«КИИН КУОРАТ» хаhыат @kiin_kyorat_gazeta Channel on Telegram

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

@kiin_kyorat_gazeta


🌐 Kiinkuorat.ru

📩Электроннай аадырыс: [email protected]

«КИИН КУОРАТ» хаhыат (Russian)

Добро пожаловать в канал «КИИН КУОРАТ» хаhыат! Этот канал предлагает вам уникальную возможность быть в курсе всех новостей и событий, происходящих в мире. Здесь вы найдете самую актуальную информацию о политике, экономике, культуре и многом другом. Кто мы такие? Мы - команда профессиональных журналистов, которые работают над тем, чтобы предоставить вам только достоверную и актуальную информацию. Наша цель - информировать и вдохновлять наших читателей. Что вы найдете в нашем канале? Помимо новостей, мы также делимся аналитическими материалами, интересными статьями и эксклюзивными интервью. Мы стремимся быть вашим надежным источником информации. Присоединяйтесь к нам, чтобы быть в курсе самых важных событий, происходящих в мире. Мы ждем вас на нашем канале «КИИН КУОРАТ» хаhыат! 🌐 По вопросам сотрудничества и рекламы, пишите нам на почту: [email protected] 📩

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 13:43


«Номохтоох Саха сирэ» – «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү бырайыага ©

МАЙАҔАТТА БЭРТ ХАРА

Былыр Бороҕон сиригэр Эбирикээн диэн ааттаах дьадаҥы эмээхсин олорбут. Кини Майаҕатта диэн уоллааҕа эбитэ үһү. Бу оҕо 9 сааһыгар диэри босхоҥноон, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыт. Биир үтүө күн Эбирикээн эмээхсин кытыйаҕа кутуллубут хааны аҕалан биэрбит. Уол ол хааны иһэн кэбиспит. Онтон ыла улам үтүөрэн, атаҕар турбут. Буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, кус быһый, ат бөҕө киһи буолбут. Үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт, аннынан чыс кутуйаҕы аһарбат эбит.
Ол да буоллар Майаҕатта күүстээхпин диэн киэбирбэт, киһиргээбэт, киэҥ-холку майгылаах. Кини туохтааҕар да бултуурун-алтыырын сөбүлүүр эбитэ үһү. Тойон Мүрү, Кыыс Хаҥа диэн уйгулаах-быйаҥнаах алаастарга кустуур, балыктыыр.
Атын улуус ааттаахтара Майаҕаттаны кытта күөн көрсөн, кыайан-хотон бараары кэтиир, чуҥнуур эбиттэр. Биирдэ Эбирикээн эмээхсин соҕотох олордоҕуна, боотурдар тиийэн кэлэллэр. Арай көрдөхтөрүнэ, ураһа таһыгар олус улахан, модьу оҥоһуулаах ох саа ыйанан турар. Ылан көрбүттэрэ, ыйааһына ыарахан, нэһиилэ өндөтөллөр эбит. «Эмээхсиэн, ити ким ох саатай?» – диэн ыйыталлар. «Ити уолум оҕо сылдьан сыал ыта оонньообут саата», – диэн хоруйдуур эмээхсин. Онтон дьулайан, бу дьон дьиэҕэ киирбэккэ, Майаҕаттаны көрсүбэккэ, куотан хаалаллар.
Майаҕатта албан аатын, суон сураҕын Тыгын Дархан истэр. Кини улахан уола Хардаҕастай Бэргэн Майаҕаттаны кытта бэрт былдьаһыан, күөн көрсүөн баҕарар. Кыыс Хаҥа алааска тиийэн кэлэр. Арай көрдөҕүнэ, муҥур тиит саҕа үрдүк киһи сүрдээх улахан тымтайы сүгэн баран, сыһыыны ортотунан хааман иһэр эбит. Хардаҕастай Бэргэн: «Тоҕо баҕас улаханай, бу улаханын көрө-көрө күүстээх буолуо диэн куттанан эрдэхтэрэ. Охсуһан эрэйдэниэхтээҕэр атынан түҥнэри көтүтэн ааһыахха. Оччоҕо дьон Хардаҕастай Бэргэн обургу Майаҕатта Бөҕөнү суолга баҕа курдук дэлби үктэтэн ааспыт диэхтэрэ», – дии саныыр уонна атын быһа кымньыылаан кэбиһэр. Ат туох-баар күүһүнэн ыстанан тиийэн, хааман иһэр киһини көхсүгэр түһэр. Онуоха Майаҕатта тобуга да бокус гымматах. Аттаах киһини илиитин таһынан илгэн кэбиспит – киһитэ туспа, ата туспа эһиллэ түспүттэр. Уонна кэннин хайыһан да көрбөккө, баран иһэр суолун устун бара турбут. Хардаҕастай Бэргэн дьулайбыт даҕаны, кыбыстыбыт даҕаны. Төттөрү дойдутун диэки куоппут.


Эһиги уос номоҕор киирбит Майаҕатта Бэрт Хара туһунан аахтыгыт.
1. Майаҕатта хайдах майгылаах эбитий? (киэҥ көҕүстээх, холку, үтүө санаалаах, эйэҕэс)
2. Кус быһый, ат бөҕө диэн хайдах киһини ааттыылларый? (бэйэтин кыанар, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, күүстээх киһи)
3. Тымтай диэн тугуй? (ону-маны, холобура, балыгы, угарга, сүгэ сылдьарга сөптөөх туос иһит)
4. Дьулай, чуҥнаа диэн тыллар синонимнарын булуҥ (куттан, кэтээ-манаа).
5. Майаҕатта дьиэтин-уотун уруһуйдааҥ (Кыыс Хаҥа алааһы, улахан күөлү, буор балаҕаны, сэргэни уруһуйдууллар эбэтэр буор балаҕаны, көмүлүөк оһоҕу, сандалыны, наара ороннору, балыктаах тымтайы, кытыйалары уруһуйдууллар).
6. Майаҕатта ханнык улууска олоро сылдьыбытый? (Уус Алдан улууһугар)
7. Майаҕаттаҕа ананан оҥоһуллубут икки мэҥэ таас (пааматынньык) хаартыскатын куйаар ситимиттэн булан көрүҥ, тэҥнээҥ.
8. Эһиги нэһилиэккитигэр ханнык улахан күөллэр баалларый?
9. Далла мэндэйии диэн тугу этэллэрий? Тылдьыттан быһаарыытын көрүҥ (ох саанан сыал ытарга күрэхтэһии)
10. Майаҕаттаны тоҕо Бэрт Хара диэн ааттаабыттарын туһунан номоҕу булан ааҕыҥ.
11. Майаҕатта туһунан Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра (Дьокуускай) туруорбут испэктээҕин көрүҥ.

Майаҕатта Бэрт Хара туһунан эбии номохтору ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ.
1. Исторические предания и рассказы якутов. В 2-ух ч. Ч. 1. М., Л.: Изд-во Академии наук СССР, 1960. 337 с.
2. Ксенофонтов Г.В. Эллэйада: материалы по мифологии и легендарной истории якутов. М.: Наука, 1977. 256 с.
3. Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ. Якутск: Як. книж.изд-во, 1977. 302 с.
4. Яковлев В.С.-Далан. Тыгын Дархан. Якутск: Бичик, 1993. 520 с.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 08:38


#КК_Сэргээ

Олунньу 13 күнүгэр - Ийэ тыл күнүн торума⬆️⬆️⬆️

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 07:32


#КК_Сонун

Саха сирин Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар биир кэмнээх көмө харчы көрүлүннэ

❇️Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан 11 Ленинград блокадатын олохтооҕор өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 80 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх көмө харчы оҥоһулунна.

СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, бу 11 киһиттэн 7-тэ – Дьокуускай куоракка, 2-тэ   Алдан уонна биирдии олохтоох Ленскэй, Хаҥалас улуустарыгар олороллор.

Маны сэргэ  сокуоннай саастарын туола илик сылдьан концлааҕырга түбэспит өрөспүүбүлүкэ 5 олохтооҕор эмиэ маннык көмө харчы көрүлүннэ.

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар араас кээмэйдээх төлөбүрү 13 тыһ. Саха сирин олохтооҕо ылыаҕа. Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара – 2 мөл. солк., Ленинград блокадатын кыттыылаахтарыгар уонна сокуоннай саастарын туолбакка сылдьан концлааҕырга түбэһэ сылдьыбыттарга, сэрии огдооболоругар – 80 тыһ. солк., тыыл бэтэрээннэригэр – 50 тыһ. солк., сэрии кэмин оҕолоругар – 5 тыһ. солк.


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 06:32


#КК_Сонун

Саха сирин мүөтэ бастыҥнар кэккэлэригэр

🍯 Башкирия Уфа куоратыгар буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы "ApiGlobal-2025" куонкурус "Полифлернай мүөт" категориятыгар Амма улууһун Мээндигитин урбаанньыта Марат Залялов хомуйбут мүөтэ 2-с миэстэ буолла.

Бу ордук элбэх күөн көрсүүлээх номинацияҕа уопсайа 23 кыттааччы күрэс былдьаста. Куонкуруска барыта Арассыыйа 39 регионуттан уонна чугас эргин кыраныысса тас дойдуларыттан 266 көрүҥ мүөтү сыаналаабыттар. Оттон Саха сирин улуустарыттан куонкуруска кыттарга биэс араас мүөт көрүҥэ ыытыллыбыт.


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 05:31


#КК_Сонун

❇️СӨ Национальнай архыып Саллааттар, мотуруостар төрөппүттэрин кэмитиэттэрин уонна «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда салаатын кытта,  байыаннай дьайыыга Саха сириттэн кыттыбыт дьон туһунан докумуоннары хомуйан саҕалаата.

Бу иннинэ туһааннаах докумуоннары тэрилтэлэр эрэ биэрэр кыахтаах эбит буоллахтарына, билигин байыастар аймахтара, кэллиэгэлэрэ, волонтердар эмиэ биэриэхтэрин сөп.

Маны тэңэ буойун үөрэммит оскуолата, орто, үрдүк үөрэх кыһалара кыттыһыахтарын сөп. Докумуону хомуйарга судаарыстыбаннай былаас уорганнара, уопсастыбаннай патриотическай түмсүүлэр көмөлөһөр кыахтаахтар.

☝🏻Архыыпка бастайааннай харайыыга тус докумуоннары, хаартыскалары, суруктары, бэлиэтэнэр киниискэлэри, күннүктэри (дневник), ахтыылары, ырыалары, хоһооннору, уруһуйдары, хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйалары туттарыахха сөп.

📲Архыыпка билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 47-61-55, 8 (4112) 42-55-49;
🏤 e–mail: [email protected]

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 04:30


Транспортные карты и проездные билеты

Уважаемые пассажиры, представляем вашему вниманию способы оплаты проезда в общественном транспорте г. Якутска и пригородах.

🔹 Транспортный кошелек КЖЯ / Социальный проездной

Карта жителя Якутии – полноценная банковская карта с технологией бесконтактной оплаты, которую можно использовать для любых расчетов.

Стоимость проезда:
Всем жителям – 33 рубля
Многодетным – 26 рублей
Социальным льготникам – 598 рублей/мес.

🔹 Проездной билет

Проездной билет – это аналог месячных проездных билетов со сроком действия 60 календарных дней со дня его приобретения и лимитом поездок: 40 и 60.

Стоимость билета:
40 поездок (60 дней) – 950 руб.
60 поездок (30 дней) – 1 200 руб.
60 поездок (60 дней) – 1 300 руб.

🔹 Проездной билет «Пригородный»

Электронный проездной билет «Пригородный» на пригородные маршруты.

Стоимость проезда – 2700 рублей/30 дней.

🔹 Карта «Спутник»

Транспортная карта «Спутник» – это микропроцессорная бесконтактная транспортная карта с онлайн-пополнением для оплаты проезда в городском транспорте, где установлено оборудование по приему бесконтактных платежей.

Стоимость проезда – 33 рубля.

🔹 Транспортное приложение АСОП

Мобильное приложение АСОП (автоматизированная система оплаты проезда) – удобный инструмент для оплаты проезда смартфоном и проверки баланса транспортных карт.

Выбирайте удобную для себя форму оплаты за проезд 🚌

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 04:02


Чурапчы «Быара суохтарын» көрдөхпүнэ санаам көтөҕүллэр.😍😘 Норуот талааннаахтара, тыа сирин олохтоохторо дьон, күннээҕи түбүктэн иллэҥ булан, дьону- сэргэни саатата, баар уустуктан аралдьыта сылдьаллара, көрөргө эрэ судургутун иһин, элбэх сыраны, сэниэни, үбү да эрэйэн эрдэҕэ. Быйыл сүүрбэ сыллара эбит. Бириэмэ, дьэ, түргэнник элэстэнэр.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 03:30


#КК_Сонун

«Болдьоҕо суох»: Быыстапка бэстибээлэ

❇️«Без срока давности» Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэх тэрилтэлэрин музей экспозицияларын бэстибээлин муниципальнай түһүмэҕэ түмүктэнэн эрэр. 

Тэрээһин сүрүн сыалынан эйэлээх нэһилиэнньэни утары байыаннай буруйу оҥоруу сиэртибэлэрин кэриэстээһин, 1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр нацистар таһаарбыт алдьархайдарын уонна онтон эмсэҕэлээбиттэр сырдык ааттарын киэҥ билиигэ таһаарыы буолар.

Бэстибээл кыттыылаахтара ыччаты кытта историяны билиигэ иитэр-үөрэтэр үлэни көрдөрөр көһө сылдьар, виртуальнай экспозициялары туруораллар.
Түһүмэхтэрэ:
I ‒ муниципальнай түһүмэх 2024 сыл ахсынньы 2 күнүттэн 2025 сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри ыытылла турар;
II ‒ региональнай түһүмэх олунньу 1 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри;
III ‒ федеральнай түһүмэх кулун тутар 4 - 17 күннэригэр.

☝🏻Сиһилии (499) 400-02-48, эб. 960 төлөпүөнүнэн уонна [email protected]. электроннай почтанан билсиэххэ сөп.
Бэстибээл БАЛАҺЫАННЬАТА.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 02:32


#КК_Сонун

Көҥүлэ суох сыбаалка тоҕо үөскүүрүй?

♻️Евгений Григорьев уокуруктар уонна нэһилиэктэр управаларын салайааччыларын кытта куорат биир сытыы кыһалҕатын – санитарнай туочукалар нуорманы таһынан туолууларын дьүүллэстэ. Ол туһунан бэйэтин телеграм-ханаалыгар билиһиннэрэр.

Кэпсэтиигэ «Якутскэкосети» уонна «Жилкомсервис» тэрилтэлэр салайааччылара ыҥырыллыбыттар.  Бары да билэрбит курдук, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр, чааһынай да кыбаарталлар бөх тоҕор дьааһыктара сүрүннээн дьоҕус киоскалар таһаарар хоруопкаларынан туолар. Ол түмүгэр кытаанах бөх (ТКО) иэнигэр олохтоммут норматив хас да бүк аһара барарын управалар салайааччылара да, бөх тиэйиллиитигэр эппиэттээх тэрилтэлэр даҕаны биир киһи курдук этэллэр. Онон региональнай оператор мунньуллуохтаах бөх иэнин нуорматын хаттаан көрөрү туруорсар.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/k-le-suoh-sybaalka-to-o-sk-r-y

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 01:33


#КК_Сонун

Айсен Николаев уонна Евгений Григорьев туристарга аналлаах инфраструктураны билистилэр

❇️Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев бу күннэргэ киин куорат туристическай инфраструктуратын көрдүлэр.

Бастакынан саҥа тутуллуохтаах «Кырдьаҕас куорат–2» историко-култуурунай бырайыак миэстэтин көрдүлэр. Бырайыак  55 уонна 55А кыбаарталлар инфраструктураларын тупсарарын таһынан, былыргы Дьокуускайы кытта билиһиннэрэр миэстэ буолуохтаах. 

Куорат маастар-былаанын быһыытынан, үлэ быйылгыттан саҕаланыахтаах. Олорор дьиэлэри, атын социальнай эбийиэктэри таһынан 250 миэстэлээх оскуола былааннанар. 

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Jan, 00:32


#КК_СурукКиирдэ

✍️Пушкин аатынан уулусса 31 нүөмэрдээх дьиэтигэр, Наталия Николаевна Пахомова дириэктэрдээх”Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай хааччыйыы кэлим киинэ” “Дьарыктанар кыбартыыра” (“Тренировочная квартира” полустационар) диэн баар.

Отделение сэбиэдиссэйинэн Саргылана Ивановна Диодорова, социальнай үлэ специалистара Анастасия Николаевна Алексеева, Ньургуйана Романовна Бурцева, үлэ инструкторынан Арсен Иннокентьевич Слепцов, сүрүн специалиһынан Алена Николаевна Атакова үлэлииллэр.

“Дьарыктанар кыбартыыраҕа” 18 саастарыттан 45 саастарыгар диэри доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сылдьаллар.
Билигин күнүскү стационарга анал байыаннай дьайыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Ол курдук күннэтэ хаххаланар сетка баайаллар.

Манна кэлээччилэри олоххо бэлэмнээх буоларга үөрэтэллэр. Кинилэр араас дьарыкка сылдьаллар. Төрөппүт, чугас дьоно үксүн аттыларыгар баар буолбаттар. Ол курдук ас астыырга, маҕаһыынтан атыылаһарга, оптуобуһунан бэйэлэрэ сылдьалларыгар, иистэнэргэ, уһанарга үөрэтэллэр. Онон үлэһиттэргэ махталбыт муҥура суох.

Тус бэйэм уолум сүрдээҕин сайынна, сатыы тренировочнайтан дьиэтигэр кэлэр, оҕом бэйэтигэр эрэллээх буолбут, онон бастакы үтүө түмүктэр бааллар.

Төрөппүт Татьяна Жондорова

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 12:51


⚡️📹Саха сирин уһулуччулаах бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, национальнай тыйаатыр уонна бэчээт эйгэтигэр төһүү кылааты киллэрбит учуонай, суруйааччы, сырдатааччы Василий Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт 2016 сылга сүрэхтэммит документальнай киинэ НВК «Саха» видео ситимнэригэр таҕыста:

📹VK Видео:
https://vkvideo.ru/video-211137588_456256316

🔗YouTube:
https://youtu.be/Th7vVEoxjaY?si=5o_r7PA0SzZEH2-u

💙Rutube:
https://rutube.ru/video/d6b5b0ee4a6f12f51f66db89088f4975/

@nvk_sakha

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 09:34


🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭

САХА ТЕАТРЫГАР *ТОХСУННЬУГА*

🎫 ОНЛАЙН билиэттэр: https://iframeab-pre5643.intickets.ru

🏛️ Каасса күн ахсын өрөбүлэ, тохтобула суох 10:00-18:00 үлэлиир
📲 Билсэр төл: 34-13-31
Пушкинскай карта үлэлиир
🎭 Театрга кэлиҥ, сылдьыҥ, маанылаах ыалдьыт буолуҥ!

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 08:31


#КК_ТускарТуһан

🫖Абыраллаах чэй

Билигин тымныйыы, тумуу, араас ОРВИ, грипп тарҕаммыт кэмигэр ыалдьыбыт киһи туругун чэпчэтэр чэй оҥостон иһиҥ.

☝🏻Имбирь,
🍋 лимон,
🍯 мүөт,
🍵 ханнык баҕарар чэй.

Барытын сылаас уунан саба кутан туруора түһэбит. Имбиирин элбэх гыннахха аһыы амтаннанар - бүөлэнэр муруңңа абыраллаах. Мүөтүн элбэх гыннахха амтана өссө минньийэр. Лимон элбэх С битэмииннээх буолан тумууну таһаарарга туһалыыр.
☝🏻Күөх чэйинэн оңордоххо хаан баттааһынын үрдэтиэн сөп - дабылыанньалара түһэн хаалар дьоңңо ааттаах.

Ыалдьыбыт буоллаххытына сотору-сотору оңостон иһиң🙌🏻
💧Ону сэргэ элбэх ууну иһэргитин умнумаң.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 07:34


#КК_ТускарТуһан

Ыккын сүтэрдэххинэ

🦮 Арай ыккыт төлө баран эбэтэр ханнык эмэ төрүөтүнэн алҕас тиэргэнтэн тахсар, сүтэр түгэнигэр 8-924-870-00-06нүөмэргэ эрийэн токкоолоһор кыахтааххыт.

Ону тэҥэ Дьокуускай к. Очиченко уул., 57 нүөмэригэр баар “Помоги выжить” приюкка сирэй тиийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

☝🏻Сүрүнэ, ыккытын быстах да кэмҥэ көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ ыытымаҥ, дьону эрэйгэ тэбимэҥ. Ыстараап улааппытын умнумаҥ.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 06:37


#КК_Сонун

✈️ 2025 сылга Саха сиригэр икки аэропорт реконструкцията уонна биири тутуу түмүктэниэҕэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук, Полярнай уонна Өлүөхүмэ аэропортарын уларытан уонна Мииринэйгэ саҥа аэропорду тутуу түмүктэниэхтэрэ.

❇️«Тырааныспар инфраструктуратын модернизациялааһын» нацбырайыак чэрчитинэн маны сэргэ 2028 сылтан 2030 сылга диэри эбии түөрт аэропорт реконструкцията ыытыллыаҕа: Зырянкаҕа, Маҕаҥҥа, Ньурбаҕа уҥонна Полярнай иккис уочарата.

❇️2019-2024 сылларга «Регионнар аэропортарын сайыннарыы» федеральнай бырайыагынан Саха сиригэр 11 аэропорт аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир гына саҥардыллан турар: Дьокуускайга, Черскэйгэ. Эдьигээҥҥэ, Хаандыгаҕа, Белай Гораҕа. Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Депутатскайга, Сангаарга, Нерюнгрига уонна Уус Ньараҕа, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. 

 https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 05:46


#КК_Сонун

❇️ 2019-2024 сылларга 45,92 тыһыынча киһи 887,66 тыһ. кв.м иэннээх хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүлүннэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Анал этиитигэр бэлиэтээбитин курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ нэһилиэнньэни хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. 

💬«2025 сыл бүтүөр диэри 48 тыһыынчаттан тахса киһини көһөрөр былаан баар. Маны таһынан 11 тыһыынча киһи «Инфраструктура для жизни» саҥа национальнай бырайыагынан көһөрүллүөҕэ», - диэн турар Айсен Николаев. 

Дьокуускай куоракка 900 тыһ. кв.м иэннээх олорор дьиэни олоххо киллэрэр территориялары кэлимник сайыннарыы 8 бырайыага саҕаланыаҕа. 194 саахалланар туруктаах дьиэ саҥардыллыаҕа, киин куорат 3 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕо олорор усулуобуйатын тупсарыныаҕа. 

 https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 04:45


#КК_Сонун

👍🏻Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирбит «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан Саха сиригэр 2019-2024 сылларга 1 430 км тахса суол ирдэбилгэ эппиэттиир таһымҥа тиэрдилиннэ. 

❇️Ол иһигэр Горнай оройуонугар «Кэбээйи» массыына суола, Хаҥалас оройуонугар «Умнас» массыына суола Тиит Арыы учаастагар, Бүлүү оройуонугар «Бүлүү» массыына суолун 524-с км - Кыһыл Сыыр, Нам оройуонугар «Нам» массыына суолун уонна «Умнас» массыына суолун Хаҥалас оройуонугар Покровскай куоракка киириитэ.

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак түмүктэнэр сылыгар уопсайа 395 км усталаах уулусса-суол ситимэ оҥоһулунна.

Ааспыт 2024 сылга биэс күргэ тутулунна.

❇️2019 сылтан саҕалаан уопсайа 2 665 км усталаах массыына суола уонна 55 күргэ ирдэбилгэ эппиэттиир гына оҥоһулунна.
2025 сылтан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагы «Инфраструктура для жизни» саҥа национальнай бырайыак салгыыр.

 https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 03:05


#КК_Фотофакт

🤳”Триумф” уораҕайыгар "Инникигэ хардыы" научнай-практическай конференция үлэтэ саҕаланна.



 https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 02:31


#КК_Сонун

2025 сылга өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна куораттарыгар өссө 25 туона тупсарыллара былааннанар.

👍🏻Онтон биэһэ - Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһын кыайыылаахтара: Томмокко өрүс кытыла, Өлүөхүмэҕэ «Үйэлэр кирбиилэригэр» сквер, Аллараа Бэстээххэ Киин паарка бастакы түһүмэҕэ, Хаандыгаҕа кытылы тупсарыы уонна Аммаҕа дьоҕус паарка.

Санатар буоллахха, «Куоракка табыгастаах эйгэни тэрийии» бырагыраама дойду баһылыга Владимир Путинынан көҕүлэммит «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак иитинэн олоххо киллэриллибитэ. 

«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыак сүрүн соруктара — куоракка табыгастаах уонна тупсаҕай эйгэни тэрийии уонна нэһилиэнньэни тупсарыы боппуруостарыгар кыттыннарыы.
Үлэ бу хайысханан 2019 сылтан  2024 сылга диэри ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. 2025 сылтан Владимир Путин саҥа национальнай бырайыактары үлэлэтэргэ быһаарбыта, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

 https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 01:37


#КК_Сонун

2025 сылга Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын баазатыгар эти, оҕуруот, сир аһын таҥастыыр сыах үлэҕэ киириэҕэ.

Ил Дархан сорудаҕынан хоту улуустарга барыларыгар тэриллэр 13 эргиэн-логистика кииннэрэ үөс сиртэн аһылык бородууксуйатын тиэйиини уонна хоту оройуоннартан эти, сир аһын тутан таҥастааһыны, кэнсиэрбэлээһини тэҥинэн дьүөрэлиэхтэрэ. 

Бүгүҥҥү күҥҥэ «АТЛК» АУо (Арктикатааҕы эргиэн-логистика хампаанньатын) территориятыгар эти, сир, оҕуруот аһын таҥастыыр производственнай сыах тутуллар. Арктиканы сайыннырыыга уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай иһитиннэрбитинэн, сыах эт, оҕуруот аһын кэнсиэрбэтин, барыанньа, сироп оҥорууга идэтийиэҕэ.

❇️Хоту улуустарга баар эргиэн-логистика кииннэрэ быйылгыттан олохтоох нэһилиэнньэттэн отон, сугун, долохуна туталлар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

 https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

09 Jan, 00:35


#КК_ТускарТуһан

2025 сылга Ил Түмэн дьокутааттара биирдиилээн гражданнары кытта көрсөр графиктара таҕыста: https://kiinkuorat.ru/articles/2025-sylga-il-t-men-dokutaattara-biirdiileen-grazhdannary-kytta-k-rs-r-grafiktara

☝🏻Норуот дьокутааттарын кытта тус көрсүһүүгэ Ил Түмэн Уопсастыбаннай приёмнайын нөҥүө суруйтарыллар: Дьокуускай к., Ярославскай уул., 24/1, каб. 117.

Тэйиччиттэн суруйтарыы аадырыһа: https://www.iltumen.ru/reception.

Сиһилии билсэр төлөпүөн: 8 (4112) 43-53-74.

❇️Дьокутаат тус приемугар киирэргэ эрдэттэн суруйтарар булгуччулаах. Приемҥа пааспар ирдэнэр, диэн иһитиннэрэр Ил Түмэн аппараатын гражданнары кытта үлэҕэ салаата.


 https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

08 Jan, 10:59


«Саха» НКИХ «Сонуннар» биэриитигэр редактордаабыт, биир идэлээхпит Татьяна Бурцеваны үгүстэр өйдүүргүт эрэбил. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, билигин Москубаҕа олорор. Уруһуйдуур талаанын сайыннаран, анаан үөрэтэн. бэртээхэй айымньылары айан тутан таһаарар. Үлэлэрэ быыстапкаларга туруоруллан эрэрэ үөртэ👏👏👏 Истиҥ эҕэрдэ буолуохтун!

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

08 Jan, 10:27


Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра ТОХСУННЬУ 11, 12 күннэригэр киэһэ 18ч. Василий Яковлев-Далан «ТУЛААЙАХ ОҔО» испэктээкилигэр ыҥырар.

🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭🎭

Кыргыһыы хонуутугар тулаайах хаалбыт хорсун сүрэхтээх тоҥ биис кыысчаана Ньырбачаан, Бүлүү бөлөх сахаларын төрүттүүр дьылҕатын быатыгар, өстөөхтөртөн быыһанан тыыннаах хаалар айанын эриирдээх ыллыга улуу Туймаада туһаайыытынан аартыгы арыйар.

🔸 Руслан Тараховскай туруоруута
🔸 Майя Власьева, Дьулустан Семенов инсценировкалара

🎫 ОНЛАЙН билиэт: ТОХСУННЬУ 11 күнүгэр https://iframeab-pre5643.intickets.ru/seance/48154461/

ТОХСУННЬУ 12 күнүгэр https://iframeab-pre5643.intickets.ru/seance/48154554/
🏛️ Каасса күн ахсын өрөбүлэ, тохтобула суох 10:00-18:00 үлэлиир
📲 Билсэр төл: 34-13-31
Пушкинскай карта үлэлиир

🎭Театрга кэлиҥ, сылдьыҥ, маанылаах ыалдьыт буолуҥ!

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

08 Jan, 07:34


#КК_ТускарТуһан

Уот, гаас, уу, ититии бардаҕына ханна эрийэбит?

🔸Уу бардаҕына ханна эрийэбит?
Киин диспетчерскэй сулууспаҕа: 44-91-54.

🔸Канализацияҕа саахал таҕыстаҕына
Канализация киин диспетчерскэй сулууспатыгар: 49-34-04.

🔸Уот бардаҕына
Дьокуускайдааҕы уот ситимин киинэ: 21-55-68.

🔸Лифт харан хааллаҕына, хаайтардаххытына
Биир кэлим аварийнай сулууспа: 43-55-15.

🔸Домофон үлэлээбэт?
Домофон-сервис: 40-20-78.

🔸Гаас сыта кэллэҕинэ
Гаас сулууспатыгар стационарнай төлөпүөнтэн: 04; суотабайтан: 104.

🔸Суһал медицинскэй көмө наада?
03, 103.

🔸Полиция көмөтө наада буоллаҕына
Стационарнай төлөпүөнтэн: 02; суотабайтан: 102.

🔸Буруо сытын биллэххитинэ, баһаар буоллаҕына
101, 01.

🔸Сөмөлүөт хаска кэлэрин, хаска көтөрүн билэргэ
“Дьокуускай” аэропорт төлөбүрдээх справочнайа: 14-006; “Маҕан” аэропордун справочнайа: 40-63-19. 

🔸Куорат кытыы бөһүөлэктэригэр айанныыр оптуобустар сырыыларын хантан билсэбит?
Автовокзал: 8 -(4112) 36-47-66, диспетчерскэй: 8 - (4112) 36-14-61. 

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

08 Jan, 05:05


🎵🎤Ырыаһыт, аранжировщик, 90-с сыллар саҥаларыгар ураты суоллаах-иистээх Петр Петров-Бүөккэ Бөтүрүөп айар киэһэтэ НВК «Саха» видео ситимнэригэр таҕыста:

Бу сигэлэринэн киирэн көрүҥ:

📹VK Видео:
https://vkvideo.ru/video-211137588_456256297

🔗YouTube:
https://youtu.be/PGIcxhfUwWA?feature=shared

💙Rutube:
https://rutube.ru/video/f7723da84c73faaf8fde7a515f99c5a9/

@nvk_sakha

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

08 Jan, 03:09


#КК_ТускарТуһан

⬆️⬆️⬆️Таҥха иһиллээһин судургу уонна ордук тарҕаммыт көрүҥнэрин бэлэмнээтибит.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

05 Jan, 06:35


Майа баһылыга Алексей Неустроев👆🏻

Бу күһүн кэпсэтэрбитигэр маннык диэбитэ: Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ олох өрөбүлэ суох үлэлииллэр, хайдах эмит көмөлөспүт киһи - диэн санаалаах этэ. Ол санаатын сэмээр толоро сылдьар.

Дьиҥэр бэйэтэ да өрөбүлэ суох үлэлиир баһылык. Майалар ону билэбит. Суол астарар тыраахтар суоппара суох буолан өрөбүллэргэ бэйэтэ тахсан астарар, бюджетынан эрэ муҥурдаммакка эбии дьон олорор уулуссаларын суббуотунньугунан көннөрөн тупсарда

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

05 Jan, 05:45


Бэртээхэй кинигэ тахсыбыт.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

05 Jan, 05:23


Вследствие низких температур произошло промерзание сетей канализации по адресу ул. Байкалова, 6.
По заявке управляющей кампании силами МУП «Жилкомсервис» проведена работа по отогреву – пропарка канализации. 5 января с 12 ч. приступили к откачке септика.
«Сегодня септик полностью откачаем, и до 15 января будет проведена уборка наледи», - сообщил заместитель директора МУП «Жилкомсервис» Станислав Новиков.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

05 Jan, 05:15


#КК_Дьон
#КК_СпортСулустара

Ылдьаа Скрябин

Ааспыт 2024 сыл түмүгүнэн биллиилээх спорду сырдатар комментатор Илья Ильич Скрябин “Спорка сулууспалааһын” номинация бириэмийэтин лауреата буолбута.

Илья Ильич Скрябин Мэҥэ Хаҥалас ытык Төҥүлүтүн төрүт олохтооҕо. Тоҕус оҕолоох, ол иһигэр, аҕыс уоллаах, биир кыыстаах буойун-фронтовик, снайпер Илья Алексеевич уонна Марфа Николаевна Скрябиннар холкуостаах дьиэ кэргэн сэттис оҕолоро.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/yldaa-skryabin


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

05 Jan, 03:15


#КК_МинньигэстикАһааҥ

🍖🌮🌯 Аныгы хаһаайкаларга астыыр быдан чэпчээтэ, маҕаһыыннарга түргэнник бэлэмнэнэр бородуукта (полуфабрикат) эгэлгэтэ, интэриниэт ситимигэр ырысыап арааһа.

Саҥа дьыллааҕы салааттаргыт бүттүлэр дуо? Бүгүн тугу астанар былааннааххытый?

🌿Эһиги болҕомтоҕутугар - эриллибит эттэн түргэн уонна минньигэс бүлүүдэлэр: https://kiinkuorat.ru/articles/erillibit-etten-totooyu-b-l-deler

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

05 Jan, 02:28


🐮🫶🎄Саҥа сылы көрсө Эбээн Бытантайга саха сүөҺүтэ тэнийэр

Аан дойдуга уҺун өрөбүл күннэр үгэннэрэ, онтон хаҺаайыстыбалаахтарга төрүөх саҕаланна
. Тохсунньу томороон тымныы 4 күнүгэр Лена Бочкарева хаҺаайыстыбатыгар тыҺы ньирэй күн сирин көрдө👏👏👏Төрүөх этэҥҥэ буолан, сахабыт сүөҺүтэ чэчирии тэнийдин🤞🤞🤞
#тыахаҺаайыстыбата

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

05 Jan, 01:10


Итоги за декабрь 2024г. 📝

Консультацию по мерам социальной поддержки можно получить по номеру контакт-центра Агентства: 8-800-222-50-70

Присоединяйтесь и задавайте вопросы в Обсуждении: https://clck.ru/3DMgPA

«ВКонтакте»: https://clck.ru/34AeyP
Сайт: https://clck.ru/JQpTK

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Jan, 23:10


#КК_ТөрөппүтКыһата

Саҥа дьыл уһун өрөбүллэригэр бары эрэһииммит ыһыллар🫣

🛌 Ордук оҕолор хойут сыталлар, эбиэккэ уһукталлар.

Эрэһиими көннөрүнэр кэм кэллэ, сотору үөрэх, үлэ күннэрэ саҕаланыахтара☝️

Оскуола оҕото төһөнү утуйуохтааҕый?
🔸1–4 кылааска — 10–10,5 ч.
🔸5–7 кылааска — 10,5 ч.
🔸6–9 кылааска — 9–9,5 ч.
🔸10–11 кылааска — 8–9 ч.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Jan, 12:04


#КК_Аудиокэпсээн

Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ "Кутуйах хасааһа" кэпсээнин ааҕар Ольга-Суһум

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta/

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Jan, 08:06


🎭🚌 «Саҥа Эргэ дьыл» театрализованнай дьүһүйүү улуустарга айаннаата

Бүгүҥҥүттэн Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай театр эрчимнээх эдэр артыыстара «Саҥа Эргэ дьыл» аптаах кэмиэдьийэни кэккэ улуустарга көрдөрө айаҥҥа туруннулар. Ол курдук, бүгүн Уус Алдаҥҥа, сарсын Намҥа, онтон тохсунньу 6 күнүгэр Мэҥэ Хаҥаласка уонна тохсунньу 8 күнүгэр Горнай улууһугар сылдьыахтара. Эһиэхэ анаан үөрүү-көтүү аргыстаах, сүргэни көтөҕөр Саҥа сыл аптаах бырааһынньыгын көтүтүмэҥ!

В эти дни в учреждениях культуры проходят различные новогодние мероприятия: театрализованные представления, спектакли, утренники, концерты, балеты и другие развлечения. По доброй традиции, артисты Саха академического театра им. П. А. Ойунского начали выездные гастроли по улусам, чтобы подарить жителям частичку волшебства и новогодних чудес!

https://t.me/afanasiy_noev

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Jan, 05:19


#КК_история

Дьокуускай уулуссаларын былыргы ааттарын билэҕин дуо?

Ленин проспегын бастакы аата Февральскай өрөбөлүүссүйэ аатынан уулусса диэн эбит.
Оттон Орджоникидзе болуоссатын бастакы аата -
Казарменнай уулусса.
Ярославскай уулуссатын былыргы аата - Полицейскай уулусса.

Хаартыскаҕа атын уулуссалар былыргы уонна билиҥҥи ааттарын көр. Хаартыска "Бичик" кинигэ кыһата 2002 с.таһаарбыт П. Петров "Улицы и площади Якутска" кинигэтиттэн.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Jan, 05:17


#КК_История

📸Поярков уулуссата, 1989 сыл.

Источник: National Geographic 3/1990, 32cтр.


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Jan, 01:30


#КК_ТускарТуһан

ОДьКХ өҥөлөрүгэр ороскуоккут дьиэ кэргэн уопсай дохуотуттан 15% аһарар буоллаҕына, субсидия ылыаххытын сөп.

Өҥө ханнык көрүҥнэригэр субсидия көрүллэрий?

❇️Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ:
🔸Дьиэ-уот өҥөлөрө;
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр уот төлөбүрэ;
 
❇️Чааһынай олорор дьиэлэргэ:
🔸Хомунаалынай өҥөлөр, ол иһигэр:
🔸Уот;
🔸Бөҕү тиэйии;
🔸Уу куттарыы.
🔸Дьиэни-уоту ититэр систиэмэ:
🔸Гааһынан ититии;
🔸Уот ситиминэн ититии;
🔸Оһоҕунан уонна хочуолунан оттуллар дьиэлэргэ чоҕу, маһы тиэйтэрии.

☝🏻СӨ ОДЬКХ-ҕа уонна энергетикаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл үһүс кыбаарталын түмүгүнэн 15 тыһыынчаттан тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо бу көмөнү ылар.

Судаарыстыбаннай өҥөнү «Агентство субсидий» оҥорор.

Социальнай көмө туһунан сиһилии  http://www.subsidii-jku.ru/ эбэтэр https://t.me/as_ykt телеграм-ханаалга, www.e-yakutia порталга киирэн көрүҥ.

8-800-222-50-70 эрийэн ыйыталаһыаххытын, сүбэ-ама ылыаххытын сөп.


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Jan, 00:10


Доброе утро, дорогие жители и гости столицы!

На 07:00 утра 04.01.2025 все 51 тёплая остановка уже открыты и готовы к работе! Вы можете с комфортом ожидать общественный транспорт в тепле.

Напоминаем, что тёплые остановки открыты с 07:00 до 23:00. Пожалуйста, заботьтесь о городском имуществе и поддерживайте чистоту на остановках.

#ПРОАвтобусы #ГородскаяТранспортнаяСлужба #ТеплыеОстановки #Якутск

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 12:01


#КК_Аудиокэпсээн

Мария Винокурова, "Таптал быстыбат ситимэ"

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 11:36


Георгий, Мичил, Белоусов 👏👏👏👍

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 11:26


#сэргээ@kiin_kyorat_gazeta "Саһыл саҕа" дьонтон куттаммат үйэтэ.😅

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 10:39


🗣Уважаемые жители города Якутска!

Мы понимаем беспокойство жителей ряда многоквартирных домов по поводу сообщений о нескольких авариях на коммунальных сетях, имевших место в последние дни. В связи с чем Департамент жилищно-коммунального хозяйства и энергетики Окружной администрации сообщает следующее.

😊Согласно информации ФГБУ «Якутское управление по гидрометеорологии и мониторингу окружающей среды», с 31.12.2024 по текущую дату сохраняется аномально холодная погода, ниже нормы на 7 градусов Цельсия. Горожане свидетели тому, что в последние несколько дней температура воздуха стабильно держится около минус 50 градусов, и ниже. 

😊Резкий перепад температур создает дополнительную нагрузку на инженерные сети. Длинные новогодние праздники – это время радости и семейных встреч, но это также период повышенного потребления всех ресурсов сетей коммунальной инфраструктуры, что, к сожалению, может приводить к внеплановым сбоям. 

😊С 18:00 ч. 28.12.2024 г. по 09:00 ч. 09.01.2025 г. на территории нашего города введен режим функционирования «Повышенная готовность», сформирован оперативный штаб, ведется круглосуточное дежурство на объектах жизнеобеспечения и в ТОУ, выделены дополнительные дежурные бригады, усилены городские службы, готовые оперативно устранить аварийные ситуации и минимизировать неудобства для горожан. 

😊Администрация города принимает все необходимые меры для предотвращения и оперативного устранения аварийных ситуаций. Мы активно мониторим ситуацию и готовы к любым вызовам, чтобы обеспечить надежное функционирование коммунальной инфраструктуры. Благодарим вас за понимание и терпение в этот непростой для систем жизнеобеспечение период. 

😊Мы уверены, что совместными усилиями сможем улучшить качество предоставляемых услуг и повысить комфорт проживания в нашем городе. Также призываем вас сохранять бдительность. В праздничные дни, с учетом повышенной нагрузки на коммунальные сети и сильных морозов, количество заявок в ЕДДС по различным вопросам возрастает. Все принятые заявки находятся на контроле Единой дежурно-диспетчерской службы г. Якутска, и снимаются только после полного устранения и подтверждения от заявителя. 

😊При обнаружении проблем, связанных с тепло-, водоснабжением, нарушением электроснабжения, просим вас обращаться в ЕДДС по номеру 44-45-64.

@yakutsk_stolica

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 10:02


*Оҕоҕут каникулун хайдах атаарар?*🎄

«Сайдыс» киин 5-10 саастаах оҕолору умнуллубат уонна олус туһалаах каникулу бииргэ атаара ыҥырар!

Ыытыллар күннэрэ:
*06.01-10.01* (5күн)
👍 *Араас хайысхалартан талыаххытын сөп:*
логопедическай дьарыктар;
ааҕарга үөрэтии;
түргэнник өйгө суоттуурга үөрэтии, төгүл таблицатын баһылааһын;
сыыһата суох суруйарга үөрэтии;
эбэтэр көрдөөх-нардаах күнүскү лааҕыр.

*Буолар сирэ:* Дьокуускай куорат, «Сайдыс» киин филиаллара.

📲 Сиһилии бу сигэнэн: https://wa.me/79644182660

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 09:02


#КК_Поэзия

❄️🎄❄️❄️🎄❄️🎄
Тоҕус былас туманнаах,
Томороон тымныылаах,
Тохсунньулуур ыйбыт,
Тирээн кэллэ,доҕоттоор..
Таһырдьа тахсартан,
Куттанан,дьаарханан,
Халлааммыт сымныырын,
Кэтэһэр курдукпут..
Быйылгы тымныыга,
Үөрэнэ иликпит,
Сымнаҕас халлааҥҥа
Махтана хаампыппыт..
Дьэ,доҕор, тымныйда,
Чысхаанын биллэрдэ,
Бөһүөлэк чуумпурда,
Ыал бары чуҥкуйда..
Биир дьиэҕэ хаайтарда
Оҕолуун-уруулуун,
Оһоҕу манаата.
Сүөһүлээх ыалларбыт,
Хотоҥҥо тахсаллар,
Сүөһүнү уулата,
Ойбоҥҥо үүрэллэр..
Сүөһүлэр сырсаллар,
Уулаары сүүрэллэр,
Ыттар тоҥон үрбэттэр,
Суордар тоҥон,көппөттөр..
Харыстаныҥ,доҕоттор,
Айанныыртан туттунуҥ,
Чугас дьоҥҥут таһыгар,
Көмө,туһа дьон буолуҥ!
Арай күммүт уһаата..
Кыратык да буоллар,
Санаабытын чэпчэтэр,
Дууһабытын долгутар..
Сахам дьоно,тулуйуох,
Тымныы күнү тулуһуох,
Күммүт өссө уһуоҕа,
Сылаас күнү ыытыаҕа!

❄️2/01-2024 ❄️ Раиса ❄️



https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 08:03


А вы тоже заметили это? 👀 Герои популярного сериала «Игра в кальмара»-2 играют в динамичную настольную игру хаамыска 😄

🔶А мы напоминаем правила якутской настольной игры пятью хаамысками, которая состоит из шести этапов. До четвертого этапа участник каждый раз рассыпает хаамыска на столе перед собой и берет одну из них.

🔺1 этап: Подбрасывая вверх ее, участник должен во время ее полета успеть подобрать со стола по одной хаамыска и поймать подброшенную.

🔸2 этап: Подбрасывая вверх одну хаамыска, участник поднимает каждый раз по две и ловит подброшенную.

🔹3 этап: Подбрасывая вверх одну хаамыска, участник поднимает со стола вначале одну, затем – остальные три или наоборот.

🔺4 этап: Подкидывая одну, участник во время ее полета должен положить на стол остальные четыре. Снова подкидывает одну и во время ее полета должен успеть подобрать все четыре и поймать подброшенную.

🔸5 этап: Игрок бросает на стол все хаамыска. Берет одну и, подкидывая ее вверх, собирает в ладонь остальные по одной.

🔹6 этап: Все хаамыска участник держит в ладони, подбрасывает все и ловит их тыльной стороной ладони, снова подбрасывает и ловит все камешки с прихватом упавших на стол при первом подбрасывании.


#минспортякутии

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 07:20


#КК_ТускарТуһан

✊🏻Иммунитет диэн киһи организма туораттан киирэр эттиктэргэ (вирустарга, бактерияларга, о.д.а) эппиэттиир кыаҕа. Судургутук быһаардахха, иммунитет тастан киирбит эттиктэри хабан ылан суох гыныахтаах.

Иммуннай систиэмэ үлэтигэр олох укулаата, аһылык, дьаллыктарга ылларыы, гигиена быраабылаларын тутуһуу, о.д.а. дьайар.

Науканан дакаастаммыт, иммунитеты бөҕөргөтөр 10  ньыма:


🔹Элбэхтик утуйуҥ. Доруобай организм сууккаҕа 7-9 чаас утуйуохтаах. Оҕо 10-13 чаас утуйара сөп.

🔹Спордунан дьарыктаныҥ. Нэдиэлэҕэ 15-30 мүнүүтэ спордунан дьарыктанар буоллаххытына иммунитеккыт кырдьыбат.

🔹Арыгыны иһимэҥ. Научнай литератураҕа суруйалларынан, этанолу элбэхтик иһии организмҥа инфекция олохсуйарыгар төрүөт буолар.

🔹Табахтан аккаастаныҥ. Табах буруота киһи бары уорганнарыгар буортулаах, ону кытта сүрэх, тымыр үлэтигэр куһаҕаннык дьайар, иммунитет үлэтигэр улахан кэһиилэри таһаарар.

🔹Сөпкө аһааҥ. Иммунитеты күүһүрдэргэ аһылыкпытыгар улахан болҕомто ууруохтаахпыт. Элбэх белоктаах, сыата суох аһылык иммунитеты күүһүрдэр кыахтаах. Белок куурусса этигэр, муора аһыгар, сымыыкка, туораахтаах култуураларга элбэх буолар.

🔹Битэмииннэ сиэҥ. Битэмиини аһылыкка эбиилик быһыытынан (БАД) эбэтэр хас да битэмиин холбоһугун (мультибитэмииннэр) быһыытынан сиэххэ сөп.

🔹Пробиотиктар. Пробиотиктар диэн киһи организмыгар туһалаах микробтар. Ис-үөс үлэтин тупсараллар, ол аата иммунитет үлэтин күүһүрдэллэр. Күннээҕи аһылыкка пробиотиктары киллэрдэххэ, инфекционнай ыарыылары сэрэтиэххэ сөп.

🔹Үгүстүк күҥҥэ сыламнааҥ. Күн сырдыга стресстэн, депрессияттэн таһаарар кыахтаах, ону тэҥэ иммунитеты уһугуннарар күүстээх. Күн анныгар киһи организмыгар D битэмиин үөскүүр.

🔹Иммуномодулятор. Иммунитеты күүһүрдэр үүнээйилэр: элеутерококк, женьшень, астрагал, эхинацея.
Сайдыылаах дойдуларга бу үүнээйилэринэн кэмиттэн кэмигэр суурадаһын оҥостон иһэллэр, иммунитеттарын бөҕөргөтөллөр.

🔹Тус гигиенаны тутуһуу. Гигиена быраабылаларын тутуһуу киһи доруобуйатын харыстыыр саамай судургу суола.

😉Тускар туһан уонна салҕыы тарҕат.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 06:07


Всех с наступившим Новым годом! Сегодня утром провел рабочий объезд по городским территориям, в том числе заехал на адрес ул. Чепалова, 37. Здесь с прошлого вечера идут работы по пропарке колодцев холодного водоснабжения, три из четырех отогрели, остался еще один.

Как говорят специалисты, проблема данного дома с автономным отоплением в том, что подводящие сети ХВС не оборудованы трубой-спутником или греющим кабелем. Поэтому, при отсутствии или резком снижении циркуляции воды (а такое как раз происходит 1-2 января) и при сильном морозе, как в эти дни, происходит замерзание водовода. МКД с аналогичными инженерно-техническим решениям по городу – десятки, многие из них находятся в зоне риска, и нередко попадают в эти дни в сводки ЕДДС с замерзанием сетей водоснабжения.

Сегодня обсудили данный вопрос на общегородской планерке. Дал поручение обязать УК на домах с автономным отоплением обеспечить циркуляцию воды в сетях при сильных морозах, т.н. «проточку». Также проведем мониторинг документации всех домов с автономным отоплением на предмет наличия обогрева подводящих сетей ХВС. Далее будем совместно с застройщиками и РСО обсуждать и совместные решения данной проблемы.

После общегородской планерки провели заседание городской Комиссии по предупреждению и ликвидации ЧС: будем выделять из резервного фонда города дополнительные средства на работы по отогреву сетей.
Также напоминаю, на случай нештатных ситуаций с отоплением, водоснабжением или бродячими собаками, телефон ЕДДС – 444-564.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Jan, 06:05


#КК_Сэргээ

🤳Сэбиэскэй сойуус саҕанааҕы харыйа оонньуурдара 🎄

Эһиэхэ былыргы оонньуурдар бааллар дуо?

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 08:35


#КК_Гороскоп

💫 Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир?

2025 сыллааҕы гороскоп: https://kiinkuorat.ru/articles/keler-syl-tugu-kere-eliir

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 06:55


#КК_Сынньалаңңа

🐍 Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий

Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит.

Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл, онон кинини кытта сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буолуохтааххытын умнумаҥ.

Кэлэр сылга улахан күүскүтүн, сыраҕытын духуобунай сайдыыга, ис кыаххытын сайыннарыыга уонна айылҕаны кытта сибээһи бөҕөргөтүүгэ ууруохтааххыт.

Сылларынан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/k-h-mo-oy-uratylara-2025-syl-bi-iehe-tugu-belemniiriy

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 05:57


#КК_Сонун

Дьокуускай ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимигэр киирэр

Ахсынньы 29 күнүттэн киин куорат суһал сулууспалара, коммунальнай тэрилтэлэрэ бары ураты бэлэмнээх буолуу эрэһиимигэр үлэлииллэр.

Маннык дьаһал сэрэтии миэрэтин быһыытынан сыл аайы саҥа дьыл саҕана ылыллар.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 05:56


📢 Уважаемые пассажиры!

В связи с туманом, пробками и предновогодней суетой интервал движения автобусов увеличен. Просим вас учитывать данную информацию при планировании своих поездок.

Обращаем ваше внимание, что 30 и 31 декабря автобусы будут курсировать по графику выходного дня.

Приносим извинения за возможные неудобства и благодарим за понимание! 🎄

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 05:00


#КК_Дьон

Олох олоруу сэһэнин сэгэтэн көрдөххө…

📕 Киһи үксүгэр кинигэни ааҕан баран ууран кэбиһээччи. Ньурбаттан төрүттээх В.В. Литвинов «Олоҕум кэпсээннэрэ» диэн тас көстүүтүнэн дьоҕус эрээри, баай, дириҥ ис хоһоонноох кинигэтэ хайдах эрэ бэйэтин ураты тыынынан санаа атастаһар кэпсэтиигэ ыҥырар курдук…

Бу Орто дойдуга кэлбит хас биирдии киһи анал бэйэтэ сайдар бырагыраамалаах диэн суруйаллар, этэллэр. Ол туох бырагыраамалаах кэлэбитий диэн ыйытар оруннаах курдук… Үрдүк аналлаах айдарыылаах ааптардар Л.А. Секлитова уонна Л.Л. Стрельникова суруйалларынан, билигин «Киҥкиниир киэҥ куйаар» – «Сир» – «Киһи» бэйэ-бэйэлэригэр дьайсар ситим күүстэрин ньэгирэ, сайдыыта 5-с таһымтан 6-ка көһөр кэмэ. Ол көһүү кэмин күүһэ киһини киһи быһыытынан уһугуннарар тыыннаах. Тус бэйэтигэр эргилиннэрэн, бэйэтин киһи быһыытынан хаачыстыбатын өҥөйөн көрөн, сайдыы суолугар салайарын курдук өйдүөххэ сөп дии саныыбын.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/oloh-oloruu-se-enin-segeten-k-rd-hh


📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 04:02


#КК_Сонун

🎄🎄🎄
🚌 Саңа дьыл түүн босхо оптуобустар сылдьыахтара.
🎄🎄🎄

Ахсынньы 31 - тохсунньу 1 күнүн түүнүгэр 🙌🏻

100 №-дээх маршрут «Медцентр — Аэропорт» айанын оҥкула:

Медкиинтэн: 23:00, 24:00, 01:00, 02:00, 03:00, 04:00
Аэропортан: 23:00, 24: 01:00, 02:00, 03:00, 04:00, 05:00

Сылдьар хайысхата: Аэропорт — Өктөөп 50 сылын автострадата — Дзержинскэй — Лермонтов — Кирова — Поярков — Дзержинскэй — Ленин пр.— Петровскай — Лермонтов — Сэргэлээх шоссета — Медкиин.

🚌Суолга 2 оптуобус тахсар🚌

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 03:01


#КК_Дьон

Уонна хаһан?

💬Сааһыран баран “Уонна хаһан?” диэн дэбиистээх олохпун олоробун. Уопсастыбаннай тэрээһиннэртэн хаалсыбакка, дьон-сэргэ ортотугар сылдьарбын, сылын аайы атын омук дойдуларынан айанныырбын сөбүлүүбүн. Элбэҕи билэн, көрөн, үөрэнэн, дуоһуйабын, астынабын.

Доруобуйабын көрүнэн, 2007 сылтан тымныы уу куттабын. Хайдах да халлаан буоллун, билигин да уу тоҥуор диэри, сөтүөлээн, хаарынан суунан, ойбоҥҥо умсан, моржалыыбын. 8-с кылааска үөрэнэр сиэн уолум Виктор кыра эрдэҕиттэн тэҥҥэ сылдьыһан, үөрэнэн, билигин бэйэтэ сайыннары, кыһыннары тымныы уу куттар.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/uonna-ha-an


📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 00:08


#Тускартуһан

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

30 Dec, 00:00


#КК_Дьон

Дмитрий Ариносов: «Дьон туһугар үлэ үөрдэр»

🚌Оптуобус суоппара – улахан болҕомтону, халбаҥнаабат холку майгыны, эппиэтинэһи, тулууру, дьону кытта үлэҕэ сатабылы эрэйэр биир дьоһун идэ. Уопсастыбаннай тырааныспар суоппара пассажирдарга куттал суох буолуутугар, суол быраабылатын тутуһууга уонна тиэхиньикэтэ уурбут-туппут курдук бары өттүнэн табыгастаах, бүтүн буоларыгар күн аайы сүҥкэн эппиэтинэһи сүгэр. Ону таһынан бу дьоһун идэни сүгээччи тыҥ хатыытыттан киэһэ хойукка диэри үлэлииргэ бэлэм буолуохтаах.

Бүгүн биһиги Дьокуускайдааҕы пассажирдары таһар автотранспортнай хампаанньа маршрутнай оптуобуһугар суоппарынан үлэлиир, бу идэҕэ 20-чэ сыл уруулга олорбут уопуттаах Дмитрий Ариносовы кытта үлэ-хамнас туһунан кэпсэтэбит: https://kiinkuorat.ru/articles/dmitriy-arinosov-don-tu-ugar-le-rder

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Dec, 23:30


Михаил Боппосов быйылгы хаартан оҥоһуга. 👍 Хатаска сиэннэригэр анаан оҥорон барбыт.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Dec, 12:04


Аны киһим бастакы балерина олоҕун, дьылҕатын, үлэтин-хамнаһын туһунан туох суруллубуту барытын көтөҕөн аҕалан илиибэр туттаран кэбистэ. Үлүгэрдээх үлэни үлэлээбит, уустук дьылҕаны билбит дьахтар олоҕун хоһоон үс-түөрт күпүлүөтүгэр хайдах батарыах баҕайыбыный дии саныы сырыттахпына аны “хоһоон ырыа буолара буоллар, Николай Андросов сөбүлэһэр” диэн Екатерина Макаровна сорудахпын өссө ыаратта. Ырыа буолар хоһоон ирдэбилэ эмиэ атын, манныкка хоһоону баллада эҥин курдук ыаратан кэбиһэр табыллыбат.
Сахаҕа “Ааттамат Айыы” буолан номоххо киирбит дьахталлар бааллар. Оттон Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ эмиэ номоххо хаалбыт дьахтар. Атына – кини ааттанар, аата-суола саха балетын историятыгар кыһыл көмүһүнэн суруллар. Итинник сүрүн домоҕу тутуһан, хоһооммун суруйан биэрдим, биллэн турар, ырыаҕа ананартан уһун буолла, дьэ, дьүрүл хайдах тахсыан-тахсымыан долгуйа кэтэстим. Николай АНДРОСОВТЫЫН бу бастакы ырыабыт буолар. Аранжировкатыгар Николай МИХЕЕВ курдук улахан киһи ылсыбыт. Оттон толорооччута СИЭЙЭ УОЛА-АЙЫЛЫАТТА ДЬЫРЫЛЫАТ буолар диэни истэммин, ырыабыт сүрэхтэнэр түгэнигэр эрдэттэн тулхадыйбат эрэллээх тиийдим.    
ДП-2 мунньахтыыр саалата кэрэни туругурда сылдьар искусство, култуура дьоно мустубуттарыттан, мэктиэтигэр, сырдаабыт, үрдээбит курдук. “Бастакы Балеринаҕа” ырыа аан бастаан толоруллуутун бу эркиннэр иһиттилэр, уҕараабат ытыс тыаһыттан лаампалар таас киэргэллэрэ лыҥкынаһан ыллылар.
Ырыа дьүрүлүн айааччы хоһоонтон Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ үлэтигэр, олоҕун суолтатыгар сыһыаннааҕы сатабыллаахтык быһан, иэйэ-куойа таҥан, саха аныгы ырыатын байытар бэлиэ айымньыны бар дьонугар утары уунна. Оттон мин Саҥа дьылбын саҥа ырыалаах, балет, музыка эйгэтиттэн саҥа доҕоттордоох көрүстүм.

БАСТАКЫ БАЛЕРИНАҔА
Саха бастакы балерината Аксения ПОСЕЛЬСКАЯҔА

Аан бастаан тарбаҕын үрдүгэр
Дугунан, киэргэллээх ааттаммыт,
Аан дойду кэрэҕэ угуйар
Алыбар ыччаты уһуйбут,
Сир нарын симэҕэр холонор
Аналы долгуйа ылыммыт
Баар этиҥ, бастакы сулуспут,
Сахалыы сандаарбыт кустукпут,
Ыам ыйын биир хара түүнүгэр
Балыырга түбэспит Күн Куобут...

Эйигин ким таптыа суох этэй,
Оттон эн талбытыҥ Кинини –
Эрэли буолбатах – эрэйи,
Сир дьолун кэччэйбит дьылҕаны,
Сүрэҕэр умайар төлөннүүн
Бэйэҕэр ханыылыы киһини.
Хаар курдук чэбдигэ көрүҥүҥ,
Хаар кыыһа эн чахчы буоллаҕыҥ,
Хаар ууллар сыралҕан уотугар
Тыллыбыт эбит дии, кыысчааныҥ.

Кыталык үҥкүүлүүр кырдалын
Ааттанар Айыыта буолаҥҥын
Тарбаҕыҥ үрдүгэр дугунан
Билигин даҕаны тураҕын,
Кэрэни кэрэхсиир бар дьоҥҥор
Үйэлээх бэлэҕи уунаҥҥын.
Эн ыраҥ, эн сыраҥ бу этэ -
Алгыһыҥ ыччакка тиийиитэ,
Аан дойду ытыһын таһынар
Ситиһии сахаҕа кэлиитэ.
САЙА

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Dec, 12:02


ААТТАНАР АЙЫЫ – АКСЕНЬЯ ПОСЕЛЬСКАЯ
Үҥкүү эйгэтигэр “на пальцах” – атах тарбаҕын төбөтүгэр туруу – балет үрдүк чыпчаалыгар тахсыы мүччүрүйбэт ирдэбилэ. Балет оскуолатыгар кыргыттары үс-түөрт сыл үөрэммиттэрин кэннэ 11-13 саастарыттан атах төбөтүгэр турууга ананан оҥоһуллубут пуантаҕа туруораллар.
Сахаҕа аан бастакынан атаҕын төбөтүгэр турбут балеринабыт – Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ ахсынньы 24 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сааһын туолла. Саха искусствотын, култууратын историятыгар киирэр бэлиэ түгэни култуура министерствота үрдүк таһымҥа тэрийэн ыытта. Режиссер Андрей БОРИСОВ киирии тылыгар эппитин курдук, саха бастакы идэтийбит артыыстара бары – хонуу сибэккилэрин курдуктар этэ. Кинилэри ким да оҕо саастарыттан такайбатаҕа, этэргэ дылы, уу кутан, көрөн-харайан үүннэрбэтэҕэ, кинилэртэн толору испэктээҕи, буолаары буолан балеты – сценаҕа көрбүт да киһи бастаан саҕалыылларыгар суоҕа буолуо. Ол эрэн кинилэр бары тыалы-кууһу, өксүөнү-куйааһы нөҥүө Саха сирин алаастарыгар өһөстүк тыллан кэлэр кэрэ чэчиктэр курдук, саха олоҕун симии тыллан, чэлгийэн тахсыбыттара, идэтийбит искусство ирдэбиллээх эйгэтигэр эрэллээх хардыыларын оҥорбуттара.
Аксенья Посельская кинилэртэн биирдэстэрэ этэ. 1941 c. тыа хаһаайыстыбатын идэтигэр үөрэниэм диэн Чурапчы Мэлдьэхсититтэн Дьокуускайга тиийэн кэлбит уон сэттэ саастаах холкуостаах кыыс Саха тыйаатырын биллэриитигэр таба тайанан, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр үктэнэр, тыйаатыр артыыһа буолар. 1944 с. САССР салалтата дьоҕурдаах ыччаты киин куораттар кыһаларыгар үөрэттэрэ ыыппыта. Аксенья Москваҕа аатырбыт Большой тыйаатыр иһинэн үлэлиир хореография училищетыгар тиийэн үөрэммитэ. Балет артыыһыгар баҕарбыт эрэ барыта үөрэммэт, этиллибитин курдук, бу сүрдэх ирдэбиллээх, көҥөс да эйгэ буолар. ССРС саамай Улахан тыйаатырын педагогтара Аксеньяны, сүүрбэтин ааһан, бу искусство туһугар “кырдьыбыт” киһини, айылҕаттан ураты дьоҕурдааҕын эрэ иһин үөрэтэн, атаҕын төбөтүгэр туруорбут буолуохтаахтар.
1947 с. саха бастакы балета “Полевой цветок” – “Сир симэҕэ” турбута. Бу балет тула ахтыылары аахтахха, киин куораппыт интеллигенциятын, салалта да ортотугар сир-буор аннынан сүрдээх улахан киирсии барбыт эбит. Киирсии сүнньэ – сүрүн оруолу кимҥэ итэҕэйэбит диэн. Тыйаатырга бу кэмҥэ соҕурууттан кэлбит, толору бэлэмнээх дьиҥнээх балериналар бааллара. Оруолу эрэйэ суох кинилэртэн кимиэхэ эрэ биэриэххэ дуу, Москубаҕа үөрэҕин ситэри бүтэрбэккэ оҕолонон кэлбит, “тарбах үрдүгэр”, классика ирдэбилинэн бэлэмнэнэр балеты кыайара биллибэт Посельскаяҕа дуу? Кини кыайбатаҕына, саха омугар балет “барсыбат эбит” да диэн түмүк оччотооҕу кэмҥэ тахсан кэлиэн сөптөөҕө. Ол эрэн Аксеньеҕа итэҕэйбиттэрэ. Оттон саха бастакы балерината бу итэҕэли үрдүк таһымҥа толорон, саха балетын кэскилигэр киэҥ аартыгы арыйбыта. Композитор Марк Жирков ахтарынан, балет уратылаах музыката бу үлэҕэ консультанынан ыҥырыллыбыт С.А. Зверев-Кыыл Уолун ыллаан биэрбит дьүрүллэригэр олоҕурбут, үҥкүүтүгэр сахалыы хамсаныылар эмиэ кини көрдөрбүтүнэн туруоруллубут эбиттэр. Онон, бу балет туруута - саха бэйэтэ музыкалааҕын, үҥкүүлээҕин, толорооччулардааҕын бигэргэтэн, омук быһыытынан сананыыны күүһүрдүбүт, сырдык эрэли күөртээбит уһулуччулаах түгэн эбит диэн билигин бигэргэтиэххэ сөп.
Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯ тус олоҕун драмата, таптыыр киһитин, оҕотун аҕатын өлөрүүгэ буруйданан хаайыллыыта, онтон санаатын күүһүнэн олох үөһүгэр үктэнэн, туох баар сыратын саха үҥкүүтэ сайдарыгар анаан, үгүс элбэх ыччаты иитэн-такайан таһаарбыта – бу саха дьахтарын холооно суох хорсун быһыыта. Кыыһа Наталья ПОСЕЛЬСКАЯ ийэтин аатын, айар үлэтин үйэтитиигэ махталлаах үлэни төрүттээн хаалларда. Үөрэнээччилэрэ Учууталларыгар олус бэриниилээхтэрэ сөхтөрөр. Бу үбүлүөйү кинилэр көҕүлээннэр, эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтэ барбытын манныктан билэбин. Арай миэхэ Балет оскуолатыттан Екатерина Аммосовабын диэн эрийбитэ. Кинигэ бэлэмнии сылдьабыт, онно Аксенья ПОСЕЛЬСКАЯҔА анабыл хоһоону суруйуоҥ дуо, диэн соһутта. Мин булгунан кэбиһэрим сатамматын курдук булгуччулаахтык кэпсэтэр, ол иһин быһыылаах, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хааллым.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 09:00


#КК_Сынньалаңңа

🐍 Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий

Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит.

Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл, онон кинини кытта сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буолуохтааххытын умнумаҥ.

Кэлэр сылга улахан күүскүтүн, сыраҕытын духуобунай сайдыыга, ис кыаххытын сайыннарыыга уонна айылҕаны кытта сибээһи бөҕөргөтүүгэ ууруохтааххыт.

Сылларынан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/k-h-mo-oy-uratylara-2025-syl-bi-iehe-tugu-belemniiriy

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 08:01


#КК_Сэргээ

🤳203-үс дьоҕус оройуон дворнига олохтоохторго анаан хаарга сурук хаалларбыт ❄️

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 07:30


#КК_ТускарТуһан

Уот, гаас, уу, ититии бардаҕына ханна эрийэбит?

🔸Уу бардаҕына ханна эрийэбит?
Киин диспетчерскэй сулууспаҕа: 44-91-54.

🔸Канализацияҕа саахал таҕыстаҕына
Канализация киин диспетчерскэй сулууспатыгар: 49-34-04.

🔸Уот бардаҕына
Дьокуускайдааҕы уот ситимин киинэ: 21-55-68.

🔸Лифт харан хааллаҕына, хаайтардаххытына
Биир кэлим аварийнай сулууспа: 43-55-15.

🔸Домофон үлэлээбэт?
Домофон-сервис: 40-20-78.

🔸Гаас сыта кэллэҕинэ
Гаас сулууспатыгар стационарнай төлөпүөнтэн: 04; суотабайтан: 104.

🔸Суһал медицинскэй көмө наада?
03, 103.

🔸Полиция көмөтө наада буоллаҕына
Стационарнай төлөпүөнтэн: 02; суотабайтан: 102.

🔸Буруо сытын биллэххитинэ, баһаар буоллаҕына
101, 01.

🔸Сөмөлүөт хаска кэлэрин, хаска көтөрүн билэргэ
“Дьокуускай” аэропорт төлөбүрдээх справочнайа: 14-006; “Маҕан” аэропордун справочнайа: 40-63-19. 

🔸Куорат кытыы бөһүөлэктэригэр айанныыр оптуобустар сырыыларын хантан билсэбит?
Автовокзал: 8 -(4112) 36-47-66, диспетчерскэй: 8 - (4112) 36-14-61. 

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 06:02


#КК_Фотофакт

🎄🎄🎄🎄🎄
Дьокуускай куорат 9-с нүөмэрдээх Оҕо спорт оскуолатыгар саҥа дьыллааҕы харыйаларын уратытык симээбиттэр.
Оонньуурдарын көрүҥ эрэ🤩😍
Бэйэ оҥоһуга хайдах курдук уратытык көстөрүй?😍🤩

Санатан эттэххэ, бу спорт эбийиэгэ быйыл Ильменскэй уул., 27, саҥа тутуллан үлэҕэ киирбитэ🤩

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 04:20


«Сахалыы ааҕыах» таһаарыыбыт сылы түмүктүүр биэриитигэр Национальнай бибилэтиэкэ үлэһитэ Туйаара Готовцева «Дьааҥы үһүйээннэрэ» норуот тылынан уус-уран айымньыларын хомууруньугун, Георгий Федоров – Сэһэн Дьөгүөр «Өбүгэлэрбит өлбөт-сүппэт үйэлээх үгэстэрэ», Семен Колесов «Алаас кистэлэҥнээх кэпсээннэрэ», Дмитрий Колесов «Оллой кулуба уонна Кэдээк ойуун», Густав Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» кинигэлэри сырдатта.

Эрэллээх ааҕааччыларбытын кэлэн иһэр Саргылаах Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибит уонна «Сахалыы ааҕыах» таһаарыыны көтүппэккэ көрүҥ, истиҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт! Аныгыс сылга өссө да элбэх араас интэриэһинэй кинигэлэрдээх биэриилэри күүтүҥ!

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 03:00


#КК_Спорт

👏Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/syl-basty-naryn-chiestee-in


📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 01:30


#КК_БэлиэКүн

📰103 сыл анараа өттүгэр, 1921 сыл ахсынньы 28 күнүгэр,  сахалыы тыллаах “Манчаары” бастакы судаарыстыбаннай хаһыат тахсыбыта.

☝🏻Хаһыат бастакы нүөмэригэр Исидор Барахов, Былатыан Ойуунускай үлэлээбиттэрэ. Бастакы таһаарааччынан уонна саха тыллаах хаһыаты тарҕатааччынан  Анемподист Софронов-Алампа буолбута.

1922 сыллаахха атырдьах ыйыгар “Манчаары” хаһыат быстах кэмҥэ тохтуу сылдьыбыта. Онтон 1923 сыл алтынньы 10 күнүттэн “Кыым” диэн аатынан хаттаан бэчээттэнэн барбыта.

📰1991 сылга диэри хаһыат быыстала суох тахса турбута. Ол сылга баартыйа эстэн, сойуус ыһыллан Саха сирин бырабыыталыстыбатын уорганын быһыытынан «Саха сирэ» хаһыат тахсар.

👏Онон «САХА СИРЭ» хаһыат хаһыат, быйыл 103 сылын бэлиэтиир. Кэллиэгэлэрбитин эҕэрдэлиибит!


📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

28 Dec, 00:01


#КК_Сэргээ

🎄 «Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп.

🔹«Бубль-Гум» маҕаһыын икки салаатыгар тэңинэн ыытылла турар:
🎄Кальвица уул., 14/5 уонна
🎄Дзержинскэй уул., 71.

Тэрээһиҥҥэ кыттарга оҕо аата суруллубут аккырыыкканы талан баран, ол оҕоҕо саҥа дьыллааҕы бэлэх атыылаһан уураҕыт🙌🏻

🎁 Бу күннэргэ 19 №-дээх "Василёк", 90 №-дээх "Ласточка" уһуйааннар, 3 №-дээх, 32 №-дээх оскуолалар, Саха гимназия, Физико-техническэй лицей, Техническэй үөрэхтээһин киинэ, "IT-куб", "Столица" АТМУ үлэһиттэрэ кыттыстылар.

🎄Аһымал ааксыйа бүгүңңүнэн бүтэр👋

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 22:30


📰 🗞️Бүгүн  «КИИН КУОРАТ» саҥа нүөмэрэ атыыга таҕыста!❄️

"Горпечать" киоскаларыгар📰🗞️


📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 12:30


#КК_СиэрМайгы

Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...

✍️«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый?

Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу?

Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ: https://kiinkuorat.ru/articles/k-nd-k-t-t-k-m-s-k-t-t-k-yg-k-t-t


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 10:05


📣 Акционерное общество «Теплоэнергия» объявляет о проведении стимулирующих акций

Предновогодние акции «Погаси долги - спишем пени» и «Заключение договора рассрочки» будут проходить с 5 декабря 2024 года по 17 января 2025 года. В рамках этих акций у физических лиц, являющихся собственниками жилых помещений и домов, есть уникальная возможность снизить финансовую нагрузку. 💸

Участниками акций могут стать потребители имеющие задолженность. В результате полного погашения долга, пени будут списаны в полном размере, в случае заключения договора рассрочки и оплате 50% основного долга, будут списаны пени по исполнению договора. Просуженные пени списанию не подлежат. Это отличная возможность для потребителей АО «Теплоэнергии» избавиться от дополнительных финансовых обязательств и начать новый год без долгов. 🥳

Мы призываем вас воспользоваться этой возможностью и напоминаем о важности своевременной оплаты коммунальных услуг для обеспечения стабильного теплоснабжения. 🌡️

Для получения дополнительной информации об условиях участия в акциях вы можете обратиться в кассы АО «Теплоэнергия», обратиться по номеру телефона 509-001 или на официальном сайте yakutskteplo.ru.

📍 Адреса и режим работы касс:

- 🏢 ул. Орджоникидзе, 50
- 🕒 ПН-ПТ: 9.00–17.45, обед: 13.00–14.00
- 🚫 СБ-ВС: выходной
- 📞 Тел.: 8(924)860-13-32

- 🏢 ул. К. Алексеева, д. 7
- 🕒 ВТ-ПТ: 10.00–17.45, обед: 14.00–15.00
- 🕒 СБ: 10.00–15.45, обед: 13.00–14.00
- 🚫 ВС-ПН: выходной
- 📞 Тел.: 8(924)860-13-02

- 🏢 ул. Можайского, 27а
- 🕒 ВТ-ПТ: 10.00–17.45, обед: 14.00–15.00
- 🕒 СБ: 10.00–15.45, обед: 13.00–14.00
- 🚫 ВС-ПН: выходной
- 📞 Тел.: 8(924)369-70-40

- 🏢 ул. К.Д. Уткина, д. 20
- 🕒 ПН-ЧТ: 08.30–16.45, обед: 12.30–13.00
- 🕒 ПТ: 08.30–12.15
- 🚫 СБ-ВС: выходной
- 📞 Тел.: 509000 доб. 106

- 🏢 ул. Михаила Николаева, д. 44
- 🕒 ВТ-ПТ: 09.00–17.45, обед: 13.00–14.00
- 🕒 СБ: 09.00–15.45, обед: 13.00–14.00
- 🚫 ВС-ПН: выходной
- 📞 Тел.: 8(924)662-01-36

🏠 Наш сайт | 📱 Наш канал | 📱 Бот
📱 Мы в ВК | 📱 Мы в ОК
#АОТеплоэнергия | #ВашеТеплоНашеДело

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 08:34


#КК_Сонун

⬆️⬆️⬆️Хапытаалынай өрөмүөн пуондатын саҥа тарифтара бигэргэммиттэр⬆️⬆️⬆️

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэллэр.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 07:31


📢 Внимание! Новая мошенническая схема, чтобы получить доступ к вашей учетной записи Госуслуг:

1️⃣Пользователь получает сообщение на почту или по SMS;
2️⃣В нем говорится о попытке входа на портал Госуслуг с просьбой позвонить по указанному номеру;
3️⃣Пользователь звонит, полагая, что общается со службой поддержки Госуслуг;
4️⃣Следует инструкциям от «службы поддержки» и теряет доступ к аккаунту.

⚠️ После этого на жертву оформляют МИЛЛИОННЫЕ кредиты!

‼️Помните! Служба поддержки Госуслуг никогда не запрашивает логины, пароли и коды доступа из SMS. Никогда не сообщайте свои данные посторонним, даже если они представляются представителями официальных служб.

☎️ Официальные номера служб техподдержки:
Портала Е-Якутия: 8-800-100-77-88
Портала Госуслуг: 115

ПОДПИШИСЬ

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 06:40


#КК_Спорт

Убастабыллаах Саха төрүт көрүҥүн хапсаҕай спордун сэҥээрээччилэрэ! ✊🏻✊🏻✊🏻


Ахсынньы 7-8 күннэригэр 2024с. Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр ССРС, Саха АССР спордун маастара Юрий Гаврильевич Васильев сырдык кэриэһигэр "А" кылаастаах бүтүн республикатааҕы турнир ыытыллар

Эр дьоҥҥо 57, 65, 75, 85, 95 уонна 95 кг үөһэ ыйааһыннарыгар кыайыылаахтарга 50.000 уу харчынан уонна сыаналаах бириистэр🔥

Ветераннарга: 60, 70, 80, 90 кг уонна 90 кг үөһэ ыйааһыннарга кыайыылаахтарга эмиэ 50.000 уу харчынан туттарыллыа! Иккис миэстэлэргэ 29.000лаах сертифкаттар, үһүс миэстэлэргэ 10.000 сертификат👍🏻👍🏻👍🏻

Ону таһынан муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар күрэхтэһии буолара күүтүллэр💪🏻 75 кг диэри - кыайыылаахха 100.000 уонна 75 кг үөһэ - кыайыылаахха 100.000 туттарыллар✊🏻✊🏻✊🏻

Маны тэҥэ, элбэх анал бириистэр баар буолуохтара👍🏻 Барыгытын ыҥырабыт!

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 05:32


#КК_СурукКиирдэ

✍️Быйыл унтуу сыаната бас быстарынан буолбут. Чэпчэтиилээх унтуу 60000 солк. турар. Сорох сиргэ 75000 солк. тиийэр.
Аны туран бу унтуубут тыһа кэлии тыс, үксүн Приморьеттан имиллибити аҕалан, манна тигэн атыылыыллар. Ол дойду табатын тыһа түүтэ чараас, уһун, сарыыта (мездрата) биллэ чараас, хос түүтэ (подпушката) кытта убаҕас. Тонировкаламмыт, кырааскаламмыт тыс өссө кэбириир. 2-3 сылынан унтуугут тырытта сылдьар буолуон сөп. Ол аата сыанатыгар эппиэттээбэт.
Үчүгэй таба тыһыттан тигиллибит унтуу 10-15 сылга барыахтаах. Маныаха тириини химикатынан быһа сиэппэккэ, илии имиитэ үйэтин уһатар.
Атыылаһыаххыт иннинэ унтууну дэлби убахтаан, имитэн (тыастаах буоллаҕына тыһа аһара обработкаламмыт, сыыһа хараллан хаппыт, хайдыгас буолуон сөп), түүтүн арыйан көрөр буолуң. Кырааскаламмыт тыс таһа хара, иһэ сырдык буолар.
Тыс айылҕаттан кырымахтаах буолуохтаах, хап-хара тыс диэн суох.


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 04:30


#КК_Сонун

“Амма Куо уонна Харама Боотур” олоҥхо-моноиспэктээк

🎭 Сэтинньи 30 күнүгэр Саха тыйаатырын Алампа аатынан аччыгый саалатыгар драматург Илья Семенов-Ураанай Уола суруйуутунан СӨ үтүөлээх артыыһа Василий Борисов туруоруутугар, СӨ үтүөлээх артыыската Софья Сергучева-Баранова толоруутугар “Харама Боотур уонна Амма Куо” остуоруйа-олоҥхо премьерата “Соҕотох артыыс театра” бырайыак уонна Олоҥхо декадатын чэрчитинэн буолла.
Софья Иннокентьевна идэтийбит худуоһунньук, СӨ норуотун маастара буоларын быһыытынан, остуоруйа-олоҥхоҕо бэйэтин айар оҥоһуктарын – “Харама хайата” быысыпкаламмыт хартыынатын декорацияҕа киллэрбитэ уонна бу толоруутугар анаан баайбыт көстүүмүн кэтэн тахсыбыта туруоруу биир сүрүн уратытынан буолла уонна көрөөччүнү сөхтөрдө.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 03:35


#КК_Сонун

Нэдиэлэ иһигэр 115 лиитэрэ кэриҥэ арыгылаах утах тутулунна

🥃 ИДьМ үлэһиттэрэ ааспыт нэдиэлэ устата Дьокусукай куорат маҕаһыыннарыттан 115,4 лиитэрэ арыгылаах утаҕы тутта (сыл саҕаланыаҕыттан – 16645,3 лиитэрэ). 
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн сэтинньи 23–29 күннэригэр 8 административнай боротокуол толорулунна (сыл саҕалныаҕаттан – 347).

Ол курдук, сэтинньи 23 күнүгэр «Гранат» маҕаһыын (Дзержинскэй уул., 15/2А) көҥүллэммэт бириэмэҕэ арыгынан эргинэ турара билиннэ. Миэстэтигэр 1,15 лиитэрэ арыгылаах утах тутулунна. Эмиэ бу күн Марха бөһүөлэгэр «Родник» маҕаһыын (Газовиктар уул., 26/1а) эмиэ арыгыны көҥүлэ суох атыылаабыта билиннэ.

Уонна да атын маҕаһыыннарга барыларыгар РФ Административнай кодексатын14.2, 14.16, 14.16 ыст.ыст. 2.1 чаастарынан буруйу оҥоруу иһин боротокуол толорулунна.
Ол туһунан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/nediele-i-iger-115-liitere-keri-e-arygylaah-utah-tutulunna

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 02:40


#КК_Сонун
#КК_ТускарТуһан

🗓️Ахсынньы 6-8 күннэригэр Комсомуол болуоссатыгар «Ахсынньытааҕы дьаарбаҥка» ыытыллыаҕа.

🥩🐟🧈🥛Дьаарбаҥкаҕа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата - эт, арыы, балык, полуфабрикаттар атыыга тахсыахтара.

❄️❄️❄️ТОҤ БАЛЫГЫ ТАЛЫЫГА СҮБЭЛЭР❄️❄️❄️

🐟Саха сиригэр үксүн чыыр, тууччах, муксуун, уомул балыгы кыһан сииллэр. Сорох улуустарга дьарҕааны, бэл күндүөбэйи кытта тоҥнуу сииллэр.

🔸Илбиркэй, саһархай, хара бээтинэлэрдээх, бэйэтин форматын сүтэрбит балык буоллаҕына атыылаһымаң.
Бу хат-хат ирэн-тоҥон номнуо эргэрбит балык.

🔸Эргэ балык киһи муннун саба биэрэр ураты сыттаах, тутан көрдөххө арыынан биһиллибит курдук таһыгар сыалаах буолар.
Маннык балык киһи доруобуйатыгар кутталлаах буолуон сөп.

🔸Хатырыктаммыт балыгы хаһаайкалар ордук сөбүлээн атыылаһаллар. Дьиэҕэ хатырыктаан эрэйдэнимээри ылаллар.
Дьиҥэ, эргэтэ хатырыгар биллэ сылдьарын иһин үксүн эргэ балыгы хатырыктаан атыылыыллар.
Салапааннаах балык эмиэ амтана уларыйар.

☝🏻Ырыынакка ууга өлбүт балыгы кытта кыһыллар балык диэн атыылыыллара кистэл буолбатах. Быһаарсыбат киһи оннукка дэбигис албыннатыан сөп.

🔸Ууга өлбүт балык үксүгэр айаҕын улаханнык аппыт уонна хараҕа иһирдьэ киирэ сылдьар буолар.
Өр сыппыт балык эмиэ маныха майгынныыр уонна этэ-хаана хараарбыт буолар.

🔸Таһыгар хааннаах балыгы ууттан таһаараат имиппиттэр. Имитиллибит балык сиһин уҥуоҕар хааннаах буолар, маннык балык сииргэ кырыата  суох, ордук минньигэс.

🐟Сибиэһэй булт балыга лапчааннарыттан биллэр, сараччы тоҥмут буолаллар. Айаҕа кыратык аппыт буолуохтаах.
Сибиэһэй балык сыттыын-сымардыын сибиэһэй салгын сыттаах буолар.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 01:30


#КК_Сэргээ

❗️«Киин куорат» хаһыакка 30% чэпчэтиилээх сурутууну мүччү тутумаҥ

📰Ахсынньы 2-12 күннэригэр “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыллааҕы сурутууга 30 % чэпчэтии биллэриллэр.

“Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1205,22 солк.
Аб. ящикка: 1156,50 солк.

Сурутуу индексэ: ПИ054-П

📰Сэрии бэтэрээннэригэр, 1-2 группалаах инбэлииттэргэ туспа сурутуу декадата ыытыллар. “Киин куорат” хаһыакка 2025 сыл бастакы аҥаарыгар бэтэрээннэргэ уонна инбэлииттэргэ сурутуу сыаната:
Дьиэҕэ: 1103,34 солк.
Аб. ящикка: 1064,40 солк.
Сурутуу индексэ: ПИ054-Р

ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ СУРУТУУНУ МҮЧЧҮ ТУТУМАҤ!

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

04 Dec, 00:33


#КК_Сонун

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл түмүктэрэ

❄️ Бэстибээли үөрүүлээхтик түмүктүүр сүрүн тэрээһин ахсынньы 1 күнүгэр «Триумф» спорт комплексыгар буолан ааста. 
Бу күн сарсыарда 10.00 чаастан икки этээһинэн тэҥинэн бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр саҕаланнылар. Аллараа этээскэ уонна таһырдьа эс-ас, тоҥ балык, олохтоох оҥорон таһаарааччылар табаардарын дьаарбаҥката, «Бриллиантовые нотки» оҕо бэстибээлэ буоллулар. Иккис этээскэ «Зима fest» дьиэ кэргэн бырааһынньыга кинигэ быыстапкатын, остуол оонньууларын, маастар-кылаастары тэрийдэ.

Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ky-yn-saha-siritten-sa-alanar-bestibeel-t-m-ktere

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Dec, 22:30


#КК_ТускарТуһан

📕 Кинигэтэ ааҕыҥ

Киһи күүрэр, ньиэрбинэйдиир кэмигэр кинигэттэн ордук эмтиир дьарыгы була иликтэр диэн учуонайдар быһаардылар.
Дьиктитэ диэн, кинигэ ааҕыыта арыгы иһэрдээҕэр, салгыҥҥа күүлэйдиэхтээҕэр, чэй, кофе иһиэхтээҕэр уонна музыка истиэхтээҕэр киһи уйулҕатын ордук эмтиир дьайыылаах.

Ол курдук учуонайдар баҕалаах дьону мунньан эксперимент оҥорорго холоммуттар. Бары үөһэ этиллибит ньымаларынан стресстэрин таһаара сатаабыттар.

☝🏻Чинчийии түмүгүнэн муусука истээччилэр стресстэрэ 61% кыччаабыт, чэй, кофе иһээччилэр 54%, күүлэйдээччилэр киэннэрэ – 42% эрэ. Оттон дьэ кинигэ ааҕааччылар 68% уоскуйбуттар эбит.

Аны туран, анал кинигэ диэн буолбатах, ханнык баҕарар киһини интэриэһиргитэр кинигэ дууһаҕын уоскутуон, санааҕын чэпчэтиэн сөп эбит.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Dec, 14:22


💫🌠🔭 Бу түүн Саха сирин халлааныгар сэдэх көстүү!

Бу түүн Өлүөхүмэ уонна Лиэнскэй ыккардыларыгар биир миэтэрэ кэриҥэ кээмэйдээх астероид түһүөхтээх дииллэр.

Сабаҕалааһын быһыытынан сиргэ тиийбэккэ умайыахтаах. Ол эрээри сүрдээх сырдыктык тыган, ыһылла-ыһылла илинтэн арҕаа диэки умайан түһүө дииллэр. Түһэн истэҕинэ уота 700 км ыраахтан көстүөхтээх үһү.

Онон, доҕоттоор, Москуба кэминэн 19:17, Дьокуускай кэминэн түүн биир чаас 17 мүнүүтэҕэ халлааны кэтээн көрөөрүҥ. Манныгы өтөрүнэн көрүөххүт суоҕа.

Дьокуускайга буоллаххытына халлаан соҕуруулуу-арҕаа өттүн көрөҕүт, ол аата куорат кииниттэн Бүлүү суолун уонна Көтөр фабрикатын диэки хайысханан. Санаттахха Дьокуускайтан Өлүөхүмэ куоратыгар диэри 530 км, оттон Лиэнискэйгэ диэри 800 км. Ол эрээри илинтэн арҕаа көтөр диэбиттэр, онон Дьокуускай үрдүнэн да аастаҕына көҥүлэ.

Биики Халандаар | Сурут

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Dec, 12:30


#КК_Дьон

Бодох түбэтинээҕи «Конституция» холкуос

Ааптар: Николаева Варвара Николаевна,
сэрии сылларын оҕото, үлэ бэтэрээнэ, Хатыҥ Сыһыы кырдьаҕас олохтооҕо (Ахтыыбар “Таркаайы” (Ньурба оройуона) кинигэттэн уонна “Конституция” холкуос бэрэссэдээтэлин ахтыытын туһанным)

❇️Бодох түбэтэ урут “Конституция” холкуос сирэ-уота этэ. Дьон-сэргэ харытын күүһүнэн оҥорбут-туппут, киэргэппит, чэлгиппит дойдута билигин быраҕыллыбыт сиргэ кубулуйбута быданнаата.
Күн уота кубарыччы сиэбит иҥнэйбит сэргэлэр, күөдэл-таһаан буолбут өтөхтөр сэмнэхтэрэ, киһи уҥуохтара эрэ урут бу сиргэ дьон олоро сылдьыбытын туоһулаан эрдэхтэрэ. Манна биир да буруо унаарбатаҕа быданнаата, хаарыан сир-дойду иччитэхсийэн чуҥкунуур чуумпуну иһиллээн ньимийэн, өтөхсүйэн тураахтаатаҕа.

Салгыыта: https://kiinkuorat.ru/articles/bodoh-t-betinee-i-konstituciya-holkuos


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Dec, 11:41


Сарсын буолар мунньахха общественность кыттан санааатын тиэрдиэн наада!

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Dec, 11:25


Күндү көрөөччү! 🧡 
Өскөтүн эн сериалга уһуллуоххун баҕарар буоллаххына, бу анкетаны толорон, ыыта оҕус! 🤗 
Бэйэҥ тускунан сиһилии суруйан, хаартыскаҕын бииргэ ыытаргын умнума

Анкетаны бу ссылканан киирэн толоруохха сөп: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLSdPwNfRZSjlsdSmot1e6sKxYo1AndxpzyyIsBoeaPhzTlbvyA/viewform?usp=sf_link

@sakha_serial_nvk
@nvk_sakha

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

03 Dec, 10:35


СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр үгэс буолбут «Олоҥхо дьыктаана» сырдатар аахсыйа буолан ааста, бу туһунан Национальнай бибилэтиэкэ Медиа киинэ бэлэмнээбит сюжетын көрүҥ.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

24 Nov, 07:15


«Этичные и смелые» уйулҕа идэлээхтэрин тэрээһиниттэн түгэннэр.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

24 Nov, 06:22


Туһалаах тэрээһин бүтэн эрэр диэн ыксаан, түҥ - таҥ таҥным, баалаамаҥ 🙏. 203 түөлбэ Смарт библиотекатыгар буола турар. Киэһэ биэскэ диэри.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

24 Nov, 05:59


#КК_Фотофакт

🤳Куруһаала атыы-эргиэн киинигэр “Любимый маркет” илии оңоһугун быыстапка-дьаарбаңката буола турар.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

24 Nov, 05:22


#КК_Фотофакт

❄️Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри киин куоракка үгэс буолбут «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл ыытыллар.

Бэстибээл биир сүрүн тэрээһининэн «Саха сирин бриллианнара» аан дойдутааҕы муус, хаар оҥоһуктар куонкурустара буолар.

🤳Орджоникидзе болуоссатыгар мууһу ыллатар уран тарбахтаах скульптордарга дьапталҕа муустары аҕалан бэлэмнээбиттэр.

Бэстибээл бырагыраамата сиһилии: https://yakutskcity.ru/calendar/festival-zima-nachinaetsya-s-yakutii2024/?sphrase_id=4544086


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

24 Nov, 04:30


#КК_БэлиэКүн

Бүгүн Арассыыйаҕа Ийэ күнэ бэлиэтэнэр💞

👩‍👧‍👦Ийэ - олох төрдө. Ийэ баар буолан олох салҕанар, кэскил түстэнэр.


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

24 Nov, 03:20


#КК_Сэргээ
#КК_ТускарТуһан

👋Билигин «Смарт» библиотекаҕа психологтары кытта Аһаҕас аан күнэ буола турар.

❇️20 маастар-кылаас арааһа ыытыллар.
❇️Экспресс-диагностикны, специалистар сүбэлэрин босхо ылыахха сөп.
❇️Ону тэҥэ араас хайысхалаах трениннэргэ ыҥыраллар.

Тэрээһин 11:00 ч. саҕаланна, киэһээ 17:00 ч. диэри буолар.
Ларионов уул., д.12а «СМАРТ-библиотека».

☝🏻Туох да төлөбүрэ суох, регистрация ирдэммэт.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 12:31


#КК_Иллэҥсийбиччэ

Былыргы таабырыннартан:
Даланай оҕонньор далыгар чыычаах таба олорботох.

Таайыытын кэмэнтээрийгэ суруйан хааллараарыҥ😅⬇️⬇️⬇️

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 12:01


Таабырыммыт таайыыта: остуол.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 10:36


#КК_Иллэҥсийбиччэ

🎉Сэтинньи 25 күнэ–Олоҥхо күнэ!

«Киин куорат» хаһыат олоҥхо эйгэтин туһунан матырыйаалларын сэргээҥ!

🏵Олоҥхо чаҕылхай колориһа Иннокентий Корякин:
https://kiinkuorat.ru/articles/olo-ho-cha-ylhay-kolori-a

🏵Анна Данилова: Кыыс Бухатыыр дьоруойдаах олоҥхо — омук сырдыкка эрэлэ:
https://kiinkuorat.ru/articles/anna-danilova-kyys-buhatyyr-doruoydaah-olo-ho-omuk-syrdykka-erele

🏵Ойуу тылынан саҥарар олоҥхо алыба
Олоҥхо эйгэтин бүгүҥҥү туругун туһунан Таатта улууһун норуот айымньытын дьиэтин фольклору сүрүннүүр исписэлииһэ Майя Гаврильевна Егорованы кытта сэһэргэһии:
https://kiinkuorat.ru/articles/oyuu-tylynan-sa-arar-olo-ho-alyba

🏵Марвел дуу, Олоҥхо дуу?Олоҥхо театрын артыыската, 22 саастаах Анастасия Алексеева: 
https://kiinkuorat.ru/articles/marvel-duu-olo-ho-duu

🏵Гаврил Менкяров: «Артыыс режиссер ирдиирин толоруохтаах»:
https://kiinkuorat.ru/articles/gavril-menkyarov-artyys-rezhisser-irdiirin-toloruohtaah

🏵Мария Турантаева олоҥхоҕо айана:
https://kiinkuorat.ru/articles/mariya-turantaeva-olo-ho-o-ayana

🏵 Дархан этээччи Валентин Хорунов:
https://kiinkuorat.ru/articles/darhan-eteechchi-valentin-horunov-saha-o-uohaya-aan-doydu-donun-t-m-e

🏵 Агафья Захарова олоҥхо топонимикатын, философиятын туһунан:
https://kiinkuorat.ru/articles/agafya-zaharova-omuk-by-yytynan-tyynnaah-haalarbytyn-tolkuyduur-kemmit-kelle

🏵 Олоҥхоһуттар өр сыллаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанна
https://kiinkuorat.ru/articles/r-syllaah-lelere-rd-kt-k-syanalanna

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 08:47


#КК_СурукКиирдэ

Оптуобус сырыыта уларыйбытын туhунан матырыйаалынан ааҕааччылар санааларын үллэстэллэр:

📝Уһун минута буола2 сылдьаллар. Сорохтору кэтэһэн тураҕын, сорохтор субу2 тиэстэллэр
📝12, 19 биир өттүгэр наар сылдьар курдук. 25 ваще🙄
📝14, 1 субу сылдьаллар ээ кэтээн көрдөххө

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 08:01


#КК_Сэргээ

«Саха сирин амтана»: Быйылгы кыайыылаах ким буолуой?

😋 Саха төрүт аһын, култууратын, өбүгэ үтүө үгэһин сөргүтүүгэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга туһуланар «Саха сирин амтана» бэстибээл Дьокуускай куоракка 2014 сылтан ыытыллар. 

Быйыл «Республика», «Махтал», «Крыша», «Зазеркалье», CHUKCHA, «Орто Дойду», Kitchen, «Зеленый город», «Кабинет» уонна «Кантри-стейк» рестораннар күөн көрсүөхтэрэ.
Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/saha-sirin-amtana-byyylgy-kyayyylaah-kim-buoluoy

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 07:25


#КК_ТускарТуһан

☘️Дьиэ сибэккитин сууйаллар дуо?

Сууйары ааһан, оннук гынан таарыйа «чөлүгэр» түһэрэр эбиккин.
Пальма, фикус, замиокулькас, монстера о.д.а. курдук бөдөҥ үүнээйилэри биирдэ эмэ сылаас уунан ыстарар, быылларын сотор үөрүйэх үгүспүтүгэр баар. Оттон ууга атыны эбэн сотору киһи барыта билбэт. Онон, тускутугар туһаныҥ:
❇️ Үүтү уонна ууну 1:1 булкайан соттоххо, үүнээйибит сэбирдэхтэрэ килэбэчийэрин таһынан, паутинный клещ о.д.а. ыарыылартан көмүскүүр пленка үөскүүр эбит.
❇️1 л ууга 1 устуука янтapь киcлoтатын таблеткатын суурайан соттоххо, үүнээйибит иммyнитeта тупсан, хойдор аакка барар дииллэр.
❇️ 1 л аҥаара ууга 2 ост.нь. испиири уонна 1 ост.нь. глицepини булкуйан сотуу эмтиир, стресстэн көмүскүүр эбит.
❇️ 1 ыст. ууга 1 ч.нь. чиэппэрэ лимoн киcлoтатын булкуйан соттоххо, сэбирдэхтэрэ лаахтаах курдук буола түһэр эбит.
❇️ Кыраадыһа суох пиибэни ууну кытта 1:1 булкайан сотуу үүнээйи улаатарыгар көмөлөһөр диэн суруйаллар.

Боруобалыахха сөп эбит👍

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 06:40


#КК_Сонун

❄️❄️❄️«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл бүгүҥҥүттэн саҕаланна❄️❄️❄️

❄️Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри киин куоракка үгэс буолбут «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл ыытыллар.

Бэстибээл биир сүрүн тэрээһининэн «Саха сирин бриллианнара» аан дойдутааҕы муус, хаар оҥоһуктар куонкурустара буолар.

🐟 «Тоҥ балык» күрэх куорат уокуруктарын эрэ буолбакка, сыллата өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун болҕомтотун тардар биир дьоһун тэрээһин.

🥗 Уопсастыбаннай аһылыгы тэрийэр тэрилтэлэр ортолоругар ыытыллар «Саха сирин амтана» ас-үөл бэстибээлэ бу сыллар усталарыгар Арассыыйа бастыҥ асчыттарын түмтэ.

⛄️ Итиэннэ кырачааннарга уонна дьиэ кэргэнинэн сынньанарга «ЗимаFest» сонун тэрээһин күүтүллэр.
«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чаҕылхай түгэннэрин көтүтүмэҥ, диэн иһитиннэрэр Тэйийэр кэмитиэт.

Бэстибээл бырагыраамата сиһилии: https://yakutskcity.ru/calendar/festival-zima-nachinaetsya-s-yakutii2024/?sphrase_id=4544086


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 05:38


#КК_СахаСанаата

«Оптуобус боппуруоһугар эттэхпинэ...» — диир куорат олохтооҕо

🚌 Сэтинньи 18 күнүттэн уларытыллыбыт оптуобус сырыытын туһунан нэһилиэнньэ санаатын билээри, "Звезднай" – "Воинскай" – Кульбертинов уул. – Сэргэлээх шоссета – Борисовка-1 – Хатыҥ Үрэх – Кржижановскай уул. –  203-с түөлбэ – М. Николаев аатынан проспект – "Прометей" хайысханан оптуобус кэтэһэн турааччылары кытта кэпсэттибит: https://kiinkuorat.ru/articles/optuobus-boppuruo-ugar-ettehpine-diir-kuorat-olohtoo-o


https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Nov, 04:40


#КК_ВидеоФакт

Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар буола турар естественно-научнай педагогическай форумҥа куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттааччылары кытта көрсөн кэпсэттэ, бырайыактарын көрдө-иһиттэ.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

02 Nov, 02:30


#КК_КуоратОлоҕо

🚌203-с дьоҕус оройуоҥҥа эбии оптуобус туруорсаллар

🚌203-с дьоҕус оройуоҥҥа икки –  3-с уонна 17-с нүөмэрдээх оптуобустар сылдьаллар эрээри, үлэлэрин хаачыстыбатыгар, бириэмэни тутуһууларыгар, онтон да атыҥҥа олохтоохтор сонньуйаллара, ардыгар кыйаханаллара да баар.

Биһиги ааҕааччыбыт эбии оптуобуһу туруорсар суругар Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников эппиэттээтэ: https://kiinkuorat.ru/articles/203-s-do-us-oroyuo-a-ebii-optuobus-turuorsallar


📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

02 Nov, 01:00


#Кк_ТускарТуһан

Дьокуускай урбаанньыттарыгар туох өйөбүл баарый?

Россия 24” ханаал үгэс буолбут “Куораты кытта быһа эпиир” биэриитигэр Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Урбаан департаменын Потребительскай ырыынак отделын начаалынньыга Руфина Осипова ыалдьыттаата. 

Киин куорат урбаанньыттарыгар туох-ханнык өйөбүл баарын уонна да атын туһалаах информацияны түмэн таһаарабыт: https://kiinkuorat.ru/articles/dokuuskay-urbaannyttarygar-tuoh-y-b-l-baaryy


📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 23:52


#КК_Сэргээ
#КК_Видео

Куорат "Сайсары" уокуругун быраабата сонун социальнай бырайыагы олоххо киллэрбит. Маннык дьон баар буолан, олохпут биир сиргэ турбат, хамсааһын тахсар.

🙌🏻Тута этиэххэ наада: манна бүддьүөт, хааһына харчытын туттубатахтар. Аҥаардас баҕа санаа, дьулуур көмөтүнэн, бэйэлэрэ кыттыһан, көмөлөөн, дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн холобур буолаары холонон көрүү быһыытынан саҕалаабыттар. Офис да иһигэр сылы эргиччи үлэлиир дьоҕус тэпилииссэлэниэххэ сөп, сүрүнэ, баҕарыахха эрэ наада.

Инники былааннара да киэҥ. Сиһилии " Киин куорат" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 23:30


#КК_Сонун

Өлүөнэ күргэтин бастакы сыбаайалара тургутууну аастылар

❇️ Күүтүүлээх-кэтэһиилээх Өлүөнэ күргэтин тутуу күргүөмнээхтик саҕаланна. Бастакы сыбаайалар штамповай тургутууну аастылар.
«ВИС» хаспаанньаҕа иһитиннэрэллэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ муоста атахтарын уурарга үүттээһин уонна бетон үлэлэрэ хампаанньа, бырайыактыыр институт исписэлиистэрин уонна РОСДОРНИИ экспертэрин кыраҕы хонтуруолларынан салҕанар.
Күргэ атахтарын уурарга туттуллар бетон миэстэтигэр, анал таҥыллыбыт собуокка оҥоһуллар. Чааска 60 куб/м оҥорон таһаарар кыамталаах собуот тус лабораторията симиэс састаабын барытын хонтуруоллаан иһэр. Иккис маннык собуот өрүс уҥа кытылыгар сотору кэминэн таҥыллан бүтүөхтээх. Хаҥас биэрэккэ итини сэргэ арматура каркаһы оҥорор сыах баар буолуоҕа.

Күргэни тутарга уопсайа 26 атахха 1000 кэриҥэ 10-тан 40 миэтэрэҕэ диэри уһуннаах каркас оҥоһуллар, оттон бетон иэнэ – 47 тыһ. куб/м, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 12:05


#КК_СытыыМуннук

Маннык эмиэ буолар...

💔Арахсыы төрдө-төрүөтэ үксэ биир: майгыларынан тапсыбатахтар, нууччалыы эттэххэ, “характерами не сошлись” диэн буолар.

Урут, ааспыт үйэҕэ диэххэ, ыал арахсыыта аҕыйах этэ. Суут араарымаары холбуу сатаан, араас миэрэни барытын туттара. Билигин сорохтор, уруу тэрийээт, аҕыйах сыл олороот, арахсар аатыгар бараллар, сорох төрөппүттэр сыбаайба оҥорбут кирэдьииттэрин төлөөн бүтэрэ да иликтэринэ оҕолорун суоллара икки аҥыы хайдар.

https://kiinkuorat.ru/articles/mannyk-emie-buolar

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 10:11


#КК_ТускарТуһан

👦🏻 👧🏻 Оҕо доруобуйатыгар олус суолталаах быһыылар (прививкалар):

💉3 ыйыгар диэри:
төрөетүн кытта: гепатит В;
3-7 хонугунан: сэллик (туберкулёз);
1 ыйагар: гепатит В (иккис вакцинация);
2 ыйыгар: пневмококковай инфекция, ротавируснай инфекция;
3 ыйыгар: полиомиелит, коклюш, дифтерия, столбняк (АКДС), гемофильнай инфекция, ротавируснай инфекция (иккис вакцинация).

💉1 сааһыгар диэри:

🔹4,5 ыйыгар: пневмококковай инфекция, коклюш, дифтерия, столбняк (иккис вакцинация), полиомиелит (иккис вакцинация), гемофильнай инфекция (иккис вакцинация), ротавируснай инфекция (үһүс вакцинация);
🔹6 ыйыгар: гепатит В (үһүс вакцинация), коклюш, дифтерия, столбняк (үһүс вакцинация), полиомиелит (үһүс вакцинация), гемофильнай инфекция (үһүс вакцинация);
🔹9 ыйыгар: менингококковай инфекция;
🔹12 ыйыгар: бэтэрээҥкэ, корь, краснуха, эпидемическиай паротит (ККПВ эбэтэр ККП), менингококковай инфекция (иккис вакцинация).

💉3 сааһыгар диэри:

15 ыйыгар: бэтэрээҥкэ (иккис вакцинация), пневмококковай инфекция (ревакцинация);
18 ыйыгар: вируснай гепатит А, коклюш, дифтерия, столбняк (ревакцинация), полиомиелит (ревакцинация), гемофильнай инфекция (ревакцинация);
2-3 сааһыгар: вируснай гепатит А (иккис вакцинация).

💉6 - 18 сааһыгар:

🔹6 сааһыгар: корь, краснуха, эпидемическай паротит (иккис вакцинация), сэллик (ревакцинация), коклюш, дифтерия, столбняк (иккис ревакцинация), полиомиелит (иккис ревакцинация);
🔹12-13 сааһыгар: менингококковай инфекция, ВПЧ.

💉Вакцина оҕону ыарахан ыарыыттан харыстыыр кыахтаах. Ханнык баҕарар быһыыны ылыах иннинэ бырааска көрдөрүөхтээхпит.

Прививкаҕа сыһыаҥҥыт хайдаҕый?

👍🏻 — биһириибин
🔥 — миэхэ син биир
❤️ — ханнык быһыытыттан тутулуктаах
🙏🏻 — утарабын

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 09:01


#КК_ТускарТуһан

Эмэҕинэн имитиллибит тыс үйэлээх

❄️ Кыһыҥҥы таҥастарын – сайын, сайыҥҥы таҥастарын кыһын ылынар, бэлэмнэнэр дьон биирдиилээн баалларын истэбин. Биир бэйэм сайын, бэс ыйыгар унтуу ылынан турабын. Балачча чэпчэтиилээх этэ.

Бүгүн ааҕааччыларбар кыһын кэтэр унтуубут хайдах таҥас буолан кэлэрин, атыылаһыы, имитии, тигии туһунан Өлөөн оройуонун олохтооҕо, билигин куоракка кэлэн олорор 78 саастаах Лидия Васильевна Николаеваны көрсөн кэпсэттим: https://kiinkuorat.ru/articles/eme-inen-imitillibit-tys-yeleeh

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 07:32


#КК_Сонун

Сэтинньи бүтүөр диэри сылаас таҥаһы тутуу салҕанар

❇️Алтынньы 31 күнүгэр буолан ааспыт брифиҥҥэ #МЫВМЕСТЕ Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Айыллаан Винокуров анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар кыһыҥҥы таҥаһы хомуйар «Тёплая осень» аахсыйа сэтинньи ый бүтүөр диэри салҕанарын иһитиннэрбитэ.
☝🏻Аахсыйаҕа биирдиилээн, тэрилтэнэн даҕаны кыттыахха сөп.

❇️Малы туттарар аадырыс: Дьокуускай к., Бестужев-Марлинскай уул., 5 (ДОСААФ), тиэргэн өттүттэн киириллэр. 
⌚️Тутар пуун үлэ күннэригэр сарсыарда 09:00 чаастан киэһэ 19:00 чааска диэри үлэлиир. 
❇️Маны тэңэ, волонтёрдар киирбит сайаапкаларынан күннэтэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥороллор. Оттон кыһалҕалаахтар «122» нүөмэргэ эбии «6» сыыппараны баттаан эрийэн, сайаапкаларын хаалларыахтарын сөп.

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 06:55


#КК_ТускарТуһан

Дьиэни атыылаһарга чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрэр хас да бырагыраама баар. Олортон биирдэстэрэ:

🏡 IТ-ипотека
Болдьоҕо: 2030 сылга диэри.
Усулуобуйата:
Ыстаапка: 6% диэри
бастакы усунуос: 20% саҕаланар
кирэдьиит суумата: 9 мөл. солк. тиийэ

🏡Хайдах дьиэни ылыахха сөбүй: IT-исписэлиистэр ипотеканы Москваттан уонна Санкт-Петербургтан ураты Арассыыйа хайа баҕарар регионугар тутулла турар, тутуллан бүппүт дьиэҕэ кыбартыыраны эбэтэр чааһынай дьиэни атыылаһарга ылыахтарын сөп. Застройщиктан атыылаһыахха, ону тэҥэ чааһынай дьиэ буолуон сөп.

Ирдэбиллэр:
18-50 саастаахтар
Хамнаһа – Москва уонна Ленинград уобалаһыттан ураты куораттарга регистрациялаах исписэлиистэр ыйдааҕы хамнастарын кээмэйэ 90 тыһ. солкуобайтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
IT-эйгэҕэ кирэдьиит ылыан иннинэ 3 ый үлэлээбит буоллаҕына.
Ипотеканы төлүүр кэмигэр бу эйгэҕэ үлэлиэхтээх.

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 05:50


#КК_Дьон

Уол оҕону олоххо бэлэмнээһин туохха тирэҕирэрий?

История кэрдиис кэмнэрэ уларыйдахтарын аайы, эр киһи уопсастыбаны үөскэтэр, салайар, тутар, көмүскүүр күүс быһыытынан суолтата эмиэ уларыйан иһэр. 

🙌🏻СӨ үөрэҕин министиэристибэтинэн бигэргэтиллибит өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар булгуччу үөрэтиллэр региональнай "Үрүҥ Уолан" бырагыраама ааптара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх орто оскуолатын учуутала, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Москваҕа ыытыллыбыт учууталлар IX-с сийиэстэрин дэлэгээтэ Андрей Андреевич Нестеров оскуолаҕа уол оҕону олоххо бэлэмниир ураты ньымалардаах: https://kiinkuorat.ru/articles/uol-o-onu-olohho-belemnee-in

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

01 Nov, 04:45


#КК_СпортСулустара
#КК_Дьон

💪Күүстээх-уохтаах Бүөтүр Баттаахап

👏Алтынньы 18-20 күннэригэр Москваҕа буолан ааспыт аан дойду пауэрлифтиҥҥэ чемпионатыгар Сахабыт сирин мас тардыһыытынан уонна тимиринэн дьарыктанар маастардара чаҕылхайдык кытыннылар.
Үһүө буолан күрэхтэһэннэр, үһүөн кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаатылар. Аан дойду чөмпүйүөнэ, рекордсмена, нуучча бухатыыра Михаил Кокляев бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сырытта, эҕэрдэлээтэ. Күүстээх пауэрлифтердар туруоруммут сыалларын-соруктарын толордулар. Санааларын ситэн кэллилэр. Үөлээннээхпин Петр Петрович Баттаховы кытта көрсөн кэпсэттибит: https://kiinkuorat.ru/articles/k-steeh-uohtaah-b-t-r-battaahap

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Oct, 05:01


#КК_Сэргээ
#КК_ИйэТыл

📚Алтынньы 28 күнүгэр Дьокуускай куорат биир бастыҥ, кырдьаҕас 20-с №-дээх орто оскуолатыгар төрөөбүт төрүт тылы үөрэтэр учууталларга аналлаах, үөрэтэр-көрдөрөр, иһитиннэрэр сыаллаах, олус киэҥ ис хоһоонноох, дириҥ толкуйдаах, түмүктээх «Учуутал үлэтигэр сыыппара эйгэтин туһаныы уонна аттестацияҕа уларыйыылар» диэн семинар-көрсүһүү буолла. 

Ол туһунан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/20-s-deeh-oskuola-a-uchuutal-letiger-syyppara-eygetin-tu-anyy-uonna-attestaciya-a-ularyyyylar-dien-seminar-k-rs-buolla

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Oct, 04:58


#КК_БэлиэКүн
#КК_Сэргээ

❤️Бу, төһө да кэм-кэрдии аастар, умнуллары билбэт аналлаах, үгүс көлүөнэ сүрэҕин тутуон туппут астык ырыаны билэр, ыллыыр дьон бу бөлөххө бааргыт дуо-о?

😉Бэлиэтэнэбит❤️

Кыратык умнубут буоллаххытына, санатабыт😍

«ЭН КОМСОМОЛ — МИН ДЬОЛУМ»
Федор Лобанов тыллара

Комсомол, комсомол,
Эн ыстаал кэккэҕэр үүнэбин.
Бу улуу көҥүл дьол
Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин.

Хос ырыата:
Аалай уоттаах сулуһум,
Айар, тутар суолдьутум,
Эн комсомол,
Эн комсомол,
Эн комсомол—мин дьолум.

Ыар-курус чаастарбар
Олоҕум доҕоро буолаҥҥын,
Мин ыраас дууһабар
Уоспат күүс төлөнү уматтың.

Хос ырыата.

Комсомол, эн эрэ
Кылбайар кырдьыккын хоһуйсан,
Сүрэхтэн дьиҥ кэрэ
Мин ырыам иэйиитэ.

Хос ырыата.

Ленин диэн кынаттаах
Бойобуой ааккынан киэн туттан,
Мин дьоллоох-соргулаах
Олоҕум эйиэхэ ананар.

Хос ырыата.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Oct, 04:45


#КК_БэлиэКүн

Күндү доҕоттор!

Бүгүн аҕа саастаах көлүөнэҕэ бэлиэ уонна өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр эдэр эрчимнээх, биир сомоҕо буолууну, Ийэ дойдуга тапталы, ытыктабылы өрө тутар саастарын санатар умнуллубат үтүө өйдөбүл күн – Комсомол төрүттэммит күнэ!

👏Ааҕааччыларбытын история биир бэлиэ күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!

Барыта санааҕыт хоту салаллан истин, туруккут чэгиэн-чэбдик буоллун!

❤️Санатан эттэххэ, Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһа 1918 сыл алтынньы 29 күнүгэр төрүттэммитэ. Ол эбэтэр, былырыын ЫБСЛКС (ВЛКСМ) төрүттэммитэ 105 сыла туолбута.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Oct, 03:30


#КК_Сонун

👍🏻 “Триумф” спорт уораҕайын тэлгэһэтигэр СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин тэрилтэлэригэр, «Олимпийскай эрэл» оҕо спорт оскуолаларыгар “Азия оҕолорун” оптуобустарын туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла.

Ол туһунан спортивнай суруналыыспыт Баһылай Посельскай иһитиннэрэр: https://kiinkuorat.ru/articles/aziya-o-olorun-massyynalaryn-belehteetiler

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

29 Oct, 01:59


#КК_Сонун

❇️Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, сэтинньи 6 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан киэһэ 18.00 чааска диэри куорат салайааччылара нэһилиэнньэни кытта көрсүөхтэрэ.

Көрсүһүүлэр графиктарын уонна бириэмэтин Олохтоох дьаһалта официальнай саайтыгар билсиҥ: https://yakutskcity.ru/press-tsentr/o-provedenii-obshcherespublikanskogo-dnya-priema-grazhdan-6-noyabrya-2024-goda-v-gorodskom-okruge-go/ 

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

27 Oct, 00:01


🌿🌿🌿 Олоҥхо театра үгэс буолбут олоҥхону истии иһирэх киэһэлэрин салгыыр.

🔸Алтынньы 27 күнүгэр 17 чаастан Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр толоруутугар М.Т. Шараборин-Кумаров “Дуо Бухатыыр” олоҥхотуттан Дуо Бухатыыр бухатыырга уһуйуллар кэрчигин истэргитигэр ыҥырабыт.

▪️Буолар сирэ: П. Алексеев уул., 49/1 дьиэтэ, “Дорҕоон дойду” айар түмсүү түһүлгэтэ (киириитэ Лермонтов уул. өттүнэн).
🤳 Билсэр төл.: 34-03-19

🎫 Билиэт Олоҥхо театрын сайтыгар атыыланар: https://clck.ru/3DyuXU
🔺 Билиэт сыаната 1.000 солк.

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

26 Oct, 12:00


«Төрүт култуура ийэ тыл, фольклор нөҥүө толору арыллар»

История наукатын доктора, профессор, Гуманитарнай чинчийии институтун Археологияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ учууталбыт Розалия Бравина Сэһэн Боло, А.А. Саввин, Г.У. Эргис, И.Г. Березкин, Багдарыын Сүлбэ уонна улуустар кыраайы үөрэтээччилэрэ араас кэмҥэ хомуйбут суруйууларын сүүмэрдээн, бэлиэтээһиннэри эбэн, “Саха төрүт олоҕо, өбүгэ номох кэпсээннэрэ” кинигэни “Айар” кыһаҕа 3,5 тыһ. ахсаанынан таһааттарда. Биһирэмэ Национальнай библиотекаҕа алтынньы 16 күнүгэр буолла. Тэрээһини суруйааччы, кинигэ эрэдээктэрэ Евдокия Иринцеева-Огдо салайан ыытта.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/t-r-t-kultuura-iye-tyl-folklor-n-toloru-aryllar

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

26 Oct, 10:58


1 №-дээх оскуола тутуута прокуратура хонтуруолугар турар

2021 сыллаахха Дьокуускай куорат прокуратурата ылыммыт дьаһалынан суут быыһаарыытын Ленин пр., 32 аадырыска турар 1941 сыллааҕы саахалланар туруктаах 1 №-дээх оскуола дьиэтигэр үөрэх процеһын ыытар бобуллубута.
Ол түмүгүнэн 2022 сылтан оскуолаҕа Ленин пр., 50 дьиэтин өрөмүөннээн, атыылаһан биэрбиттэрэ. Ленин пр., 32 аадырыска турбут эргэ эбийиэк көтүрүллүбүтэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бу оскуолаҕа анаан 253 миэстэлээх саҥа дьиэ тутулла турар. Эбийиэк 2025 сыл төрдүс кыбаарталыгар үлэҕэ киириэхтээх.
Тутуу хаамыыта прокуратура хонтуруолугар турар, диэн иһитиннэрэр Дьокуускай куорат прокуратурата.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/1-deeh-oskuola-tutuuta-prokuratura-honturuolugar-turar

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

26 Oct, 08:57


Эппэкиин уонна приемнай дьиэ кэргэн туох уратылаахтарый?

2024 сылга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн ийэ-аҕа тапталыгар наадыйар оҕолор тустарынан, оҕону иитэ ылыан баҕалаахтарга сүбэ-ама, көмө буолар рубрикабыт кэскили түстүүр үлэтин сөргүтэбит.
Биһигини кытта Хаҥалас улууһугар баар Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин үлэлэһэр. Маннык Кииннэр билигин Саха сирин аҕыйах улууһугар бааллар уонна тулаайах оҕо дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитилиннэҕинэ киһи буолан тахсарын өйдөтөр, оҕону иитэ ылар дьоҥҥо тирэх буолар сыаллаах үлэлииллэр.

Төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт тулаайах оҕону дьиэ кэргэҥҥэ ииттэрэ биэрии хас да араастаах буолар. Ол туһунан Мохсоҕоллоохтооҕу Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин уйулҕа исписэлииһэ, Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын ыытааччыта Светлана Давыдовна Ксенофонтова сиһилии кэпсиир:
https://kiinkuorat.ru/articles/eppekiin-uonna-priemnay-die-kergen-tuoh-uratylaahtaryy

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

26 Oct, 06:55


«Үрүҥ түүн кытыла» ыҥырар

Национальнай художественнай мусуойга алтынньы 11 – сэтинньи 10 күннэригэр “Үрүҥ түүл кытыла” диэн муостан кыһыы ускуустубатын көрдөрөр быыстапка буола турар. Тустаах эйгэҕэ сыһыаннаах эрэ буолбакка, кэрэни кэрэхсиир, уран оҥоһугу сонурҕуур, аныгы муосчуттар үлэлэрин сэргии кэтэһэр, күннээҕи кыһалҕаттан тэйэн, ускуустуба абылаҥар ылларан, уйан куттарын сынньатар, сэргэхсийэр баҕалаахха – үтүөкэн тэрээһин.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/r-t-n-kytyla-y-yrar

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

26 Oct, 02:24


🧵«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара

Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.

—Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?

—Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан төрүттээх, сонордьут булчут дьиэ кэргэн сыдьаана Николаева Екатерина Егоровна иистэнэрин, иис уустук үлэтин сэмээр сылдьан эрэн үмүрүтэ сылдьар сатабылын көрөн, онно көмөлөһөн, илии-атах буолар этим. Эбээм өрөбүл аайы кыргыттарын, кийииттэрин мунньан, анаан иискэ уһуйара, биһиги, оҕолор, онно ымсыырбыт курдук остуол тула сүүрэ сылдьан хайдах тугу быһалларын, тигэллэрин көрөн улааппыппыт...

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ta-a-y-kytta-kepseter-varvara

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Oct, 04:46


Ханнык чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамалара баарый?

2024 сыл от ыйыттан олорор дьиэни атыылаһарга чэпчэтиилээх кирэдьиит усулуобуйатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ. Холобура, бырабыыталыстыба сылга 8% ыстаапкалаах чэпчэтиилээх ипотеканы суох оҥордо.
Онтон атын ханнык бырагыраамалар баалларый?

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/hannyk-chepchetiileeh-ipoteka-byragyraamalara-baaryy

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

22 Oct, 01:58


Хаҥалаһым быйаҥнаах сирэ Ампаардаах

Мин бүгүн Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин хортуоппуй үрдүк үүнүүтүнэн өр сылларга аатырдыбыт 1938 сыллаахха тэриллибит «Кыһыл сухаһыт» холкуос чилиэнэ, стахановец Данил Гаврильевич Большоев туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ha-ala-ym-byya-naah-sire-ampaardaah

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 23:30


#КК_Сэргээ

🧊❄️🧊❄️🧊
Муус уутун бэлэмнээн иһии - сахалар былыргы билиилэрэ. Күһүн күөл, өрүс сөп буола тоҥоллорун кытта мууһу ылан хаһаанан сылы быһа иһэллэрэ.

🧊 Уу муус буолар кэмигэр молекулалара гексоганальнай оҥоһуулаах кристаллическай решетка буолар. Кристалл буолар кэмигэр ууга баар кири таска үтүрүйэн ыраастыыр. Ол эбэтэр уу муус буоларыгар физическай уонна химическай киртэн ыраастанар.

🧊Тымныыга бактериялар суох буолаллар - биологическай өттүнэн эмиэ ыраастанар. Ол иһин төһө да кирдээх чалбахха ыраас муус үөскүүр. Муус дьикти ыраастыыр дьоҕурдаах.

🧊Квантовай физиктар этэллэринэн, структуралаах ууга элбэх электроннаах буолар. Биһиги энергияны астан 20% эрэ ылабыт, онтон 80% биһиги ууттан, салгынтан босхо сылдьар электроннары ылан энергия үөскэтэбит. Мууспутуттан структурированнай олус туһалаах энергиялаах уу төрүүр. Маннык ыраас ууну киһи оргуппакка эрэ иһиэн сөп.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 11:01


Людмила Кривошапкина: «Кырдьартан куттанымаҥ»

– Людмила Семеновна, оҕо талаана-дьоҕура төрөппүттэриттэн, өбүгэ дьонуттан бэриллэр диэҥҥэ тугу этиэҥ этэй?

– Аҕам Семен Прокопьевич Кривошапкин Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ этэ. Баара-суоҕа уон сэттэлээх уолчаан тылланан туран аармыйаҕа барбыт. Сэрииттэн кэлэн баран ийэбин Уус Алдан кыыһын кэргэн ылан, дойдутугар Кэбээйи Сиэгэн-Күөлүгэр олохсуйбуттар. Улахан эдьиийдэрим кэпсииллэринэн, аҕабыт хормуоскатын кыбына сылдьар, пляскалаан тэйэр үҥкүүһүт, ырыаһыт эбитэ үһү. Күлбүт-салбыт, кэпсэппит-ипсэппит, барбыт-кэлбит, биир сиргэ олорон турбат киһи этэ диэн ахталлар. Аҕабыт ырыаһыт, үҥкүүһүт талаана удьуор утумунан оҕолорго бэриллибит. Бииргэ төрөөбүттэрбиттэн уолаттар хоһоон суруйаллара, ырыа матыыбын айаллара, ону ааһан сүрдээх үчүгэй буочардаах буолаллара, уруһуйдуур даҕаны этилэр.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/lyudmila-krivoshapkina-kyrdartan-kuttanyma

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 09:31


Айна Куртц: «Искусствоҕа уонна тулалыыр эйгэҕэ тапталы тиэрдии — биһиги сүрүн сорукпут»

Араас эйгэҕэ дьоҕурдаах, ситиһиилээх дьоҥҥо туһаайан “талааннаах киһи барытыгар талааннаах” диэн этии баар.
Эдэр дизайнер, худуоһунньук, “АйАрт” уруһуй устуудьуйатын уонна “Soulmate” (“Соулмейт”) таҥас брендин төрүттээччитэ Айна Куртц бэйэтин үлэтин туһунан сырдатта.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/ayna-kurtc-iskusstvo-a-uonna-tulalyyr-eyge-e-taptaly-tierdii-bi-igi-s-r-n-sorukput

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 08:02


Винокуров уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ

Бу күннэргэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан оҥоһуллубут Винокуров уулуссатын Ильменскэй уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри кэрчигин саҥардан оҥоруу түмүктэннэ.

«Сахатрасстрой» ХЭУо генеральнай бэдэрээтчит күүһүнэн манна аспаал тэлгэннэ, 1,014 м усталаах сиргэ уу сүүрэр халдьаларын уурда, икки носуос ыстаансыйатын туруорда, уот, сибээс линияларын ситимэ саҥаттан тардылынна, тротуар, уулусса уота баар буоллулар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/vinokurov-uulussatyn-hapytaalynay-r-s-ne-t-m-ktenne

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 06:30


Ийэ үүтэ – доруобай олох төрдө

Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев көҕүлээһининэн Саха сиригэр алтынньы үһүс өрөбүлүгэр Арассыыйаҕа бастакынан Ийэ күнэ олохтоммута.

Дьокуускай куоракка Ийэ үрдүк аатыгар сүгүрүйүүнү бэлиэтиир пааматынньыктартан биирдэстэринэн 2021 сыллаахха Перинатальнай балыыһа тиэргэнигэр туруоруллубут Оҕону эмиийдиир ийэҕэ аналлаах скульптура буолар.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/iye-te-doruobay-oloh-t-rd

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 05:24


#КК_ТускарТуһан

❄️🧊Ураты уһун күһүн туран, мууспут билигин да олус чараас сытар. Тура илик мууһунан көҥүлэ суох айан-сырыы дьон олоҕор олус кутталлаах буоларын туһунан Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа иһитиннэрэр.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 04:23


Куораты киртитээччилэри бохсуохха!

Бөх-сыыс, этэргэ дылы, халлаантан кэлэн түспэт, эмискэ күөрэйэн тахсыбат. Бу үксэ киһи аймах алдьатыылаах үлэтин-хамнаһын содула.

Дьиҥэр, холобура, куораты сыыһырдааччылары, киртитээччилэри, массыынаттан бөҕү быраҕааччылары ким эрэ түбэһэн көрөр.

Куораппыт ыраас буоларыгар хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй?

Олорор, төрөөбүт куораппыт ыраас, чэбдик буоларыгар хас биирдии төлөпүөннээх киһи көмөлөһүөн сөп. Суол кытыытыгар, аппаҕа, уу кытылыгар, чааһынай учаастактарга массыынаттан бөҕү сүөкүү турар түгэннэрин бэлиэтии көрдүгүт - сонно тута хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан, быһыы-майгы буолбут аадырыһын, күнүн-дьылын, тиэхиньикэ нүөмэрин ыйан туран, [email protected] электроннай почтаҕа эбэтэр аадырыска аҕалан биэриэххэ сөп: Дьокуускай к., 202-с түөлбэ, 18/2 куорпус.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/kuoraty-kirtiteechchileri-bohsuohha

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 02:10


#КК_Сэргээ

СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Алыптаах Туйаара сахалыы саламааты астааһыҥҥа маастар-кылааһа🙌🏻

Арчы дьиэтин иһинэн саха ииһин пропагандалыыр, киэҥ эйгэҕэ тарҕатар, сөргүтэр “Мааны мандар” түмсүү үлэлиир.

Иискэ баҕалаахтары уһуйар, төрүт үгэскэ үөрэтэр түмсүү уһуйааччыта Алыптаах Туйаара Лэгэнтэй кыыһа айымньылаах үлэтин туһунан сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/maany-mandar-alyptaah-tuyaarata

Видео: https://t.me/archy_jiete
Арчы дьиэтин телеграмм ханаалыгар суруттарыҥ😉

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

21 Oct, 00:59


#КК_Сонун

🚌 Алтынньы 21 күнүттэн Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай хайысханан сылдьар оптуобустар ахсааннара эбиллиэҕэ диэн олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.

Маннык дьаһал быстах кэмҥэ ылылынна☝🏻

109-ус нүөмэрдээх маршрут уларыйыытын туһунан сиһилии иһитиннэрии өссө тарҕаныаҕа.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

20 Oct, 13:26


ААЛЫЫ АЛТАН БИҺИЛЭХ

Туман түспүт ньуолах түүтүн
Былаат курдук эринээр,
Күнү көрсө ууга киирэн
Тыыга миигин кэтэһээр.

Сүүрүк хоту, долгун хоту
Олох устун устуохпут,
Кэлэр кэмтэн алгыс көрдүү
Илиибитин уунуохпут.

Сүүрүк тыла - саха тыла
Хатыҥ чараҥ аймаҕа,
Сыыһа туттуоҥ- таптааҥ кээһиэҥ
Дууһа кылын аймыаҕа.

Мичик гына, имниин кыыһа
Сэбэрэҕин көрүнүөҥ,
Дьэҥкир ууга көстөн кэлиэ
Тоҕус дьоллоох өбүгэҥ.

Этиэҥ миэхэ «маннык көстүү
санаа курдук кэбирэх»,
Ыйтан түһүө, кылыр гыныа
Аалыы алтан биһилэх.

Иитин курдат киинэ курдук
Дьылҕа уота көстүөҕэ,
Тыалтан үргэр туман курдук
Саарыыр санааҥ сүтүөҕэ.

Айыы тыла, алгыс тыла
Үрдүк халлаан уруута,
Киһи буолар саха дьоло
Саамай бастыҥ
үөрүүтэ.

Борис Кэм

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

20 Oct, 11:50


#КК_ТускарТуһан

🤼 vk.com/triumphsakha "Триумф" спортивнай бэлэмнэнии киинин социальнай ситимигэр Коркин турнирын быһа эфиргэ көрүөххэ сөп.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

«КИИН КУОРАТ» хаhыат

20 Oct, 10:01


Алаас тэҥэ суолталаах тутаах туона түстэннэ!

Мустубут дьону Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. Тутаах болуоссат – дойду бэрэсидьиэнин бигэргэтиитин ааспыт Дьокуускай куорат маастар-былаанын иһинэн олоххо киирбит бастакы тутуу буоларын бэлиэтээтэ.

Ил Дархан куорат былаастарыгар Ленин проспегын анараа өттүн урукку аатынан хаалларан баран, саҥардыллыбыт өттүн Өрөспүүбүлүкэ болуоссатынан ааттыылларыгар этии киллэриэҕин биллэрдэ. Сэргэ ойдон түспүт алмааһын оннугар өрөспүүбүлүкэ дьаралыгын олордор оруннааҕын эттэ. “Алмаас – биһиги баайбыт, ол эрээри сүрүн баайбыт буолбатах. Ол оннугар өрөспүүбүлүкэ гиэрбэтэ турара сөптөөх дии саныыбын”, – диэтэ кини.

➡️Сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/alaas-te-e-suoltalaah-tutaah-tuona-t-stenne

📍https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

1,744

subscribers

18,826

photos

1,305

videos