Бу үтүө бачыымҥа биир бастакынан, Р.И.Шадрин аатынан оскуола кыттыста👏👏👏Маны тэҥэ, биирдиилээн дьон эмиэ кэлэллэр. Сетка матырыйаалын улуус баьылыга Иннокентий Стручков ылан аҕалтарда, дьаҺалта үлэҺиттэрэ тиэрдэн биэрдилэр. Олохтоох дьаҺалта баҺылыгын сообуйааччыта Дмитрий Сыроватскай арааманы оҥордо. Улууска инбэлииттэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Слепцова анаан үөрэнэн кэллэ.
Татьяна Мушникова, библиотекарь: БиҺиги үөрэнэн баран, салҕыы оскуолабытыгар араама оҥотторуохпут уонна оҕолору, учууталлары кытта бу үтүө бачыымҥа кыттыҺыахпыт. Дойдубут туҺугар бары бииргэ! Өрүү күөх халлаан, ил- эйэ баар буоллун!🙌🙌🙌
Эрдэ эрэннэрбитин курдук, бачыымҥа бастакынан кыттыспыт тэрилтэҕэ, о.э. оскуола кэлэктиибигэр эрэдээксийэ "Бытантай уоттара" хаҺыакка 2025 сылга сурутууну бэлэхтиир🎁
Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киҺи тутайбат!✊✊✊
#аналдьайыы