Ородьумаан кэпсээннэрэ. @orojumaand Channel on Telegram

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

@orojumaand


Ородьумаан кэпсээннэрэ (Sakha)

Ородьумаан кэпсээннэрэ өрөрөөр аайҥалбытын алдьарыылаахтык айарыылаах чааннарын Telegram канал бэрилэр. Ондьоо, ородьумаан кэпсээһин суруйааччы куруукка миккими бэттэх сіп суруйын баарын, үстһүүнигэр эрэ үлэлиир эбэттэммитин куомдьатын сэтэрииэх. Ородьумаан кэпсээннэрэ каналын абоненттарбытыка сүөрүү паарыт буоллаах, куһаах.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

20 Nov, 03:27


*Эр соҕотох*

15.

Софья эппитин кэннэ Бөтүкээс, өйдөөбөккө хайыан билиминэ турда. Эмиэ да Ньургуунаны сайыспыттыы көрөр, эмиэ да Софьяттан ыйытыан баҕарар.

-- Ити аата туох диэтиҥ Софья?

-- Оонньоон эттим - диэт күллэ, уонна кынчарыйан тиэрэ хайыһаат бара турда.
Онуоха Бөтүкээс Ньургуунаҕа сүүрдэ.

-- Ити Софья "оонньоон эттим" диэтэ Ньургууна - диэн Бөтүкээс сүүрэн кэлбитин, биирдэһэ түөһүттэн аста.

-- Ханнык Софьяный? Ол мин олохпунан оонньоору гыммыккыт дуо!? - диэт Ньургууна бара турда.

Биһиги Эрэйдээх буруйдаах эр соҕотохпут, икки куобаҕы ытаары хайатыттан да маппыт булчуттуу туран хаалла. Инньэ гынан дьиэтигэр сирэйэ, хараҕа холлон кэллэ.

-- Хайа тукаам тоҕо сирэйиҥ саппаҕырда? Үлэҕэр моһуогурдуҥ дуо? Туох буолла? - ийэтэ уола саҥата - иҥэтэ суох, кэлбитин көрөн ыйытар.

-- Ээ суох..барыта үчүгэй. Үлэлээн кэллим - Бөтүкээс оронугар сытынан кэбистэ.
Кини дьэ " аналбын буллум " диэн күн аайы Ньургуунаны көрсөрө, биирдэһэ эмиэ кинини күүтэн турар буолара. Бөтүкээс Ньургууна туһугар баҕар Дьокуускай куораты барытын да хаарын күрдьүөхтүү, сорунан үлэтигэр барара. Кинилэр күөдьүйэн испит тапталларын Софья көрсөн, "тымныы уунан сабы ыһан кэбистэ". Ама чүөчэ киһи маннык гыныа дуо? - диэн биһиги муҥкук - тэҥкик, мас хайдыбытыныы көнө майгылаах, сахабыт уола өйүгэр батарбат. Дөбөҥ баҕайдык санаан " Софья оонньоон эттэ" диэн Ньургуунаҕа сүүрэн тиийбитэ да баар. Арба күнүү диэн хайдаҕын бэйэтинэн биллэҕэ дии. Кини оннооҕор Хаабыйы Софьяҕа хоммутугар, төбөтүн хайы охсубута. Ол иһин кини Ньургуунаны аһына санаата.

Кисиэнньэ ас бэлэмнээн уолун ыҥырда. " Кэнники аһыам. Утуйа түһүөм ийээ" диэтэ. Уонна утуйбакка үөһэ тыынарын ийэ барахсан сүрэҕэ сэрэйбэттээх буолуо дуо.

Сарсыарда уоллара үлэтигэр соруктаах аҕайдык барар, уонна күлэн - үөрэн саҥата элбээн кэлэр бэйэтэ, тылыттан матан ыар сүгэһэрдээх киһилии сылдьар.
Ол иһин бүгүн Кисиэнньэ Аппыачаҕа барда.

-- Уолбут үлэтигэр хайдах сылдьар быһыылааҕый? - Кисиэнньэ ол бу күн ыаһаҕын кэннэ ыйытта.

-- Үлэтигэр дьэ кыһамньылаах. Ырааһа - чэбэрэ сүрдээх. Өссө атын үлэҕэ ылыахха баара.

-- Оттон уолбут саҥата - иҥэтэ суох саппаҕыран кэлэр. Аанньа да аһаабат буолла. "Ыарыйдыҥ дуо?" диэн ыйыттахха " үчүгэйбин " диир.

-- Таптал таарымтата киирдэҕэ дии!

-- Оттон ол...били Ньургууна кыыһы таптаата быһыылааҕа. Ол кэннэ...

-- Ол кэннэ Ньургууна хайаата?! Били Тыһы Сырбай Софьяҕытын булан кэпсэтиҥ. Кини уолгут оҥоһуутун оҥорон баран сылдьар ! - Аппыача ситэ истибэккэ быһа түһэр. Бииргэ үлэлиир буолан биллэҕэ дии.

-- Туох даа? Ол Софья ханна баарый?

-- Ону дьэ уолгутуттан ыйытыҥ - диэтэ Аппыача.


(Салгыыта баар буолуо)

*Ородьумаан*

20.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

18 Nov, 12:21


"Харах уута" кэпсээни Индира ааҕар.Ородьумаан суруйбут кэпсээнэ.ИСТИҤ 🙏🙏🙏😰😰😰😰
https://www.instagram.com/tv/CBAcaYxoHER/?igshid=7subkfzfq3ty

Манна киирэн подпискаланаарыҥ

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

17 Nov, 11:01


*Эр соҕотох*

14.

Ньургууналаах Бөтүкээс киэҥ куоҥ остуолга, кэпсэтэн олорбохтуу түстүлэр.

-- Чэ бириэмэ ыраатта. Бу иһиттэри хомуйуохха дуу - диэн Ньургууна ас ордугун тасталаан, иһит хомуйаары сорунна.

-- Чэ хомуйуохха - диэн биһиги киһибит эмиэ көх - нэм буолла. Санаатыттан көмөлөһөрүн эдьиийэ Аппыача көрөн сөбүлээтэ. Бүтэн баран Ньургууна такси сакаастаата. Бөтүкээс кыыһы атааран биэрдэ. Уол санаатын, " бу этиэм, ити этиэм " диэн баран, кыыс таксига киирэн олорсубутун кэннэ этээри, ааны арыйан турда.

-- Ньургууна уонна хаһан көрсөбүт? - диэн ,дьэ төлө биэрдэ. Онуоха кыыс оннугар таксист күүстээх саҥата көбүөлээтэ.

-- Доо ааны сап эрэ !!Ычча!

-- Эдьийгэр Аграфенаҕа этиэм, киниттэн ыйытаар - диэн Ньургууна көмүс тиистэрэ кэчигирээн ,күлбүтүнэн барса турда.

-- Ааны сэрэнэн сабыаххын! Хотон аана буолбатах эйиэхэ ! - күүскэ " лап!" гына сабыллыбыт ааны кытта, сэргэ таксист саҥата көөҕүнээтэ - тыа киһитэ дуо ити? Дьаҕа баһыттан кэлбит дуу тугуй?

-- Аһа тыаттан кэлбит - Ньургууна бүгүҥҥү күнү санаан ,ис иһиттэн үөрбүт көрүҥнээх.
Кини уолаттары мээнэ халлыгыраан саҥаран - иҥэрэн хой баһын туойан тахсаллар диэн өйдүүрэ.
Онтон ити Петя ис киирбэх, киһи таптыах курдук. Мээнэ саҥарбатар, иҥэрбэтэр да хас көрүүтэ истиҥ курдук.

***

Аппыача быраатын Бөтүкээһи Ньургуунаҕа чугаһатаары тойонун кытта кэпсэтэн, олбуор илбийээччинэн үлэҕэ ылла.
Онон биһиги киһибит мээнньиктээх хаамыталыыр, тэлгэһэлэрин илбийэр . Бөх бырахпыт буоллахтарына ону хомуйан, бөх дьааһыгар быраҕар. Бастаан утаа өйдөөбөккө, атын да территорияны хаарын, күрдьэн илбийэн кэбиспит этэ.
Үлэлиир сиригэр сатыы бардахха ,чаас аҥарынан тиийиллэр эбит.
Бөтүкээс Ньургуунаны көрөөрү күҥҥэ хаста да баран илбийэр. Атын дьон хаар түһэриттэн сүрэҕэлдьиир буоллаҕына, биһиги киһибит онтон үөрэр курдук. Ньургууна дьиэтэ ыраах буолан оптуобуһунан сылдьар. Бөтүкээс тохтобулга диэри атааран биэрэр. Арай биирдэ оптуобуһунан барсан, төттөрү кэлээри муна сыспыта.
" Дьиэҕэр ыалдьыттата ыҥырыаххын көлөөк! " - диэн биирдэ эдьиийэ Аппыача быраатын кулгааҕар кыбдьырыммыта.
" Ээ, ээ сөп " - диэн Бөтүкээс дьиэтигэр ыалдьыттата ыҥырар буолбута.

Саас халлаан сылыйан, эдэрдэр син чугасаһан сиэтиһэн хаамсар буолбуттара.
Ол сырыттахтарына арай, хантан күөрэйбитэ буолла. Софья биир оҕотунаан ааһан иһэллэр этэ. Бөтүкээс көрөн баран түҥнэри хайыспыта. Софья супту хааман кэлбитэ.
" Дорооболоруҥ! Хайа Петя эбиккин дуу " диэн кэпсэтэ түспүттэрэ, онтон Софья эппитэ :" Петя мин эйигиттэн беременнэй буолбутум дии!" диэн кубарыппыта. Оччолооҕу истэн Ньургууна уол илиитин эһэ охсон, сүүрэ турбута.

(Салгыыта суруллуо)

*Ородьумаан*

17.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

16 Nov, 02:13


*Эр соҕотох*

13.

Кисиэнньэлээх Болдьумаар уоллара көһөн күккүрээн кэлбитигэр, үөрэн сабы түһэн сыллаһыы - уураһыы бөҕө буоллулар.

-- Чэ ,чэ! Бүттэ! Кэлиҥ таһаҕаһы сүөккэһиҥ! - Аппыача " эмиэ уолларын атаахтатаарылар !" диэбиттии, сөбүлээбэтэхтии соруйталыыр. Биһиги кэпсээммит дьоруойа Эр соҕотох эмиэ, сүтүгүн булбут киһи быһыытынан, дьаллаччы үөрбүт аҕай.

Манна муҥур хотуннара Аппыача. Дьоҥҥо дьуккаах олорор туох үчүгэйдээх буолуой. Хабахха тыыныы, биир муостанан хаамыы буоллаҕа. Сиэннэрэ утуйдаҕына, тыыныа да суохтаахтарын курдук. Болдьумаар сөтөлө кэллэҕинэ айаҕын бүөлэнэн, нэһиилэ бобуллаҥнаан, көхсө кыыкынаан, таһааран ыгыстан сирэйэ кытарар.
Аппыача дьыалаларын быһааран, үтүөнү оҥорор буоллаҕа, ол иһин тулуйалларыгар эрэ тиийэллэр. Кинини кытта мөккүһэн туһа суох, кими да айахтаах оҥорбот. Биир тылы этиэххэр диэри, кутан - симэн " тоторон" кэбиһэр.

Үчүгэйэ диэн хата Кисиэнньэлээх Болдьумаарга, өр кэмҥэ тыа сиригэр үлэлээбиттэригэр диэн, манна куоракка кыбартыыра биэрдилэр.
Бүгүн ону малааһынныы олороллор.
Үксүтэ бэйэлэрин дьонноро, ыалдьыттыы кэлбиттэр. Аппыача уонна соруйан быраатыгар Бөтүкээскэ билиһиннэрээри, бииргэ үлэлиир эдэр кэллиэгэтин Ньургуунаны аҕалбыт.
Бырааһынньыктарын сынньалаҥын кэмигэр, Аппыача быраатын хоско киллэрэн, кулгааҕар кыбдьырынар.

-- Түҥ хааһах да киһигин! Ити кыыһы эйигин кытта билиһиннэрээри аҕаллым. Боростуой үлэһит, үчүгэй кыыс. Бэйэҥ чугаһаан билсис, кэпсэт. Били Софьяҥ курдук бэйэтинэн сапта түһүө суоҕа. Чэ кытаат! - диэн баран элэс гынна.

-- Ээ...ээ..сөп, сөп - биһиги киһибит сибилигин тиийэн кууһан ылыахтыы ойон туран баран, төттөрү олордо. Сиэркилэҕэ көрүммүтэ буолла. Эдьиийэ парикмахерскайга илдьэн, дулҕа сиэлин курдук баттаҕын кырыттарбыта. Леонид Брежнев курдук сабыччы үүнэн эрэр хааһын, бэйэтэ кырыйан тэҥнээн биэрбитэ.Абына ,табына ньуолах бытыгын ньылбы сотон кэбиспиттэрэ. Уонна " ытыаҕар диэри" маанытык таҥыннарбыттара. Онон уолбут өрө тардынан, хас балаҕан аайы суох киһи курдук буолбут.
Ох курдук оҥостон, кустук куоһанан, " бу ама мин дуо?" диэбиттии сиэркилэҕэ, көрүнэн мылах гынар.
Ыалдьыттар тарҕаспыттарын кэннэ Аппыача ,үһүс остуолга диэбитэ буолан эмиэ олордуталаата. Бөтүкээстээх Ньургуунаны билиһиннэртээтэ.
" Чэ эдэрдэр билсэн кэпсэтэ түстүннэр, мэһэйдээмэҥ! " диэн ,аны Кисиэнньэлээх Болдьумаары хосторугар дьөгдьөрүтэлээтэ.
Иккиэйэх хаалан баран биһиги киһибит, саҥарбакка кыыс диэки көрөн мичээрдиир эрэ. Ону сэрэйбиттии хос диэки эдьиийэ Аппыача эҕэлээхтик сөтөллүбүтүгэр Бөтүкээс " дьик " гынна, уонна:

-- Эн аатыҥ ким диэний? - диэн билэр эрээри, аатыгар ыйыппыта буолла.

-- Ньургууна диэммин - диэн кыыс " һык" гынан күлэн ылар. Дьэ онтон хоммут уостарын хоҥнорон, өрөөбүт уолларын өһүлэн кэпсэтэн бардылар.
Ньургууна атыттар курдук мээнэ сыстаҥнаан, халлыгыраабат, көрсүө - сэмэй уолу сөбүлүү санаата.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

*Ородьумаан*

16.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

14 Nov, 07:31


*Эр соҕотох*

12.

Агааппыйа сарсыарда, ынаҕын ыы тахсаары туран оҕонньоругар этэр.

-- Сэсиэппит уолга бөөлүүн итирик дьон муһунна дуу тугуй? Айдаан күүгээн бөҕө быһыылааҕа.

-- Ээ билбэтим. Бэрт киһи тахсан билэ охсон, күн ыаһаҕа оҥостон тарҕата охсууй! - Оҕонньоро сөбүлээбэтэхтии үгэргиир.

-- Эн көлөөк туоҕу өйдөөн истиэххиний! Дьиэҕин да уоттуу кэллэхтэринэ, билбэккэ муннуҥ тыаһа муораҕа эҥсиллэ сытыаҕа !- Агааппыйа оҕонньоругар өс - саҕа буолар. Уонна тахсан ыалын диэки олоотуур, эмиэ да хотонугар барыан саарыыр. Онтон билиэх - көрүөх санаата батарбакка, солуурун " талыр" гына уураат, ыалыгар таҕыста. Дьиэҕэ киирбитэ иһит - хомуос ыһыллыбыт, муостаҕа хаан көстөр.
Агааппыйа олбуору олоотоото, уонна хотоҥҥо баран киирдэ. Арай көрбүтэ Бөтүкээс моҥнон баран, хараҕын уһулу ойон тахсыахтыы көрбүт, тылын былас түһэрбит, өлөр мөхсүүтүн чиччигиниир. Агааппыйа сарылаан баран, саах күрдьэр күрдьэҕинэн быатын быһаары охсуолуу сатаата. Быстыа баара дуо. Онтон таһырдьа ойон тахсан, оҕонньорун үөгүлээн ыҥырар. Ыксалга саатар биилээх - уһуктаах көстүбэт. Арай хотуур ыйанан турарын ылан, хотоҥҥо киирдэ. Холур соҕустук кулаан - сабаан син быатын быһа охсон түһэрдэ. Бөтүкээскэ моонньугар быа хам киирбитин, нэһиилэ сүөрдэ. Бөтүкээс хахсайан, өрүтэ тыыммахтаан, нэһиилэ тыынын ылла.
Агааппыйа оҕонньоро кэллэ.

-- Хайа туох айылаах буолан айманныгыт?

-- Көр оттон бу...киирбитим да үчүгэй эбит..арычча успейдаатым - диэтэ Агааппыйа.

***

Бөтүкээс эдьиийэ Аппыача кэлбит. Ону да уол төрөппүттэрэ кэлээри гыммыттарын , бэйэтэ кэллэ.
Бөтүкээс манна сатаан олоруо суоҕун билэн, көһөрөөрү сүүрэ - көтө сылдьар. Аппыача обургу сытыы буолан, били Бөтүкээс төбөҕө охсубут Хаабыйы булан, сайабылыанньатын төттөрү ылларда. Агааппыйа кэпсээбитинэн билэн, элбэх оҕолоох дьахтары Софьяны сыыттаабыт буолан баран бэйэтэ сылдьарын санатта. Эбиитин бырааттарын киксэрэн кырбаппыт. Онон участкуобайы булан кэпсэтэн, дьыаланы бэйэ икки ардыгар хааллардылар.
Бөтүкээс биир ынаҕын, ньирэйин бэйэтэ илдьэ хааларын туһугар Агааппыйаҕа ииттэрэ биэрдилэр. Биир баайтаһыны сүүһүн тыаһатан астаатылар. Агааппыйа эрэ көмөлөстө. Охторор кэмнэригэр Бөтүкээс көрүмээри дьиэтигэр куотан киирдэ. Онтон охторон сүлэр кэмнэригэр таҕыста. Күн аайы ынаҕын кытта доҕордоспут буолан, аһыннаҕа дии.
" Оо дьэ киси да бөҕөтө!" - Аппыача төбөтүн илгистэр.

Сарсыныгар массыына булан, эттэрин тиэнэн куораттаатылар.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

*Ородьумаан*

14. 11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

12 Nov, 09:23


*Эр соҕотох*

11.

Бөтүкээскэ бүгүн, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кылааһынньыга кэллэ. Соҕотох олорорун истэн буокка кэһиилээх кэлбит. Биһиги киһибит арыгыттан аккаастанан көрдө.

-- Кэбис доҕор мин ити аһы испэппин ээ.

-- Бу да киһи ! Киһи уон сылга биирдэ кэллэҕинэ - диэн син биир иһэттэ. Ылдьаа оскуоланы бүтэрээт да барбыта, уонна атын улууска ойохтонон, оҕолонон ырааппыт. Холуочуйан кэнники саҥата элбээн барда - Бөтүкээс кур бэйэҥ кубулуйбакка, оннук биир кэм сылдьаҕын ээ!?
Эмиэ да ойохтоно сылдьыбыккын үһү дии?

-- Дьиҥнээхтии ыал буолааһын эҥин диэн буолбатах этэ - Бөтүкээс ити туһунан кэпсэтиэн баҕарбатахтыы эттэ.

-- Мин улахан уолум билигин сэттэ саастаах. Билиҥҥэттэн үлэҕэ сыһыарабын, кыралаан үлэлэтэбин. Мин дьон сыыһатын көрөн, онтон үөрэнэбин, холобура эйигин аҕаҥ отой үлэлэппэт этэ дии. Ол иһин кэнники мин уолум эн курдук буолбатыгар баҕарабын - Ылдьаа Бөтүкээһи көрөр, өһүргэммэтэҕин билэн эбии кэпсиир - Көр да миигин кытта кустуу барсан баран, саанан да сатаан ыппат этиҥ дии ! Һэ, һэ.

-- Ээ ол начальнай кылааска сылдьан дии, кэнники кустуур буолбутум. Бултуурга тастыҥ убайым син үөрэппитэ. Кэнники көһөн хаалбыттара. Ол убайым онно - манна уһуйан испитэ этэ - Бөтүкээс туран оһоҕор мас быраҕан биэрдэ.
Кэпсэтэн, иһэ олордохторуна армияттан соторутааҕыта кэлбит ,үс уолаттар киирдилэр. Холуочуктар. Ыйыппакка водка куттан истилэр.

-- Доо! Эн мин убайбын Коляны, күлүүҥкэнэн охсон балыыһаҕа киллэрбиккин үһү дии! - диэн биир уол Бөтүкээһи олоппостон түҥнэри тардан түһэрэн, ойоҕоско тэбиэлээтэ. Ылдьаа туран көмүскэһээри гыммытын атыттара, сирэйигэр сутуруктарын астылар.
" Эн сүгүн олор ! Эн эмиэ кырбаныаҥ!" диэтилэр.
Бөтүкээс быара доргуйан тыынын ыла сатыыр. Онуоха эмиэ тэбиэлээтэ.
Уонна тахсан бардылар.

Бөтүкээс сарсыарданан өйдөммүтэ, дьиэтигэр соҕотох. Ылдьаата барбыт. Туран Ылдьаалыын кистээбит буоккаларын булан, иһэн хараҕа арычча сырдаата.
Ойоҕоһо хам тутан ыалдьарын иһин, ону аһардаары эбии арыгы истэ. Холуочуйан ыллыан дуу, ытыан дуу билиминэ олордо.
" Миигин бары сөбүлээбэттэр эбит! Ылдьаа атаһым, оҕотун мин курдук буолбатын, үтүө киһи буоллун диэн иитэр эбит. Таптал да табыллыбат! Эбиитин ити уолаттар кырбаан бардылар...билигин мантан араҕыахтара суоҕа...бу олохтон куоппут киһи..туһата суохпун...дьону эрэйдээбэккэ !" - Бөтүкээс кумааҕы уонна ручка ылан сурук хаалларарга сананна.

" Ийэлээх аҕам барахсаттар. Мин эһигини эрэйдээбэккэ бу сиртэн барыам.Атын оҕоҕут кэлбэтэҕэр мин буруйдаахпын. Онон баһаалыста миигин бырастыы гыныҥ" - диэн суруйан баран соруктаах аҕайдык ойон туран хотоҥҥо таҕыста.

(Салгыыта суруллуо)

*Ородьумаан*

12.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

11 Nov, 10:28


*Эр соҕотох*

10

Биһиги эрэйдээх буруйдаах эр соҕотохпут, Бөтүкээс кэпсээммит аатын курдук, дьиэтигэр суос соҕотох хаалла.
Бачча сааһыгар диэри ийэ аҕа тапталынан эрэ олорбут уолга, кылгастык имэҥ тапталын бэлэхтээн ааспыт Софьята билигин суох. Онон уол минньигэс түүлү, түһээн ылбыт курдук умна сатыыр. Билигин ымманыйа, имэрийэ таптыыра , бэрийэрэ эрэ тарбыйаҕа, ынахтара эрэ бааллар. Үлэтиттэн кэллэҕинэ кинини, күүтэллэрэ эрэ кинилэр. Аһаары маҕыраһан ыҥыраналлар. Үлэтиттэн сарсыарда тоҥ хаһаа дьиэҕэ кэлэр. Бэлэмҥэ олорбутун дьэ соҕотох хаалан, этинэн хаанынан билэн эрэр.
Ол иһин олоҕу билээри кинигэ ааҕар, тэлэбиисэр көрөр.
Телесериалга таптал туһунан көрдөҕүнэ, эмиэ барыта эриэ - дэхси буолбат, киһи олоҕо моһоллордоох буолар эбит. Табыллыбыт эбэтэр, быраҕыллыбыт таптал эҥин туһунан кинигэҕэ ааҕан биллэ. Эмиэ кини курдук, албыҥҥа киирэн биэрбит дьон баар эбит. " Мин тапталлаахпын буллахпына, хаһан да албынныам суоҕа" ," Ол мин хаһан эмит тапталлаахпын булуом дуо?" диэн соҕотохсуйбут киһиэхэ ,эҥин араас курус санаа киирэр.
" Ити Хаабый Коля кушаган уол эбит, мин эйигин эрэ таптыыбын " диэн Софья эппит тыллара албынын, санаан уол сымыһаҕын быһа ытырда. Итинник санаалар үүйэ - хаайа туталларын уол ,өйүттэн кыйдыы сатыыр.

**

Кисиэнньэлээх Болдьумаар, күҥҥэ көрбүт соҕотох уолларын ахтан иэдэйдилэр. Ама да улааппытын иһин оҕолоро буоллаҕа.

" Өссө оҕоломмотубут дии Кисиэнньээ" диэн Болдьумаар баҕар ,өссө биир оҕону бэлэхтээрэй диэн ыйытара.

" Оҕобут буолуммат дии. Чэ буоллун аҕыйах сылынан уолбут кэргэн ылан, үчүгэй кыыска түбэһэн оҕо бөҕөнү субурутуохтара" диэн алы гынара.
Онтулар баара ханнык эрэ "Тыһы Сырбай" түбэһэн, олохторун түөрэ эргиттэ. Билигин уоллара хайдах туох олохтооҕо биллибэт.
Дьиэлэригэр эрийэллэр да төлөпүөннэрэ арахсыбыт.

-- Били уолбут хайдаҕа буолла? Аппыача хантан эрэ киминэн эмит ыҥыттаран, уолбутугар эрийэ сылдьыбаппыт дуо? - Кисиэнньэ ыйытар.

-- Ээ чэ кыһаллымаҥ! Улахан киһи дии, олоруохтара. Эрэйи, кыһалҕаны билэ түстүннэр! - диэн ый курдук уолларыгар биллэрбэтэ.

Арай биирдэ Кисиэнньэ, куорат ырыынагар, биир дойдулааҕын көрсөн, аймаҕын булбуттуу үөрдэ.
Өрүһүспүттүү уолун туоһуласта.

" Били биһиги оҕобут хайдах сылдьар быһыылааҕый?" - диэн ыйыппытыгар биир дойдулааҕа кэпсээтэ. Софьяҕа 24 чаас биэрэн үүрбүттэрин, уола сууттанаары сылдьарын кэпсээтэ. " Соҕотохсуйбут быһыылаах, үлэтиттэн ,тоҥ хаһаа дьиэҕэ кэлэр сурахтааҕа" диэн эмиэ эттэ.
Кисиэнньэ ону истэн сүрэҕэ хам тутан, дьиэтигэр кэлэн сытынан кэбистэ. " Оо оҕом барахсан..." диэн устунан түлэй - балай барда. Уола оҕо эрдэҕинээҕитинии, хоргутан ытаан мэрбэҥнээн эрэрин хараҕар көрдө.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

*Ородьумаан*

11.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

10 Nov, 12:09


Онтон кэнники Агааппыйа Хаабыйга киирдэ.
Арбы - сарбы буолан ытаабыт дьүһүннээх, ытыһын соттон хаалбыт, Бөтүкээһи көрөн аһына санаата.

-- Хайа нокоо. Дьонуҥ биллибэттэр дуу?

-- Куоракка көспүттэрэ.

-- Оттон ити домашнай төлөпүөҥҥэ, эрийэн биллэ сылдьыбатылар дуо?

-- Суох. Ити төлөпүөн үлэлээбэт буолбут. Арааһа араарбыттар быһыылаах - диэн биһиги эрэйдээх - буруйдаах, эр соҕотохпут этэр.

(Салгыыта баар буолуо)

*Ородьумаан*

10.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

10 Nov, 12:09


*Эр соҕотох*

9.

Бөтүкээс хочуолунайга үлэтэ саҕаланна. Биир күн оһох оттон онно хонор, икки күн сынньанар. Ама да атаахтык иитиллибитин иһин, саха хаана тардан кыһалҕаттан дьиэтигэр үлэлээбитэ буолар. Атын көлүйэн от тиэйэн аҕалла. Биир ыанар ынахтааҕын арычча ыы үөрэннэ. Төрөппүттэрэ оҕо эрдэҕиттэн, үлэҕэ сыһыарбыттара буоллар, син үлэлиэх көрүҥнээх.
Дьоно харыстаатах буолан армияҕа да сырытыннарбатахтара. Баҕар онно барбыта буоллар, син уларыйан кэлиэ эбитэ дуу. Манна дэриэбинэҕэ түҥкэтэхсийэн кулуупка да сылдьыбат этэ. Кэнники Хаабый Софьяны кытта билиһиннэрбитэ, олоҕун түөрэ эргиттэ. Софья эр дьон мааһын хайдах табары билэр буолан, Бөтүкээскэ умнуллубат түүнү бэлэхтээн, кыыс - дьахтар тапталын билбэтэх, этэргэ дылы " курулуу " сылдьыбыт уолу, имэҥин уһугуннаран өйүн иирдибитэ. Уол таҕылы, "тапталлара диэн бу эбит" дии санаабыта.
Ол иһин Софья хаппарыыһын барытын толороро, бэл ханна да сылдьыбат бэйэтэ, маҕаһыынтан аһылык иэс баран ылбыта.
Софья турда да суунан - тараанан баран, үчүгэмсийэн олорон краскаланара. Бөтүкээс котельнайга хонор кэмигэр, Софьяҕа Хаабый кэлэр идэлэммитэ.

Биһиги киһибит аһара түҥ хааһах буолбатах эбит, син булчут хаана өтөн, хаарга атын киһи суола кэлэн барбытын чинчийэн көрбүтэ.

-- Софаа мин суохпар ким кэлэн барда?

-- Хаабый Коля кэлэ сылдьыбыта.

-- Туох диир? Хайыы сылдьар?

-- Эйигин ыйыппыта уонна тахсан барбыта дии - дьахтар ып ыраастык көрөн, мэлдьэһэн кэбиһэр.

Биирдэ Бөтүкээс сарсыарда үлэтигэр хонон, арычча эрдэ кэлбитэ дьиэтигэр Хаабый таҥна турар. Киһи эрэ буоллар халлыгырыыра ханан да суох, кыбыстыбыт киһилии кулук - халык туттан, таҥнан тахсан эрдэҕинэ Бөтүкээс оһох аттыгар, ыйанан турар күлүүҥкэни харбаан ылан, Хаабыйы кэтэххэ сырбатта, киһитэ сүгэнэн сүүскэ охсуллубут күһүҥҥү идэһэ борооску курдук, атаҕын бииккэлии тэптэ.
Бөтүкээс "киһини өлөрдүм" диэн ыксаата. Ол иһин мас соһор салааскатыгар, тиэйэн балыыһаҕа илтэ.

-- Хайаа бу туох буолла? - диэн ыйыттылар.

-- Ээ мин оҕустум - биһиги киһибит хата," сүөһүбүн астаатым " диэбиттии, хоп курдук хоруйдуур.

-- Тоҕо ол охсоҕун? Туоҕунан? !

-- Ойохпор хоммутун иһин. Кыратык күлүүҥкэлээтим!

-- " Кыратык " диэн дьөссө мыынар дии! Ол эн ойохтоннуҥ этэ дуо? - Бөтүкээс бу ыйытыкка хоруйдаабакка тахсан барда.
"Кырдьык даҕаны киһилии ойох ыла илик эбит. Дьон сиэр быһыытынан бэргэһэлэнэн, уруу тэринэн холбоһоллор. Оттон мин кырдьык аһара элбэх оҕолооҕу ылбыппын " диэн дьоно эппиттэрин дьэ, өйдүөх курдук буолла.

Дьиэтигэр кэлбитэ олохтоох дьаһалта, үлэһиттэрэ кэлбиттэр. Участкуобай эмиэ кэллэ. Софья эр дьону иирдэригэр эмиэ үҥсүү киирбит, ийэ бырааба быһыллар кутталламмыт. Онон мантан 24 чаас бэриллэн, оҕолуун уруулуун ханна эрэ илдьэ бардылар.

Участкуобай хаалан Бөтүкээһи доппуруостуур.

-- Арыгы испитиҥ дуо?

-- Суох.

-- " һаа!" диэ - дэттэрэн, үрдэрэн айаҕын сытырҕалаата.

-- Тоҕо киһини оҕустуҥ?

-- Эн үлэҕэр сырыттаххына, дьиэҕэр атын киһи хонноҕуна хайыаҥ этэй ?

-- Мда. Кырдьык абалаах дьыала эбит. Киһиҥ состояниета хайдаҕый?

-- Билбэтим. Быраастар быһаараллар ини.

-- Чэ өссө кэлэ сылдьыам - диэн участкуобай тахсан барда.

Болдьумаардаах Кисиэнньэ ыаллара Агааппыйа дьахтар, күрүө нөҥүө - маҥаа өҥөҥнөөн - олоотоон барытын билбитэ, көрбүтэ баҕайы. Ыалларын олохторун дьоҥҥо кэпсээн ,күн ыаһаҕа оҥостор.

" Ханнык эрэ кырасабысса сэсиэттэрбин буулаан, олохторун огдолутта".

" Оо, Бөтүкээс барахсан сытар ынаҕы туруорбат, сытыары сымнаҕас, кэнэн - муҥкук буоллаҕа. Уот тэллэхтээх кыыс обургу, онон туһанан баһынан баайыстаҕа дии"

" Ону сөбүлээбэккэ Болдьумаар балтыта Аппыача , убайын ааҕы көһөртөөн ылла" - диэн кэпсэтэн итинник сурахтары, Агааппыйа обургу этэрбэһин тыаһа сырылаан, тарҕаппыта ыраатта. Бөтүкээс суоҕар, Хаабый үөмэн кэлэн Софьяҕа хоммутун Агааппыйа кыраҕы хараҕа " сыыс түһэрбэтэҕэ".

Онтон сарсыарда эрдэ, Бөтүкээс булчут киһи көһүйбүт тоҥ туртаһы соһон ааһарыныы, дөйөн ытыстыбыт Хаабыйы салааскаҕа соһон ааспытын, Агааппыйа ама ону мүччү тутуо дуо. Ханна эрэ кэпсээри тилэҕэ хараарбыта.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

09 Nov, 01:54


-- Ну вот. Хамнас кэлэр буоллаҕына, хамнас кэллэҕинэ буоллаҕа дии - диэт хотуна хоһугар киирдэ.
Ол аата бэйэлээх бэйэтин ойоҕун, харчы кэллэҕинэ эрэ хоонньоһорун санаан, Бөтүкээс өйдөөбөтөхтүү төбөтүн илгистэр.

*Ородьумаан*

09.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

09 Nov, 01:54


*Эр соҕотох*

8.

Бөтүкээс дьоно барбыттарыгар Софья иһигэр үөрэ санаабыта да, астара бүтэн сирэйдэрэ уунан олороллор.
Киһи эрэ буоллар, ханна эрэ түгэх түспүт ийэлии санаата таайан.

-- Петяя оҕоҕо үүт наада - диэтэ. Биирдэһэ " оҕо өссө үүт иһэр эбит дуо?" диэбиттии көрөр.

-- Тахсан ынах ыыгын дуо? Көрдөрөн биэриэм - диэтэ. Ынах ыыр солууру ылан таҕыстылар.
Күһүн халлаан тымныйан кыраһалаабыт. Бөтүкээс икки ынаҕы, биир ньирэйи хотоҥҥо киллэрэн баайталаата.

Дьахтар ынах эмиийин өҥөйөн көрдө.

-- Түөрт эмиийдээх эбит дии.

-- Биэс буолбатах дуо, ол биир туох эрэ көстөр дии -Бөтүкээс кыра синньигэс эминньэх баарын этэр. Иккиэн да халлаантан түспүт дьон курдуктар.
Софья ынах эмиийин тардыалаата да таммах үүт кэлбэтэ. Баайтаһын саадьаҕай ынах " бу туох буолбут дьонуй?" - диэбиттии хайыһан көрөр.

-- Ээ мамам бу ынаҕы ыыр быһыылааҕа - диэн Бөтүкээс кугас моойдоох маҥан ынаҕын ыйар.

-- Мамам.. мамам. .маменькин сыночек. Эн миэхэ өссө оҕускун ыатарыҥ буолуо ! - дьахтар улаханы абыраан эрэрдии охсурҕаланар.

-- Ээ бу ынах түөрт эмиийдээх эбит. Биэс буолбатах эбит - Бөтүкээс сэгэрин диэки мылах гынар.
Софья дьэ ол ынах эмиийин тардыалаата, " чуурк, чаарк! " гынан кураанах тимир ыаҕаска үүт түһэр тыаһа, чырылаан иһилиннэ. Эмиийин аһара күүскэ тардыалыырын иһин, ынах Софьяны кутургунан сирэйгэ сырбатта.

-- Фуу! Айаккуу! - диэн уоһун толлотон олорбохтуу түһэн баран, эмиэ тардыалаата. Ынах атаҕын көтөҕөн, биэдэрэҕэ атаҕын симээт тэбэн кыыратта.

-- Оо дьээ! Пашшоол бэйэҥ ыа! Козел! - диэт били сарыыссабыт өчөстө.

-- Ээ маама ханнык эрэ ынаҕы атаҕын баайааччы! - диэн быа көрдөөтө.

-- Билэр эрээри эрдэ атаҕын баайыаххын идиот! - диэбитин кэннэ, Бөтүкээс ынах атаҕын баайан бэйэтэ ыата. Өр сыралаһан тардыалаан, син кыраны ыата.
Дьиэҕэ киллэрэн сиитэлээн ,плиткаҕа үүт оргута уурдулар. Уонна иккиэн табахтыы таҕыстылар.
Сотору дьиэттэн будьурхай баттахтаах уолчаан аанынан өҥөйөн " Маамаа молокоо!" диэтэ.
Дьиэҕэ киирбиттэрэ үүттэрэ куоппут, буккуйан биэрэ турбатах буоланнар хаахтыйбыт.
Үүтү сойутан оҕо суоскатыгар кутан биэрбиттэрин " птү,тү,тү" диэн төттөрү тибиирэн, ытаан бэбээрэр.
Дьахтар оҕото ытыырыгар, Бөтүкээс буруйдааҕыныы, охсурҕаланар. Киэһээ оҕолор утуйбуттарын кэннэ Бөтүкээс үөмэн кэлбитин, сарыыссата сирэйиттэн аста. " Чэриий тоойум " диэн биһиги киһибит сүүлүргээбитин. " Бар дьонуҥ хосторугар утуй! " диэн буолла. Маннык гынан Бөтүкээһи кэһэтэн, өссө күүскэ таптатаары гынара дуу, эбэтэр ас таҥас буллаҕына биирдэ хоонньоһуом диирэ эбитэ дуу. Туох билиэй. " Дьахтар санаата холумтаныттан, сандалытыгар тиийиэр диэри түөрт уончата уларыйар " дииллэр дии. Эчи элбээбитин, дьоҕойон компьютер буолбут дии. Инньэ гынан Бөтүкээс кэнники тэллэҕэ "сойон" барда. Айаҕалыы сатаан, ойоҕун алы гынаары дьонтон эт иэс көрдөөн буһарда. Көстөрүлэҕэ толору уу кутан уурда.

-- Бу туох уутун уурдуҥ? - Күндү көмүс ойоҕо табахтаан киирэн баран ыйытар.

-- Эт буһардым..эт сиэхпит.

-- Оттон ханна баарый этэ? Суох дии!

-- Уута оргуйдаҕына кутуом.

-- Этин бастаан куталлар буолбатах дуо?

-- Билбэтим. Оргуйдаҕына кутар инибин - диэтэ. Оннук гынан этин, лапсатын, хортуоскатын бииргэ кутан хаһылаан син минҥэ маҋгынныыры буһарда. Хортуоскатын хаҕылаабакка, сууйбута буолаат куппут эбит.
Аччыктаабыт оҕолор аһаатылар. Дьахтар хойуу мини буккуйан сирэйин мырдыччы туттар, хамыйах турар минэ буолбут.Минин испэккэ этин кырбастанан сиэтэ.

Оннук ынах ыан ньаҕайданан, эбиитин бурда буһаран сиэтэн, биһиги киһибит, эрэх - турах сананан ,утуйар кэм буолбутугар ойоҕун диэки иҥсэрбиттии көрбөхтүүр. Ол да буоллар бүгүн эмиэ түөскэ кэбиллэн, дьонун хоһугар үүрүлүннэ.

Оннук бу бииргэ олорор ойоҕун хоонньугар кыайан киирбэккэ, киһи эрэ буоллар ыйытарыгар тиийдэ.

-- Софа эн биһикки холбоспуппут этэ дуо?

-- Оннук буолан бииргэ олорор инибит!

-- Оттон олоробут даҕаны ,тоҕо бииргэ утуйбаппытый?

-- Эр киһи үлэлээн харчы аҕалыахтаах буолбатах дуо?

-- Котельнайга ремоммут бүтэн эрэр, сотору оттуохтаахпыт. Халлаан да тымныйан эрэр. Онтон хамнас баар буолуо дии.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

07 Nov, 07:41


*Эр соҕотох*

7.

Бөтүкээс атаһа Хаабый Софьяны кытта биирдэ, куораттан оптуобуһунан бииргэ айаннаан кэлэн иһэн билсибитэ.
Софьяҕа ону маны кэпсээн күллэрбитэ буолан, сыстаҥнаан син чугаһаппыта, устунан тохтобулга түһэн дьиэтигэр атааран биэрбитэ.
Кэнники кыыстан наадатын ылан, уонна элбэх оҕолооҕун билэн тэйэргэ сананан Бөтүкээһи билиһиннэрбитэ. Софья ону сэрэйэн Хаабыйы күнүүлэтээри, Бөтүкээһи аҕастык уураан - сыллаан кур оҕус курдук, курулаан сылдьар киһини уулларбыта, кутун туппута.
Эбиитин бииргэ аргылаабыт дьиэлэригэр хонон туран, Бөтүкээс кырасаабысса дьахтар имэҥнээҕин, уот олбохтооҕун билэн этэргэ диэри көрөөт даҕаны таптаан, билсээт даҕаны билиммитэ. Өйүттэн тахсыбат буолбута. Бэлэмҥэ үөскээбит оҕо буолан, ол дьахтар элбэх оҕолоох эрэ туох эрэ, онно эрэ кыһаммата, санаатыгар " маама, паапа бааллар " дии саныыра.
Онтон эдьиийэ кэлэн өйдөтөрүн, удумаҕалатыах курдук буолар даҕаны,ону сэрэйбиттии Софьята кэлэн кулгааҕар итиинэн илгийэ тыынан, тэбэ сылдьар түөһүнэн сыстаҥнаан, имэҥнээхтик сыллаатаҕына биһиги киһибит бас бэринэн, олоҕор туох буола турарын да умнан кэбиһэрэ." Ама маннык таҥара табатын курдукка ким мэҥийиэ суоҕай" диэн курдуга. Киниэхэ туох буолуой аһа таҥаһа баар. Оҕолору ийэтэ көрөр. Күннээҕинэн олорор " бүгүн эрэ үчүгэй " диэн санаалаах киһиэхэ ,инники олоҕо хайдах диэлийэн тахсыан, анаарбат буоллаҕа. Киниэхэ киэһэ утуйарыгар хоойго сытар холооннооҕо, баар буолла да сөп курдук. Олоххо онтон ордук үчүгэй суоҕун курдук саныыра.
Маннык түгэҥҥэ бу түҥ хааһах уолу эрэ буолбакка, уолларын аһара баска таһааран, кэтэххэ ытыарбыт төрөппүттэрэ бэйэлэрэ эмиэ буруйдаахтар диэх санаа кэлэр.
Уоллара оскуолаҕа , үөрэнэр кэмигэр мас хайытан киллэрээри гыннаҕына, уолун харыстаатах буолан Болдьумаар, барытын бэйэтэ гынара. Оччолорго уолбут улаатан, кинилэр сааһырар кэмнэригэр, барытыгар дьон этиитинэн эрэ сылдьыа диэн санаабат буоллахтара. Билигин ханнык эрэ кугас суһуох таах, күөх харахтаах кыыс,уолларын имэҥинэн иирдэн, дьалыҥынан дьалбаардан, таптаабыта буолан талбаардан, муннуттан сиэтэн ылаахтаата.
Бииринэн Бөтүкээс туох да кэтэх санаата суох буоллаҕа, саха сэмэйинэн туох баарынан " тапталлара диэн бу буоллаҕа " диэн санаатаҕа. Атаһа Хаабый күрээн баран күлүгэр имнэннэҕэ. Билигин Бөтүкээс кини кэлэригэр улаханнык баҕарбат. Софьяны таҥара киниэхэ эрэ анаан ыыппыт курдук саныыр. Оҕолорун дьонугар найылаан Софьяны сарыысса курдук тараҥнатан олордоҕуна, аны эдьиийэ Аппыача күөрэйэн аймалҕан таһаардаҕа, олохторун халбаҥнаттаҕа үһү. Дьиҥэр ким күөрэйэн халбаҥнаппыта биллэр буоллаҕа. Ону Бөтүкээс билэ да сатаабат курдук. Эдьиийэ барарын күүтэр да барыах быһыыта биллибэт.

***

-- Бэйэлэрэ олордуннар миигин кытта куоракка барсыҥ !- Аппыача Кисиэнньэлээх Болдьумаары эргэ кыра дьиэҕэ ыҥыртаан сүбэлэһэллэр.

-- Онно баран ханна олоробут?

-- Дьиэ куортамныахпыт. Хайа уонна били бэтэрээҥитинэн сибээстээн дьиэ ылыахтаах этигит дии. Бэйи мин маннааҕы дьаһалтаҕытыттан характеристика, көҥүл сурук ылыам. Бэйэҕит да тоҕо аахсыбаккыт!?дьоннор ылаллар дии.

-- Оо..оттон оҕобут манна кыайан олоруо дуо?

-- Ээйиис оҕо буолаахтаан, отуттаах киһини хаһааҥы диэри бүөбэйдээри гынаҕыт. Сөп буолуо бэйэтэ төбөлөөх. Ити маҥан субалаах барахсанын кытта олордуннар. Эрэйи, ас таҥас хантан кэлэрин билэ түстүннэр!

-- Оттон сүөһүлэрбит?

-- Икки ынаҕы баҕас бэйэлэрэ бэрийиэхтэрэ ! - Аппыача обургу убайдаах саҥаһын, ынньаҕалатан куоракка илдьитэлии барда.

Бөтүкээс дьоно баралларыттан хомойуон дуу, эбэтэр Софьятынаан бэйэлэрэ эрэ хаалалларыттан, үөрүөн дуу билиминэ мэлээриҥнии хаалла.

(Салгыыта суруллуо)

*Ородьумаан*

07.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

06 Nov, 05:20


*Эр соҕотох*
6.

Болдьумаар дьиэтээҕи төлөпүөнүттэн, куоракка балтытыгар эрийдэ. Олоҕу - дьаһаҕы кэпсэтэ түһэн баран, тустаах наадатын эттэ.

-- Балтым манна биһиэхэ кэлэ сылдьыаҥ дуо?

-- Туохха? Тоҕо? Иллэҥим суох. Сүтэн баран дьэ ол туохха миэхэ мэҥийдигит ? - Болдьумаар бииргэ төрөөбүт балтыта, сааһыран эрэр Аппыача түргэн, түргэнник сэлибирээн саҥарар.

-- Манна кыһалҕа кыпчыйда.

-- Туох кыһалҕата? Ыарыйдыгыт дуо?

-- Аа..ээ..оттон оннук да диэххэ син - Болдьумаар төлөпүөнүнэн үгүһү элбэҕи кэпсиэн баҕарбакка, итинник эрэ дииригэр тиийдэ.

-- Сөп оччоҕуна үлэбиттэн отгул көрдөөн баран тиийиэм диэтэ.

Өйүүнүгэр Аппыача тигинээн кэллэ. Улуус киинигэр сөмүлүөтүнэн уонна оптуобус. Эмиэ да өрүһү уу оҥочолоох мотуорунан, туораан айаннаан кэллэ. Кытылга Болдьумаар "Урал" матасыкылынан тоһуйда.

-- Убайым барахсан дорообо. Хайа оттон сирэйиҥ хараҕыҥ үчүгэй дии. Киһини куттаатыҥ туох айылаах буоллугут? Сүгүн саҕын эппэккин. Саҥаһым хайдаҕый? - Аппыача обургу кутан - симэн саҥаран, ыйытан баран убайа хоруйдуон иннинэ бэйэтэ саҥарар.

-- Үчүгэй. Өлүөрбүт арай ити уолбут...

-- Уолгут даа туох буолла?

-- Бэйи тохтоо. Манна ол дьоннор көрөллөр - диэн баран Болдьумаар урал матасыкылын " ойоҕоһун көҥү үктээбитигэр " истигэн сэп өрө бирилии түстэ.
Дьиэлэригэр тиийбэккэ арычча бэттэх тохтоон, матасыкылын умулларда.

-- Хайа убаай тоҕо тохтоотуҥ? Тоҕо умулунна, бенсиинэ бүттэ дуо?

-- Бэйи тохтоо.Дьон истиэ оргууй кэпсэтиэх. Уолбут кэргэннэннэ.

-- Кырдьык даа бэрт дии. Наконецто ! Үчүгэй баайы сонуннаах эрээри, тоҕо муннугутун ыйаатыгыт?

-- Ээ суох ! Илэ илиэһэй кыыһа буулаата - диэн Болдьумаар барытын сиһилии кэпсээтэ. Аппыача истэн соһуйда. Убайын дэлби аһынна.
Киһиэхэ биир куһаҕан тылы саҥарбатах, куолаһын соноппотох сытыары сымнаҕас майгылаах киһи. Оҕо да сылдьан Аппыача убайын көмүскэһэн дьону кытта этиһээччи. Онтон билигин мээнэҕэ ыҥырбатах буолуохтаах дии санаата.

Дьиэҕэ киирбиттэрэ били маа бэйэлээх, " сарыыссалара " киһи киирдэ диэн дорооболоспот даҕаны.
Аппыача киһи эрэ буоллар, оҕолор баалларын иһин саҥарбата. Ол курдук биир хонно.

Сарсыныгар быраатын Бөтүкээһи таһырдьа ыҥыран ылан кэпсэттэ. Ампаар кэннигэр оҕонньордоох эмээхсин, күн уотугар ылааҥылыы олорор, ыскамыайкаларыгар олорон кэпсэттилэр.

-- Иһит эрэ Бүөккэ. Ити туох ааттаах элбэх оҕолоох дьахтарын аҕалан, дьоҥҥун эрэйдээтиҥ?

-- Таптыыбын ээ эдьиэй ...- Бөтүкээс доска иннигэр урогун билбэккэ турар оҕолуу умса туттан, кэтэҕин тарбанна.

-- "Таптаа да тайахтаахха, сөбүлээ да сүгэһэрдээххэ " диэн баарын билэбин да буоллар, ити оҕото элбэҕэ бэрт,ама да сэбэрэтэ, таһаата үчүгэйин иһин ойох ылан иһиэххэ сөп үһү дуо? Эбиитин баһынан баайсан, ынах да ыаспат, дьиэҕэ да көмөлөспөт кырдьаҕас дьоҥҥо найыланан олорор төһө сөп үһүөө! Кини сирэйигэр суорат кутан салыаҥ суоҕа! Ийэлээх аҕаҥ эн киһилии кэргэннэнэргин, сиэн оҕону көрдөрөргүн төһөлөөх күүппүттэрэй? Оҕо сырыттаххына өссө оҕолонуохтарын ,эн ытаан туран боппуккун? Соҕотох атаахтык иитиллээри, уонна эбиитин кырдьар саастарыгар,күлүү гыммыт курдук атын дьон оҕолорун кутан кэбиһэҕин!

-- Ол хаһан " уонна оҕолонумаҥ!" - диэбиппиний? - Бөтүкээс соһуйда.

-- Умуннаҕыҥ дии. Соҕотох оҕобут дии ,дии эйигин дьэ көмүскэһэн, атаахтатан, тараҥнатан бөҕө этилэр!

-- Петяя идии сюдаа! Миэхэ сигарета наада! Курить хочу - били маа бэйэлээх кырасаабыссалара тахсан ыҥырда. Онуоха Бөтүкээс туран, эрдэҕинэ эдьийэ санныттан күүскэ баттаан, төттөрү олорто.

-- Мало ли что чего хочешь! Бэйи тохтоо! Көрбөккүн дуо, кэпсэтэ олоробут дии! - диэтэ Аппыача. Онуоха Софья кугас баттаҕын сиэлийэн, иэдэс биэрэн кынчарыйаат, дьиэҕэ киирдэ.

-- Эн дьоҥҥун эрэйдээбэккэ, ити ойоххун, оҕолорун илдьэ туспа көстөххүнэ - эдьиийэ Бөтүкээскэ этэр.

-- Туспа бардахха оттон, Софья оҕолорун кыайан көрүө дуо? Маамам...

-- Маамам эҥин диэмэ! Оҕолорун көрбөт эрээри тоҕо төрөөбүтэй?! Оччоҕо ити кыыс дьонугар барыҥ! - диэбитигэр Бөтүкээс туран өчөспүтэ буолан, дьиэтигэр киирэн хаалла.

(Салгыыта суруллуоҕа)

*Ородьумаан*

06.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

05 Nov, 09:00


*Эр соҕотох*

5.

Кисиэнньэлээх Болдьумаар уоллара ойох ылан, сиэн оҕо көрдөрүөн төһөлөөх күүппүттэрэй, ол эрээри маннык эрэ эргийэн тахсыа дии санаабатахтара.
Кийииттэрэ күн ортооҥу диэри утуйар. Уоллара кырасабыссатыгар чэй кутан, ас бэлэмнээн баран, " Чэ тоойуом туран чэйдээ" диэн ааттаан туруорар. Оҕонньор бу мантан иһэ буһар буолан барда. " Элбэх оҕону аҕалан кутуо ини, өссө бэйэтэ сарыысса курдук сытыа ини" диэн кыйыттан саҥарыах буолар да, уолуттан толлон тохтоон хаалар. Дьахтар түүн кыра кыыһа да ытаатаҕына туран көрбөт, Кисиэнньэ туран суоскатыгар үүт сылытан кутан биэрэр.

-- Тукаам Суоппуйа эн ынах ыаҥ буолаарай? Ити эмээхсиҥҥэ көмөлөһүөҥ этэ буоллаҕа - диэн Болдьумаар этэн көрдө.

-- Чтоо? Корова да оо..фуу неет..сатаан ыабаппыын! Уонна мин аатым не Суоппуйаа а Софья! - диэтэ. Бүттэхпит ол.

Биир күн ыаллара дьахтар Агааппыйа киирдэ. Сыллатааҕы эҥин араас сирэйдээх, дьүһүннээх эмдэй - сэмдэй оҕолору көрбөхтүүр.
Ону маны кэпсэтэн олорбохтуу түстэ. Онтон кийииттэрэ таһырдьа тахсыбытыгар эттэ.

-- Дьэ сиэн оҕо диэбиккитин, биир күнүнэн куттулар дуо ,һэ, һэ.

-- Оннук буолан таҕыста дии, олоҕо көммүт киһи күлүмүнэҕин - Кисиэнньэ этэр.

-- Ити ыаллыы нэһилиэккэ олорор сахатыйбыт татаардар кыыстара. Рахматулла дуу Газитулла дуу диэн киһи кыыһа. Оҕото барыта атын, атын киһиттэн. Кырасабысса буолан эр дьону, эрбэҕин үрдүгэр эргитэр сурахтааҕа. Манна дьиэтийдэҕинэ ааранан биһиги уолат....

-- Эн обургу итинник диэн нэһилиэги толордуҥ ини!

-- Көннөрү эһигини аһынан, баар кырдьыгы кэпсиибин. Билбэккэ угаайыга киириэхтэрэ диэн. Эһиги уолгут, өс киирбэх көнө майгылаах. Ону туһанар буоллаҕа дии. Атын үчүгэй кыыска түбэһэрэ буоллар диэн ити эттим...бука баалаамаҥ.

-- Эмиэ да сөпкө эттиҥ. Оттон ону биһиги хайдах, туох диэн үүртэлиэхпитий. Бу оҕолор туохтарын буруйдарай - диэхтээтэ Кисиэнньэ. Онуоха эбиитин икки саастаах будьурхай баттахтаах күөх харахтаах уолчаан. " Бабушкаа" диэн кууста. Кисиэнньэ оҕоттон хаһан да итинниги истибэтэх буолан,долгуйан уолчааны кууһан сыллаабытын билбэккэ хаалла.

-- Оттон Болдьумаар балтыта баар дии. Уот абытай тыллаах. Куораттан ону ыҥырыҥ ээ. Ити дьахтары түргэнник оннун булларыаҕа - Агааппыйа сүбэлиир. Онуоха Болдьумаар " Арба кырдьык даҕаны" диэбиттии көрбөхтүүр.

(Салгыыта суруллуо)

*Ородьумаан*

05.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

03 Nov, 07:50


*Эр соҕотох*

4.

Бөтүкээс таансылаан сылайан, элэйэн кэлбит киһи быһыытынан, күнүскү аһылыкка диэри тэппит атаҕын кубулуппакка утуйда. Оҕонньордоох эмээхсин атахтарын төбөтүнэн хаамаллар, эһэ арҕаҕыгар түбэспит дьоннуу ботур - итир кэпсэтэллэр.
Онтон уоллара уһуктан сөтөллөн хахсайбытыгар ийэтэ, таас аҕала охсон уурда. Инчэҕэй маарыланан төбөтүгэр кампырыас уурда. Ону уола ылан элээрдэн баран, " уу..ута .." диэтэ. Чааскыга уу аҕалан иһэртилэр.

-- Туран аһаа тукаам. Күөс буһардыбыт - диэтэ ийэтэ. Бөтүкээс туран суунан баран, хоргуннаах мин иһэн сыпсырыйда. Сыалаах эт быстан сиэтэ.
Уоллара аһыырын өрө мыҥаан, олорбохтуу түһэн баран ийэтэ ыйытта.

-- Хайа тоойуом, төһө бэрт таансы буолла?

-- Үчүгэй.. үчүгэй баадык сылдьан кэллим - уоллара мүчүк гынар.

-- Хата холуочук уолаттар эмиэ киэбирбэтилэр дуо? - Аҕата ыйатта.

-- Суох. Урукку буолбатах, уларыйбыт. Хаабый атаһым кулуупка былааһы ылар эбит, онон ытыс үрдүгэр сырыттым.

-- Ол оннугар арыгы иһэр дии. Хам түм күлүгээнниирэ да иһиллэр. Уонна ити абааһы аһыгар арыгыга чугаһыаҥ суох этэ - Болдьумаар уолун сүбэлиир.

-- Оттон билбэтим. Бастаан кулуупка тиийэн баран үҥкүүлээбэтэҕим. Онтон арыгы иһэн баран бэһиэлэй баайы буолан хааллым.

-- Оттон кыргыттары кытта билистиҥ дуо?

-- Билсэр быһыылаах этим.

-- Ити баар дии өйдөөбөккүн, арыгы иһэр куһаҕан - төрөппүттэрэ уолларын сүбэлииллэр, эмиэ да сэмэлииллэр.

Дьэ ол курдук уоллара аны субуоталарга буолар, таансыны көтүппэт буолла. Ардыгар түүн итирик кэлэн орулаан хонор.
Эрдэ уолларын " ханна да сылдьыбат, түҥкүтэх " диир бэйэлэрэ, таансылыырын, бырааһынньыктарга сылдьарын сөбүлээбэт буоллулар.
Ол сылдьан уоллара биир бэйэтин саастыы көҕөччү көрбүт кырасаабыссаны аҕала. Иккиэн холуочуктар. Нууччалыы, сахалыы балкыйан саҥарбыт бааһынай дьахтара.

" Мамуоо, Паапуо дьэ билсэн кэбиһиҥ кийииккитин кытта, аата Софья " диэн диэтэ. Сарсыныгар Софья үс оҕотун аҕалла. Төрдүс улахан уола 10 саастаах , ханна эрэ эбэтин ааҕар баар үһү.

Онон оҕонньордоох эмээхсин, эмискэ түөрт сиэннэммиттэриттэн үөрүөхтэрин дуу, уоллара иһээччи дьахтары ойох ылбытыттан хомойуохтарын дуу билиминэ, бөтө бэрдэрэн саҥаларыттан матан сылдьаллар.

(Салгыыта суруллуоҕа)

*Ородьумаан*

03.11.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

02 Nov, 03:14


*Эр соҕотох*

(Салгыы)

3

Нэһилиэк кулуубугар үҥкүү - битии бөҕө буола турар. Эҥинэ эгэлгэ уоттаах лаампалар, курбуулаан чаҕылыҥнаһаллар, эркиҥҥэ ыһыллан төттөрү тэйэр курдуктар.Элбэх киһи үҥкүүлээтэҕинэ кулууп муостата хотоҥолуур.
Биһиги киһибит Бөтүкээс Хаабыйдыын киирдилэр. 90 - с сыллааҕы эдэр ыччат, арычча аныгылыы таҥастаах буоллаҕына, биһиги киһибит ала чуо көстүүмнээх сылдьара, хайдах эрэ олуона соҕустук көстөр. Кыргыттар көрөн " һык " гыннахтарына биһиги киһибит үөрэн " ымах" гынар.
Хаабый киирэн үҥкүүлүүр, ол быыһыгар Бөтүкээскэ кэлэн " Доо! Эн манна кулуубу өйүү кэлбитиҥ дуо? Киирэн үҥкүүлүөх!" - диир.

" Сатаабаппын ээ"

" Туох сатааһына нааданый, киирэн сымыйанан да буоллар хамсанан ис !" диэн үҥкүү эргииригэр киллэрдэ. Биһиги киһибит киирэн эргэ баҕананы туураары, туллаҥалатан эрэллэринии хамсанан син үҥкүүлээтэ. " Ласковай маай" ырыатын холбоотохторуна төбөтүн тиийэ илгистэн барар буолла.

" Үчүгэй үчүгэй, отой оһуобай үөрэнэн иһиэҥ. Өссө туох эрэ тиийбэт курдук, кэл барыах эрэ" - Хаабый кулууп киинэ көрөр саалатыгар илдьэн, Бөтүкээс хаалтыһын, пиджагын уһулла. Уонна кожанай сэлиэтин кэтэттэ. Хара тирии сэлиэккэ маҥан кытыылаан тиктибит. Уонна чымадаан сөхүлүөпкэтин тууран, кылдьыытыгар сыһыартаабыт.
" Отой металлист курдуккун"

" Туохпутуй ол ?"

"Уол оҕото моҕотой!"

" Моҕотой дуу саатар"

" Оччоҕуна уол оҕото хотой! Чэ билигин сто грамм для храбрости иһиэхпит " диэт таһырдьа таҕыстылар. Кулууп кэннигэр баран водка истилэр. Бөтүкээс саҥа иһэр буолан аһыырҕатта.
" Ньучубуо барыга бары үөрэнэн иһиэҕиҥ" диэтилэр.

" Доо! Уолаттар бу уолтан биир эмит баттах түһүө да сэрэнээриҥ!" - диэтэ Хаабый.
Бөтүкээс арыгы иһэн, иһэ аһыйан чэпчээтэ. Саҥата элбээн күлүөн - салыан баҕаран кэллэ. Хаһан эрэ кулуупка киирэн истэҕинэ, биир холуочук уол харахха охсубутугар дьиэтигэр төннүбүтэ, ол кэннэ сылдьа илик. Хата бу Хаабый манна былааһы тутар буолан, бүгүн табылынна, сөбүлээтэ.

Эмиэ үҥкүүлүү киирдилэр. Биһиги киһибит холуочуйбучча, ламбаада холбонноҕуна дьону үтүктэн, эмэһэтин куймаҥалатан ылар буолла. Эрдэттэн сатыыр уолаттар араастаан үҥкүүлүүллэр, брейк данс эргийэн кулаачыктаналлар. Эмиэ да дьабыныгар көтөөрү, иҥиир ситиитин таттаран эрэр ойуун курдук чиччигинээн " роботу" үҥкүүлүүллэр. Ол быыһыгар рокн ролл саайаллар. Былыргы тибиис үҥкүүгэ майгынныыр. Баҕар былыргы үҥкүүнү ,омуктуу ааты уларытан аҕалаллара буолуо.

Кисиэнньэлээх Болдьумаар күҥҥэ көрбүт соҕотох уоллара, таансылаан кэлэрин күүтэн олороллор. Уоллара хойутуу итирик кэллэ. Дьаллаччы ырбайбыт.

-- Хайа тоойуом көстүүмҥүн ханна гынныҥ?

-- Куу..ку...
кулуубка...

-- Хайдах сылдьан кэллиҥ?

-- Үү. .үчүгэй аныгыскыга өссө таа...таансыга ба барыам - диир. Уолларын оронугар киллэрэн сытыардылар. Уоллара эмиэ да ыллаан, ытаан эрэрдии энэлийэр. Сороҕор сүрэҕэ өлөхсүйэн эрэрдии үөгүлүүр.
Оҕо эрдҕинэ уолларын утутан баран, им дьим сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ, биир муостанан хаамаллара. Бүгүн орулуур отуттаах оҕолоро, орулаан хоноругар эмиэ оннук курдук буолла.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

*Ородьумаан*

02.11. 2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

31 Oct, 07:35


*Эр соҕотох*

( салгыы)

2.

Оҕонньордоох эмээхсин уоллара бүгүн, эбиэттии кэлэ сылдьан үтүө сонуну иһитиннэрдэ. " Мин бүгүн таансылыы барыам" - диэтэҕэ үһү.

" Иэхэйбиин бэрт дии тоойуом. Кимниин бараҕын?"

" Ээ Хаабый атаспын кытта. Таҥаспын бэлэмнии тураарыҥ " - диэн эбиэттээн баран үлэтигэр барбыта.

Оҕонньордоох эмээхсин уолларын, таҥаһын бэлэмниир аакка түстүлэр.
Кисиэнньэ уолун көстүүмүн, өтүүктүү турдаҕына эл.станцияларын уота баран хаалла. Онуоха оҕонньор оһоҕун оттон, ампаарыттан былыргы чох өтүүгүн киллэрэн ыраастаата. Оһоҕо уота умайан, сөҕүрүйбүтүн кэннэ сыпсыынан өтүүккэ чох кутта. Эмээхсинигэр биэрбитин маарыланы илитэн,
уолун көстүүмүн сорочкатын өтүүктээтэ.

-- Эмээхсиэн эйигин ыйыта барарбытыгар, бу өтүүгүнэн күлүөс бүрүүкэбин өтүүктээбитим. Барахсан сытан баран син туһалаан эрэр.

-- Эйигин кэлиэ диэн, мин эмиэ оҥостон симэнэн бөҕө - Кисиэнньэ былыргытын санаан мичээрдиир.

-- Ол кэмҥэ эн миигин көрө да илик буоллаҕыҥ дии. Бастаан көрөн баран туох дии санаабыккыный? Эдэр сылдьан ити туһунан кыбыстан ыйыппат этим.

-- Оттон син баччааҥҥа диэри олорон кэллибит дии.

-- Ити эппиэт буолбатах сэгэриэм. Син сөбүлүү көрбүтүҥ дуо? - диэн ыйыппытым баара.

-- Хаһан да харахтаабатах киһибэр туох диэн, өрө мэҥийэн сапта түһүөхпүнүй һэ,һэ.

-- Ээ сөп - Болдьумаар оҕонньор туох эрэ үчүгэйи истиэм диэн чөрөйөн олорон, сүөм түспүттүү хамсатын күүскэ оборон, омурда уус күөрдүнүү хапсыҥнаата .

-- Оҕонньоор туох диэн санааҕын түһэрдэххиний...оттон билбэт киһибэр сөбүлэһэн кэргэн таҕыстаҕым дии. Уонна устунан сөбүлээбитим, аналбын булбут курдук санаммытым. Эн бултуу бардаххына соҕотох хаалан, тэһийбэт этим эн кэлэргин мэлдьи күүтэр этим . Саха сэмэй нууччалар курдук күҥҥэ сүүстэ " таптыыбын " диэн өрө саласпаттар, истэригэр туталлар. Сүүстэ сымыйанан " таптыыбын " диэхтээҕэр, биир истиҥ көрүү ордук быһаарар курдук - диэн Кисиэнньэ оҕонньорун алы гынар - Оҕонньоор оттон эн билбэт кыыскын , ыйыта илдьибиттэригэр туох санаалаах этигиний? Эн эрэ ыйытыаҥ дуо. Мин эмиэ билиэхпин баҕарабын - Кисиэнньэ күлэр.

-- Мин эйигин эрдэттэн билэр этим - Болдьумаар өр кэмҥэ кистээн сылдьыбытын эттэ.

-- Эс ама хайаан...?

-- Кырдьык эн продавецтыы сылдьыбыккын мин маҕаһыыҥҥа кистээн көрөр этим.

-- Ама дуу?

-- Кырдьык. Эйигин көрөөрү матасыкылынан эһиги бөһүөлэккитигэр тиийэр этим.

-- Оттон мин эйигин хайдах көрбөтөхпүнүй?

-- Дьон быыһыгар мэһэҋдэтэн ини.

-- Оччоҕо сирэйигэр сабы түһэ сылдьар уһун баттахтаах уол эн дуо?

-- Мин, мин этим.

-- Ээ ол иһин даҕаны. Уһун баттахтаах уол миигин одуулаһар этэ. Эн эрэ буолуо дии санаабатаҕым.

-- Кэнники арычча кэтирээн модьураан уларыйдаҕым дии.

-- Оттон тоҕо кэпсэппэтэххиний?

-- Кыбыстан...

-- Уолуҥ оччоҕо эйигин баттаҕа дии.

-- Буолуо - диэн Оҕонньордоох эмээхсин уруккуну - хойуккуну ыатардылар.

Киэһэ уоллара үлэтиттэн кэлбитигэр, этэргэ дылы " ытыаҕар диэри" маанытык таҥыннардылар.Көстүүмүн кэтэрдэн баран, түөһүгэр бабочка ииллилэр, эмиэ да төттөрү тууран баран хаалтыс кэтэттилэр. Сүүрүк аты атыылаары гыммыт дьон курдук, тула хаама сылдьан көрөллөр. Уоллара сиэркилэҕэ көрүнэн баран.

" Маамуо бу хайдах эрэ дии. Билигин таансыга уолаттар, джинсы, толстовка , ветровка эҥин кэтэллэр быһыылаах дии"

" Туохпутуй ол эмиэ? Эрдэ ханна да сылдьыбат этиҥ дии. Ол иһин ылбат да этибит. Маннык үчүгэй тоойум чэ бар. Этэҥҥэ сылдьан кэл. Биир эмит...."- Ийэтин ситэ истибэккэ уоллара тахсан барда.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

*Ородьумаан*

31.10.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

30 Oct, 00:30


*Эр соҕотох*

Болдьумаар Кисиэнньэтинээн ,сааһыран баран холбоспуттара. Хаһан да харахтаан көрсүбэтэх, кулгаахтаан истибэтэх бэйэлэрин, аҕалан сыһыаран холбообуттара да, сыыйа бэйэ бэйэлэрин убансан, суохтаһан баардаһан син олорон кэллилэр. Биирэ сүөм түстэҕинэ биирдэһэ, ааттаан, иккиһэ үөрдэҕинэ тэҥҥэ үөрсэн, бур ,бур буруо таһааран олорбуттара. Саастарын баттаһан ,өрүсүһэн биир уол оҕоломмуттара. Күннэрэ кининэн тахсан, күлүм аллайаллара, ыйдара кининэн киирэн ымманыйаллара.
Уоллара Бөтүкээс борбуйун уйуута " Тоойуом эйиэхэ ханыы гынан, өссө биир оҕолонуохпут " диэччи буолан, аһара атаахтаппыт уоллара,муостаҕа сытан тэбиэлэнэ, тэбиэлэнэ ытаабыта. " Ханнык да оҕону аҕалымаҥ! Кини кэллэҕинэ мин барыам! Миигин уонна хаһан да көрүөххүт суоҕа ! " - диэн араллаан бөҕөнү таһаарбыта, эбиитин өчөһөн ханна эрэ тыаҕа сүтэ сылдьан куттаталаан, өссө биир оҕо кэлиэхтээҕин түһэттэрбиттэрэ. Бөтүкээс санаатыгар быраат, ду балыс дуу кэллэҕинэн ийэлээх, аҕата кинини умнан болҕомтолоро ол оҕоҕо баран, тапталлара киниэхэ көһүөхтээҕин курдук саныыра.
Дьоно устунан сааһыран, кэнники оҕоломмотохторо. Соҕотох уоллара тугу көрдөөбүтүн, барытын ылан биэрэллэрэ. Оҕоттон эрэ чорботон ииппиттэрэ. Бөтүкээс массыына, бэстилиэт, аптамаат оонньуур ылалларын, сонуна ааста да оҕолорго дэллэмсийэн биэртэлээн кэбиһэрэ. " Ээ ылыҥ ,ылыҥ. Миэхэ дьоммор эттим да саҥаны ылыахтара " диирэ. Онон оҕолор киниэхэ сыһыаннара үчүгэй этилэр.

Болдьумаардаах Кисиэнньэ күҥҥэ көрбүт соҕотох уоллара, Бөтүкээс бэлиэр сааһа отута буолла. Бэйэлэрэ биир оҕолоох буоланнар, саатар уоллара ыал буолан оҕо уруу төрөтөрүн, сэмээр кэтэһэллэр да биллибэт.

" Тоойуом ыал буолан сиэн бэлэхтиириҥ буоллар, дэлэлээх үчүгэй буолуо этэ дуо, саастыылаахтарыҥ ыал буолан ырааттылар дии"

" Туохха ыксаатыгыт? Эһиги хас сааскытыгар ыал буолбуккутуй? " диэн уоллара бэйэлэриттэн ыйытар киһи буолла.


Уоллара суоҕар оҕонньордоох эмээхсин мөккүһэллэр.

-- Уолбут саатар кулуупка да сылдьыбат ээ. Баҕар онно биир эмит кыыһы табы көрүө этэ.

-- Былырыын бара сылдьыбыта дии, хараҕа көҕөрөн кэлбитэ, онтон ыла сылдьа илик.

-- Биһиэнэ буолбутун иһин оннук буолуохтаах. Саастыылаахтарбыт хос сиэннэнэн ырааттылар. Уолуҥ эйигин батан түҥкэтэх баҕайы! - Кисиэнньэ күрүө намыһахтыы, оҕонньоругар дьиэс - куос туттар.

-- Эн сытыы сырбай буолаҥҥын, эдэргэр эргэ тахсыбытыҥ дуо? Иккиэммитин саастара ыраатыа диэн, оннубутун буллартаан холбообуттара дии. Онон уолбут иккиэммитин баттаҕа дии.

-- Оннугун оннук да буоллар, оттон уолбутун эмиэ ким эрэ кэлэн суорумньулуо диэн кэтэһэн олоробут дуо?! Билигин олох уларыйан атыннык дьаһаналлар.

-- Оттон туох эрэ суорумньу кулууп баар дииллэр дии.

-- Онно бэйэлэрэ сылдьаллар. Уолгун онно сыыттааҥҥын ,күлүүгэ ыытыаҥ бэйэтэ булан барыан наада буоллаҕа - диэн кэпсэтэн, төрөппүттэр уолларын дьылҕатыгар ыалдьаллар.

(Салгыыта бэчээттэниэ)

*Ородьумаан*

30.10.2024.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

25 Oct, 12:25


*Сааба Москваҕа* 😂😂😂


Саппыйа Сааба үллэр үйэтигэр ,саллайар сааһыгар ынах кутуругун манаан, хотонтон быкпатаҕын иһин бүгүн хата Арассыыйа килбэйэр киинигэр Москуба куоракка сылдьар. Көлөһүнүн аҕаан ииттибит сүөһүлэрэ элбээн, дьон курдук үүт эт туттаран харчыланан, дьэ бу кэлэн кремль иннигэр төлөпүөнүнэн селфилэнэ турар. Иҥсэрдибиттии үөлээннээхтэрин группатыгар ыыталыыр.

" Сааба Путиҥҥа приветтэ тиэрт эрэ " диэн суруйаллар.

" Көрүстэхпинэ тиэрдиэм . Бэйи билигин Кремльгэ киирэ сылдьыам " диир .

" Дьэ Сааба эр бэрдэ, уол оҕо бүгүн хотоҥҥо сарсын кремльгэ " диэн тэптэрэн биэрэллэр. Биһиги киһибит ону ааҕан мөтөччү туттан хаамар. Ханна да хаартыскаҕа түһүөн булбат. Кремль чаһытыгар эрэ ыттыбата.

Гостиницаҕа хонон баран сарсыныгар Москваны кэрийдэ , арай биир сиргэ дьон бөҕө тоҕуоруспут " бэйи баран көрүөххэ, бадаҕа туох эрэ үчүгэйи атыылыыллар дуу?" диэн дьон тоҕуоруспутугар тиийдэ. Өйдөөн көрбүтэ " Буутун уоруйах " ," Кини биһиэхэ ыраахтааҕы буолбатах " ,"Пиэнсийэм сааһын төттөрү түһэр " эҥин диэн суруктаах былакааттары дьон өрө күөрэппит.

" Бэйи Буутун баар буоллаҕына ,били Лэгэнтэй приветин тиэрдиллиэ " - Сааба дьону силэйэн чугаһаан истэ. Эмискэ айманыы бөҕө буолла, дьон үрүө - тараа ыһылынна. Космонавтар курдук таҥстаах дьон, хантан эрэ баар буоллулар. Дьону дубинканан охсоллор, туппуттарын массыынаҕа хаайталыыллар. Биһиги киһибит өмүттэн хаалан, айаҕын атан турда. Ол кэмҥэ кинини эмиэ харбаан ылан умса баттаатылар. Сааба дьэ өйдөөтө, миитин буола турдаҕына кэлэн хаалбыт эбит.

" Моя не виноват "... ",Моя Путина фото делай, друга привет передай " " Моя магазин ходи, очередь ставай , жене подарок покупай " диэн нууччалаабыта буолан этэ сатаата. Үөс батааска биэрбэтилэр. Хандалы кэтэрдэн , хаайыыга илдьэн халыр гына хатаан кэбистилэр.
Өр соҕус сытан ,нухарыйа түһэн ылла . Ол сытан иһиттэҕинэ " Арааһа бу киһинэн Буутуну өлөртөрө ыыппыттар быһыылаах " дэһэллэр.

" Моя Путина не стреляй, просто фото делай !" " Ребенка пистолет купил. Не настояччий оружийа !" диэн ааннарын тоҥсуйда. Онуоха киирэн хата, дубинканан куһурхатан биэрдилэр. Ол кэннэ биһиги киһибит уутааҕар чуумпурда, оттооҕор намыһаан, балыктааҕар кэлэҕэй буолан олордо.
Күн сырдыга кэрэтин манна киирэн өйдөөтө. Оо кини хотоно маннааҕар, сыттыын атын эбит. Ойоҕун, оҕолорун ааһан ынахтарын тиийэ ахтыбыт курдук буолла.
Бэҕэһээ эрэ өҥнөнөн - түүлэнэн кремльгэ селфилээн доҕотторун көөчүктээн ,иҥсэрдэн ыыппыта. Билигин хараҥа хаайыыга олорор. Тоҕо даҕаны куруһай. Саппыйа Сааба сылайбыта таайан утуйан хаалла. Туруоран доппуруостуу таһаардылар. Саха дьокутаатын аҕалбыттар. " Бу киһини билэҕин дуо?"

" Билбэккэбин доҕор саха дии " диэн үөрүү буолла. Босхолоотулар.
Саха дьокутаатын кытта устунан, кремльгэ бардылар .
Буутуну илэ бэйэтинэн көрсөн кэпсэттилэр. Хаартыска бөҕөҕө түстүлэр.
Сааба группаҕа кэпсэппиттэрин, дьэ өйдөөн аахта.

" Хайа доҕор бу Саппыйа Сааба ханна сүттэ?"

" Чөҥөчөктөрүн хаардаан ханна эрэ, саппыйатын тэбэнэрэ буолуо " - эҥин дэспиттэр.

" Бэйи эрэ мин президени кытта түспүт хаартыскабын ыытыам . Дьэ хайдахпын биллиннэр " - диэн ыыталаата.

Онтон сотору соҕус бассабын көрдө.

" Хайа доҕор бу Сааба Жириновскайы кытта түспүт дии " диэбиттэригэр көрбүтэ кырдьык эбит. Хайдах баҕайыный? Оттон мин Путины кытта түспүтүм этэ дии " дии санаата. Өйдөөн көрбүтэ Жириновскай турар эбит.

- Ты якут да?

- Ддд да, да .

- А че здесь в кремле делаешь?!!

- Не...нет .Про...про сто хотел дедушку Ленина посмотреть в мавзолее.

- Я счас как дам Ленина! А ну пошел вон отсюдаа! - Жириновскай силэ мэктиэтигэр, Сааба сирэйигэр бырдаҥалаата.

Сааба утуйа сытан уһуктан кэлбитэ. Саҥа хааман доодоҥолуу сылдьар уоллара аҕатын, эмэ сылдьыбыт суоскалаах үүтүнэн сирэйгэ ыстаран, күлэн мичилиҥнии турар эбит.

😂😂😂

*Ородьумаан*


05.07.2021.

Ородьумаан кэпсээннэрэ.

18 Oct, 05:43


Дьүкээбил суһума оонньуурун манаан туран көрөллөр. Араас өҥнөөх дьэрэкээн уоттар дьиримнииллэрэ кэрэ көстүү буоллаҕа. Эвина убайдарын кытта илим үтүһэргэ эмиэ сылдьыһара.

Бөһүөлэккэ интернатка олорон үөрэммитэ. Тыа кыыһа буолан, уопсай баанньыкка сылдьартан кыбыстара. Колготка диэни кэтэ үөрэммэтэх буолан, суулуу тутан баран, кистии анньан кэбиһэрэ. Былааччыйаны сөбүлээбэккэ, ыстааныгар бөскөччү уктан кэбиһэрэ. Ону оҕолор муодаргыы көрөллөрө.

Дьыл - хонук. Эвина улаатан үөрэхтээх киһи буолан, кынат үүннэринэн көппүтэ. Үлэҕэ эриллэн - мускуллан, ыарахан оҕо сааһын санаан үөһээ тыынна. Эвина төрөөбүт эбээнин тыла сүтэн эрэриттэн санааргыыр. Төрүт омугун тыла умнубатын наадатыгар кыралаан да буоллар үлэ ыытар. Убайдара барахсаттар билигин сорохторо суохтар.
Эвина үөс сиргэ көһөн, тапталлаах киһитин көрсөн, сүрэхтэрин холбообуттара, оҕоломмуттара. Дьон кэминэн олороллор.
Эвина киһиэхэ үтүөнү оннооҕор хотой баҕарар эбитин, оҕо сылдьан билбитэ . Туох барыта үтүөнэн төннөр.

Эвина Васильевна экономист идэлээх. Кэлин менеджер социально культурной , деятельности. АГИКИны эбии үөрэммитэ. Онтон СВФУ га педагог дополнительного образование диэн салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Кини кэргэнэ эмиэ улуус баһылыгын солбуйааччытынан үлэлиир. Онон кэпсээммит дьоруойа, оҕо сылдьан тымныы тыйыс дойдуга, көс эбээн норуотун эриирдээх - мускуурдаах олоҕун, этинэн - хаанынан билэн ааспыт кырачаан Эвина, улаатан үөрэхтээх киһи буолан төрдүн ууһун утумнаан, салҕааччы далбар хотун буолбутунан эҕэрдэ. Кини сыдьааннара эмиэ үүнэ - саҋда чэчирии турдуннар.

*Ородьумаан*

28.02.2024.

1,181

subscribers

3

photos

3

videos