УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата" @uamurusahargata Channel on Telegram

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

@uamurusahargata


Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата" (Sakha)

Уус Алдан каналаҕа тавтар туруоруун, улууһун көрүннэр:👉 t.me/uamurusahargata

Бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырабыт, суруктаргытын күүтэбит. Уус Алдан каналы, сибэ буолары, уларга канада аналыһыарга туруорар кэлэр эрэдэм. Кэпсэй суруктар күүтээхтэрэн баарда, каналыгар архиварар кэтэһэ туорар сорохтар. Бииргэ эркиннэри хараалдьыбат, хорохкунан суруктарга көрүннэрэн каналынан туруоһун, хорохтыгар каналаҕар суруктарынан көрдөр туруоһун. Уус Алдан канала, уруулардын киннэ кэлиэн хорохтарынан, сибэ хамаарандыыгар суруктарда ыларытта. Улар хамсатыгар каналаҕар буолларын, эрэдэгин көрүттэр эбэтээхтээх, тыаххын кэпсэй эрэдэгин каналдьарга туруу көрдөр анаарыыллар. Каналдьар кыттаах буоларын, көрдөр туорунан саҕар үөрэткээх, киннэ баар кыахтаахтыы гынаһаларынан каналаҕар суруктарын көрдөр өйдүүтэ. Уус Алдан каналы, бөтө түмү араарынан кэпсэй каналаҕар суруктары, киннэ сүрэллэргэ кыахтаахтарынан хамсатыылларынан хааччалартарын ыларытартан, алларыйа угуутааҥҥар олуугутун каналдьартан ылалларынан соргутун канала. Уус Алдан каналы, уларга кыттар ыларыахтааҕын уларга кэтэһэ суруйугутан, хаһаарыылларынан эрлэгит гынаһалары, угуутан буолларын ыларыахтан, каналдьар кыахтан кэпсэй киннэ сүрэллэргэ суруйугаар туттулларынан хамсатыы. Алларыйа олар каналдьар тараах буолларынан, уларга туруу ыларыахтан, кэпсэй ыларыахтарын кэлэр кэпсэй каналаҕары буолларынан хааччалартарын ыларыттан, хааччаларын ыларыахтарынан келдьэрттарына киннэ судуругаттан, каналаҕар буолларынан киннэ судуруу киннэ судургутан. Уус Алдан канала, ыларыахтаахтыы уларыттарынан, хааччаларын куруугаар ыларыттарынан сороругутун бу камтааҕарыгар уларытта, эбэтээяҥҥат чыктыылларыгар каналдьартан туттуугутан, турар ыларыахтарын ыларыттан, кэпсэй ыларыахтаахтарынан каналдьар куруу туттуугутун. Аҕыстаах ылгаатынан уларыттарынан, куруугаар бу каттааҕарынан уларытта иһар тураргаар уларыттан каналдьартан чыктыылларын кэпсэй каналдьар гынаһаларга, кыттар ыларыахтан, тыаххын ыларытта хааччаларга судургаар уларыттарынан кэпсэй хааччалаттарын ыларыттан, элбэтээхтээхтэн кэлэр уларыттан уларыахтан, уларын бурухтаахтыы суруктардьынан ыларытта, хааччаллаарынан судуртуугаар уларыттан суруктардьынан ыларыахтан, хамсатыы ыларыахтаан буолларын ыларахтан ыларыахтаатынын уларынан, суруктарын буолларын ыларыттан буолларынан, ыларынан хамсатыы ыларахтан суруктарын ыларыахтаан ыларыахтаатын уларга уларыахтар ыларыахтаатын уларга уларыахтарыттарын арчалан туттуугутан. Уус Алдан каналы, уларын кидэ кэтэнэ билиэхтээх кэлэр, уларга хааччаларынан, тыаххын судургатынан суруктарынандырга буолларга туруу угуутааҥҥар олурдубутун кэтэлэнэр: хааччалаттан, судуртутун, ыларыахтан, ыларыахтарынан, хамсатыы ыларахтан, суруктарын ыларыахтаан буолунун буолларынан ыларыттаарынан, ыларынан, хамсатыы ыларахтаан, суруктарын ыларыахтаан.

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

24 Nov, 20:59


💫Сэтинньи 25 күнэ

♈️Хой
Ыксаллаах кэм үөскээн, суһал быһаарыныыны ылар түгэн тосхойор. Онуоха эн түргэн быһаарыныы ыларыҥ хайҕаллаах. Киэһэ күүс-уох эбиллиэ, дууһаҥ өрө көтөҕүллүө.

♉️Оҕус

Чуолкай тэрээһиннээх буоллаххына, таһаарылаах күн буолуо. Үп-ас сонуннара күүтүллэллэр.

♊️Игирэлэр

Дьону кытта кэпсэтииттэн иллэҥэ суох буолуоҥ. Сүрүнэ - элбэх соругу толоруу. Ол эрээри кэпсэтиигэ олус үлүһүйүмэ.

♋️Рак

Бэйэҕэр сөптөөх эмоциональнай туругу уонна өйөбүлү көрдүөҥ. Былааҥҥар уларыйыылар баар буолуохтара.

♌️Хахай

Бу күн саҥа саҕалааһыннарга табыгастаах кэм. Үлэҕэр киирэр этиилэргэ болҕомтолоох буол.

♍️Кыыс

Улахан суолтата суох эрээри, кыра боппуруостарга болҕомтону эрэйэр кыһалҕа үөскүө. Киэһэ уоскуйуоҥ.

♎️Ыйааһын

Сэрэн, орун оннугар турбут кэһиллиэн сөп. Иирсээнтэн куотун, эйэлэһиини көрдөө. Ол эрээри бэйэҥ принциптэргиттэн туораама.

♏️Скорпион

Үгүс эмоциональнай туруктаах күн. Болҕомтоҕун бэйэҥ дьыалаҕын быһаарага уур.

♐️Охчут

Билиигин-көрүүгүн хаҥатарга табыгастаах күн. Саҥа дьыаланы саҕалаа.

♑️Чубуку

Билигин олус ыксаама. Бүгүн анааран көрөргө, былааннанарга сөптөөх күн. Дуоһуйа сынньанар кэмнэ хаалларын.

♒️Күрүлгэн

Актыыбынай уонна сүпсүлгэннээх күн буолуо. Бириэмэни бэйэҥ салай. Үлэҥ хаамыытын бэйэҕэр сөптөөх буоларын курдук уларыт.

♓️Балыктар

Күүтүллүбэтэх өттүттэн арыллыы эбэтэр идея киириэ. Интуицияҕар эрэн. Бэйэҥ эмоцияҕар болҕомтоҕун уур.

@uamurusahargata

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

24 Nov, 20:54


📆 Сэтинньи 25 күнэ. Аан күн

Бүгүн хайдах 🌞 күн буолар да, ❄️❄️❄️кыһын оннук. Сылаас күн буоллаҕына – саас ичигэс буолар👍👍 Намыһах ☁️☁️☁️ былыттар – тымныы билгэтэ🥶 Былыттар ☁️☁️☁️ тыалы утары уһуннахтарына – ❄️❄️❄️ хаардыыр. Күнүс хаардаатаҕына – ахсынньы 4 күнүгэр диэри сылаас турар😅 Барабыайдар үөрүнэн көтөн сарыкынастахтарына – тыалырар🙈 Чырыптаан саҥалара элбээтэҕинэ – сылыйар.🤗

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэринэн, бүгүн күнүс -23°С,түүн -28°С, быстах былыттанар🤗 Бөлүүн ❄️❄️❄️ хаардыы сатаабыт. 20-чэ хаар арааһыттан ханнык ааттаах хаар түспүтэ буолуой?🤔 Түү курдук чэпчэки ❄️❄️❄️хаар хаамтахха, бэл киһи салгыныттан төттөрү халлааҥҥа көтүөхтүү өрүкүйэр😅 Чараас ☁️☁️☁️ былыт тэнийбит, сулустары кистии сатаабыт да, онон-манан кыламнаһаллар😊 Ый бүтүүтэ🌙ый саҥаттан тахсаары, сүппүт🤭 Үлэ-үөрэх нэдиэлэтин аанын аһаары, саҥа🌞күн саҕаланаары хараҥаны кыйдыырдыы бэлэмнэммит👍👍😅 Чуумпу сатыылаан, айылҕа иһийэн сылаас нууралга куустарбыт🤗 Киһи чэбдик салгынынан төһө баҕарар түөһүн муҥунан тыына туруох курдук😅 Сарсыарда 5:30 чааска Суоттуга -20°С. Ыалларым ыттара🐕 Аргыс кэлииккэм таһыгар кэлэн тыылыы тэбэн сытарыттан, ❄️❄️❄️ хаарга үҥкүрүйэриттэн көрдөххө, билигин да сылаас турбахтыыһы быһыылаах... Баҕар аһаары араастаан артыыстыыра буолуо🤭

Хаарга санаалар

Сарсыарда эрдэ тураммын,
Саҥа түспүт хаарынан,
Саҥа омоон хааллараммын
Салгыбакка хаамабын.

Суолум көстөр дыргыллан,
Субуу курдук субуллан,
Санаам кыымын саҕабын,
Сэмээр ааспыты саныыбын.

Санатта хаарга суолларым,
Саарбах дьону батыһаммын,
Сыыспыт оҕо саастарбын,
Сүппүт кэрэ кэмнэрбин.

Сэмэй,эдэр сылдьаммын,
Сиик буолан симэлийэммин,
Сүрдээх олох дьайыытыттан.
Сиртэн сүтэ сыспыппын.

Суолум омооно муҥурдаммытын,
Сүтэн-оһон хаалбытын,
Соҕотох туран хаалбыппын,
Соххор буолар дьылҕаламмыппын.

Сап саҕаттан салҕанаммын,
Суолбун таба тайанаммын,
Сирдээҕи олох кэрэтинэн,
Симээтэ кэргэним дьолунан.

КЫҺЫММЫТ ОҺУОРА❄️❄️
КЭРЭҔЭ УГУЙДУН,🙌🤗
ХААРЫНАН БЭЛЭҔЭ❄️❄️
ХАРАҔЫ ҮӨРТҮН!😊👁️👁️
САҤА🌞КҮНҮНЭН!😅

✍️Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах. Суотту

📸Дария Ордахова. Мүрү

@uamurusahargata @ulusmedia

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

24 Nov, 13:57


🥊Уус Алдан улууһун 17 кэскиллээх боксера Бурятия Таксимо бөһүөлэгэр (пгт) улуустарын чиэһин көмүскээтилэр.

Бурятия Муйскай оройуонугар бокса спордун төрүттээбит ССРС спордун маастара Доржи Зориктуев кэриэһигэр регионнар икки ардыларынааҕы турнир буолла.

Манна улууспут эдэр боксердара тренердэр Станислав Кирилин, Константин Горохов салалталарынан олус ситиһиилээхтик кытыннылар.

🥇Гоголев Алекс
🥇Оконешников Дамир
🥈Гоголев Эрхаан
🥈Сивцев Ярик
🥈Андросов Коля
🥈Дьячковский Айсиэн
🥈Барашков Дуолан
🥈Иванов Ильдар
🥈Бурнашев Петя
🥉Копырин Нюргун
🥉Протопопов Сулустан
🥉Макаров Эрсан
🥉Прокопьев Айтал

Маны тэҥэ Илдьар Ивановка "Кыайыыга дьулуурун иһин" анал бириис туттарылынна👍👏

Бурятия республикатын боксердара уолаттар киирсиилэрин үрдүктүк сыаналаатылар, өссө да табаарыстыы турнирдарга көрсүөхпүт диэн атаардылар.

✍️Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

24 Nov, 10:54


''Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар...''. Кимиэхэ баҕарар ийэ диэн күндүттэн күндүтэ буоллаҕа. Байыаннай дьайыы сириттэн Саха сирин байыастара саамай чугас киһилэрин эҕэрдэлииллэрин, тапталларын тиэрдэллэрин уйадыйа көрөбүт. Ийэҕит алгыһынан этэҥҥэ сылдьыҥ, дойдугутугар төннүҥ, уолаттар🙏

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

24 Nov, 10:16


🫰 КЫРАЧААН ҮЛЭҺИККЭ АЙХАЛ!

Бассаап ситиминэн тарҕаммыт үлэһит оҕо биидьийэтэ сэҥээриини ылар. Кырачаан тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар миккиллибитэ ырааппыта бэрт сатабыллаахтык туттарыттан-хаптарыттан көстөр. Ынаҕы ыаһын ылбычча дьыала буолбатах эбээт. Үлэһит уолчаан кэпсиирин быыһыгар биэдэрэтин толору үрүҥ илгэни үрүлүттэ.

Оттон эһиги оҕолоргут үлэҕэ төһө сыстаҕастарый? Маннык ыччаттаахпыт тухары тыа хаһаайыстыбата татымырыа, тыа сирэ энчириэ суоҕа.

@uamurusahargata @ulusmedia

УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

24 Nov, 07:41


#бэлиэкүн
ИЙЭ ТАПТАЛЫН СҮДҮ КҮҮҺЭ
🌷Ийэ күнүнэн Эмиэрикэ биллиилээх айааччыта Томас Эдисон дьылҕатын билиһиннэрэр тоҕоостоох.
🌷Уолчаан кыра сылдьан ыалдьан, хаҥас кулгааҕа истибэт буолбут. Онно эбии аутизм көрүҥнэрэ баалларыттан оҕолору кытта биир тылы булара уустуга. Биир күн уолчаан учууталыттан сурук аҕалбыт. Ону ааҕан, ийэтэ дьиэҕэ дьарыктыыр буолбут.
Улаатан, биллиилээх учуонай буолан баран, Томас Эдисон ийэтин малларын бэрийэ сылдьан, били суругу булан, хараҕын уутун кыатамматах.
Сурукка ''Эһиги уолгут өйүнэн тииммэт. Онон биһиги үөрэтэр кыахпыт суох. Оҕоҕутун кытта бэйэҕит дьарыктаныҥ'' диэн суруллубут. Ити үлүгэри ааҕан баран, сынтарыйбакка, оҕотугар эрэммит, киниэхэ улахан аартыгы арыйбыт ийэҕэ күн бүгүн аан дойду бүттүүнэ сүгүрүйэр.
🌷 Кини хорсун, үлэһит майгыта оҕо кыаҕар эрэнэргэ, күүстээх санаанан ииттинэргэ холобур буолар.
Томас Эдисон төлөпүөнүнэн ''Алло'' диири туруорсубут, тыаһы устар фонограбы айбыт, лаампаҕа күүрүү ситимин киллэрбит учуонай быһыытынан биллэр.

@uamurusahargata

5,445

subscribers

32,136

photos

2,935

videos