Куйаар Күүһэ のテレグラム投稿

"Куйаар Күүһэ" үөрэх сүрүн канала. Манна Айыы Кыыһа Айыына лекцияларын туһунан, уонна да атын биллэриилэри билиэххит.
Связь с админом @AyuuKuuhaAyuuna
Почта: [email protected]
Связь с админом @AyuuKuuhaAyuuna
Почта: [email protected]
1,157 人の購読者
280 枚の写真
113 本の動画
最終更新日 28.02.2025 14:03
類似チャンネル

4,742 人の購読者

3,822 人の購読者

2,995 人の購読者
Куйаар Күүһэ によってTelegramで共有された最新のコンテンツ
✨Куйаар Куо✨
Эйэҕэс дорҕоонноох,
Эйгэни эллиир,
Үрдүк санаа күүстээх,
Үтүө өрөгөйдөөх,
Аһаҕас күөмэйдээх,
Аартыгы анаан арыйар
Айыылыы куоласкынан,
Айыым дьонугар,
Чугдаарар тыллаах,
Чулуу тыастаах,
Алҕыыр аналлаах,
Алтан чуор чуорааным!
Аламаҕай бэйэҕинэн,
Күнүм дьонун,
Көмүскүүр күүскүнэн
Көмүс тыыҥҥын үрдэт.
Сатарыйбыт санаалааҕы,
Сырдык суоллаан
Ситэрэн сааһылаа.
Айыым аймаҕа,
Амырыын кэмҥэ,
Айманан сүппэтин!
Балысханнаах кэмҥэ,
Балыырдаах олохторо
Былаҕайга былдьаппатын!
Орто Дойду ньуура
Одун Хаан оҥоһууланнын!
Айгыраабыт айылҕабыт,
Чэгиэрэн күүһүрэн
Дэлэй куҥнаннын!
Үгүс үйэлэргэ,
Үрдүк күүстэн!
Унаар күөх Дойду
Улуутуйа көҕөрдүн!
Олохтоох сирбит,
Олоҕун дьоло-соргута
Оҥоһулла турдун!
Устар уу уостубатын,
Уһун үйэлэргэ уйгуланнын!
Аан Ийэ Дойдубар,
Ахтар Айыыларбыттан,
Аҕа Баһылыктан,
Анаан - минээн туран
Көрдөстөҕүм буоллун дуу!
Айыым дьонугар айхаллаан,
Алгыс анаттаҕым буоллун дуу!
Күн дьонугар күндүлээн, Көтөхтөҕүм буоллун дуу!
Үөһээттэн, үрдүктэн,
Үтүө дьайыыны ыытан
Айыылар бэттэх хайыһан,
Амарах санаанан биллэн,
Үрдүк дьүүллээх
Үрүҥ Аар Тойон
Үтүө хараҕынан көрөн,
Орто туруу Дойдуну
араҥаччылаатаххыт буоллун!
Алтан тардыылаах куйаҕынан
Көмүскээтэххит буоллун!
Үрүҥ көмүс ураһаҕа
Уйалаатаххыт буоллун!
Аан Дойдуну алыастаан-силээн,
Араҥаччылаан, абыраан!
Дом!
Эйэҕэс дорҕоонноох,
Эйгэни эллиир,
Үрдүк санаа күүстээх,
Үтүө өрөгөйдөөх,
Аһаҕас күөмэйдээх,
Аартыгы анаан арыйар
Айыылыы куоласкынан,
Айыым дьонугар,
Чугдаарар тыллаах,
Чулуу тыастаах,
Алҕыыр аналлаах,
Алтан чуор чуорааным!
Аламаҕай бэйэҕинэн,
Күнүм дьонун,
Көмүскүүр күүскүнэн
Көмүс тыыҥҥын үрдэт.
Сатарыйбыт санаалааҕы,
Сырдык суоллаан
Ситэрэн сааһылаа.
Айыым аймаҕа,
Амырыын кэмҥэ,
Айманан сүппэтин!
Балысханнаах кэмҥэ,
Балыырдаах олохторо
Былаҕайга былдьаппатын!
Орто Дойду ньуура
Одун Хаан оҥоһууланнын!
Айгыраабыт айылҕабыт,
Чэгиэрэн күүһүрэн
Дэлэй куҥнаннын!
Үгүс үйэлэргэ,
Үрдүк күүстэн!
Унаар күөх Дойду
Улуутуйа көҕөрдүн!
Олохтоох сирбит,
Олоҕун дьоло-соргута
Оҥоһулла турдун!
Устар уу уостубатын,
Уһун үйэлэргэ уйгуланнын!
Аан Ийэ Дойдубар,
Ахтар Айыыларбыттан,
Аҕа Баһылыктан,
Анаан - минээн туран
Көрдөстөҕүм буоллун дуу!
Айыым дьонугар айхаллаан,
Алгыс анаттаҕым буоллун дуу!
Күн дьонугар күндүлээн, Көтөхтөҕүм буоллун дуу!
Үөһээттэн, үрдүктэн,
Үтүө дьайыыны ыытан
Айыылар бэттэх хайыһан,
Амарах санаанан биллэн,
Үрдүк дьүүллээх
Үрүҥ Аар Тойон
Үтүө хараҕынан көрөн,
Орто туруу Дойдуну
араҥаччылаатаххыт буоллун!
Алтан тардыылаах куйаҕынан
Көмүскээтэххит буоллун!
Үрүҥ көмүс ураһаҕа
Уйалаатаххыт буоллун!
Аан Дойдуну алыастаан-силээн,
Араҥаччылаан, абыраан!
Дом!
17.12.24 күнүгэр "Крылья" - кэрэ аҥардар түмсүү бөлөҕөр истиҥ көрсүһүү, сэһэргэһии буолан ааста. Олус кэрэ истиҥ дьону кытта биллсистибит. Анджелика Алексеевна Григорьева - кэрэ аҥар тумсуу бөлөҕүн салайааччытыгар, Анжелика Егоровна Андреева - кэрэ аҥардар түмсүүлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлигэр, Саха Өрөспүүбүлкэтин общественнай палаата аппараатын салайааччытыгар, уонна кэлбит кэрэ аҥардарга барҕа Махталбытын тириэрдэбит✨🥰🙌❤️😘💐
https://www.instagram.com/stories/ayuu_kuuha_ayuuna_/3524114225672943235?utm_source=ig_story_item_share&igsh=cWFvbjJtNXhkaDJh
17декабря в 18.00 в Женском клубе "КРЫЛЬЯ" в рамках проекта "Встреча с интересными людьми..."
Состоится встреча с народной целительницей , духовным наставником Айыы Кыыһа Айыыной. Тема встречи:"Традиции и обычаи народа Саха. Воспитание современных детей на основе духовных ценностей."
Ждём вас по адресу: Ленина 34/1, этаж 1, запись по т. 89142916341 Анджелика
Состоится встреча с народной целительницей , духовным наставником Айыы Кыыһа Айыыной. Тема встречи:"Традиции и обычаи народа Саха. Воспитание современных детей на основе духовных ценностей."
Ждём вас по адресу: Ленина 34/1, этаж 1, запись по т. 89142916341 Анджелика
Үтүө киэһэнэн! Ыраастаныы, арчыланыы тэрээһинэ буолан ааста. Дүҥүр тыаһыгар дьон ыраастанан, куйаары кытта ситимнэрэ толору холбонон , чэпчээн, сырдаан, дуоһуйан, астынан бардылар. Өссө да көрсүөхпүт диэн эрэллээхпит. Кэлбит дьоҥҥо улахан махталбытын тиэрдэбит.
Үөдэй. Ньурба. "Айылгы" норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Надежда Аммосова, худруг Марфа Фёдорова уонна бибилэтиэкэр, СВО кыттыылааҕын кэргэнэ Наталия Крылова, СВО ийэтэ Анна Степанова, кулууп үлэһитэ Светлана Михайлова, дьаһалта үлэһитэ Астра Торохова бэйэлэрин кылааттарын киллэрэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө акция тэрээһинэ ыытылар. "Кытыан, туос, сиэл" ыраастанар набор мөһөөччүк тигиллэн оҥоһулунна. Уолаттарга анаан нэһилиэк гербэтин ойуутун түһэрэн шеврон уктулар.
«ЯКУТИЯ: ВСЁ ПРО СВО»:
https://t.me/yakutiavseprosvo
«ЯКУТИЯ: ВСЁ ПРО СВО»:
https://t.me/yakutiavseprosvo