🔹Сунтаарга халлаан, дьэ тымныйа быһыытыйан идэһэ убаһалары маассабай астааһын саҕаланна. Маныаха, улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна улуустааҕы Аҕа сүбэтин "Уол оҕону төрүт үгэскэ уһуйуу" анал бырайыактара сыалын ситтэ.
🔹21 оҕо уонна тэрийээччилэр Тэҥкэ нэһилиэгэр икки убаһаны астаатылар. Маннык идэһэ бырааһынньыгар оҕолор төрүт үгэс быраабылатын, ньыматын, ымпыгын-чымпыгын барытын биллилэр.
🔹Сибиэһэй салгыҥҥа үлэни үмүрүтэн күрэс түһүлгэтин тэрийдилэр, оллооҥҥо буспут эт миинин сырылаччы истилэр. Ытыыга уонна хапсаҕайга миэстэлэспит оҕолор убаһа быарынан, ойоҕос этинэн наҕараадаланнылар.
🔹Маны тэҥэ, астаабыт эттэрин дьиэлэригэр илдьэ бардылар. Онон илии тутуурдаах, өттүк харалаах бэртээхэй күн буолла.
📽"Идэһэ-2024" түгэннэрин анал устууга көр👆