяч рублей;

для юридических лиц: от 100 тысяч до 1 миллиона рублей.

Берегите свою жизнь и здоровье! Соблюдайте правила и не рискуйте своей жизнью и жизнью ваших близких.

Пресс-служба администрации МР "Мегино-Кангаласский улус"

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

01 Nov, 01:13


Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин "Роспотребнадзор" салалтатын салайааччытын солбуйааччы Наталья Борисовна Борисова улууспутугар "Роспотребнадзор" салайааччытынан анаммыт Евгений Викторович Исаковы билиһиннэрдэ.

Евгений Викторовичка дьоммут-сэргэбит доруобуйата көмүскэллээх буоларыгар уонна хааачыстыбалаах өҥөнү ылалларыгар бииргэ үлэлиэхпит диэн туран ситиһиилээх үлэни баҕарабын.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

31 Oct, 07:33


НАЦИОНАЛЬНАЙ БЫРАЙЫАКТАР ТУЛА СҮБЭ МУННЬАХ

Бүгүн улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар национальнай бырайыактар тула сүбэ мунньах ыытылынна. Мунньахха салалталар салайааччылара, тустаах исписэлиистэр кыттыыны ыллылар.

Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов бүгүҥҥү күҥҥэ улууспутугар ханнык бырагыраамалар үлэлииллэрин, саҥа былааннанар национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ улууспут төһө бэлэмнээҕин, дьоммут-сэргэбит олоҕо-дьаһаҕа бигэ туруктаах буоларыгар өссө күүстээх үлэ барарыгар туох сыал-сорук туруохтааҕын бэлиэтээн туран мунньаҕы саҕалаата.

Улуус дьаһалтатын инвестицияны киллэрэр салаатын салайааччыта Лилия Игнатьева олох-дьаһах хас биирдии хайысхатын хабар дойду үрдүнэн ыытылла турар уонна былааҥҥа баар 2025 сылга саҥа киирэр бырагыраамалары билиһиннэрдэ.

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

25 Oct, 12:25


ТӨХТҮР ОРТО ОСКУОЛАТЫГАР “ДЗЮДО ОСКУОЛАТА” БЫРАЙЫАК ҮЛЭТИН САҔАЛААТА
 
Бүгүн И.М. Романов аатынан Төхтүр орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан бүтүн Арассыыйатааҕы «Дзюдо оскуолата» бырайыак үлэтин саҕалыыр үөрүүлээх күнэ буолла.
 
Бырайыак сүрүн сыала оскуола оҕолорун дзюдо көрүҥэр үөрэтиигэ уонна кэнчээри ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга, эт-хаан, өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн иитии буолар.
 
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Арассыыйаҕа дзюдо федерациятын вице-президена Валентин Хабиров эҕэрдэ ыыппытын иһиттилэр, СӨ тутууга миниистирэ, өрөспүүбүлүкэҕэ дзюдо федерациятын салайааччыта Виктор Романов, улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, Ил Түмэҥҥэ улууспут дьокутаата Андрей Находкин, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын салайааччыта Гаврил Толстяков, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Петр Куркутов, оскуола дириэктэрэ Николай Романов бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн эҕэрдэ тылларын эттилэр, кэлэктиипкэ, оҕолорго үрдүк ситиһиилэри баҕаран туран бэлэхтэри туттардылар.

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

25 Oct, 12:12


Бүгүн Иккис Наахара нэһилиэгэр олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан орто оскуолаҕа “Ыраас уу” иһэр ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирэр үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.

"Уу - олох төрдө" диэн мээнэҕэ этиллибэт, киһи чөл туруктаах буоларыгар, доруобуйата бөҕөргүүрүгэр ыраас, иһэр уу үтүө дьайыылаах буолара саарбахтаммат.

Инникитин хас үөрэх кыһатын ахсын ыраас иһэр уу баар буоларын туһугар үлэбитин салгыы ыытыахпыт.
Кэнчээри ыччаппыт доруобуйатыгар ураты суолталааҕын өйөөн, өйдөөн бары үлэлэспит, сүбэ-ама буолбут үтүө үлэһит дьоммутугар махталбын тиэрдэбин.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

25 Oct, 09:34


Бүгүн Төхтүрдээҕи орто оскуола иһинэн «Дзюдо оскуолата» бүтүн Арассыыйатааҕы бырайыак үлэтин саҕалыыр бэлиэ күнэ буолан ааста.

СӨ тутууга миниистирэ, дзюдо федерациятын салайааччыта Виктор Дмитриевич Романов кэлэн кэлэктииби, үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтэ.
 
Бу бырайыак оскуола оҕолорун дзюдо көрүҥэр үөрэтиигэ уонна атын спорт көрүҥнэрин курдук ыччаты дойдуга бэриниилээх буолууга, эт-хаан, өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн иитиигэ туһаайыллар.
 
Билигин 36 оҕо дьарыктанар, олортон 19 үөрэнээччитэ оскуола интэринээтигэр олорон өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлэннэр утумнаахтык дьарыктана сылдьаллар. Тириэньэр - СӨ үөрэҕириитин туйгуна Валерий Максимович Герасимов үлэтин саҕалаата.

Оҕолорго салгыы күүстээх дьарыгы, үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.
Төрөөбүт улууспутун, Сахабыт сирин ааттатар спортсменнар тахсалларыгар эрэлбин биллэрэбин.

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

22 Oct, 09:52


«Манчаары» Мэҥэ Хаҥалас улууһун футболга сүүмэрдэммит хамаандата 2029 сылга Манчаары оонньуулара Мэҥэ Хаҥаласка ыытылларын өйүүллэрин уонна көрсөргө бэлэмнэрин биллэрэллэр💥💥💥

#МХ2029

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

22 Oct, 08:58


АЛЛАРАА БЭСТЭЭХХЭ - «СҮРЭХТЭН СҮРЭХХЭ» БЫРАЙЫАК
 
Бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө ыытыллар “Сүрэхтэн сүрэххэ” бырайыак чэрчитинэн Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр Култуура киинигэр Нөөрүктээйи, Хаптаҕай, Ороссолуода, Дьаҥхаады уонна 3-с Мэлдьэхси нэһилиэктэриттэн аҕам саастаах дьоммут түмүстүлэр.
 
Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр күн бүгүн 2 сэрии огдообото, 3 тыыл бэтэрээнэ уонна 47 сэрии сылын оҕолоро олороллор. Улуу Өлүөнэ өрүс биэрэгэр турар Аллараа Бэстээх сириттэн илин эҥэр хорсун-хоодуот буойуннара Аҕа дойду Улуу сэриитигэр эйэлээх, сырдык олох иһин, дойдубут инники кэскилин туһугар ыҥырыллан барбыттара.
 
Улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин фольклорга исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна Аксиния Степанова тэрээһини тойугунан уонна Аллараа Бэстээх 2 №-дээх орто оскуолатын Анна Гоголева салайааччылаах үөрэнээччилэр бөлөхтөрө “Былыр, быйыл” дьүһүйүүнэн арыйдылар.
 
Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

22 Oct, 06:02


📌Идет прием заявок на предоставление субсидий из бюджета муниципального района «Мегино-Кангаласский улус» для субъектов малого и среднего предпринимательства. Субсидии предназначены для финансового обеспечения части затрат, связанных с реализацией проектов.

🗓️ Срок приема заявок: с 8 октября 2024 года по 6 ноября 2024 года.
Сумма субсидии составляет 70% от затрат, но не превышает 300 000 рублей.


➡️Положение конкурса опубликовано по ссылке: https://mr-megino-kangalasskij.sakha.gov.ru/uploads/265/76dd622411006df732ecc33e809123f56df7de6c.pdf

📞По всем вопросам можете связаться по номеру 8(41143)49531

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

22 Oct, 03:34


❗️ Соблюдайте безопасность на дорогах!
 
⚫️За прошедшую неделю в республике зарегистрировано 13 дорожно-транспортных происшествий, в которых погибло 2 человека (Нерюнгринский и Сунтарский районы), пострадало 13, в том числе 3 детей.

✔️В г. Якутске зарегистрировано 6 ДТП, в которых травмы получили 7 человек, в Алданском районе в 2 ДТП пострадало 3 человека, в Мирнинском районе в 2 ДТП причинен вред здоровью 2 людям. Происшествие на дороге с пострадавшим также зарегистрировано в Томпонском районе.

⚫️Так, в Алданском районе, водитель, управляя автомобилем марки «Тойота Карина» совершил наезд на двух детей, 2019 и 2020 г.р., переходивших дорогу по нерегулируемому пешеходному переходу. В г. Якутске травмы получил ребенок, 2013 г.р., на которого совершен наезд  водителем автомобиля «Тойота Королла».

✔️Задержано за неделю 87 водителей, управлявших транспортом в состоянии опьянения.

⚫️Выявлено сотрудниками ГИБДД за неделю свыше 10,9 тыс. нарушений правил дорожного движения, виновные привлечены к установленной ответственности.   

🚨 Прокуратура республики призывает граждан соблюдать Правила дорожного движения!

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

22 Oct, 02:36


👋🏻 Друзья, открылось голосование за самый популярный клуб Чемпионата России по мини-футболу.

Участвуют наши ребята из МФК "Манчаары" (Мегино-Кангаласский район). Победителям получают комплекты футбольных форм. Давайте поддержим наших ребят и футбол Якутии в целом! ✊🏻

Голосование проходит в 2 этапа в Телеграм-канале и будет длиться всего 24 часа. Так что, нужно спешить!

Мы надеемся на наших земляков! Ведь если мы сплотимся, нас будет не догнать! 💪🏻 Якутия, вперед! ✊🏻

Ссылка на голосование: https://t.me/avmfr/3307

#спортякутии #футболякутии #сахафутбол

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Oct, 10:26


УЛУУС БАҺЫЛЫГА ОЛОХТООХТОРУ КЫТТА КӨРҮСТЭ
 
Бүгүн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов үгэс быһыытынан улууспут дьонун-сэргэтин кытта көрсөн, санааларын, этиилэрин, туох кыһалҕа баарын билистэ.
 
Аһаҕас кэпсэтиигэ кинигэ тахсыыта, үөрэхтээһин эйгэтинэн, сир, дьиэ, доруобуйатынан хааччахтаах дьоҥҥо көмө, гран уонна тус боппуруостарынан Дьокуускай куораттан, Нөөрүктээйи, Төҥүлү нэһилиэктэриттэн, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн уонна Майа сэлиэнньэтиттэн уопсайа 9 киһи сырытта.
 
Дьон-сэргэ олоҕо бигэ туруктаах буоларыгар, олохтоохтор санааларын тириэрдэллэригэр, туруорсууларын быһаарарга маннык көрсүһүүлэр ыытыллаллара, биллэн турар, олус суолталаах.
 
Бүгүн киирбит этиилэринэн тустаах салаа исписэлиистэрэ үлэлэһиэхтэрэ, хонтуруолга ылыллыахтара.
 
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Oct, 10:11


ОСКУОЛА ОҔОЛОРУГАР ВОЛЕЙБОЛГА КҮРЭХ ЫЫТЫЛЫННА

Алтынньы 19-20 күннэригэр Аллараа Бэстээххэ “Парус” спорт уораҕайыгар 2007 сылтан үөһэ саастаах оскуола оҕолоругар үгэс буолбут «Сезон арыллыыта» волейболга күрэх ыытылынна.
 
Өр кэмҥэ мустубатах оҕо аймах тоҕуоруһа мустубутун күрэх тэрийээччилэрэ, тириэньэрдэр, волейбол сүгүрүйээччилэрэ үөрэ бэлиэтээтилэр.
 
Мэҥэ Хаҥалас улууһун волейболга сүрүн тириэньэрэ Айаал Аргунов:

-уопсайа 29 хамаанда кэлэн күрэхтэһэн ааста. Кыргыттарга-15, уолаттарга-14. Волейболга бастакы хардыытын оҥорбут Бырама хамаандатын, уһун сылларга тохтуу сылдьан баран хомуллубут Лоомтука, Бүтэйдээх, Нуораҕана, Матта, Мэлдьэхси, Тумул хамаандаларыттан үөрдүбүт, эдэр физкультура учууталлара үлэлээн эрэллэрэ көстөр. Бэлиэтиэхпин баҕарабын "ыраахпыт, аҕыйахпыт" диэбэккэ куруутун үрдүк таһымнарын тута сылдьар Чыамайыкылары, Бэдьимэлэри.

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Oct, 02:47


❗️ В Мегино-Кангаласском районе на виновников лесных пожаров судами возложена обязанность возместить затраты на их тушение
 
Установлено, что на территории Мегино-Кангаласского района произошло 2 лесных пожара по вине граждан, по которым ими не возмещены затраты на их тушение.

Прокуратура района обратилась в суд с исковыми заявлениями, по результатам рассмотрения которых с виновников лесных пожаров взыскан материальный ущерб на сумму более 252 тысяч рублей.

Решения судов не вступили в законную силу.

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

21 Oct, 00:57


❗️ За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадали 16 жителей республики, общая сумма хищений составила более 12,4 млн рублей.

🔴 Преступления совершены в отношении 3 пенсионеров, воспитателя детского сада, преподавателя, пекаря, сторожа, экономиста, водителя, директора организации и других лиц.

❗️Наибольшая сумма потери за неделю зарегистрирована по схеме «Звонок сотрудника Госуслуг», где у экономиста похищено более 3,1 млн рублей.

‼️‼️‼️Всего по схеме «Звонок сотрудников ЦБ РФ, Росфинмониторинга, МВД, ФСБ, Госуслуг, Энергосбыта, Пенсионного фонда, оператора сотовой связи» пострадали 12 человек, общая сумма потерь составила около 11,1 млн рублей.

🔴 Стоит отметить, что участились звонки по вопросу предоставления услуг электроснабжения. В результате общения с лжесотрудниками Энергосбыта и Россети за неделю 5 потерпевшим причинен ущерб на сумму 2,8 млн рублей.

По схеме «инвестиции» 1 потерпевшему причинен ущерб на сумму более 894 тыс. рублей, при подписке на телеграм-канал 1 житель республики потерял 145 тыс. рублей, при заказе интим-услуг 1 потерпевшему причинен ущерб в размере 300 тыс. рублей.

🚨 Будьте осторожны, не поддавайтесь на уловки мошенников!

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

20 Oct, 03:01


Дьиэ кэргэн сылыгар Ийэ уонна Аҕа күнэ икки бүк суолталанар! Дойдубут инники сайдыыта, туруктаах буолуута дьиэ кэргэни кытта ыкса ситимнээх.

Хас биирдии киһи, бу күн сиригэр төрөөн, дьоллоох оҕо сааһы билэн, атаҕар турбутугар ийэлээх аҕатыгар махтаныахтаах. Кинилэр биһигини көрөн-истэн, иитэн-такайан киһи-хара оҥордохторо. Төрөппүт киһи оҕону хайдах майгы-сигили өттүнэн иитэн таһаарарыттан, олоххо, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэриттэн инники кэскилбит ыкса тутулуктаах.

Бары ийэлэргэ уонна аҕаларга чэгиэн доруобуйаны, нус-хас олоҕу, дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ буолууну баҕарабын!

https://t.me/zakharnikitin

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

20 Oct, 01:30


Бары ийэлэри, аҕалары, эбэлэри уонна эһэлэри Саха сирин ийэлэрин уонна Арассыыйа аҕаларын күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Хас биирдии киһиэхэ ийэ – таптал, кыһамньы уонна истиҥ сыһыан туоһута. Эһиги өйөбүлгүт, иһирэх сүбэҕит уонна өйгүт-санааҕыт бигэ туруктаах дьиэ кэргэн үөскүүрүгэр, кэнчээри ыччаппыт дьоһун дьон буолан иитиллэн тахсалларыгар олук буолар. Оттон аҕалар – дьиэ кэргэҥҥэ суон дурда, халыҥ хахха, бигэ тирэх буолар аналлаахпыт. Эһиги киэҥ көҕүстээх, күүстээх санааҕыт, сыраҕыт уонна амарах алгыскыт - инникибит эрэллээх буоларын бэлиэтэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ийэ, аҕа буолууну, дьиэ кэргэни өйүүргэ туһуламмыт дьаһаллар ыытыллаллар. Улууспутугар ийэ, аҕа түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлииллэр, дьиэ кэргэн суолтатын, төрөппүт буолуу эппиэтинэһин үрдэтиигэ анаммыт тэрээһиннэри көҕүлээн ыыталлар. Сыллата араас таһымнаах күрэхтэргэ улууспут чиэһин биир дойдулаахтарбыт ситиһиилээхтик көмүскүүллэриттэн астынабыт, киэн туттабыт.

Баҕарабын хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ чэгиэн-чэбдик, этэҥҥэ буолууну, уйгулаах олоҕу, дьолу-соргуну, сылаас-сайаҕас сыһыаны, эйэ эрэ эҥээрдэстин, ситиһии эрэ сиэттистин, дьол эрэ доҕордостун!

@dmitriytikhon0v

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

19 Oct, 14:09


Административная комиссия предупреждает:
за нарушение покоя граждан можно поплатиться штрафом


23 сентября 2024 года в 00 ч. 32 мин. в дежурную часть ОМВД России по Мегино-Кангаласскому району поступило телефонное сообщение от гражданина Р., из которого следовало, что в п.Нижний Бестях по адресу квартал Магистральный, дом 1Г шумят соседи и не дают покоя, мешают спать.

Выехавшие по указанному адресу сотрудники полиции установили, что в одной из квартир гражданин Б., находясь в состоянии алкогольного опьянения, устроил скандал со своей женой, тем самым нарушил тишину и покой граждан в ночное время.

Административная комиссия, рассмотрев на своем заседании материалы дела, постановила признать гражданина Б. виновным в совершении административного правонарушения и назначила штраф в размере 1000 руб.
Это реальная история, каких, к сожалению, не мало.

Громкая музыка, пение, игра на музыкальных инструментах, разговоры на повышенных тонах или ремонтные работы допоздна или в выходной день – всё это доставляет дискомфорт тем, кто живёт по соседству.
Что делать, если шумно так, что голова кругом идёт?
Вызывать сотрудников полиции, они составят протокол и в дальнейшем недобросовестных соседей привлекут к административной ответственности по ст. 3.5 КоАП РС(Я).

Когда стоит звонить в полицию? Если соседи шумят,
в будние дни с 21.00 ч. до 08.00 ч., а в выходные с 22.00 ч. до 10.00 ч., а также на защищаемых от нарушения тишины территориях ежедневно с 13.00 ч. до 15.00 ч.

Административная ответственность за данноеправонарушение – наложение административного штрафа до 5 000 рублей.

Административная комиссия Мегино-Кангаласского улуса

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

19 Oct, 09:27


ОЛОҤХО-БАТТЛ МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААҔЫНАН АКСИНЬЯ СТЕПАНОВА ТАҔЫСТА

Саха норуотун улууканнаах айымньытын олоҥхону сөргүтэн, саҥалыы тыыннаан киэҥ араҥаҕа тарҕатар, ыччат дьоҥҥо көҕүлүүр сыаллаах
«Олоҥхо-баттл» "Саха" көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа телевизионнай бырайыагын муҥутуур кыайыылааҕынан биир дойдулаахпыт
АКСИНЬЯ СТЕПАНОВА таҕыста!💥💥💥

Улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин фольклорга исписэлииһэ, Саха Өрөспүүблүкэтин култууратын туйгуна Аксинья Степанова бары киэн туттар олоҥхоһуппут, ырыаһыппыт, ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ- Николай Иванович Степанов - Ноорой сиэнэ буолар.

Аксинья Николаевнаҕа үһүс төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ айылҕаттан бэриллибит дьоҕургун, дэгиттэр талааҥҥын арыйан кыайыылааҕынан тахсыбыккынан итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!
Саха омук мындыр, өркөн өйүн түмэр олоҥхобут үйэлэртэн үйэҕэ бэриллэригэр кылааккын киллэрэн үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаргынан киэн туттабыт, улууспут аатын ааттаппыккар махтанабыт.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

19 Oct, 04:48


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ханаалыгар бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр, үтүө үгэскэ кубулуйбут "Олоҥхо-баттл" телевизионнай күрэх түмүктүүр түһүмэҕэ көстүөҕэ.

Манна биһиги улууспуттан Олоҥхо дьиэтин фольклорга исписэлииһэ, СӨ култууратын туйгуна
Аксинья Степанова кыттыыны ыла сылдьар.

Онон бука барыгытын түмсүүлээхпитин көрдөрөн биир дойдулаахпытын өйүөҕүҥ диэн ыҥырабыт!

Куоласкытын биэрэргэ бүгүн күнүс ‼️14:30 чаастан 16:00 чааска диэри сообщение нөҥүө
5533 нүөмэргэ
НВК пробел 1 (НВК 1)
диэн суруйан ыытаҕыт уонна утары кэлбит коду баттыыгыт.

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

19 Oct, 03:35


НОРУОТ БИҺИРЭБИЛИН ЫЛБЫТ ВЛАДИМИРОВТАР НАҔАРААДАЛАРЫН ТУТТУЛАР

От ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри бүтүн Арассыыйа үрдүнэн норуот биһирэбилин ылбыт бастыҥ дьиэ кэргэни быһаарар онлайн куонкурус тэриллэн ыытыллыбыта.

Барыта 88 регион кыттыбытыттан Сахабыт сирин аатын Ньурба улууһуттан Валерия уонна биһиги биир дойдулаахпыт Константин оҕолорунуун Сандааралыын көмүскээбиттэрэ.
Тыҥааһыннаах куоталаһыы түмүгүнэн Владимировтар дьиэ кэргэн кыайыылааҕынан тахсыбыттара.

Бэҕэһээ, алтынньы 18 күнүгэр, дойду тэбэр сүрэҕэр
Кремль дыбарыаһын сыанатыгар «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» Арассыыйатааҕы куонурус кыайыылаахтарын ааттыыр түһүлгэҕэ наҕараадаларын туттулар.

Владимировтар бүтүн Саха сирэ түмсэн, биир санаанан салайтаран бу кыайыы ситиһиллибитин бэлиэтээн туран бириэмэ анаан, куолас биэрэн өйөбүл буолбут биир дойдулаахтарыгар махталларын биллэрэллэр.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МЕГИНО-КАНГАЛАССКИЙ УЛУС

18 Oct, 11:40


«СҮРЭХТЭН СҮРЭХХЭ» БЫРАЙЫАК 2-С НААХАРА НЭҺИЛИЭГЭР ТЭРИЛЛЭН ЫЫТЫЛЫННА

Бүгүн, алтынньы 18 күнүгэр, улууспут биир баай устуоруйалаах 2-с Наахара дьоһун сиригэр ыаллыы сытар 1-кы Наахара, Холгума нэһилиэктэриттэн Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө ыытыллар “Сүрэхтэн сүрэххэ” социальнай бырайыак үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Үөрүүлээх күн Урааҥхай саха үтүө үгэһинэн дойдубут, сирбит-уоппут иччилэриттэн, Үөһээ Айыылартан көрдөһөн, Сергей Зверев-Кыыл Уола тоҕус мэҥэ хамсаныыларын оҥорууттан, ыраастаныыттан саҕаланна.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыгын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева, нэһилиэк баһылыга Петр Никитин, улуус бэтэрээннэрин Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова, улуустааҕы Ытык сүбэ салайааччыта Зиновий Игнатьев сэрии сылын оҕолорун, тыыл бэтэрээннэрин, аҕам саастаах дьоммутун бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Салгыыта⏬️⏬️⏬️

3,174

subscribers

11,798

photos

1,243

videos