МАЙА СОНУННАРА @mayasonun Channel on Telegram

МАЙА СОНУННАРА

@mayasonun


Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ-хамнас, араас хайысхалаах тэрээһин, туруу үлэһит дьон,туһалаах сонуннар сырдатыллаллар.

МАЙА СОНУННАР (Yakut)

МАЙА СОНУННАР каналына хош куталыыртаныыз! Бу каналда Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ-хамнас, араас хайысхалаах тэрээһин, туруу үлэһит дьон, туһалаах сонуннар сырдатыллаллар туһалаах. Сонуннар бүгүнүн эрэ күнэ төрүттэн кини тардыыҥ, эҥсенэр таабытык, арыктыыр атаҕыыҥ кэннэрэн куттуллар. Бу канал Майа туһалаах сонуннар туһаларыгар туһалаах, туһалаах сонуннар тэбит дьоннар олох, кэҕииҥ кыайанар дьоннар куттуллар. Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ-хамнас бу канала дьон буоллубут туһалаах сонуннарыҥ сирдэригэр турарыгар туһалаах. Туһалаах сонуннар туһаларынан туһалаах, сонуннар эрэ күнэ төттөн турар, кэҕииҥ кыайанар кэмэттэн турар. Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ-хамнас каналына туһалар кэмэттэрин турарыгар айланарыыбытын суруктууй! Сонуннарыҥ сирдэригэрэ бу канал туһалаах сонуннар туһаларынан туһалаах, эбиир сирдэригэр туһалар элимииҥ кэттэригэр сөп туһалар. МАЙА СОНУННАР каналына туһалар кэмэттэрэн турарыыбытын көрэр буоллун уонна туһаларынан туһалаах уонна туһалаах сонуннарынан туһалаах каналарын кыйыал буоллубут. Таһыыргыыр, Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ-хамнас каналынан кыйыал буоллун уонна туһаларынан туһалаах каналарын кыйыал буоллубут!

МАЙА СОНУННАРА

23 Jan, 03:56


Ытыктабыллаах Майабыт олохтоохторо!

❄️Майа5а Сэбиэскэй уулуссаҕа хаҥкылыыр мууспут бүгүҥҥүттэн аһылынна диэн үөрэ-көтө биллэрэбит!👏🏼
Хаҥкыылыан эбэтэр хоккейга оонньуон баҕалаахтары барыгытын ыҥырабыт, күүтэбит. Бүтүн дьиэ кэргэнинэн кэлэн, доҕотторгутун ыҥыран, ыраас уонна кыһыҥҥы сылаас салгыҥҥа үөрэ-көтө бириэмэҕитин, өрөбүллэргитин атаарыҥ!

Мууска көрсүөххэ диэри! ⛸️🏒🥅❤️❄️❄️❄️

МАЙА СОНУННАРА

23 Jan, 03:53


Хоккейдыыр, хаҥкылыыр мууспутун кыһыҥҥы хаарыттан ыраастааһыҥҥа субуотунньук тэрийдибит!

👍Тохсунньу 21-22 күннэригэр Майатааҕы үс оскуолабыт оҕолоро муста түһэннэр бэйэлэрэ хаҥкылыыр муустарын хаарын күрдьэн, ыраастаан үлэлэлээтилэр. Иккис күнүгэр дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыттан, тыйаатыртан уонна дьаһалтаттан, Майабыт аҕалара, эр дьонноро хаары күрдьэн, мууһу тэҥнээн эбии уу кутан үлэни түмүктээтилэр. Мууспут оҕолор, ыччаттар киирэн хаҥкылаан сүүрэллэригэр күлүмүрдээн, остуол ньуурунуу тэҥнэнэн бэлэм буолла! Бу тэрээһиҥҥэ, үлэҕэ кыттыбыт оҕолорбутугар, эр дьоммутугар УЛАХАН МАХТАЛБЫТЫН биллэрэбит✊🏼🥅🏒

Майа дьаһалтатын пресс-сулууспата.

МАЙА СОНУННАРА

23 Jan, 00:02


🔔Күндү Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо! Майа алааһыгар хаалыктаах хаамарга, сибиэһэй салгыҥҥа чэбдигирэргэ күөлбүт үрдүнэн суол астарыллан оҥоһулунна!

❄️Билигин хас биирдии Майа олохтооҕо кыһыҥҥы ыраас, сибиэһэй салгыҥҥа хааман эбэтэр сүүрэн доруобуйатын тупсарарыгар ​​сөптөөх услуобуйа тэрилиннэ. Бу суол кыра оҕотуттан, аҕам саастаах ытык дьоммутугар, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанар дьоммутугар сөп түбэһэр.

Бэйэ кыаҕынан сөбүлүүр спорт көрүҥүнэн дьарыктаныҥ, чөл туруктаах, доруобай буолуҥ!

МАЙА СОНУННАРА

22 Jan, 01:43


Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев төрөөбүт күнэ.

Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич!

Майа сэлиэнньэтин туруу үлэһит дьонун-сэргэтин, тус бэйэм ааппыттан төрөөбүт күҥҥүнэн итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибин!

Эн Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын быһыытынан үлэҥ, төрөөбүт дойдубутугар бэриниилээх буолууҥ, олохтоохторуҥ наадаларын дириҥник өйдүүрүҥ уонна тапталлаах Өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарыгар дьулуһууҥ чаҕылхай холобур буолар. Эн кыһамньын, тапталлаах Өрөспүүбүлүкэбит ураты култууратын уонна үгэстэрин харыстыырга, табыгастаах олоххо усулуобуйаны тэрийэргэ көмөлөһөр. Эн салайар хаачыстыбаҥ уонна дойдугар истиҥ тапталыҥ барыбытын саҥа ситиһиилэргэ угуйар, үчүгэйгэ, инникигэ эрэли, итэҕэли бөҕөргөтөр.

Бу бэлиэ күҥҥэр эйиэхэ тус бэйэҕэр чэгиэн буолууну, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну!

Ытыктабылы уонна үтүө ба5а санааны кытта,
«Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев

МАЙА СОНУННАРА

21 Jan, 02:01


❗️ По представлению прокуратуры Булунского района прекращены полномочия двух муниципальных депутатов в связи с утратой доверия

Установлено, что двумя депутатами Булунского районного совета депутатов не исполнена обязанность по предоставлению сведений о доходах, расходах, об имуществе и обязательствах имущественного характера на себя и членов своих семей.

Прокуратура внесла в представительный орган местного самоуправления представление.

По результатам его рассмотрения полномочия депутатов прекращены досрочно в связи с утратой доверия.

https://t.me/tprocsakha

МАЙА СОНУННАРА

20 Jan, 06:40


Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт!

❇️ Бу күннэргэ улуустааҕы киин балыыһа "Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биоимпеданснай чинчийиилээх доруобуйа оскуолата" (“Школа здоровья в Мегино-Кангаласском улусе с использованием биоимпедансного исследования”) бырайыагынан бүтүн Арассыыйатааҕы Гражданскай көҕүлээһиннэр күрэхтэригэр кыттыыны ылар.

📌 Бу бырайыак сыала-соруга: анал БИА (Биоимпедансный анализ) оборудование атыылаһыллан, киһи этин-сиинин туругун анаалыстаан, чөл буоларыгар сэрэтии үлэни ыытыы. Ол курдук, сөпкө аһааһын, бэйэ ыйааһынын тутуһуу, физическэй актыыбынастаах, өй-санаа да өттүнэн чэбдик, доруобай буоларга дьулуһар дьоҥҥо көмөлөһүү, олох хаачыстыбатын тупсарыы, чөл олоҕу тутуһар, көхтөөх уопсастыбаны тэрийии.

Сиһилии бырайыак туһунан бу сигэнэн киирэн билсэргитигэр уонна бука бары өйүөҕүҥ, куоластыаҕыҥ диэн ыҥырабыт. ➡️ https://sila-idey.er.ru/voting/5170

📍 Куоластааһын бу ый 28 күнүгэр диэри ыытыллар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

МАЙА СОНУННАРА

20 Jan, 06:25


❗️ Берегитесь мобильных мошенников!
 
🔥🔥🔥 За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадали 18 жителей республики, общая сумма причиненного им ущерба превысила 15,7 млн рублей.

‼️ Жертвами мошенников стали 7 пенсионеров, учитель, научный сотрудник, безработный, столяр, директор коммерческой организации, технический работник, глава муниципалитета и др.

✔️Наибольшая сумма потери зарегистрирована по схеме звонок «сотрудника ФСБ, ЦБ РФ», где у научного сотрудника похищено путем обмана более 3,2 млн рублей.

Всего по данной схеме пострадало 4 человека на общую сумму свыше 6,5 млн рублей.

✔️По схеме «инвестиции» у 6 граждан похищено путем обмана более 6 млн рублей.

✔️Итогом общения с лжеоператорами сотовой связи, лжесотрудниками пенсионного фонда, Энергосбыта, ЖКХ, медицинской организации стала потеря 6 потерпевшими 2,8 млн рублей.

✔️Также хищения средств путем обмана зарегистрированы при купле-продаже товара через сайт объявлений – 77 008 рублей и при сообщении о выигрыше в телеграм-канале – 130 400 рублей.

⚡️Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!

https://t.me/tprocsakha

МАЙА СОНУННАРА

20 Jan, 04:00


«Айар иэйии алтыһыыта»: айар дьоҕур уонна угуйуу сомоҕолоһуута!

🗓Тохсунньу 18 күнүгэр, «Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбаннай кииҥҥэ “Айар иэйии алтыһыыта” диэн ааттаах көрсүһүү буолан ааста. Бу күүтүүлээх тэрээһин икки айар түмсүүгэ - Мэҥэ Хаҥалас улууһун «Таммахтар» уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Иэйии» айар холбоһук чилиэннэрин түмтэ.

⚡️Көрсүһүү сүрүн сыала-соруга айар ситими бөҕөргөтүү, уопут атастаһыы уонна кыттааччыларга айар иэйии саҥа са5ахтарын арыйыы буолла. Кыттыылаахтар аныгы саха поэзия сайдыытын кэскиллэрин ырыттылар, айымньыларын үллэһиннилэр, бэйэ-бэйэлэрин саҥа ситиһиилэргэ угуйдулар.

➡️Кэлбит ыалдьыттарга уонна тэрээһин ыытааччыларыгар «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Неустроев эҕэрдэ тылын эттэ. Хоһоонньуттар улууспут култуурунай сайдыытыгар кылааттарын киллэрбиттэригэр махталын биллэрдэ уонна төрүт култууратын харыстыырга үлэлэрэ суолталааҕын тоһоҕолоото, ону таһынан “Таммахтар” айар холбоһук уус-уран хомуурунньугуттан хоһооннорун махталлаахтык ааҕан иһитиннэрдэ.

Истиҥ, доҕордуу эйгэҕэ төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа, саха норуотун култууратыгар таптал толору хоһоонноро ааҕылыннылар. Кыттааччылар маннык көрсүһүүлэр ис эйгэни байытар эрэ буолбакка, үүнэр көлүөнэни угуйар кыахтаах саҥа айымньылары айарга көҕүлүүллэрин бэлиэтээтилэр. Бу истиҥ тыллар поэзия эрэ буолбакка, норуот дууһатын кытта дириҥ ситим буоларын өссө төгүл дакаастаатылар!

🔷Тэрийээччилэр маннык тэрээһиннэр ыытыллар үгэстэрэ сайдан, айар түмсүүлэр салгыы бииргэ үлэлэһэр кыахтаналларыгар, бэйэ-бэйэлэрин угуйан, дойдубутугар хоһоон саҥа саҕахтарын айар кыахтаныахтара диэн эрэллэрин биллэрдилэр.

“Айар иэйии алтыһыыта” поэтическай ускуустуба сомоҕолоһуутун, сэргэхсийиитин туоһута буоллун! Айар сүрэхтэр, түмсүүлээх буоланнар, тыл уонна ускуустуба күүһүн тула дьону угуйар уонна түмэр сырдык сырдыгы уматтыннар!

Майа дьаһалтатын пресс-сулууспата

МАЙА СОНУННАРА

17 Jan, 16:20


Марианна Лукина аҕатын, Михаил Васильевич, нэһилиэстибэтигэр аналлаах быыстапката буолан ааста

📣Тохсунньу 17 күнүгэр Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Марианна Михайловна Лукина аҕатын, үтүөлээх худуоһунньук Михаил Васильевич Лукин, олоҕун уонна үлэтин туһунан кэпсиир кинигэтигэр аналлаах быыстапка ыытылынна.

📎Кинигэҕэ уһулуччулаах худуоһунньук биографията, хартыыналара уонна да атын олоҕуттан сыаналаах матырыйааллара киирдилэр. Быыстапка чэрчитинэн көрөөччүлэр Михаил Васильевич уруһуйдаабыт үлэлэрин кытары билистилэр, ону тэҥэ сорох биллэр хартыыналарын университет устудьуона искусственнай интеллект көмөтүнэн сэргэхситэн көрдөрдө.

📌Марианна Михайловна аҕатын туһунан долгутуулаах ахтыыларын үллэһиннэ уонна кинигэ айар идиэйэтин, култуурунай нэһилиэстибэтин харыстааһыҥҥа суолтатын туһунан кэпсээтэ. Үөрүүлээх тэрээһини үллэстэ, быыстапка арыллыытынан «Майа сэлиэнньэтэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Неустроев Алексей Иннокентьевич, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатын салайааччытын солбуйааччы Кулешов Александр Сергеевич, 2-ис Тыыллыма нэһилиэгин баһылыга Спиридонов Айсен Русланович тыл этэн эҕэрдэлээтилэр!

Быыстапка ыалдьыттарга дириҥ өйдөбүлү хаалларан, улууспутугар дьиҥнээх култуурунай тэрээһиҥҥэ кубулуйда. Марианна Михайловнаҕа, Михаил Васильевич Лукин кэриэһин үйэтитиигэ үлэтин, кыһамньытын уонна кылаатын иһин махтанабыт!

Майа дьаһалтатын пресс-сулууспата.

МАЙА СОНУННАРА

16 Jan, 12:07


🎖️⭐️Тохсунньу 15 күнүгэр, биир дойдулаахпыт ФЕДОР КУЗЬМИЧ ПОПОВ Аҕа Дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Днепр өрүһү туорааһыҥҥа уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбутун иһин ССРС Верховнай Сэбиэтин Уурааҕынан Советскай Союз Геройун үрдүк аата иҥэриллибитэ 81 сылын туолла.
7 б юнармия кылаас Ф.К. Попов искибиэригэр субуотунньукка сырыттылар, сал. Борисов Н.Л. Оҕолор тымныыны тымныы диэбэккэ, үөрэ-көтө ис сүрэхтэн дьаныһан туран үлэлээтилэр. Ону таһынан, 5-6, 7-8 кылаас үөрэнээччилэригэр "Хорсун быһыы" уруоктара ыытылыннылар. 1944 сыл тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Президиумун Ыйааҕынан сахаттан Бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Поповка Ийэ дойдутун туһугар хорсун быhыыны оҥорбутун, геройдуу быһыытын иһин “Кыһыл сулус” мэтээли уонна Ленин уордьанын туттаран туран, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк аата иҥэриллибитин туһунан иһитиннэрии уруоктар буолан аастылар.

Майа В.П.Ларионов аатынан орто оскуолата

МАЙА СОНУННАРА

16 Jan, 07:34


Бүгүн, Тохсунньу 16 күнүгэр, Майа сэлиэнньэтигэр "Улуу Кыайыы Түмэр күүһэ" Мэҥэ Хаҥалас улууһун киэҥ ыҥырыылаах бэтэрээннэрин сэбиэтин пленума буолан ааста.
✔️Президиум састааба:
-Тихонов Дмитрий Иванович, «Мэҥэ Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга
-Решетникова Евдокия Саввична, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ
-Федоров Эдуард Дмитриевич, СӨ Ис дьыала органнарын бэтэрээннэрин бэрэсэдээтэлэ
-Никитина Екатерина Семеновна, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ

Улууспут бары нэһилиэктэриттэн бэтэрээннэр делегациялара, ыччат лиидэрдэрэ уонна улуус социальнай эйгэҕэ бииргэ үлэлэһэр салайыылар кэлэн кыттыыны ыллылар.

💬Улуустааҕы бэтэрээн сэбиэтин салайааччыта, Решетникова Евдокия Саввична, бэлиэтээн эппит тыллара: "Улуус үрдүнэн 476 сэрии сылын оҕото баар, бу дьоннорбутун үйэтитэргэ, хас биирдиилэрин болҕомтоҕо ыларга үлэни ыытыахтаахпыт. Аны сайын бэтэрээн сэбиэттэрин икки ардыгар гранд биллэриэхпит - «билиибин-көрүүбун ыччаппар аныыбын», бу бырайыак оҕолору кытары улэҕэ ананыахтаах. Кэлэр көлүөнэбитин саталга үөрэтии, айылҕаҕа сылдьарга иҥэрии, сиэри-туому тутуьуу хайысхатыгар, бэтэрээн сэбиэттэрэ бырайыак суруйан, гранд конкурска кыттыыны ылыахтара. Ону кытары биир сүрүн сыалбыт-сорукпут буолар, биһиги аҕа саастаах эр дьоммут бу улууска ыытыллар үлэҕэ-хамнаска көхтөөхтүк кытталларыгар, онно, бу ый бүтүүтэ саҕалааммыт, эр дьоннор спартакиадаларын ыытаары сылдьабыт».

"Улуу Кыайыы - Түмэр Күүһэ" телеграм ханаал сигэтэ:
https://t.me/q2yEcF4OuxQ1MjU6

Майа дьаһалтатын пресс-сулууспата.

МАЙА СОНУННАРА

31 Dec, 02:03


Ахсынньы 30 күнүгэр Кэскил түөлбэ аҕам саастаах олохтоохторун кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлээн туран Чысхааны кытта сэмэй бэлэхтэри туттартаатыбыт👏🏻👏🏻👏🏻🥳🥳🎄🎄🎄Үтүө дьоммут доруобай буолун, уһун олохтонун, кэлэр сыл эһиэхэ кэрэни, сырдыгы эрэ түстээтин, оҕолоргут, дьиэ кэргэҥҥит этэҥҥэ буоллуннар🙌🏻

Кэскил түөлбэ сал. П.К. Алиева

МАЙА СОНУННАРА

30 Dec, 01:35


Ахсынньы 29 күнүгэр, биһиги түөлбэ ытыктанар олохтооҕун Назарова Варвара Семеновнаны бу аҕыйах хонуктааҕыта дьоһун 80 сааһын туолбутунан эҕэрдэлээн туран, ТОС " Лесная" 2022 сыллаахха , 80 саастарын туолбут ытык кырдьаҕастарбытыгар олохтообут " Лесной түөлбэ бочуоттаах олохтооҕо" диэн түөскэ кэтиллэр бэлиэбитин туттардыбыт. Бу бэлиэ олохтонуоҕуттан биһиги түөлбэ 12 олохтооҕо ылла.
Председ. В.И. Птицына

МАЙА СОНУННАРА

28 Dec, 05:50


❗️ Доброй традицией коллектива органов прокуратуры республики стало поздравление детей с Новым годом!

🎄Детский смех и улыбка на лицах, вера ребят в доброту и чудо - главное для нас, взрослых.

🎄В преддверии самого волшебного праздника прокуроры городов и районов, работники аппарата прокуратуры республики поздравили детей из подшефных учреждений и не только, с наступающим Новым годом.

🧑‍🎄Так, работники аппарата ежегодно дарят праздник детям, проживающим в
Республиканском центре содействия семейному воспитанию и этот год, не стал исключением. Малышам в этом году с самыми теплыми пожеланиями передань коляски, коврики, беговелы, развивающие игрушки и пособия, творческие наборы ватрушки, спортивный инвентарь и многое другое.

🎁Прокуроры городов и районов поздравили с наступающим праздником деток из семей, нуждающихся в особом внимании, ребят, проживающих в социальных учреждениях.

МАЙА СОНУННАРА

27 Dec, 01:45


Култуура уонна духуобунай сайдыытын управлениетын түмүгүнэн Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Леонтьевич Попов аатынан “Кынат” бириэмийэҕэ “Бастыҥ баһылык” анал ааты ылла.
3. Маны тэҥэ, 2024 сыл түмүгүнэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култууратын бастыҥ үлэһиттэрин чиэстиир Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Алексей Леонтьевич Попов аатынан “Кынат” бириэмийэҕэ “Бастыҥ салайааччы” анал ааты ылла Екатерина Петровна Ефремова – Майатааҕы Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ.
4. Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай бэлиитикэ управлениетын “2024 сыл бастыҥнара” түмүктүүр тэрээһинигэр “Култуура уонна духуобунай сайдыы эйгэтин бастыҥ эдэр исписэлииһэ” анал ааты ылла Захарова Линда Степановна - Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта.
5. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура үлэһиттэрин профсойууһун Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаланна Галина Васильевна Эверстова – Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин массабай тэрээһиннэр режиссердара.
6. Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуура үлэһиттэрин профсойууһун Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаланна Елена Александровна Варламова – Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтин кулууп үлэтин методикатын исписэлииһэ.

МАЙА СОНУННАРА

27 Dec, 01:44


Бүгүн, ахсынньы 26 күнүгэр успуорт, социальнай эйгэ уонна култуура хайысхаларыгар сыл түмүктэрин таһаарар тэрээһин Д.Ходулов аатынан култуура киинигэр ыытылынна.
Манна Майа сэлиэнньэтэ үгүс ситиһиилэннэ, элбэхтэ ааттанна.
1. 1 бөлөххө комплекснай спартакиада түмүгүнэн “Майа сэлиэнньэтэ” ТСТ 1 миэстэни ылары ситиһэн 300 000 солкуобай сууммалаах сертификатынан наҕараадаланна.
2. Майа сэлиэнньэтин баһылыга Алексей Иннокентьевич Неустроев 3 эйгэҕэ үһүөннэригэр “Бастыҥ баһылык” быһыытынан бэлиэтэннэ.
Ол курдук: физическэй култуура уонна успуорт управлениетын быһаарыытынан  “2024 сыл түмүгүнэн тыа сирин түөлбэтин бастыҥ баһылыга” диэн ааты ылла. Ону тэҥэ хоккей көрүҥэр “Бастыҥ тириэньэр” ааты ылла.
Улуустааҕы социальнай бэлиитикэ управлениетын быһаарыытынан “Гражданскай көҕүлээһини сайыннарар бастыҥ нэһилиэк” аатын “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтэ ылла.

МАЙА СОНУННАРА

25 Dec, 02:05


❗️ С 1 января 2025 года вступают в силу изменения в КоАП РФ, касающиеся штрафов за нарушения Правил дорожного движения

Подробнее в видеообзоре

МАЙА СОНУННАРА

24 Dec, 08:59


Майа сэлиэнньэтин олохтоохторун уонна ыалдьыттарын
АХСЫННЬЫ 25 күнүгэр 12:30 чаастан
"Таптал көлүччэтигэр" "ЗОНА АКВАТОРИИ И СПОРТА" былаһаакка арыллыытыгар ыҥырабыт.

"Майа сэлиэнньэтэ" ТСТ дьаһалтата

МАЙА СОНУННАРА

23 Dec, 02:33


❗️ Берегитесь мобильных мошенников!
 
🔴За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадало 15 жителей республики, общая сумма похищенных у них средств составила более 9,6 млн рублей.

❗️Жертвами мошенников стали 3 безработных, 2 пенсионера, студент, кладовщик, учитель, заведующий библиотекой, начальник дизельной электростанции, начальник гаража, инженер и др.

‼️‼️‼️Наибольшая сумма хищения у 1 потерпевшего зарегистрирована по схеме «инвестиции» - 2 200 000 руб. Всего по данной схеме пострадали 5 человек с причинением ущерба на общую сумму 4 148 200 руб.

🔴В результате звонков лжесотрудников ФСБ, МВД, Росфинмониторинга, Центрального банка России 7 потерпевших потеряли 4 348 655 руб.

🔴Потеря средств также зарегистрирована по схемам звонок «оператора сотовой связи» - 300 000 руб., звонок «сотрудника Энергосбыта» - 594 800 руб., под видом заработка на маркетплейсе – 250 000 руб.

⚡️Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников.

МАЙА СОНУННАРА

23 Dec, 02:33


❗️ 24.12.2024 в гг. Якутск, Мирный, Алдан, Олекминск, пгт. Нижний Бестях пройдет прием предпринимателей
 
✔️24.12.2024 с 10.00 до 14.00 пройдет прием предпринимателей по вопросам предоставления мер государственной поддержки, технического присоединения к инженерным сетям, условий и порядка предоставления услуг в сфере жилищно-коммунального хозяйства.

⚫️Прием проведут в г. Якутске: прокуратура Республики Саха (Якутия), Министерство предпринимательства, торговли и туризма в РС (Я), аппарат Уполномоченного по защите прав предпринимателей в РС (Я), представители ресурсоснабжающих организаций республики (ПАО «Якутскэнерго», АО «Водоканал», АО «Сахатранснефтегаз», ГУП «ЖКХ РС (Я)», АО «Теплоэнергия»).

⚫️В г. Алдане, г. Мирном и пгт. Нижнем Бестяхе можно будет обратиться к прокурору, органам местного самоуправления, представителям ресурсоснабжающих организаций и ГАУ «Центр Мой бизнес».

Прием будет проходить по адресам:
▪️г. Якутск, пр. Курашова, д. 24, офис 503;
▪️г. Мирный, Ленинградский пр-т, д. 48А (Городская библиотека),
▪️г. Олекминск, ул. Бровина 8а (Бизнес-инкубатор),
▪️г. Алдан, ул. 50 лет ВЛКСМ, д. 2 (Бизнес-инкубатор);
▪️пгт. Нижний Бестях, ул. Ленина 36/4 (Бизнес-инкубатор).

МАЙА СОНУННАРА

22 Dec, 11:31


🎄Бүгүн, ахсынньы 22 күнүгэр Лесной түөлбэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы сэмэй бадааракпытын 🎁туттардыбыт. Баҕарабыт барыларыгар эйэлээх олоҕу, ыраас халлааны, дьоллоох оҕо сааһы.

ТОС "Лесная" - В.И. Птицына

МАЙА СОНУННАРА

01 Dec, 10:34


КҮӨХ ХАРЫЙАБЫТ УОТА КҮЛҮМҮРДҮҮ ТЫКТА🎄🤩

Бүгүн үгэс быһыытынан ыытыллар «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар дьэрэкээн оонньуурдарынан симэммит Саҥа дьыллааҕы харыйалар уоттара сандаарда.

Биһиги улууспутугар Майа сэлиэнньэтигэр алыптаах түгэн үүммүтүнэн элбэх дьон-сэргэ муһунна, кырачаан оҕолорбут Чысхаан оҕонньору, Хаарчаананы үөрэн-көтөн көрүстүлэр, күөх харыйабыт араас өҥнөөх уоттарынан күлүмүрдүү тыкта.

Күндү биир дойдулаахтарбытыгар үөрүүнү-көтүүнү, табыллыыны, ситиһиилэри баҕарабыт!

«Мэҥэ Хаҥалас улууһа» МО дьаһалтатын пресс-сулууспата

#КыһынСахасириттэнсаҕаланар #зиманачинаетсясЯкутии

МАЙА СОНУННАРА

29 Nov, 12:37


🎄🎄🎄
Күндү Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо, ыалдьыттара, кырачаан доҕотторбут!
🤩🤩🤩

*Ахсынньы 1️⃣ күнүгэр*
*КиэҺээ 1️⃣7️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан*
Майабыт тэбэр сүрэҕэр - Комсомольскай болуоссакка
🎊🎉🎁🪄💎
*_"КыҺын Саха Сириттэн саҕаланар"_* бэстибээл чэрчитинэн❄️❄️❄️
🌲САҤА ДЬЫЛЛААҔЫ🎄
күөх харыйабыт уоттара күлүмнүүр, сандаарар үөрүүлээх түгэнигэр💫🌟
бука барыгытын ыҥырабыт!
☃️🐻🐰🐺🦊

_АПТААХ КЭРЭ ТҮГЭНИ КУОТТАРЫМАҤ!_

МАЙА СОНУННАРА

28 Nov, 14:01


🛑 хас биирдии ыал ыт, куоска иитэ ыларыгар улахан эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Ыт,куоска хайаатар да докумуоннаах буолуохтаах;
🛑 хас биирдии уулуссаҕа мустар ыт хаһаайыннаах, дьиэлээх. Дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталы үөскэппэт туһугар ыттаргытын булгуччу баайаргытыгар;
🛑 ыты, куосканы подъезтарга, лестничнай площадкаларга, көрүдүөрдэргэ уо.д.а. элбэх дьон сылдьар сиригэр тутар бобуллар;
🛑 ыты уонна куосканы тутар дьон ыттарын олбуордарын иһигэр быаҕа, сыапка тутуохтаахтар, олбуор таһыгар ыт тахсара көҥүллэммэт, дьиэ таһыгар ыт баарын туһунан сэрэтии суругу ыйыыргыт булгуччулаах;
🛑 ыттары уулуссаҕа кылгас быалаах, намордниктаах илдьэ сылдьыахтаахтар;
🛑 ыттары, куоскалары оскуолаҕа, о5олор оонньуур площадкаларыгар, маҕаһыыҥҥа уо.д.а. элбэх дьон сылдьар сирдэргэ батыһыннаран аҕалар бобуллар;
🛑 ыттары, куоскалары ыйыллыбыт бириэмэ5э ветеринарнай специалистарга көрдөрүөхтээхтэр, прививкалары кэмигэр ылыахтаахтар;
🛑 оҕолор бэйдиэ сылдьар ытынан, куосканан оонньууллара бобуллуохтаах.
Бу боппуруоска ыты, куосканы тутар дьон эппиэтинэһи өйдөөн, бары ирдэнэр быраабылалары толоруохтааххыт.
Хас биирдии ыал эппиэтинэстээхтик сыhыаннаhан баайда5ына бу кыаллар боппуруос буоларын ойдуох тустааххыт❗️

Майа олохтоох дьаһалтата

МАЙА СОНУННАРА

28 Nov, 14:00


Майаҕа, бэйдиэ сылдьар ыттары быстах кэмҥэ тутар, 50 төбө ыкка аналлаах пуун үлэлиир.
🔶Пуун аадырыһа: Ходоро нэһилиэгэ, ур. Күтэр Саахтаах
🔶 Билсэр нүөмэргит:
89141049109 (Андреев Март Степанович)
Улууспут нэһилиэктэриттэн тутуллубут бэйдиэ сылдьар ыттар манна киирэн бастаан 7 күн харантыыҥҥа тураллар. Ол кэннэ быһыы туорараллар, аттыыллар эбэтэр төрөөбөт-ууһаабат гына баайаллар. Хас биирдии ыт хаартыската ыйанар, үтүө, мөкү өрүттэрэ телаграмм ханаалга суруллар. Манан көрөн баҕалаах киһи ыт ииттэ ылыан сөп. Бу приютка кинилэр, босхо куттала суох сиргэ туран, күҥҥэ иккитэ аһыыллар.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун дьаһалтата уонна Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатын кытта дуогабар түһэрсэн, урбаанньыт Иннокентий Павлов үлэтин саҕалаата.
Босхо сылдьар ыттар, кэнчээри ыччаттарбытыгар, аҕам саастаахтарбытыгар кутталы үөскэтэллэринэн, ыттаах хаһаайыттар ыттаргытын баайталыыргытыгар ❗️
Ыты уонна куосканы иитэр дьон сүрүн эбээһинэстэрэ:

МАЙА СОНУННАРА

28 Nov, 13:58


🏆🥇Саамай сүрүн "Человек идущий" анал ааты Майа сэл. хамаандаларыттан үрдүк көрдөрүүлээх 921000 хаамыыны оҥорон Ариадна Филиппова ылары ситистэ👏🏻👏🏻👏🏻👏🏻Быйыл Майа сэлиэнньэтэ бу күрэххэ бастакытын кыттан олус элбэх киһи фоновай хаамыыны сэргээтэ, таптаата, кэлэр сылга эбиллэн, көрдөрүүнү тупсаран өссө үрдүк таһымҥа тахсар былаан ылынна👏🏻👏🏻

Майа олохтоох дьаһалтата
MAYA RUN сүүрүктэр түмсүүлэрэ

МАЙА СОНУННАРА

28 Nov, 13:57


🏃🏻‍♂️🏃🏼‍♀️‍➡️👨🏻‍🦯Сэтинньи 28 күнүгэр «Дьол түһүлгэтэ» уопсастыбаннай кииҥҥэ Майа сэлиэнньэтигэр Чөл олох сылын чэрчитинэн бүтүн Россиятааҕы фоновай хаамыы чемпионатын алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт күрэх түмүктүүр тэрээһинэ буолан ааста. Майабыт сэлиэнньэтиттэн 6 хамаанда, уопсайа 114 киһи кыттан бэйэлэрин эттэрин-хааннарын чэбдигирдэн биир ый устата анал сыһыарыы нөҥүө хаамыыларын ааҕан илин-кэлин 🧑‍🦯👨🏻‍🦯 түһүстүлэр. Түмүккэ Майа иһинэн көрдөрүүлээх:
🥇1 миэстэ ЦРБ хамаандата (кап. А.Е.Мохначевская);
🥈2 миэстэ Новострой түөлбэ хамаандата (кап. М.К. Яковлева);
🥉3 миэстэ Чөл Майа (кап. Ж.Н. Тумусова);
ону таһынан ситиһиилээхтик кыттан Социальнай харысхаллаах буолуу киин "Майинские шагистики" хамаандата (кап. Э.Г. Оконешникова), "Ходоки" Ураһалаах түөлбэ хамаандата (кап. Е.Г. Григорьева), «Сбербанк» хамаандата (кап. В.Н. Матаннанова) кыттаннар бары өйдөбүнньүк бэлэхтэри, анал ааттары, хайҕабыл суруктары тутан үөрэн-көтөн тарҕастылар.

МАЙА СОНУННАРА

27 Nov, 03:52


Что входит в диспансеризацию:

— измерение артериального давления;
— забор анализов на уровень холестерина и глюкозы;
— определение сердечно-сосудистых рисков путём анкетирования;
— ФЛГ;
— ЭКГ;
— измерение внутриглазного давления;
— для женщин — осмотр акушером-гинекологом;
— осмотр кожных покровов, слизистых губ и ротовой полости;
— пальпация щитовидной железы, лимфатических узлов;
— для женщин — забор мазка с шейки матки на цитологическое исследование.

После 40 лет:

— забор общего анализа крови;
— исследование кала на скрытую кровь;
— гастроскопия — обследование верхних отделов ЖКТ;
— для женщин — маммография;
— для мужчин — анализ крови на определение простатспецифического антигена (ПСА).

МАЙА СОНУННАРА

27 Nov, 03:51


🏥 Районная поликлиника приглашает пройти диспансеризацию в выходные дни

📲 Записаться на диспансеризацию можно дистанционно через портал «Госуслуги», номера телефонов регистратур поликлиник или по Единому номеру контакт центра здравоохранения -122.

Диспансеризацию можно пройти каждую субботу и воскресенье с 9:00 до 12:00 часов. Проведение диспансеризации в выходные дни удобно для тех, у кого нет времени в будние дни. Не упустите эту возможность!

🏥 С 18 лет проверять здоровье нужно раз в три года, с 40 лет — ежегодно. Регулярное прохождение диспансеризации необходимо для раннего выявления многих неинфекционных заболеваний, в том числе рака. Диспансеризация населения в России проводится бесплатно по полису ОМС благодаря Нацпроекту «Здравоохранение».

МАЙА СОНУННАРА

26 Nov, 23:11


Сэтинньи 26 күнүгэр, Майабыт биир киэҥ-туттар
Үлэ дьоруойун Афанасий Егорович Степанов искибиэригэр, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 8 "а" кылаас уолаттара (кыл.сал. Филиппова М.Д.) уонна 8 "в" кылаас уолаттара (кыл.сал. Петухова А.А.) хаар күрдьүүтүгэр субуотунньуктаатылар👍🏻👍🏻👍🏻

Майа олохтоох дьаһалтата

МАЙА СОНУННАРА

26 Nov, 12:44


ДОРУОБУЙАЛАРЫНАН ХААЧЧАХТААХ ДЬОҤҤО АНАЛЛААХ СПАРТАКИАДАҔА МАЙАЛАР КЫАЙЫЫЛААХ БУОЛЛУБУТ

🔹Улууспутугар сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри доруобуйаларынан хааччахтаах дьон Аан дойдутааҕы күннэригэр аналлаах дэкээдэ саҕаланна.

🔹Дэкээдэ чэрчитинэн бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр Парус спорт уораҕайыгар улуустааҕы спартакиада буолан ааста.

🔹Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоммутугар ананар дэкээдэ чэрчитинэн ыытыллыбыт спартакиадаҕа , 13 хамаанда 7 көрүҥүнэн күөн көрүстүлэр, күрэс былдьастылар.

🔹Күрэх уопсай түмүгүнэн:
1 миэстэ🥇- Майа хамаандата
2 миэстэ🥈- Төҥүлү хамаандата
3 миэстэ🥉- Нөөрүктээйи хамаандата таҕыстылар. Саввина Любовь Павловна салайааччылаах Майа сэлиэнньэтин 24 киһилээх хамаандата элбэх очкуонан куоһаран бастыыры ситиспитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Бар дьоммутугар өрүү бу курдук күүстээх санаалаах, кыайыыга дьулуурдаах, түмсүүлээх буоларгытыгар баҕарабыт.


🔰Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата

МАЙА СОНУННАРА

22 Nov, 06:57


ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ ИЙЭЛЭРИ ЧИЭСТЭЭТИЛЭР

Бүгүн Арассыыйатааҕы Ийэлэр күннэрин көрсө, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр элбэх оҕолоох, холобур буолар ийэлэри «Ийэҕэ Албан аат» III истиэпэннээх бэлиэлэринэн үөрүүлээх быһыыга наҕараадалаатылар.
Биһиги улууспутуттан Майа сэлиэнньэтиттэн сэттэ оҕо ийэтэ Августина Николаевна Беляеваҕа уонна аҕыс оҕолоох Парасковья Васильевна Ефимоваҕа бу үрдүк наҕараада ананна.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ бэлиэлэри
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков туттарда. Улууспут дьонун-сэргэтин аатыттан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Михайлов эҕэрдэлээтэ, ону тэҥэ улуустааҕы социальнай бэлиитикэ салайааччыта Октябрина Кулешова, Майа дьаһалтатын социальнай боппуруостарга сүрүн исписэлииһэ Виктория Федорова кыттыыны ыллылар.

Үрдүк наҕарааданы ылбыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр тапталлаах ийэлэрин Августина Николаевнаны уонна Парсковья Васильевнаны өссө төгүл итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.

Салгыыта ⏬️⏬️⏬️

МАЙА СОНУННАРА

21 Nov, 12:00


👋🏻🤩😊
Күндү Майа сэлиэнньэтин уонна улууспут кырачаан олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ!🤩🤩🤩
Майатааҕы народнай эдэр көрөөччү тыйаатыра XXVI театральнай сезонун арыллыытыгар, сэтинньи 2️⃣9️⃣ кунугэр, киэhээ 1️⃣8️⃣:0️⃣0️⃣ чаастан Д.Ф.Ходулов аатынан КУЛТУУРА КИИНИГЭР бука барыгытын ыҥырабыт!🎭🎭🎭
Бырагыраамаҕа:
🟢 “Лыыбырда” саха остуоруйата;
🟡 Aраас ааптардар хоһооннорунан, кэпсээннэринэн “Умнубаппыт” литературнай дьүһүйүү;
🔴 Ч.Айтматов “Саллаат оҕото” туруоруу.

Киирии билиэт:
Улахан дьоҥҥо 2️⃣0️⃣0️⃣ солк., оҕолорго 1️⃣0️⃣0️⃣ солк.
Билиэттэри hodulov.ru саайтан эбэтэр каассаттан атыылаһыҥ.
(Оҕо билиэтэ каассаҕа эрэ атыыланар)
Каасса үлэлиир кэмэ: 10 ч.-17 ч. Өрөбүлэ - понедельник.
Коллективнай сайаапкалары 41-439 нүөмэргэ ылабыт (каасса үлэтин кэмигэр).

МАЙА СОНУННАРА

21 Nov, 03:35


⚡️ Прокуратурой Мегино-Кангаласскогорайона в суд направлено уголовное дело по факту кражи и незаконного оборота золота стоимостью более 9,8 млн. руб.
 
Прокуратура Мегино-Кангаласского района утвердила обвинительное заключение по уголовному делу в отношении трех жителей Ростовской области и Республики Хакасии. Они обвиняются в совершении преступлений, предусмотренных п. «б» ч. 4 ст. 158, ч. 5 ст. 191 УК РФ.

По версии следствия двое обвиняемых летом текущего года, прибыв на заработки в Оймяконский район, устроились на работу в организацию по добыче золота. В один из рабочих дней они обнаружили, что в промывочном приборе остались частицы золота с прошлого сезона и стали их в тайне собирать. Похитив почти 1,5 килограмма драгоценного металла, мужчины спрятали золото в тайнике недалеко от рабочего места, затем уволились и уехали к местам своего жительства.

Находясь у себя дома один из обвиняемых в связи с отсутствием у него и его подельника водительского удостоверения, уговорил своего знакомого перевезти на автомобиле спрятанное золото из Якутии в Ростовскую область.

Прилетев втроем в г. Якутск в августе 2024 года, мужчины купили автомобиль «Nissan Patrol»и направились в сторону Оймяконского района, где забрали из тайника ранее спрятанное золото.

На обратном пути транспортное средство остановлено в поселке Нижний Бестях Мегино-Кангаласского района, где при осмотре салона автомобиля обнаружено и изъято золото.
После утверждения обвинительного заключения уголовное дело направлено прокуратурой района в суд для рассмотрения по существу. Драгоценный металл изъят.

За совершение указанного преступления мужчинам грозит наказание в виде лишения свободы сроком до пятнадцати лет.

Преступление выявлено в ходе оперативно-розыскных мероприятий, расследовано СО ОМВД России по Мегино-Кангаласскому району.

МАЙА СОНУННАРА

18 Nov, 06:00


❗️ Берегитесь мобильных мошенников!

‼️‼️‼️За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадало 10 жителей республики, общая сумма похищенных средств составила более 16 млн рублей.

По схеме «инвестиции» пострадало 5 человек на общую сумму 8,7 млн рублей.

В результате звонков сотрудников «ФСБ, оператора сотовой связи, следователя» у 3 жителей республики похищено более 6 млн рублей.

При покупке товара в онлайн-магазине обманут 1 человек с хищением 150 тыс. рублей.  

Путём взлома акаунта Телеграм пострадал 1 граждан на сумму 1 020 тыс. рублей.

⚡️Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!

МАЙА СОНУННАРА

15 Nov, 05:30


Идэһэ-дьаарбаҥка түгэннэриттэн🥩

Майа олохтоох дьаhалтата.

МАЙА СОНУННАРА

15 Nov, 03:50


🥩🥩🥩Идэһэ-2024🥩🥩🥩Бүгүн Майаҕа, сэтинньи 15 күнүгэр, улууспутугар сылын аайы ыытыллар, дьон кыһыҥҥы аһын хаһаанар, үтүө үгэс буолбут "ИДЭҺЭ-2024" атыы-эргиэн быыстапка-дьаарбаҥката буолла. Улуустааҕы "Кыталык" уопсастыбаннай киин дьиэтин иһигэр, таһыгар, сарсыардаттан дьон тоҕуоруһа мустан, сылы быһа иитэн-оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын хото атыылаан, атыылаһан, бар дьон көрүүтүгэр таһааран тэрээһин таһаарыылаахтык ааста.
Майа дьаһалтатын үлэһиттэрэ дьаарбаҥка ыалдьыттарын собо миинин буһаран күндүлээтилэр. Олохтоохтор, ыалдьыттар итии собо миинин, амсайан олус астынан махталларын биллэрдилэр. Сылын ахсын буоларын курдук дьаһалта, АХУМС тэрилтэ уолаттара аҕам саастаахтарга, кэрэ аҥардарга атыыласпыт эттэрин-астарын массыыналарыгар диэри илдьэн, көтөхсөн-көмөлөһөн биэрдилэр.
Дьаарбаҥкаҕа кэлбит дьон астына атыылаһан, кыһыҥҥы хаһаастарын булунан тарҕастылар. Бары кыттыбыт, тэрийсибит, кыттыспыт, ыалдьыттаабыт дьоммутугар-сэргэбитигэр махталбытын биллэрэбит.

Майа олохтоох дьаһалтата.

МАЙА СОНУННАРА

15 Nov, 02:47


🚌🚎🚌🚌🚎
Майа устун икки автобус тэҥинэн икки араас маршрутунан сылдьаллар.
🔸Бастакы рейс сарсыарда 07:40ч. номнуо тохтобулугар турар буолар.
🔸Иккис рейс 08:25ч. салҕанар.
🔸Уонна киэһээ үһүс рейс билигин пробнай 17:20тэн - 18:04ч. диэри сылдьар, манна хамыһыйа көрөн өссө уларыйыы тахсыан сөп.
🔸Автобус сыаната: 30 солкуобай, налично уонна сбер онлайн иккиэннэринэн төлүөххэ сөп.
🔶 Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоругар транспортнай картанан Майа иһигэр уопсайа 199 оҕо босхо сылдьаллар.
Автобуһунан олус элбэх киһи айанныыр: детсад, оскуола оҕолоро, улахан дьон ким үлэтигэр, ким балыыһаҕа, ким наадатынан - ыраах олорор дьоҥҥо олус туһалаах, наадалаах өҥө буолар.

Техкоммунсервис кэллэктиибигэр, бу рейсовай автобустарбыт суоппардарыгар, кондуктордарга дьон-норуот туһугар күннэтэ үлэлии-хамсыы сылдьалларыгар, Майабыт сэлиэнньэтин олоҕун тэтимин күүһүрдэллэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Майа дьаһалтатын пресс-сулууспата

МАЙА СОНУННАРА

13 Nov, 23:17


💡Сэтинньи 13 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы бэрэсидьиэнин Михаил Николаев, ону сэргэ Инновация күнүгэр даҕатан Майа сэлиэнньэтин "КИИН" түөлбэтигэр 👬👭Пионерскай уонна Кооперативнай уулуссаҕа уот киирдэ👏🏻👏🏻👏🏻. Ил Дархан өйөбүлүнэн Майа түөлбэлэригэр ыытыллыбыт грантовай куонкуруска "КИИН" түөлбэ (сал. Светлана Никитина) "Ярче" 💡💡💡диэн бырайыагынан кыттаннар 135 тыһыынчаны ылары ситиспиттэрэ. Бырайыак ситиһиилээхтик бэрт түргэнник үлэҕэ киирэн, кыһыҥҥы хараҥа кэмнэргэ уулусса уота саамай тыын боппуруос буоларын бэлиэтээн туран олохтоохтор үөрүүлэрин үллэстиннилэр, үтүө тыллары анаатылар👏🏻👏🏻👏🏻🙌🏻

Түөлбэни кытта үлэҕэ сүрүннүүр исписэлиис Жанна Тумусова.

МАЙА СОНУННАРА

13 Nov, 06:14


Болҕойуҥ, ватсааб нөҥүө түөкүннээһин саҥа көрүҥүттэн сэрэхтээх буолуҥ!

МАЙА СОНУННАРА

12 Nov, 02:35


Управление Федеральной налоговой службы по Республике Саха
(Якутия) сообщает, что Федеральная налоговая служба и Российская академия
народного хозяйства и государственной службы при Президенте Российской
Федерации с 1 по 20 ноября 2024 года проводят III Всероссийский Налоговый
диктант «Наши налоги – достойное будущее детей» призванный развить интерес к налоговым знаниям и приобщить к
налоговой культуре граждан Российской Федерации.

Каждый участник может получить именной сертификат или при высоком
результате – диплом и доступ к курсу от РАНХиГС. Чтобы получить именной
сертификат, в конце тестирования «Вы хотите получить документ по итогам
тестирования с вашим результатом?» необходимо выбрать «Да» и заполнить
форму. Сертификат придет на указанную электронную почту.

Ссылка для прохождения диктанта:
https://www.ranepa.ru/nauka/diktant/

МАЙА СОНУННАРА

11 Nov, 07:46


❗️ Представляем вашему вниманию выпуск программы "Прокуратура: На страже закона", посвящённой вопросам борьбы с незаконным оборотом алкогольной и спиртосодержащей продукции, профилактике преступлений, совершаемых в состоянии алкогольного опьянения.

МАЙА СОНУННАРА

11 Nov, 07:44


❗️ Берегитесь мобильных мошенников!

⚡️За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадало 8 жителей республики, общая сумма похищенных средств составила более 10,2 млн рублей.

По схеме «инвестиции» пострадал 1 человек на общую сумму 835 тыс. рублей.

В результате звонков «сотрудников ФСБ, Центробанка, оператора сотовой связи» у 4 жителей республики похищено около 9 млн рублей.

При покупке на товаров онлайн обманут 1 человек с хищением 183 тыс. рублей.  

Путём взлома личного кабинета на портале Госуслуг, кредитной карты пострадало 2 граждан на сумму 266 тыс. рублей.

🚨 Будьте внимательны, не поддавайтесь на уловки мошенников!

МАЙА СОНУННАРА

09 Nov, 06:30


Сэтинньи 8 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр"Кыталык улуустааҕы социальнай бэлиитикэ киинигэр, Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Мэҥэ-Хаҥаластааҕы филиалын педагог психологтара Дмитриева Валерия Владимировна, Габышева Елена Ивановна, Молокотина Ирина Ивановна
Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар байыастар ийэлэригэр,кэргэттэригэр, уонна үһүс көлүөнэ оскуолатын чилиэннэригэр анаан бэрт сэргэх эти-сиини чэбдигирдиини,ис туругу сааһыланыыны, маастар кылааһы тэрийэн ыыттылар.

Майа олохтоох дьаһалтата

МАЙА СОНУННАРА

26 Oct, 08:22


Бу ааһан эрэр нэдиэлэ ортото, алтынньы ый 23 күнүгэр, биир үтүө күн Майабыт улахан техникалардаах суоппар уолаттара түмсэн, күһүҥҥү унньуктаах уһун ардах алдьаппыт суолларын өрөмүөннээһиҥҥэ күүстээх субуотунньук тэрийэн, биир киһи курдук дойдубут туһа диэн үлэлээтилэр, хамсаатылар. Тыһыынча кэриҥэ куб кумаҕы элбэх суолларга, сыырдарга тастылар, тэҥнээтилэр. Бу күн техникалар сүүрэллэригэр, сэлээркэннэн улууспут биир тутуу улахан тэрилтэтэ "МЭҤЭ ТУТУУ" (Салайааччы Докторов Н.С.) күүс көмө буолла. Кумаҕынан уонна улахан кыамталаах погрузчик тыраахтырынан улууспут суол оҥорор, көрөр тэрилтэтэ бырааттыы убай Ян, Семен Новгородовтар көмөлөстүлэр. Уонна оттон куруутун ханнык да күүстээх үлэттэн чаҕыйбат Архип Скрябин, Алексей Дьячковскай, Евгений Копырин, Владимир Дмитриев, Станислав Павлов, Павел Саввин, Станислав Апросимов, Дмитрий Эверстов, Ньургун Скрябин, Аполлон Скрябин, Михаил  Захаров хара сарсыардаттан, киэһээ хойукку диэри сүүрдүлэр, үлэлээтилэр. Үлэни барытын олохтоох дьаһалта иилээн саҕалаан, хас өрөмүөннэнэр суол ахсын биирдии исписэлиис уолаттар туран, ыйан кэрдэн биэрдилэр. Сылаас минньигэс эбиэтинэн "КЫТАЛЫК" кафе салайааччы Лидия Михайловна Павлова уолаттары тото хана минньигэс аһынан чэйдэттэ. Бу курдук биир да кэппиэйкэ  бүддьүөттэн көрдөөбөккө, НОРУОТ КҮҮҺЭ-КӨМҮӨЛ КҮҮҺЭ! диэн норуот бэргэн этиитигэр этиллэринии, биир санааннан түмүстэххэ туруоруммут сыал туоларын, хайдахтаах да күүстээх үлэ үмүрүйэрин уолаттар билэр суоллара. Бу үлэҕэ санаатын ууран кыттыспыт, күүс көмө буолбут туруу үлэһит уолаттарбытыгар Майа дьонун сэргэтин, олохтоохторун ааттарыттан БАРҔА БАҺААМ МАХТАЛ ТЫЛЛАРЫН ЭТЭБИТ!!! БИҺИГИ КҮҮСПҮТ- ТҮМСҮҮГЭ✊🏼✊🏼✊🏼

МАЙА СОНУННАРА

22 Oct, 03:20


❗️ Соблюдайте безопасность на дорогах!
 
⚫️За прошедшую неделю в республике зарегистрировано 13 дорожно-транспортных происшествий, в которых погибло 2 человека (Нерюнгринский и Сунтарский районы), пострадало 13, в том числе 3 детей.

✔️В г. Якутске зарегистрировано 6 ДТП, в которых травмы получили 7 человек, в Алданском районе в 2 ДТП пострадало 3 человека, в Мирнинском районе в 2 ДТП причинен вред здоровью 2 людям. Происшествие на дороге с пострадавшим также зарегистрировано в Томпонском районе.

⚫️Так, в Алданском районе, водитель, управляя автомобилем марки «Тойота Карина» совершил наезд на двух детей, 2019 и 2020 г.р., переходивших дорогу по нерегулируемому пешеходному переходу. В г. Якутске травмы получил ребенок, 2013 г.р., на которого совершен наезд  водителем автомобиля «Тойота Королла».

✔️Задержано за неделю 87 водителей, управлявших транспортом в состоянии опьянения.

⚫️Выявлено сотрудниками ГИБДД за неделю свыше 10,9 тыс. нарушений правил дорожного движения, виновные привлечены к установленной ответственности.   

🚨 Прокуратура республики призывает граждан соблюдать Правила дорожного движения!

МАЙА СОНУННАРА

21 Oct, 09:18


❗️ В Мегино-Кангаласском районе на виновников лесных пожаров судами возложена обязанность возместить затраты на их тушение
 
Установлено, что на территории Мегино-Кангаласского района произошло 2 лесных пожара по вине граждан, по которым ими не возмещены затраты на их тушение.

Прокуратура района обратилась в суд с исковыми заявлениями, по результатам рассмотрения которых с виновников лесных пожаров взыскан материальный ущерб на сумму более 252 тысяч рублей.

Решения судов не вступили в законную силу.

МАЙА СОНУННАРА

21 Oct, 05:08


Административная комиссия предупреждает: за нарушение покоя граждан можно поплатиться штрафом!
18:13
 
18 октября 2024
23 сентября 2024 года в 00 ч. 32 мин. в дежурную часть ОМВД России по Мегино-Кангаласскому району поступило телефонное сообщение от гражданина Р., из которого следовало, что в п.Нижний Бестях по адресу квартал Магистральный, дом 1Г шумят соседи и не дают покоя, мешают спать.
Выехавшие по указанному адресу сотрудники полиции установили, что в одной из квартир гражданин Б., находясь в состоянии алкогольного опьянения, устроил скандал со своей женой, тем самым нарушил тишину и покой граждан в ночное время.
Административная комиссия, рассмотрев на своем заседании материалы дела, постановила признать гражданина Б. виновным в совершении административного правонарушения и назначила штраф в размере 1000 руб.
Это реальная история, каких, к сожалению, не мало.
 Громкая музыка, пение, игра на музыкальных инструментах, разговоры на повышенных тонах или ремонтные работы допоздна или в выходной день – всё это доставляет дискомфорт тем, кто живёт по соседству. Что делать, если шумно так, что голова кругом идёт? Вызывать сотрудников полиции, они составят протокол и в дальнейшем недобросовестных соседей привлекут к административной ответственности по ст. 3.5 КоАП РС(Я).
Когда стоит звонить в полицию? Если соседи шумят, в будние дни с 21.00 ч. до 08.00 ч., а в выходные с 22.00 ч. до 10.00 ч., а также на защищаемых от нарушения тишины территориях ежедневно с 13.00 ч. до 15.00 ч.
Административная ответственность за данное правонарушение – наложение административного штрафа до 5 000 рублей.
 
Административная комиссия «Мегино-Кангаласского улуса»

МАЙА СОНУННАРА

21 Oct, 05:06


❗️ За прошедшую неделю от преступных действий мошенников пострадали 16 жителей республики, общая сумма хищений составила более 12,4 млн рублей.

🔴 Преступления совершены в отношении 3 пенсионеров, воспитателя детского сада, преподавателя, пекаря, сторожа, экономиста, водителя, директора организации и других лиц.

❗️Наибольшая сумма потери за неделю зарегистрирована по схеме «Звонок сотрудника Госуслуг», где у экономиста похищено более 3,1 млн рублей.

‼️‼️‼️Всего по схеме «Звонок сотрудников ЦБ РФ, Росфинмониторинга, МВД, ФСБ, Госуслуг, Энергосбыта, Пенсионного фонда, оператора сотовой связи» пострадали 12 человек, общая сумма потерь составила около 11,1 млн рублей.

🔴 Стоит отметить, что участились звонки по вопросу предоставления услуг электроснабжения. В результате общения с лжесотрудниками Энергосбыта и Россети за неделю 5 потерпевшим причинен ущерб на сумму 2,8 млн рублей.

По схеме «инвестиции» 1 потерпевшему причинен ущерб на сумму более 894 тыс. рублей, при подписке на телеграм-канал 1 житель республики потерял 145 тыс. рублей, при заказе интим-услуг 1 потерпевшему причинен ущерб в размере 300 тыс. рублей.

🚨 Будьте осторожны, не поддавайтесь на уловки мошенников!

МАЙА СОНУННАРА

20 Oct, 01:35


Сегодня мы отмечаем два замечательных праздника - День Отца в России и День Матери в Якутии.

Родители - это главные люди в жизни каждого  ребенка, подарившие нам жизнь и безграничную любовь. Мать - хранительница семейного очага, которая с самого рождения дарит нам всю свою ласку и заботу. Отец -  надежный защитник и опора семьи. И этот праздник - еще один повод поблагодарить наших любимых родителей.

Мы всегда уделяли большое внимание укреплению семейных ценностей, повышения статуса отца и матери. И эта работа продолжается.

В этот праздничный день желаю всем счастья, здоровья и благополучия! Пусть главной наградой для каждого родителя станут любовь и уважение детей!

Бука бары ийэлэргэ, аҕаларга бары үтүөнү, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Оҕолоргут, сиэннэргит тапталларыгар, истиҥ сыһыаннарыгар угуттанан уһун, дьоллоох олохтонуҥ!

t.me/aisen_nikolaev

МАЙА СОНУННАРА

16 Oct, 23:34


“Сүрэхтэн сүрэххэ” бырайыак – Майаҕа

👵🏻👴🏻 Аҕам саастаахтар дэкээдэлэрин чэрчитинэн Хара, Чүүйэ, Бөкө, Лоомтука,  Хаатылыма нэһилиэктэрин уонна Майа сэлиэнньэтин бэтэрээннэрэ кыттыылаах Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах “Сүрэхтэн сүрэххэ” социальнай бырайыак дьоро күнэ алтынньы 16 күнүгэр Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр ыытылынна.

🙌🏼🫶🏼 Манна кэлбит нэһилиэктэр көхтөөх уонна барыга дьоҕурдаах бэтэрээннэрин киирии ааҥҥа Екатерина Мосоркина салайааччылаах “Алгыс” түмсүү далбар хотуннара алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.

❤️❤️ Үөрүүлээх күнүнэн бэтэрээннэри улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Альбина Григорьева эҕэрдэлээтэ. Кини бырайыак хайдах былааннаах үлэлээн иһэрин сырдатта.

Сиһилии 😉

@gazetaerkeii
@ulusmedia

МАЙА СОНУННАРА

16 Oct, 07:18


Приглашаем всех жителей улуса посетить выставку-ярмарку мастеров кондитерских и хлебобулочных изделий "ТОРТОФЕСТ-2024" 🎂🍰🧁🍮🍦🥧🥮🍘🍥

🗓️Дата и время: 18 октября 2024г
С 11:00 до 15:00ч .
Место проведения: с. Майя, банкетный зал " ЛИРА+ ", ул. Сыроватского, 9

🔰Мероприятие проводится в рамках Года семьи и празднования Дня матери в Республике Саха (Якутия)👩🏻‍🍼👫


📜 ПРОГРАММА :
1️⃣1️⃣:0️⃣0️⃣ ОТКРЫТИЕ выставки-ярмарки, приветственное слово, представление участников выставки-ярмарки "ТОРТОФЕСТ-2024"
1️⃣1️⃣:3️⃣0️⃣ Конкурс «БИТВА КОНДИТЕРОВ»
1️⃣4️⃣:0️⃣0️⃣ МАСТЕР КЛАСС от Марии СТОЛЯРЧИК
1️⃣5️⃣:0️⃣0️⃣ ПОДВЕДЕНИЕ ИТОГОВ, награждение победителей, фотосессия 📸

📲Заявки по номеру 89241689871

💐Не пропустите самое вкусное событие этого сезона🎂🍨🍩🤩* 😋

МАЙА СОНУННАРА

15 Oct, 12:20


*Ытыктабыллаах *Майа сэлиэнньэтин олохтоохторо*!

Аҕам саастаах дьон декадатын чэрчитинэн алтынньы 1️⃣6️⃣ күнүгэр Д.Ф. Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр 1️⃣1️⃣ чаастан Хара, Чүүйэ, Бөкө, Лоомтука, Хаатылыма сэлиэнньэлэрин бэтэрээннэрэ кыттыылаах *"Сүрэхтэн сүрэххэ"* Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах социальнай бырайыак дьоро күнүгэр ыҥырабыт.  

*Тэрээһин бырагырааммата*:

1️⃣0️⃣:3️⃣0️⃣ ч. мустуу, бэлиэтэнии
1️⃣1️⃣ч. тэрээһин арыллыыта
1️⃣1️⃣:3️⃣0️⃣- нэһилиэктэн кэлбит бэтэрээннэргэ анаан Майа устун, кыраайы үөрэтэр түмэлгэ, Герой Попов искибиэригэр экскурсия
1️⃣1️⃣:3️⃣0️⃣ч. кабинеттарынан маастар кылаастар
1️⃣3️⃣-1️⃣4️⃣ч. кафеҕа бэйэ харчытынан эбиэт
1️⃣4️⃣ ч. маастар -кылаастар дьарыктарын салгыыта.
1️⃣5️⃣ч.- дьоро күн сабыллыыта, "Уран Майа "түмсүү дефилета, эҕэрдэ кэнсиэр.

Маастар -кылааска сылдьар дьон сурунардаах кэлээриҥ. Иискэ сылдьар дьон кыптыый аҕалаҕыт.

Күндү аҕам саастаах дьоммут -сэргэбит!

Көхтөөхтүк кэлэргитин күүтэбит!


Майа олохтоох дьаһалтата

МАЙА СОНУННАРА

15 Oct, 08:12


“Түмэннэр” көмөлөрө байыастарга күүс эптин

🪖🇷🇺 “Дойдубут туһугар бары бииргэ” диэн санаанан салайтаран, анал байыаннай дьайыыга дойду көмүскэлигэр сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар оҥоһуллар көмө уҕараабат. Бу күннэргэ Афанасий Максимов салайааччылаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун дэлэгээссийэтэ байыастарга гуманитарнай көмө илдьэ барда.  

🌿🫖 Манна кыттыһан Майатааҕы «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһук түмсүүлэрэ сэмэй көмөлөрүн оҥордулар. Салайааччы Мария Лукина көҕүлээһининэн сайын устата 14 араас эмтээх оттору хомуйан хатарбыттара. Көхтөөх уопсастыбанньыктар бу оттортон битэмииннээх чэйдэри оҥорон, бакыаттаан ыыттылар.

🪢🙌 Маны сэргэ саһыарар сиэккэ, харысхал, саа уоһун хаата, кылтан-сиэлтэн угунньа, массажер  оҥорон биэрдилэр.

🗞️📰 Уолаттарбыт дойдуларын сонунун аахтыннар, туох үлэ-хамнас барарын биллиннэр диэн «Эркээйи» хаһыат эрэдээксийэтэ улуус хаһыаттарын ыытта.

💸⚡️ Майатааҕы «Түмэн» уопсастыбаннай холбоһук түмсүүлэриттэн, биирдиилээн көхтөөх дьонуттан уопсайа 100000 солкуобай харчынан хомуллан, “Манчаары” пуондаҕа туттарылынна.

Сиһилии

@gazetaerkeii
@ulusmedia