Сэтинньи 22 күнүгэр Н.И Бойлохов аатынан оҕо искусства оскуолатыгар Россиятааҕы Ийэ күнүн көрсө Яковлева Валентина Спиридоновна аатынан оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго “Оккоолойдоон окоолой” ырыа күрэһэ буолан ааста.
Күн-күбэй ийэлэрин Валентина Спиридоновна аатынан ырыа күрэҕин төрөппүт кыргыттара Айталина-Сахаайта, Анна Мойтохоновалар уонна Алена Николаева иилээн-саҕалаан тэрийдилэр.
Валентина Спиридоновна Кэнтик нэһилиэгэр оҕо-эдэр сааһыттан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри ырыаны олоҕун аргыһа оҥостон ыллаан-туойан ааспыт, нэһилиэк культурнай олоҕо сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсибит көхтөөх киһинэн биллэр. Эдэр сааһыттан төрөөбүт Кэнтигэр “Сайыына” уһуйааҥҥа үлэлээбитэ, быйыл уһуйаан тэриллибитэ 55 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн Валентина Спиридоновна төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ, аймах дьоно түмсэн күндү киһилэриттэн хаалбыт үтүө өйдөбүлү өрө тутан “Оккоолойдоон оккоолой” ырыа конкурсун тэрийдилэр.
Күрэх үрдүк таһымнаахтык ыытылларыгар үлэҕэ, үөрүүгэ өрүү көхтөөх Кэнтик нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, “Сайыына” уһуйаан уонна культура үлэһиттэрэ бары түмсэн, көмөлөһөн төһүү күүс буоллулар.
Оҕо саас ырыатын түһүлгэтигэр 51 биирдиилээн ырыаһыт, 16 бөлөх кытыыны ыллылар.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан биирдиилээн ырыаһыттарга 7 кыайыылаах, кинилэртэн "Кылаан Чыпчаал" муҥутуур кыайыылааҕынан “Аленушка” оҕо сайдар киинин иитиллээччитэ Коля Васильев буолла, салайааччы Татьяна Анатольевна Попова.
Бөлөҕүнэн толорооччулар кэккэлэриттэн эмиэ 7 бөлөх кыайыылаах үрдүк аатыгар тигистилэр. ”Ньургуһун” уһуйаантан кыттар “Туллукчаан” бөлөх кыргыттара Кылаан Чыпчаал аатын ыллылар, салайааччы Марина Иннокентьевна Борисова. Маны сэргэ Анал Аат кыайыылаахтара ааттаннылар. Түмүккэ кыттааччы барыта үһүс төгүлүн ыытыллар "Оккоолойдоон оккоолой" тэрийээччилэриттэн Добун Суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.
Күрэх кыттыылаахтарын, кинилэр салайааччыларын Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иванов Егор Дмитриевич ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтэ, күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ Кэргэн, СӨ Оҕо Саас, улууска Түмсүү сылларыгар тэриллибитэ тоҕоостоох буолла диэн бэлиэтээн эттэ.
Оҕолорго ананан тэриллибит конкурс бирииһэ дэлэгэйэ кырачааннары олус үөртэ-астыннарда, тэрийээччилэр сүргэлэрин көтөхтө. Бириистэри Валентина Спиридоновна кыргыттара, сиэннэрэ, кинилэр доҕотторо, Валентина Спиридоновнаны билэр үөлээннээхтэрэ, аймахтара, урбаанньыттар туруордулар.
Сцена кыһыҥҥы көстүүнэн симэнэн, фойеҕа оҕолор сынньаналларыгар анаан сымнаҕас кириэһилэлэр, телевизор, хаартыскаҕа түһэргэ анал зона тэриллибитэ, кырачааннарга үөрүүнү, умнуллубат кэрэ түгэни бэлэхтээтэ. Күрэҕи тэрийсэ кэлбит аймахтар күүстэринэн тэриллибит эҕэрдэ концерт ырыа түһүлгэтин ситэрэн-хоторон биэрдэ.
Бииртэн биир үчүгэй ырыаһыт ыллаата, чахчы да ырыаны олоҕун аргыһа оҥостубут Валентина Спиридоновна аймахтара, сиэн-бырааттара ырыаһыт дьоҕурдара өбүгэлэриттэн тиксибит үйэлээх бэлэхтэрэ эбит диэн өйдөөтүбүт, ийэлэрин, эбэлэрин талаанын утумнаан ырыа-тойук кэрэ эйгэтигэр олохторун анаан үлэлии сылдьар оҕолоруттан, сиэннэриттэн үөрдүбүт.
#ОккоолойдоонОккоолой
#ГодДетства
#ГодСемьи