🏃2025 сыл кэрэ-бэлиэ күннэрэ
Тохсунньу
1 – Платонова Аида Власьевна 75 сааһа (Дьокуускай куоракка төрөөбүтэ), ССРС култууратын туйгуна, СӨ дьахталларын XI съеһин делегата, РФ үлэ бэтэрээнэн, СӨ профсоюзнай хамсааһынын бэтэрээнэ, «Горнай улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин», «Горнай улууһун култууратын Бочуоттаах үлэһитэ» бэлиэлэрдээх, библиотечнай үлэ бэтэрээнэ, (1950).
5 – ССКП обкомун бюротун быһаарыытынан Горнай оройуона Орджоникидзевскай оройуонтан арахсан, урукку чөлүгэр түһэн туспа оройуон буолбута 60 сыла (1965).
15 – ССКП райкомун уонна райсовет исполкомун бэчээтинэй органа, оройуон икки балаһалаах «Үлэ күүһэ» хаһыата бастакы нүөмэрэ тахсыбыта 75 сыла (бастакы редактор С.С. Базаров), (1950).
15 – Улууска үөрэҕирии салаатыгар методическай сулууспа тэриллибитэ 85 сыла, Райсовет быһаарыытынан оройуоҥҥа 1 штатнай единицалаах педагогическай кабинет арыллыбыта, сэбиэдиссэй Г.Г. Нынныров, (1940).
15 – Михайлов Егор Романович 80 сааһа (Солоҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ), үлэ бэтэрээнэ, «СӨ автомобильнай транспорын Бочуоттаах үлэһитэ», Солоҕон нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, (1945).
15 – Сидоров Исай Павлович 90 сааһа (Куудук учаастагар Маалтааны нэһилиэгэр төрөөбүтэ), тыыл, сибээс үлэтин бэтэрээнэ, «Улуус сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэлээх, Маҥаны нэһилиэгин, Горнай улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, (1935).
28 – Татаринов Валерий Спиридонович 60 сааһа (Октябрьскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ), инженер-механик идэлээх, 1990-1997 сс. “Атамай” сопхуоска кылаабынай инженеринэн, 1997-2001 сс. “Алаас” бааһынай хаһаайыстыба баһылыгынан, 2001-2004 сс. Октябрьскай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан, кэнники сылларга «Горнай Автодор» суол оҥорор тэрилтэҕэ үлэлээбит, СӨ «2000 сылга 2000 үтүө дьыала» анал бэлиэнэн, СӨ «Автомобильнай транспорын Бочуоттаах үлэһитэ” бэлиэнэн наҕараадаламмыт, үлэ бэтэрээнэ, (1965).
✍️Библиограф Анастасия Заровняева
@silatrudagorny